Мин 2018 сыллааҕы күһүҥҥү быыбарга Ньурба улууһуттан Ил Түмэҥҥэ депутакка кандидатынан туруоруммутум уонна биири сөхпүтүм. Единай россиялар тыа дьонун олус күүскэ, целенаправленно зомбируйдаабыттара ырааппыт этэ.
Олохтоохтор интернеттэрэ мөлтөх буолан ютуб диэни отой көрбөттөр. Телевизор тугу кэпсиирин итэҕэйээхтииллэр. Аны мунньах диэҥҥэ сылдьар уонча эрэ киһи кэлэр, атына кэлбэт. Дэриэбинэҕэ ытыктанар, убаастанар тылын ылынар активнай дьахталлары (учууталлар, быраастар, бэтэринээр, детсад үлэһитэ, кулууп үлэһитэ – үксэ бюджет үлэһитэ, былыр үйэҕэ Единэй Россия партия чилиэнэ. Онон уҥа-хаҥас хамсанара манабылга сылдьар, партиятын утарар бырааба да суох. Утарар түгэнигэр үлэтиттэн, премиятыттан көтөр.
Дэриэбинэҕэ үлэ миэстэтэ бюджет эрэ эйгэтигэр, ону да былдьаһык. Онон дэриэбинэ саамай авторитеттаах дьахталлара именно единэйи эрэ рекламалыыллар. Аны Григорьева дуоһунаһынан туһанан активнай дьахталлары эмиэ эрдэттэн подкуптуур эбит этэ, оҕолорун үөрэххэ ылларар, уопсай бэрдэрэр, каникулга баралларыгар быыбар чугаһаатаҕына босхо иттэрэр, инвалидтарга туһааннаах дьонугар спонсорскай көмө оҥорор. Инньэ гынан дьон эбээһинэстээх курдук сананар эбит, махталларын биллэрэн кинини агитациялыыллар.
Онон тыа сиригэр эрдэттэн хас биирдии ыалы кэрийэ сылдьан былыргы агитатордар үлэлэрин сөргүтүөххэ наада дии саныыбын, дьиҥнээх Госдума, Ил Түмэн таһаарар, ылынар сокуоннарын көрдөрөн. Холобур, Ньурба хомуньуустарын быыбар иннинээҕи мунньахтарыгар сылдьан баран сиргэ силлээбитим. Онно Ньурба хомуньуустарын тойоно, биллэр, убаастанар киһи: «Биһиги быыбарга единэйдэри отой утарбаппыт, былааһы утары барбаппыт, биһиги саатар справедливайдары кэннибитигэр хаалларыахтаахпыт», – диэн этэр-тыынар.
Ол аата бу хомуньуустар быыбарга бэйэлэрин киһилэрин кыайдын диэн буолбакка, справедливайдартан саатар биир эмэ куолаһы хайыттын диэн үлэлииллэр. Баһылыктара единэйин ааһан алыс бардам майгылаах киһи буоларын иһин бары куттаналлар уонна оннук сууланан олороллор. Оттон кырдьыгы аһаҕастык эттэххинэ (НКВД отдыхает) сразу прокуратураҕа үҥсэ охсон, эйигин полиция эккирэппитинэн киирэн барар. Ньурба следователэ быыбар хампаанньатын саҕана үстэ дьиэбэр киэһэни киэһэ диэбэккэ кэлэ сылдьыбыта, клеветаҕа дьыала тэрийээри, республика прокурорун сорудаҕынан. Хайдах баарынан кэллэҕин аайы кэпсиибин, ватсапка тарҕаппыт информациям сыыһа дэтиэн баҕарар, тойотторун сорудаҕынан. Ону ол Бакалаевтар сууттарыгар чахчы сэтээтэл этим, дьыалаҕа сурулла сылдьар. Народнай сэтээтэл буоларбар президент уурааҕа тахсыбыта, ону көр диибин, сымыйарҕыыр буоллаххына.
Дьыаланы үчүгэйдик үөрэттэххинэ буруйдаахтар бэйэлэрэ кэпсииллэр, «Танара үрэҕэр тоһуурга сыттахпытына…» диэн, мин тугу да айбытым суох диэн. Үһүс төгүлүн быһаарыы ылан баран нэһиилэ тохтообута.
Онон быыбар үгүс улууска формально эрэ буолар эбит этэ. Ол иһин эһиил буолар Госдума быыбарыгар норуот эрэ талар, норуоттан эрэ тахсар, эбэтэр кыра атын партиялартан тахсар дьону өйүөхтээхпит! Агитацияны оннук ыытыахтаахпыт! Норуоту кытта биир-бииргэ оннук үлэлиэхтээхпит! Биир да единэй, справедливай, ЛДПР дьонун талбаппыт! Коммунистартан киһититтэн көрөн талыахха наада! Зюганов буоллаҕына талбаппыт, атын эдэр эрчимнээх утарар кыахтаах киһини талабыт! Кытаатан тарҕатыҥ!
Быыбарга кыттыбыт.