Бииргэ үөрэнэр оҕолорбуттан, дьүөгэлэрбиттэн, бырааттарбыттан, чугас дьоммуттан дьыл ханнык кэмин сөбүлүүллэрин, ахталларын наар ыйытааччыбын. Ким эрэ сандал сааһы, ким эрэ самаан сайыны, хайалара эрэ көмүс күһүнү, ону сэргэ аҕыйах да буоллар кыыдааннаах кыһыны ордороллорун туһунан кэпсииллэр.
Онтон мин кыра эрдэхпиттэн саамай күүтэр, сөбүлүүр кэмим – саас, ыам ыйа буолар. Ый саҥатыгар туох да айылаах уулларыа, хамсатыа суох курдук уһуннук сыппыт халыҥ хаар күн уотун күүһүттэн толору ууллуо. Оҕо сылдьан уу саппыкытын кэтэн баран чалбаҕы кэһэртэн ордук кэрэ суох курдуга. Кэлин арыый улаатан бэлисипиэдинэн кэстэрэн ааһарыҥ эмиэ күндү өйдөбүл, дуоһуйуу буолар эбит. Кыра да буоллар сүүрдэ сытар ууну булан өрүс, үрэх курдук санаан «борохуоттаах» оонньуур эмиэ туһунан үөрүү буолара. Мустан «ыаллаах» оонньуурбут, тымныы бадараанынан “ас астаан” букунаһарбыт.
Кыра кылаастарга үөрэнэ сылдьан араас өҥнөөх саардарынан киэргэммит Пиэрибэй маай, Кыайыы параадтарын кэтэһэр да буолуллара! Дьоммун, оҕолору кытары ньургуһун дэлэйдик үүммүт алаастарын көрө барарбыт. Ол сылдьан араас көтөрү-сүүрэри көрөр астык эбит этэ. Биир эмит алааска сүүрэн-көтөн, мэниктээн, оонньоон, кумаар, бырдах суоҕар оҕолор биһиги, сэргэхсийэн ыларбыт. Уһун кыһыны быһа дьиэҕэ хаайтаран олорбут буолан, дьон үксэ бу кэмҥэ алааска, тыаҕа, Ийэ айылҕаҕа талаһар.
Былырыын, 2022 с. ыам ыйын саҥатыгар сайылыыр дьиэбитигэр (даачаҕа) тиийбиппит кыһыҥҥы курдук хаарынан көрөн турара. Быһа холуйан сүүрбэччэ хонугунан кэлбиппит аны айылҕа тыллан, көҕөрөн, тупсан аҕай турара. Онно санаан ылбытым: биир ыйы кыайбат кэм иһигэр кыһыҥҥы, сааскы, сайыҥҥы көстүүлэр баар буолалларын. Сахабыт сиригэр көтөр-сүүрэр, кус-хаас барыта тоҕо анньан кэлэр кэмэ. Эһэм этэринэн саамай хойутаан кэлээччи анды буолар. Эбэлээх эһэм оҕо саастарын биир саамай үтүө кэмнэрин – Пионер күнүн туһунан сыл ахсын ахтан-санаан ааһааччылар.
Аны ый ортотун ааһыыта сып-сырдык үрүҥ түүннэр үүнэллэр. Кыракый сылдьан дьиктиргээн аҕай биэрэрим. Сыыйа от-мас көҕөрөн, мутукча сытынан тунуйуо. Ону баттаһа саха киһитигэр биир саамай күндү кэм – сайын кэлбитин кэпсиир Ньукуолун бырааһынньыга тиийэн кэлиэ. Кэҕэ этэрэ, күөрэгэй ырыата ахтылҕаннаах буолар. Оскуолаларга тиһэх чуораан чугдааран, сорохторго үөрэх дьыла этэҥҥэ түмүктэнэн эрэрин, улахаттарга экзамен эппиэттээх, уустук кэмнэрэ кэлбитин кэпсиэ турдаҕа. Выпускник буолан кистии-саба долгуйабын, үөһээ тыынабын.
Улуу Өлүөнэ муустан босхолонон тус Хоту айаннныырын тыаһа-ууһа, ураты көстүүтэ өргө диэри санааттан арахпат. Итинэн, сотору кэминэн, ый бүтүүтэ куорат хайысхатынан сайыҥҥы сырыы саҕаланыа.
Дьэ ити курдук үгүс үтүө бырааһынньыктардаах, умнуллубат күннэрдээх, айылҕаҕа тосту уларыйыылардаах ыам ыйа барахсан саха дьонугар аанын тэлэччи арыйа тиийэн кэллэ.
Сайыны көрсүһэ бары этэҥҥэ буолуоҕуҥ!
Милена АНДРЕЕВА,
Майатааҕы лиссиэй 11 кылааһын үөрэнээччитэ.