Олохпор бэрт элбэх үтүө дьону кытта алтыһан аастым. Ону мин дьолум дии саныыбын. Хайа баҕарар киһиэхэ оскуолаҕа үөрэммит сыллара сырдык өйдөбүл буолан, иҥэн хаалар. Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕа сэттэ, кэлин аҕыс кылаастаах оскуолатыгар элбэх үчүгэй учууталлар үөрэтэн ааспыттара.
Мин саамай таптыыр учууталым – саха тылын учуутала Тимофей Саввич Попов, математика учуутала Дмитрий Филиппович Макаров. Ханнык баҕарар үөрэнээччи бэйэтэ туһунан сөбүлүүр учууталлаах буолааччы. Хаһан да тыа сиригэр саҥа учуутал кэлэр сураҕа ыраахтан иһиллээччи. Сарсыардааҥы сонун, киэһээҥи кэпсээн кини тула эргийэрэ.
Биир үтүө күн, оскуола аһыллыан хас да хонук иннинэ Чурапчы Сылаҥыттан 1960 сыллаахха Макаровтар диэн ыал көһөн кэлбиттэрэ. Биһигиттэн чугас эргэ интэринээт баара. Саҥа кэлбит ыалы быстах онно олохтообуттара. Икки массыынанан көһөн кэлбиттэрэ. Биир ынахтаах, торбуйахтаах этилэр. Ону урукку дириэктэр ийэбин кытта кэпсэтэн, биһиги хотоммутугар туруорбуттара. Саҥа дириэктэрбит орто уҥуохтаах, лоп-бааччы тыллаах-өстөөх, тас көрүҥүнэн ис-киирбэх, эдэрчи соҕус киһи. Кэргэнэ хара гынан баран номоҕон дьүһүннээх, нарын куоластаах мап-мааны дьахтар. Икки оҕолоохтор. Уоллара Валентин, кыыстара Роза. Оскуола аһыллыан биир хонук иннинэ биһиэхэ ыкса ыал буола, икки ыал олорор уопсайыгар көһөн кэлбиттэрэ. Биир өртүгэр биолог-учуутал Василий Иванович Сосин дьиэ кэргэнинээн олороллоро.
Ийэбиниин Евдокия Демьяновна бэрт сотору дьүөгэлии буолбуттара. Дириэктэр ойоҕобун диэн улаатымсыйбат этэ. Көнө, судургу майгылааҕа. Өрүү үөрэ-көтө сылдьара. Оскуола аһыллан, кинилэр кыыстара Роза мин балтыбын Раяны кытта пиэрибэй кылааска киирбиттэрэ. Иккиэн бииргэ оонньууллара, үөрэхтэригэр үчүгэй этилэр. Рая оскуолаҕа сырдык күөх өҥнөөх былааччыйанан киирбитэ. Наһаа мааны таҥас этэ. Евдокия Демьяновна балтыбар кыыһын киэнин курдук школьнай форма, фартук тигэн биэрбитэ. Кыргыттар үүт-үкчү таҥастаах буола түспүттэрэ. Уоллара Валентин кыра эрдэҕиттэн байааҥҥа олус үчүгэйдик оонньуура, ыллыыра. Арыый улаатан баран кылаастар икки ардыларынааҕы уус-уран самодеятельность күрэхтэһиитигэр байааҥҥа оонньоон абырыыра. Олус үчүгэй иитиилээх оҕолор этилэр.
Раялаах Роза сэттэ уоннарыгар чугаһаатылар, билигин да истиҥ дьүөгэлиилэр. Талбыт идэлэринэн үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан олороллор. Валентин омук тылын үрдүк үөрэҕи бүтэрэн райкомҥа өр сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Урутаан эттэххэ артыыс Валентин Макаров аҕата. Евдокия Демьяновна дойдутугар салайар-дьаһайар үлэҕэ таһаарыылаахтык үлэлээбит эбит. Кини ийэбин араас сонун аһы астыырга, сибэкки арааһын үүннэрэргэ, онтон да атыҥҥа үөрэппитэ үгүс. Биһиэхэ түөрт кыыска буор босхо араас былааччыйалары тигэрэ. Ийэбэр сахалыы былааччыйа, хаһыаччык тигэн биэрбитэ. Бырааһынньыкка ыҥырсан бииргэ бэлиэтииллэрэ. Саас Ньукуолуҥҥа сыл аайы хайаан да айылҕаҕа тахсан астына-дуоһуйа сынньаналлара, сибиэһэй салгынынан сайа тыыналлара.
Валентин биһикки улахан дьону кытта испэктээккэ оонньуурбут. Дмитрий Филиппович математиканы үөрэтэрэ. Наһаа култуурунай, тактичнай учуутал этэ. Хаһан да, ханнык да оҕоҕо куолаһын “соноппот” этэ. Дмитрий Филиппович директордыы кэлиэҕиттэн педколлектив үлэтэ тупсубута. Оҕону иитии-үөрэтии үрдүк таһымҥа тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥ оскуола ахсааныгар киирбитэ. Директорбыт уопут атастаһа Москванан, Липецкэй уобалаһынан баран кэлбитэ. Үлэтигэр саҥа сүүрээни киллэрбитэ. Кылаас чааһыгар онно сылдьыбытын иҥэн-тоҥон кэпсиирэ. Нэһилиэк общественнай олоҕор быһаччы кыттыһара.
Сотору кэминэн учууталларга 4 кыбартыыралаах саҥа дьиэ тутуллан онно көспүттэрэ. Дуняша диэн кыракый кыыстанан күннэрэ-ыйдара киниттэн тахсара. Дмитрий Филиппович 1960-1967 сылга диэри Табаҕа оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ. Ити сыллар усталарыгар оскуола материальнай базатын бөҕөргөтүүгэ, үөрэх-иитии үлэтин тупсарыыга сүрүн болҕомтотун ууран үлэлээбитэ. Ол курдук 70 миэстэлээх интэринээт, физзал, 4 кыбартыыралаах учууталлар уопсайдарын туттарбыта. Ити объектар бары уунан ититиллэр системаҕа киирбиттэрэ. Мэҥэ-Хаҥалас Ороссолуодатыгар дириэктэринэн ананан көспүттэрэ. Онно баран Дима диэн уолламмыттара. Хирург-быраас Майаҕа. Бука аат-суол элбэх киһитэ буолуо.
Дмитрий Филиппович Табаҕаҕа кэллэҕинэ биһиэхэ мааны ыалдьыт буолара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала, лектор, пропагандист быһыытынан Ороссолуодаҕа да, нэһилиэнньэ ортотугар да үгүс үлэни ыытара.
Мин тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдары бэлэмниир техникумҥа өр сылларга худругунан үлэлээбитим. Ороссолуодаҕа гостуруолга тахсыбыппытыгар кулууптан булан, кэнсиэр кэнниттэн дьиэтигэр илдьэ баран хоннорбута. Евдокия Демьяновналыын үөрэн-көтөн, астаан хойукка диэри кэпсэтэ олорбуппут. Ийэбин Гликерияны үтүө тылларынан ахталларыттан киэн тутта санаабытым, сүөм үрдээбитим. Дьоно ситэри олорботох олохторун оҕолоро, сиэннэрэ ситэриэхтэрэ, айыахтара-тутуохтара.
Олох салҕанар… Итинник үтүө дьону ама хайаан умнуомуй?
Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.