Тапталлаах “Туймаада” хаһыаппытыгар кэлиҥҥи сылларга быыстала суох суруйар Зинаида Егорова ыстатыйатын олус сэргээн, сөбүлээн ааҕабын. Бу саастаах, үтүө-мааны далбар хотун буолара тута көстөр да, туох үөрэхтээҕин, тугу үлэлиирин суруйбат. Ону баары-баарынан суруйара буоллар, киһи өйдүүрүгэр, сыаналыырыгар өссө үчүгэй буолуо этэ.
Саха тылын, саҥарар саҥабыт туһунан суруйара саамай сөп. Тылбытын олус күүскэ, аһаҕастык көмүскэһэр күммүт-дьылбыт ыган кэлэн иһэр. Итиннэ олус улаханнык хомойуох иһин, республикабыт киин куората-столицабыт ааттаах, ити ыһыыга, тылбытын көйгөтүүгэ, сарбыйыыга бастакы күөҥҥэ турар диэн аһаҕастык этиэххэ да сөп буолла быһыылаах. Аан дойдуга ханна маннык республикалар киин куораттара бэйэлэрин төрөөбүт тылларын мөлтөтөр, симэлитэр, өлөрөр суолга туруналлара буолла? Мин үрдүк үөрэхтээх историк ааттаах киһи, оннук киин куорат баарын билбэппин. Арай биһиги столицабытыгар кыралыын-улаханныын, оннооҕор кырдьаҕас эмээхситтэр нууччалыы саҥаран муҥнанар буоллулар. Киһи истэ-истэ хомойор, хоргутар. Наһаа да итинник нөҥүө түспэккэ билиҥҥи бириэмэҕэ баҕас нуучча тылын билиэххэ сөп ини. Оннооҕор биһиги түҥ тыа оҕолоро син быһаарсан, баччаҕа кэллэхпит. Син биир бука бары Улуу Пушкин курдук суруксут, билээччи буолбаппыт буолуо. Онтон төрөөбүт тылтан оҕону сарбыйыы-бу олус улахан сыыстарыы, буруйу оҥоруу, аньыы дии саныыбын. Туох аанньа буолуой оҕону бэйэтин норуотун төрүт литературатын, искусствотын, сиэриттэн-туомуттан, үтүө үгэстэриттэн сарбыйыы, матарыы диэн. Мин саха норуотун улуу норуот диибин. Биһиэхэ үөрэппиттэринэн “икки атахтаах, бу сир үрдүгэр үс сиргэ үөскээбиттэрэ-дииллэр этэ. Кытайга, Индияҕа, Африкаҕа. Мин итини сөп буолуо диибин. Оттон сахалар – Индияттан төрүттээхтэр” – дииллэр. Онон, биһиги Индия курдук ыраах дойдуттан хайдах-хайдах айаннаан этиһэн, охсуһан, кыргыһан кэлбиппит буолуой? Сүтэн-оһон, кыргыллан хаалбакка. Кэлин баай күөл тулатыгар син балайда кыаҕыран, үс кырыы хааннанан сай-сат диэн, Кытайы кытта эргинэр буолан эрдэхпитинэ, ыалларбыт буряттар ордук санаан, сэрииһит монголлары көмөлөһүннэрэн, бу хоту дойдуга үүрэн тураллар. Ити дьэ, чуолкай быһыылаах. Онон, эрэйдээх-буруйдаах сахам норуота аны бу дойдуга кэлэн, өрө көрөн алаас-алаас аайы үөскээн, төрөөн, “өлбөт үөстээх үөдэттэр эбиппит” – диэн аргыый атаҕар туран эрдэҕинэ, улахан муруннаах, күөх харахтаах дьон кэлэн халаан-талаан кулут, хамначчыт оҥостубутун, саалаах, саабылалаах “дьаһаах” – диэн ааттаан, талбыттарынан халаан-талаан барбыттарын, ону сөбүлээбэккэ дьоммут чулуута өрө туран, аахсан, мөккүһэн көрдөхтөрүнэ үлтү сынньан, кырган, хам баттаан уоттаан бараллара. Үс сүүс сыл устата, үс хос колониальнай батталга олорбуппут. Ол туһунан биһиги учуонайдарбыт бэрт үгүһү суруйан тураллар, билигин да суруйаллар. Архыып докумуоннара итини чуолкай кэпсии тураллар. Суруллубут-суоруллубат буоллаҕа. Дьэ, онон ити үлүгэр ыар олоҕу олорон, ыар батталы туораан кэлбит Сахам норуота билигин кэлэн, бу XXI үйэҕэ сүтэр, симэлийэр куттала үөскээтэ дуо? – дииргэ, дьиҥ саха киһитигэр олус ыар, баттыгас буолуо. Онон, бу үүммүт үйэҕэ аҕыс уон аҕыс араас ааһар албаска киирэн биэрбэккэ били этэргэ диэри – ЧӨЛ хааларбыт туһугар, хас биирдии саха ону өйдүөх, онно турунуох, ол туһугар туруулаһыах, охсуһуох тустаах. Били улуу дьоммут эппиттэрин курдук “саадахпытын үстэ курданыахтаахпыт”, аҕыс уон аҕыс ааһар албастанан тыыннаах хаалыахтаахпыт.
