Орто үйэлэргэ дьон гигиенаны тутуспат уонна сууммат этэ диэн өйдөбүл баар. СМИ-гэ, интернеккэ, блогтарга эҥин суруйаллар, кэпсииллэр. Былыргы Русь кэминээҕи дьон европеецтардааҕар быдан элбэхтик суунар, ыраас этилэр диэн дойдубут дьонун хайҕаары кэпсиир быһыылаахтар дуу, хайа үөдэн…
Орто үйэлэр диэн тугуй? Бу термини итальянскай гуманистар толкуйдаабыттар, кинилэр этэллэринэн ол бириэмэ хараҥа, “невежественнэй” этэ. V-XV үйэлэргэ Римскэй империя сууллуутуттан Возрождение эпохатыгар диэри буолбут кэм.
Гигиена туһунан. Чэбэр буолуу туһунан эттэххэ, оччолорго дьон аҕыйахтык да буоллар суунар этилэр. Ол гынан баран суунар иһити толороору элбэх ууну таһыахха, сылытыахха наада. Олус ороскуоттааҕын уонна элбэх бириэмэни ыларын иһин күн аайы сууммат этилэр. Аһыахтарын иннинэ орто үйэлэрдээҕи европеецтар бары илиилэрин сууналлара, баайыттан уонна дьадаҥытыттан тутулуга суох. Ол эрээри дьадаҥылар илиилэрин сууналларын киһи хайдах эрэ итэҕэйбэт… XIII-с үйэ “Les Contenances de Table” средневековай кинигэҕэ суруллубут: “Пусть ваши пальцы будут чистыми, а ногти – ухоженными”, – диэн.
Эти-сиини ваннаҕа суунуу туһунан. Дьадаҥы дьон хантан ванналаныахтарай? Оттон хоруолларга суунар усуолуобуйа олус үчүгэй, хаачыстыбаннай этэ. Холобур, Иоанн Безземельнэй диэн английскай хоруол Сир шарын кэрийэ барарыгар ваннаны уонна банщигы – сууйар киһини илдьэ барара. Эдуард III отой даҕаны Вестминстергэ дыбарыаһыгар итии уонна тымныы уулаах водопровод оҥотторбута. Онтон Карл Великий диэн император ваннаҕа суунарын уонна ууга физическэй эрчиллиилэринэн дьарыктанарын олус сөбүлүүрэ. Оннооҕор уол оҕолорун, табаарыстарын, придворнайдарын, сороҕор охранниктарын уонна прислугаларын сууна ыҥырара. Онон биир ванна уутугар 100-тэн тахса киһи суунара. Хоруол ваннаҕа суунууну ырааһырыынан эрэ буолбакка, аралдьыйыынан уонна бириэмэни үчүгэйдик атаарыынан ааҕара.
Орто үйэтээҕи баанньыктар тустарынан. Оччотооҕу куораттарга общественнай баанньыктар баар этилэр. Онно куорат олохтоохторо сууна эрэ буолбакка аһыы, утах эбэтэр арыгы иһэ, кэпсэтэ уонна да араастык аралдьыйа кэлэллэрэ. Сорох баанньыктар борделлар уонна публичнай дьиэлэр функцияларын толороллоро.
XII-с үйэҕэ Лондоҥҥа уонна Парижка олоро сылдьыбыт Александр Неккам диэн английскай суруйааччы уонна теолог общественнай баанньыктар тустарынан суруйбут. Кини суруйбутунан, киин куораттарга уонунан баанньыктар тутуллубуттар, оннооҕор кыра куораттарга эмиэ бааллара. Сорохтор пекарня аттыгар тутуллаллара, тоҕо диэтэххэ ол диэки итии оһохтоохтор, онно ууну сылытар этилэр. “Средневековай” Парижка баанньыктар харчы өлөрөр бизнестэрэ этэ, онон банщиктар бэйэлэрин быраабылалаах гильдия тэрийбиттэрэ. Банщик суунар сиргэ сорох дьону киллэриэн суоҕун сөбө, холобур проституткалары, араҥнары, бырадьаагылары уо.д.а.
Общественнай баанньыктарга сүүһүнэн киһи сылдьара, ол эрээри ууну аҕыйахта уларытар этилэр. Онон гигиеническэй процедуралар соччо үчүгэйэ суох этилэр.
Сорох церковьтар ону соччо собүлээбэтэхтэр, тоҕо диэтэххэ баанньыктарга элбэх сыгынньах дьон сылдьара, бэйэ-бэйэлэрин көрөллөр, сорохтор онно хоонньоһуохтарын, харчыга бэйэлэрин атыылыыр кэрэ аҥаардары кытта утуйуохтарын сөп. XIII-с үйэҕэ биир орто үйэтээҕи церковнай ааптар суруйбут этэ: “Тому, кто мылся в бане с женой и другими женщинами и видел их голыми, положено три дня поститься на хлебе и воде”, – диэн.
Тиис, айах суунааһын туһунан. Айах иһин гигиенатын орто үйэлэрдээҕи дьон эмиэ тутуһар этилэр. Тиистэрин сууналларыгар абразивнай үүнээйи паасталары, эмтээх оттоох арыгылаах эбэтэр уксустаах суурадаһыннары тутталлара. Киһи сөҕүөн иһин, орто үйэлэргэ кариес олус аҕыйаҕа. Ол эрээри гигиенаттан буолбакка, аһылык рационуттан эбит – дьон саахары мээнэ сиэбэт этэ.
Түмүк. Билиҥҥи бириэмэҕэ холоотоххо, орто үйэлэргэ гигиена быдан куһаҕан этэ. Ол гынан баран дьон суунара, доруобуйатын көрүнэрэ, онно бириэмэ, күүс бөҕөтө баранара. Элбэхтик уонна кичэйэн баай эрэ дьон суунара, оттон дьадаҥы дьон общественнай баанньыктарга судургутук сууналлара.
Орто үйэлэр диэн олус улахан кэм-кэрдии этэ – хас эмэ сүүһүнэн сыллар усталарыгар дьон гигиенаҕа сыһыана соччо уларыйбатаҕа. Ол эрээри ол кэмнэргэ дьон отой сууммат этэ диир сыыһа!
Бэлэмнээтэ Дмитрий СИВЦЕВ.