Биирдэ массыынанан автовокзал диэки, урукку “Акварель” маҕаһыынын таһыгар тохтоон, табаарыспын кэтэстим. Кэтэһэ таарыйа массыынабыттан тахсан көлүөһэлэрбин көрдүм. Устунан тэйэн, автовокзал эргинин кэрийдим. Дьэ маныаха элбэх бомж баарын соһуйа көрдүм. Урут наһаа маннык элбэх буолбатах курдуктара ээ…
Мин интэриэһиргээтим: тугунан дьарыктаналларый, туохха наадыйалларый уонна хайдах оннук буолбуттарый? Табаарыһым кэлиэр диэри барыта түөрт ускул-тэскил сылдьар киһини кытта кэпсэттим.
Бастакы бомж саастаах соҕус, маҥан баттахтаах, уһун хачаайы саха киһитэ. Таҥаһыгар хара кофта таһынан камуфляжнай сэлиэттээх, лабаҕырбыт хараҥа джинсылаах уонна эрэһиинэ саппыкылаах. Хараахтыра сымнаҕас соҕус, дьону кытта үчүгэйдик кэпсэтэр.
– Дорообо, хайыы олороҕун?
– Дорообо. Ээ, бу Горнайга дьиэбэр бараары олоробун.
– Дьоҥҥор дуо?
– Дьоммор. Ахталлара дуу, суоҕа дуу…
– Оттон айанныыргар харчыҥ баар дуо? Уонна ким эйигин босхо илдьэн биэриэй?
– Ээ, ким да босхо илдьибэт. Мин манна хаһыс да күнүн харчы хомуйа сылдьабын, дьиэбэр барыам диэн. Арба эн, массыыналаах уол, ханна эмит бараары сылдьаҕын дуо? Уонна Горнайга, баһаалыста, илдьэн биэриэҥ дуо? Көрдөһөбүн!
– Мин ханна даҕаны барбаппын, манна табаарыспын кэтэһэ турабын. Суох, илдьибэппин, бэйэбэр бензиним кэмчи. Оттон эн төһө харчыны хомуйдуҥ?
– Кып-кыраны, бытархайы. Хаһан да элбэх харчыны хомуйуом суох. Аска эбэтэр арыгыга туттан кэбиһэбин…
– Оттон эн наһаа арыгылаама ээ, харчыны мунньарыҥ ордук. Дьиэҕэр барыаҥ этэ буоллаҕа дии. Ону туох дии саныыгын?
– Харчым мэлигир, биир да тыһыынчам суох. Онон хайдах мунньан дьиэлиирим биллибэт…
– Чэ, сөп, харчыгын мээнэ-мээнэ бараама, харыстаа!
Иккис бомж балачча эдэр, орто уҥуохтаах саха киһитэ, сааһа отутуттан тахса буолуо. Хара ыстааннаах, сиэрэй футболкалаах уонна хара сонноох, бачыыҥката эмиэ хараҥа өҥнөөх. Кэпсэтэрэ син үчүгэй.
– Дорообо!
– Дорообо. Бытархайдааххын дуо? – тута ыйытта.
– Ээ… Мэ, бу кыра бытархай баар эбит.
– Оо, махтанабын!
– Хайыы тураҕын? Хайдах буоллуҥ?
– Мин хас да хонуктааҕыта докумуоннарбын сүтэрэн кэбиспитим. Ону кыайан восстанови гынар кыаҕым суох. Саатар ойоҕум дьиэбиттэн үүрэн кэбиспитэ.
– Ол кэргэниҥ тоҕо эйигин үүрдэ?
– Наһаа элбэхтик арыгылааччыбын, ону кини тулуйбакка малбын, таҥаспын туттараат миигин үүрбүтэ… Харчыны безработицанан ылар этим ээ, ол эрээри онтукам бүтэн, арыгылаан кэбиһэн ойохпуттан үүрүлүннүм.
– Оттон эн арыгылаан бүтэн, кэргэҥҥэр барыаҥ этэ буо.
– Ээ, суох, миигин кэргэним уонна кэлэн итэҕэйбэт. Миигин “алкаш”, “тунеядец” диэн баран таһырдьа таһаардаҕа дии.