Итиннэ бастатан туран, төрөөбүт тылбытын харыстыах, көмүскүөх уонна сайыннарыах тустаахпыт. Ол туһугар өйбүтүн-санаабытын түмэн күүскэ үлэлиэх тустаахпыт.
Бастатан туран киин куораппыт олохтоохторо, эмиэ хомойуох иһин, диирбэр тиийэбин, хайыаҥ баарай? Хомолтото, кыһыыта, абата бэрт буоллаҕа! Арай Москва олохтоохторо биир үтүө күн бука бары оҕотуттан-оҕонньоругар тиийэ английскайдыы эрэ саҥаран турдуннар? Оҕо саадыттан, оскуолаттан тиийэ оннук ииттиннэр, үөрэттиннэр, оччоҕо нуучча норуота туох диирэ буолла. Бука “сөп” диэбэттэрэ буолуо. Арай биһиги аҕыйах ахсааннаах буолбут буруйбутугар, симэлийиэх муҥмут буоллаҕа. Оттон ол аҕыйах буолбуппутугар биһиги буруйбут суох диибин. Биһиги дьахталларбыт 20 оҕону төрөтөр этилэр. Онтон 1-2 эрэ оҕо ордон хаалара. Онно биһиги буруйбут кыра буолуо диибин.
Саха норуотун симэлийэр биир бастакы хардыыта тылбытын симэлитии, өлөрүү, суох оҥоруу буолар. Манна мөккүөр суох. Аан дойду норуоттара бары итинник этэллэр.
Манна киин куораппытыгар итинник симэлитэр суолу тутуһар тойон, хотун суох диир кыах суох дииргэ тиийэбин. Ол түмүгэр, тылбыт көйгөтүйэн, туора анньыллан иһэр. Онтон сылтаан тылбыт мөлтөөн-ахсаан, эйгэтэ кыччаан, кыараан, сарбыллан иһэр. Ол да иһин тойотторбут саҥарбат буолан иһэллэр.
Зинаида Егорова сөптөөх сүбэни-аманы биэрэ сатыыр. Маны хайаан да болҕойуохха наада. Ордук улахан болҕомтону араадьыйа, ТВ үлэһиттэрэ ууруохтаахтар, араас өрүттээх үлэ ыытыахтаахтар. Кинилэр өттүлэриттэн сыыһа-халты саҥарыы үгүстүк тахсар. Оннооҕор сирбит-дойдубут ааттарын билбэт, сатаан ааттаабат эдэрдэр үлэлииллэр. Аны кэлин бириэмэҕэ сонуннарбытын куруук нууччалыы кэпсиир буоллулар. Тыа дьонун үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын эмиэ мэлдьи нууччалыы кэпсииллэр. Ити күүһүлээн соҥнооһун буолбатах дуо?!
