Кыыс-дьахтар
Эрэ суох сылдьан оҕолонон дьолломмут,
Үтүмэн үөрэҕи хаардыы хаампыт.
Ол соттугар үллэһиккэ хойутаан
Тойон эргэ тиксибэтэх,
Хоой сылааһын билбэтэх
Кыыс-дьахтар барахсан
Сылдьан эриэх киһини
Айылҕа барахсан тэһитэ кэйбит.
Көмүскэтэрдээх буолуохтааҕын
Чопчу өйдөөбүт,
Сэнэбиллээх сыһыан сүрэҕин ытаппыт.
Хойутаан хоҥнон, олоҕуттан туран
Олох оҥостор санаанан салайтаран
Кэлбит-барбыт, сүүрбүт-көппүт,
Көрсүспүт-кэпсэппит, сураспыт-чуҥнаабыт.
Сэҥээрбит-сирбит,
Тиһэҕэр – ытыһын соттубут.
Онтун оһорунар санаа булунан,
Хотун ойоҕуттан үллэстиһэр санаалаах
Тос курдук тойону тобулу көрөн булбут.
Тылбык-илбик көрбүт,
Сыста-сыста тэйбит,
Күлбүт-салбыт, өрүтэ тыыммыт.
Ээҕин этиппит,
Эрбэҕин үрдүгэр эргитэ оонньообут.
Имэ тэтэрбит, орохтоох систэммит,
Күлэ-күлэ кымыстыыр,
Мөҕө туран таптаһар.
Саһыл мэйии, кэтэх санаа,
Чөҥөрө чүөмпэ
Кыыс-дьахтар барахсан!
Куорат дьахтара
Эдэр сааһыгар таптаан эргэ тахсыбыт,
Сыллары кытары сыыйа кыаҕын ылбыт.
Тустаах үлэтигэр үгүһү ситиспит,
Бочуоттаах ааты мүччү туттарбыт.
Тойон эригэр, суолтатыгар да буоллар,
“Паапа” диэн соло иҥэрбит.
Ааҕан оҕоломмут,
Өйдөөҕү эрэ саҥарбыт.
Үтүөлэри кытары эҥэрдэһэр идэлээх,
Тэҥнээхтэрин кытары утаа-сабаа бырахсыбыт.
Аннынан саныырыгар иэдэс биэрэр үгэстээх.
Кэһиигэ кэбириир, бадааракка манньыйар.
Кулун тутар халлааныныы имигэс майгыламмыт.
Аймах-билэ дьонугар куорат хотуна дэттэрбит.
Араастыын алтыһан, элбэххэ эриллэн,
Үгүһү көрөн,
Этиэх түгэнэ барбах майгыгын өтөрү көрөр.
Эҕирийиэх иннинэ,
Үтүө өттүгүн өйдүү охсор.
Санаата сытттаҕына күн ийэни солбуйар,
Иһигэр киллэрбэтэҕинэ
Адаар муоһунан сиэлийэр.
Дьаһаллаах,
Тэрээһиннээх,
Тиэтэллээх…
Ылыннаҕына соруккун ыраастык ыпсарыа.
Сүдү тэрилтэни суптурута сүүрүө,
Тойоннуун-хотуннуун өйдөһө охсуоҕа,
Дьоһун дьокутааттыын бүөмнээн сөҥнөһүө.
Орто баайыы экэнэмиис тэҥэ
Аахпыт, суоттаабыт, былааннаабыт, бигэргэппит.
Көй бараан дьиэтигэр
Судаарыстыба иһигэр
Солбуллубат “президент”,
Уларыйбат “премьер”.
Ыйыллыбыт ыйаахтаах,
Көтүллүбэт уураахтаах.
Чиҥ ытыс тыастаах тиҥилэх,
Хотун эдьиий,
Бочуотунай саҥас.
Хотун дьахтар
Дуоһунаска талыллан
Хоноччу туттубут.
Кэтэҕэ көммүт,
Сотото дьоройбут.
Хараҕа уоттаммыт,
Таһаата тупсубут.
Хотун хаан киэбин
Толору ылыммыт.
Олох уйгута тупсарыгар
Туруулаһарга санаммыт,
Ыра санаатын
Ыһыктыбат чинчилэммит.
Бар дьонун туһугар
Баһырхайдык ылсыбыт.