– Үлэлээххин дуо?
– Үлэм суох, эттим дии – по безработице харчы ыла сылдьыбытым, онтукам ааспыта.
– Оттон докумуоннарыҥ?
– Паспорым да суох, ол-бу араас полис, СНИЛС эҥин диэннэрим барыта сүппүтэ. Ханна сүппүттэрин да өйдөөбөппүн.
– Инньэ гынан хас күн арыгылаатыҥ?
– Уонча хонук.
– Оттон хайдах сиэн-аһаан сылдьаҕын?
– Ким миигин босхо аһатыай? Ол иһин бөх баахтарын кэрийэбин, онно сороҕор ас баар буолар. Хата, кыратык көмөлөс эрэ…
– Оо, дьэ! Чэ, мэ, ыл маны, бу биэс уон солкуобайга саатар бэрэскитэ ылан сиэ, аччыгыҥ буолуо…
– Ээ, бэрт, махтанабын! Улахан махтал, доруобай буол!..
Үһүс бомж орто саастаах, хара баттахтаах, орто уҥуохтаах, эмис соҕус саха киһитэ. Таҥаһа: сиэрэй спортивнай ыстаан, беговой кроссовка, маҥан маайка таһынан хара сонноох. Хараахтыра тоҥуй соҕус, дьону кытта кэпсэтиэн баҕарбат. Санаабар дьону барыларын абааһы көрөр курдук.
Элбэҕи тугу даҕаны кэпсээбэтэ. Булочкатын кимиэхэ даҕаны биэриэн баҕарбат, онтун бобо тута-тута автобус остановкатыгар сии олорор.
– Дорообо, тугу сии олороҕун? – соруйан быһаччы ыйытабын.
– Булочка, онно тугуй?!
– Мин үчүгэйдик ыйыттым дии, тоҕо миэхэ куоласкын улаатыннараҕын?
– Булочкабын бэйэм сиэҕим, оттон эн баран хаал!
– Миэхэ эн булочкаҥ наадата суох. Тоҕо маннык буоллуҥ? Дьиэтэ суоххун дуо?
– Дьиэм суох, аймахтарым даҕаны бааллара саарбах…
– Оттон паспорыҥ дуу, атын докумуоннарыҥ бааллар дуо?
– Тугум да суох, бар мантан, аһыы олоробун, миэхэ мэһэйдээмэ!
– Мин мэһэйдээри гыммаппын, мин интэриэһиргиибин эрэ…
– Оттон атыттартан ыйыт ээ, ким эрэ эйиэхэ ону-маны этиэ, кэпсиэ. Мин кэпсэтэр настырыанньам суох, баран хаал!
– Мин эйигин кытта киһилии кэпсэтэбин ээ, эн тоҕо дьоҥҥо итинник сыһыаннаһаҕаный?
– Үөрүөхтээхпин дуо, ол? Дьиэм, аһым-таҥаһым да суох, бу бүтэһик кирдээх таҥастаах олоробун. Нэһиилэ булбут булочкабын сии сатыыбын, ону өссө эн эбиискэ буолаҕын! Бар, айа! Тугу даҕаны кэпсиэҕим суоҕа!
– Сөп, чэ, бакаа!
Төрдүс бомж ыскамыайкаҕа сытар, уһун хатыҥыр киһи. Таҥаһа-саба: хара бачыыҥка, хара бүрүүкэ, маҥан футболкатын таһынан хараҥа кугас тирии сонноох. Барыта сибиэһэйэ суох буоллаҕа, ол эбэтэр кирдээх. Сымнаҕас майгылаах эбит, киһини кытары кэпсэтэриттэн сылыктаатахха.
– Дорообо, хайыы сытаҕын? Туох буоллуҥ?
– Миигин оҕолорум дьиэттэн үүрдүлэр, ханна даҕаны барар сирим суох.
– Хас оҕолооххунуй?
– Икки, улаханым – кыыс, кырам – уол.
– Тоҕо үүрдүлэр?