Тыл боппуруоһа олус улахан суолталааҕын уонна оннооҕор нуучча тылыгар араас өрүттээх кимэн киириилэр баалларыттан дьиксинэн, бөҕөргөтө сатыыр суолга турунан, оннооҕор Конституцияҕа кытта анал этиини киллэрэллэр. Нуучча тыла Россия иһигэр улаханнык айгыраабатын, дьиҥинэн улахан куттал суоҕун үрдүнэн. Били этэргэ диэри, суос бэринэн, эрдэттэн хайын охсунан этэллэр, саҥараллар- диэн санаа үөскүүр, оннук быһыылаах.
Оттон саха тылыгар аҥаардас дьиэ иһигэр эрэ туттуллар тыл курдук санаан, төрөппүт эрэ күүскэ кыһаллыахтаах диэн этии – ити олус тутах, татым, ситэтэ суох. Өр кэмҥэ итинник этэн, саҥаран кэллибит да
ордук киин куораппытыгар тылбыт мөлтүү, сарбылла турар. Билигин ити ыарыы тыа сиригэр да тарҕанан эрэр. Оннооҕор остуолба, заправка эмиэ нууччалыы эрэ саҥарар буолла. Оттон столица сабыдыала улахан, үтүктээччи үгүс буолара чуолкай. Ол түмүгэр, биир улахан үөрэхпит хотуна Евсикова Е.И. этэн турар: “Дьокуускай куоракка саха төрөппүттэрэ оҕолорун сахалыы үөрэттэриэхтэрин баҕарбаттар. Онон, сахалыы оҕо саада да, оскуола, кылаас да аһыллара көрдөбүлгэ турбат” – диэбитэ. Дьэ, сүрдээх этии буолбат дуо?! Үөрэхпит салаатын, тылбытын сайыннарыахтаах ол туһугар үлэлиэхтээх киһибит итинник тыллаһар. Оччоҕо саха тыла сарбыллара чуолкай. Төрөөбүт тылга таптал туһунан этии, саҥарыы кураанах дойҕох буоларыгар тиийэр. Аны туран Алампа “төрөөбүт тылбытын өрө тутуохтаахпыт” – диэбитэ хааларыгар тиийэр. Оччоҕуна “тыл суох буоллаҕына, норуот сүтэр” – диэн ынырыктаах этии ыга анньан кэлэр. Онно тиэрдэ сатыыллар дуу?!
Дьиҥинэн нуучча тылын билиэхтээхпит, ол чуолкай, онно мөккүөр суох! Ол эрээри, онно олоҕуран төрөөбүт тылбытын тэпсэрбит, тылбытын сүтэрэ, өлөрө сатыырбыт сыыһа уонна сатаммат. Төрөөбүт тылбытын көмүскэһиэх, харыстыах, сайыннарыах тустаахпыт. Оччоҕо эрэ саха тыла, саха норуота баар буолуо. Ол чуолкай. Онон, столицабытыгар туох да мөккүөрэ суох сахалыы кылаастары, оскуолалары, оҕо саадтары арыйар хайаан да наада. Манна кыаллыбатын, ыараханын була сатыы-сатыы кэпсии олорор сатаммат. Аҥаардас дьиэ иһигэр эрэ сахабыт тылын сайыннара сатааһын – муҥурданыы, бу сайдыы буолбатах, кэхтии, саха тылын өлөрүү суолун төрдө. Оттон Конституцияҕа суруллуу – дьыала биир өттө. Оттон ону олоххо киллэрии – дьыала атын өттө. Дьэ, маны ситиһиэххэ, олохтуохха наада.
Былыр төрүттэрбит барахсаттар төрөөбүт тылларын сайыннаран, байытан аҕай кэлбиттэрэ. Ол да иһин кэлэн ааспыт улуу дьон сөҕөн, хайҕаан, өссө үөрэтэн, өссө улуу тылдьыты, араас үлэни суруйан ааспыттара. Оо, ама да ааспытын иһин, кэрэ кэмнэр эбиттэр. Оннооҕор нууччалар уу сахалыы кэпсэтэр буолаллара. Билигин оннук көстүбэт буолан иһэр уонна көстөр кыаҕа да суох буолла.