Суор хараҕын сиэбит,
Бөрө атаҕын эттэспит.
Тыллаах туйгуна,
Саҥалаах саталааҕа,
Эппитин энчирэппэт идэлээх.
Ытырбытын ыыппат,
Ылбытын биэрбэт.
Туһааннаах дьаһалы таһаартаран тэйэр,
Үтүө уурааҕы ылыннара охсор.
Тэрээһиннээх туйгуна,
Ыпсарыылаах ырааһа.
Бар дьон эркиннээх,
Үтүө дьон өйөбүллээх.
Сылайбат сындааһын,
Өһүллүбэт эрэл
Бас дьахтар –
Хотун хаан!
Тыа дьахтара
Хороҕор муостааҕы хойуннарбыт,
Сыспай сиэллээҕи үмүөрүппүт,
Тэлгэһэ-тиэргэн ыырдаммыт,
Алаас-үрэх эҥэрдэммит,
Күнү көрсүбүт, туманы түһэрбит,
Ходуһа отун хотуулаахтык хомуйбут.
Ыпсарбыт-хопсорбут,
Бүтэрбит-оһорбут –
Тустаах үлэтигэр туруу аатырбыт.
Хайҕаммыт-чиэстэммит,
Бочуокка тиксибит.
Асчыт ааттааҕа,
Иистэнньэҥ үтүөтэ.
Учуутал чулуута,
Атыыһыт бэрдэ,
Салайааччы саталлааҕа,
Дьокутаат дьоһуна.
Киэҥ көҕүс, уһун санаа,
Мааны майгы,
Кэскиллээх толкуй.
Алаас хотуна –
Балбаара барахсан!
Уһун…
Сүрэҕинэн сөбүлээн эргэ сүктүбүт,
Олоҕун оҥостон, олорон испит.
Ол эрээри… Өтөр буолбакка
Итирик эр эрэйдээбит.
Муҥ булбут, эрэй эҥэрдэспит…
Куҥа куурбут, эрдэ кырдьыбыт.
Киэҥ көҕүс кыараабыт,
Уһун санаа кылгаабыт.
Кэскиллээх толкуй кырыымчытыйбыт.
Ол эрээри…
Оҕолорун эрэ туһугар
Туруулаһан олорбут.
Эрэ көнөрүгэр эрэнэ кэтэспит.
Ырбыт көлөлүү ыһыктына сыспыт.
Кыаҕын ыллара быһыытыйбыт.
Ол эрээри…
Ыра санаатын ыһыктыбатах.
Оҕолоро туралларын эрэнэ кэтэспит.
Улаатан эрэллэрэ – эрэли сахпыт.
Санаата күүһүрбүт, көхсө көммүт…
Кэхтибэт дьулуур, олоххо таптал,
Уһун тыын, ыраас санаа…
Күн Ийэ барахсан!
Суоппуйа
Самаан сайыннаах, кырыалаах кыһыннаах
Хотугу кыраайым ылгын кыыһа буолбут
Сүүнэ тэрилтэ улахан отдел
Үгүһү быһаарар туруу үлэһитэ
Тырып-ирип көрбүт,
Куоҕас-кынтас гыммыт.
Күлүктээх өттүгэр күлүм аллайбыт,
Сололоох өттүгэр сандаара сыдьаайбыт
Мыына көрбүтүн
Муҥутах өттүн
Аҕыйах тылынан оннун булларбыт,
Аан нөҥүө утаарбыт.
Тос курдук дуоһунаһын
Тэрилтэ хамсатар кыаҕын
Тус олоҕун тупсарыгар чопчу туһаайбыт,
Орто сүөгэйиттэн сомсуспут.
Соругун толороору, санаатын ситээри
Уҥа-хаҥас хаампыт,
Уһаты-туора сыыйбыт.
Тупсубут, торолуйбут,
Дөксө тууһугурбут.
Килбиэннээх сэбэрэлээх,
Томтоҕорхоон бэйэлээх,
Тупсаҕай быһыылаах,
Ситэри таһаалаах.
Сытыы өй,
Суһал толкуй, быһаарыылаах дьаһал,
Сыыдам санаа, дьулурҕа сырыы –
Суоппуйа хотоку.
Владимир ДЬЯЧКОВСКАЙ.
Чурапчы, Сылаҥ.