Табаарыстар, доҕоттор! Бу ахсынньы ый 13-14 күннэригэр Бүлүү улууһугар, Бүлүү уокуругун Сэбиэт депутаттарын 100 сыллаах үбүлүөйэ буолан ааста.
Манна кыттыыны ыллылар Саха сирин правительствотын администрациятын салайааччы А.И.Афанасьев, Ил Түмэн экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, түөрт улуус сэбиэтин депутаттара Ньурбаттан Н.Н.Николаев, Сунтаартан У.Д.Попова, Үөһээ Бүлүүттэн С.И.Евсеев уонна Мирнэйтэн улуус баһылыга Ришат Юзмухаметов, депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ А.Кузнецов.
Бу юбилейнай даатаны иилэн-саҕалаан тэрийэн ыыттылар Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров, Бүлүү улууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Гаврил Семёнович Корякин, Бүлүү куоратын баһылыга Ньургустан Владимирович Афанасьев.
Норуот дьиҥнээх былааһа сэбиэттэр этилэр, оттон үлэһит крестьяннар, рабочайдар куоластара профкомнар буолаллара. Сэбиэскэй былаас сайдыытын 70 сылын усталаах-туоратыгар сэбиэттэр уһулуччу оруолламмыттарын устуоруйа толору дакаастыыр. ССРС социальнай-экономическай сайдыытыгар баара-суоҕа 20 сыл иһигэр, сайдыылаах ыарахан-чэпчэки промышленностаах уонна аграрнай сектордаах Советскай Союз диэн ааттаах аан дойдуга дорҕоонноохтук ааттанар улуу государство үөскээбитэ.
Саха сирин автономиятын көҥүлүн биэрбит, саханы үөрэхтээбит улуу сирдьиттэрбит В.И.Ленин, И.В.Сталин ааттара үйэтитиллиэхтээхтэр дии саныыбын. Олоххо киирбит устуоруйа туора сотуллуо суохтаах. Таһаарбыт алҕаспытын билинэн, олох суолун көннөрөр барыбыт ытык иэспит буоларын умнумаҥ.
Олохпут сайдыыта син биир инники кэккэҕэ-күөҥҥэ сылдьар. Олохпут көнүө, сиэннэрбит, хос сиэннэрбит сыыһабытын булан, алҕаспытын көннөрөн инники олох сайдыытын түстүөхтэрэ диэн эрэл санаалаах сылдьабын.
Бу сылтан Саха сиригэр, оройуоннар тэриллибиттэрэ 90 сыла туолуохтаах, Сахабыт сирин автономиятын олохтообут оччотооҕу кэм герой-үлэһит дьон ааттарын үйэтитэн кэлэр көлүөнэҕэ хаалларар ытык иэспит буолар.
Убаастабыллаах Сахам сирин олохтоохторун, “Туймаада” хаһыат үлэһиттэрин кэлэн иһэр Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Сахабыт сирин социальнай-экономическай сайдыытыгар таһаарыылаах үлэни, туйгун доруобуйаны баҕарабын.
Николай ЗАРОВНЯЕВ,
Бүлүү оройуонун XVII—XVIII
Созывын депутата,
Бүлүү улууһун
бочуоттаах бэтэрээнэ,
Россия суолталаах
бэтэрээнэ.