Аата олус улахан Духуобунас академията диэн баар да, баара суоҕа биллибэт курдук, үлэтэ-хамнаһа ньиргиччи иһиллибэт. Дьиҥинэн норуокка иһиллэр гына ньиргиччи, уоттаах-күөстээх соҕустук үлэлиэ-хамсыа этэ. Биһиги ону күүтэбит, онтукпут кыаллыбата быһыылаах. Иһиллибэт!
Билиҥҥи оҕоҕо буккуйуу олус күүскэ барар. Ордук уһуйаан, оскуола, уулусса бука бары оҕону буккуйаллар. Итини барытын соҕотох ийэ дуу, аҕа дуу кыайбат. Билигин кинилэри утары араадьыйа, ТВ, компьютер араас тэрээһиннэр, түүҥҥү кулууптар туһунан киһи этэ да барбат. Ол да иһин куорат эһээлэрэ, эбээлэрэ итиннэ барытыгар бэринэн, даамнарын биэрэн, сапсыйан кэбиһэн нууччалыы саҥаран муҥнанан эрдэхтэрэ. Ол түмүгэр, тылбыт сүтэр, норуот эстэр суолугар баран иһэбит. Оннооҕор улахан омуктар автоматынан ону өйдөөбөт чиновниктары остуолларын таһыйан, эбэтэр таһааран бөх дьааһыгар төбөлөрүн оройунан умса быраҕан эрдэхтэрэ. Оттон биһиги аҕыйах ахсааннаах буолбут буруйбутугар, эстэр дьылҕаланан эрдэхпит.
Биһиги депутаттарбыт диэн аатырар дьон үгүстэрэ карьеристар, олоппос эрэ сылыталлар. Үөһэттэн тугу эппиттэрин куоластыы эрэ олороллор. Бэйэлэрин муннуларын аннын эрэ көрөллөр. Кэннэ кээнчэ да буоллун, дииллэр быһыылаах.
Улуу компартиябыт, үтүөҕэ, сырдыкка ыҥырар кырдьыктаах социализм идеята мэлийдэ. Онон, итини тылбытын харыһыйар, көмүскэһэр туохпут да суох буолла. Баайдар, олигархтар, капиталистар араас дьаһааҕынан, нолуогунан, баттал, атаҕастабыл араас ньыматынан хам баттаан, супту уулаан олорбуттара. “Байа охсуҥ!” – диэн баран сиэн, аһаан, хоро таһан, ыһан-тоҕон бардахтара. Аны ол биһигини, эргиллэн да көрбөттөрө чуолкай. Ол да иһин былыр эттэхтэрэ: “Бытырыыстаах да быыһаабат, арбаҕастаах да абыраабат буолла” – диэн. Онтукпутугар араас албын ньыманан төттөрү эргийэн кэллэхпит. Туох да диэбит иһин, ыарахан күннэр-дьыллар ыга анньан кэлэ тураллар. Онон, хас биирдии саха киһитэ өйдөнөр, кытаанахтык харысхаллаахтык сыһыаннаһан тылбытын көмүскэһэр, сайыннара сатыыр туһугар турунуох тустаахпыт. Итиннэ бастатан туран, хас биирдии салайааччы, чиновник, араадьыйа, ТВ үлэһитэ уонна саха тылын учууталлара, учуонайдара, специалистара эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһар кэмнэрэ кэллэ. Ити барыта дьиҥнээх, төрүт саха дьонун баҕа санаата буолуо дии саныыбын. Билигин итиннэ сөптөөх суолта биэрбэккэ олорон биэрэн, аһаран кэбистэхтэринэ, бука хойутуохпут дии саныыбын. Кэлин көннөрөр ыараан иһэрэ буолуо. Маны үгүс саха дьоно сөпкө өйдүөхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбин. ТЫЛ—БААР, НОРУОТ—БААР!!! Тыл баар литературабыт, искусствобыт, үгэстэрбит, сиэрбит-туоммут, итэҕэлбит!
Онотуолуй ЧЫЫЧААХАП.
Майа с.