Бу түбэлтэ өрдөөҕүтэ, 70-с сылларга буолбута. Оччолорго ферма, сайылыктааһын бөҕө этэ. Биир сайылыкка элбэх ыал буолан сайылыыллара. Эр дьон окко барбыт кэмнэрэ эбит, сайылыкка оҕолор, дьахталлар, кырдьаҕастар хаалбыттар.
Сүөдэр диэн кырдьаҕас бостууктаахтар эбит, үйэтигэр ойох диэни билбэтэх, дьахтар аймах диэҥҥэ чугаһаабатах киһи, куруук соҕотоҕун сылдьар, кыһынын бултуур, сайын бостуук бэрдэ.
Арай биир күн сайылык ынахтара киэһээҥи ыамнарын иннинэ, Сүөдэр атын миинэн аҕалтыы барар. Ырааппатылар ини диэн ыксаабат, аргыый аҕай атын сиэллэрэн чугастааҕы алааска барар. Тиийэн сыыр үөһэттэн көрөр, биир да сүөһү баара көстүбэт. Биһи киһибит аттынааҕы алааска атын салайар, тиийбитэ эмиэ туох да суох. Ол курдук кэрийэн ырааттар-ыраатан иһэр, сүөһү мэччийэр сирдэрин барытын кэрийэр да мэлигир. Аара отчуттартан да ыйытар, көрбөтөхтөр.
Сиик түһэн лаппа киэһэрэр, Сүөдэр сайылыгар төннөргө күһэллэр. Ол баран иһэн ханна эрэ ынах маҕырыырын истэр. Хоту диэки биир кыракый алаас баара, онно бааллара буолаарай диэн ол алааска барар. Бу алаас абааһылааҕынан биллэр эбит, ким да оттообот, эргэ өтөх дуомнаах. Сүөдэр алааска киирбитэ арай өтөх таһыгар ынах турара үһү. «Бай, хайаларын ынаҕа кэлэн манна турда» диэн чугаһаан кэлбитэ ынаҕа төрөөбүт чинчилээх, ньирэйэ суох, бэйэтэ эрэ килэччи көрөн турар. «Хойут төрүүр сүөһү эбит дьэ» диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ атыттан түһэн ол-бу диэки көрүөлүүр. Ол сырыттаҕына арай өтөх диэки бэрт куһаҕан тыас дуу, саҥа дуу иһиллэргэ дылы буолар. Сүөдэр өтөххө кэлэн иһирдьэ аҥайан турар аанынан өҥөйбүтэ, эргэ тоороттон түспүт көмүлүөк оһох аттыгар ньирэй сытар, талах олоппоско киниэхэ көхсүнэн буолан биир дьахтар олорор. Сүөдэр дьэ ыксыыр, куттанар даҕаны, оннук аллайан турдаҕына дьахтара эргиллэн Сүөдэри тобулу көрөр, сирэйэ кубарыйан хаалбыт, харахтара иһирдьэ тимирбиттэр. Биһи киһибит тымныы уунан саба ыстарбыттыы өйдөнөн кэлэр да, атын диэки сүүрэр, атын тутан миинэн эрдэҕинэ өтөх диэки дьахтар хаһыытыыра иһиллэр, эмиэ да мэнэрийэр курдуга үһү.
Ол кэннэ Сүөдэр ити түбэспитин хас да сыл кистии сылдьан баран, олох кырдьан олорон кэпсээбит. Алаас иччитэ эбитэ дуу, өтөх иччитэ дуу көстүбүт буолуохтаах. Ол ньирэйи сиэбит буолуон сөп үһү, ынах буоллаҕына эмиэ абааһыны көрөр быһыылаах, тоҕо эрэ өтөххө отой чугаһаабата үһү.
Миитээски.