– Кыыһым кэргэн тахсыбыта, кини дьиэтигэр күтүөтүм киллэрбэт, бэйэтин дьиэтин курдук сылдьар. Мин ол кыыспар атыылаһан биэрбит квартирабыттан үүрүлүннүм. Күтүөт буоллаҕына миигин кырбыах курдук эппитэ, өссө биирдэ тоҥсуйдахпына…
– Оттон кыраҥ? Уолуҥ?
– Ээ, кини миигин уруккуттан наһаа сөбүлээбэт, дьиэтигэр билсэр кыыһын кытта олорор. Киниэхэ мин эмиэ дьиэ атыылаһан биэрбитим, эмиэ онно киллэрбэт. Уопсайынан оҕолорбор дьиэ атыыласпытым. Уонна дьэ махталлара ити баар: баар-суох аҕаларын, миигин, дьиэлээн биэрбит киһилэрин үүрдүлэр. Уонна отой киллэрбэттэр. Оннооҕор күтүөт да кырбыах курдук.
– Оо, дьэ дьаабы эбит!
– Этимэ даҕаны…
– Оттон кэргэниҥ?
– Ойоҕум алта сыл анараа өттүгэр олохтон барбыта. Кинилиин үчүгэйдик да олорбут эбиппит… Кинилиин эдэр сылдьан бэйэбит мас дьиэлээх этибит да, ону бириэмэ ааһан, көтүрбүттэрэ. Ол оннугар таас дьиэлэммиппит.
– Ээ, диэ. Оттон тоҕо ол дьиэҕэ олорбоккунуй?
– Ол үс хостоох квартирабытын атыылаан кэбиспиппит, оҕолорбутугар саҥа дьиэлэри атыылаһаары. Оттон бэйэбит дэриэбинэҕэ көспүппүт, мин ойоҕум дьиэтигэр.
– Оччоҕуна кэргэниҥ дьиэтигэр барыаххын, тоҕо манна ыскамыайкаҕа сытаҕыный?
– Эн өйдөөбөккүн… Ол дьиэ урут ойоҕум киэнэ этэ, билигин онно кини аймахтара олороллор, миигин киллэрбэттэр. Эбиитин кинини мин туспуттан өлбүт диэн миэхэ кыыһыраллар. Алкаш, куһаҕан киһи эҥин дииллэр. Оҕолорум эмиэ…
– Оччоҕуна салгыы хайдах буолаҕыный? Хайдах олорор санаалааххын?
– Дьэ, билбэтим, өллөхпүнэ өлүөм даҕаны…
– Ээ, инньэ диэмэ, тыыннаах хаала сатаа! Тугу эмит толкуйдаа, мээнэ арыгылаама. Бакаа!
* * *
Инньэ гынан, бомжтары кытта кэпсэтэн ону-маны биллим. Бары араас дьылҕалаах дьон эрэйдэнэ сылдьар эбиттэр. Массыынабар баран иһэн били кэтэспит табаарыспын көрүстүм. Миигин көрөн турбут эбит.
“Хайа, Дима, бомжтары кытта хайыы сылдьаҕыный?” – диэн күлэ-күлэ ыйытта. Онуоха: “Ээ, бэйэм интэриэһиргээн кинилэрдиин кэпсэттим. Чэ, бардыбыт, айанныахха!” – диэтим. Табаарыспынаан салгыы дьыалаларбытыгар бардыбыт.
Дьэ, онон олоххо араас буолуон сөп. Ол иһин бэйэҕитин көрүнүҥ, бастатан туран чугас дьоҥҥутугурар сыһыаҥҥытын. Киһи оҕотугар да эрэммэт үйэтэ үөскээбит курдук. Кылаабынайа арыгылаамаҥ, иэскэ кииримэҥ. Баһаартан уонна халаантан эмиэ сэрэхтээх буолуллуохтаах, тоҕо диэтэххэ сэрэхтэрин сүтэрэн ытыс соттубуттар элбэхтэр. Кинилэр бомж буолар кутталлаахтар. Арыгы иһээччилэр эрэ буолбакка, ким баҕарар ускул-тэскил олохтоох киһи буолуон сөп. Киһи тэмтэрийэрэ бэрт кыраттан буоларын бомж дьону кытары кэпсэтэн, ордук итэҕэйэҕин.
Дмитрий СИВЦЕВ.
tuymaada.ru