Минньигэс баҕайы, луоска турар хойуута оҥоһуулаах, бэйэм буһарбыт көстүрүүлэлээх сугун барыанньам кылгас остуоруйата.
Дьиҥинэн чахчы сатаммыт, бэрт минньигэс барыанньа этэ… Этэ да буолан, кырдьыга даҕаны луоскабытын салаан, салбанан, икки ыйы супту соһо сылдьан эмээхсиммин кытта сиэммит Лёва, мин буолан сиэн бүтэрбиппит ырааттаҕа дии. Бу тухары икки-үс ыалдьыты барыанньабытын остуолга ууран биллэн турар күндүлээбиппит быһыылааҕа. Кимнээҕин туох билиэй, умнуллубут. Этэргэ дылы хас киирбит-тахсыбыт, аһаспыт киһини өйдүөхпүнүй? Баҕар бэйэлэрэ өйдүүллэрэ эбитэ дуу… Чэ, ити хааллын.
Дьылынан аахтахха былырыын курдук эбит. Сэтинньи ый саҕаланыытыгар бастакы тымныылар түһэллэрин саҕана уолбун идэбинэн детсадыгар илдьэбин, Оруоһам сарсыарда өттүгэр эмиэ үлэтигэр сылдьар кэмэ этэ. Бэйэм тылланан тураммын эмээхсиним ырысыабыттан харыс даҕаны халбарыйбакка, мээнэ түбүгүрбэккэ сугун барыанньабын буһардым, таһырдьа күүлэҕэ таһааран остуолга сойута уурабын.
Киэһэлик детсадтан бары кэлэммит саҥа барыанньабытын боруобалаатыбыт. “Сатаммыт, үчүгэй”, – диэн эмээхсиммиттэн дэлби хайҕанным. Дьиҥинэн сугун барыанньа үксүгэр убаҕас буолан, килиэптэн сүүрэн түһэн таҥаскар биһиллэн элбэхтик моһуоктуур буолааччы. Биһиэнэ онтон уратыта диэн хойуу буолааччы, диэххэ. Анал, «кистэлэҥ», Оруоһам ийэтиттэн бэриллибит ырысыап тутуһуллан сатаннаҕа.
Сарсына, өйүүнэ буолла. Кыра, курдары көстөр иһиккэ остуолга аһылыкка диэн анаан барыанньабын куппутум кураанахтанна. Бары мустубучча, киэһээҥи аһылыкка таһырдьа сыгынньах аҥаардаах күүлэбэр элэстэнэн тахсан остуолга турар көстүрүүлэлээх барыанньабыттан баһа охсон киирээри соруйтарыыта суох улгум баҕайытык ойон таҕыстым. Уҥа илиибэр улахан, уһун-унньугур хара быласымаасса луоскалааҕым. Билэр ырыабын киҥинэйэн ыллыы-ыллыы аҕыйахта атыллаан тиийэн аһаҕас барыанньалаах көстүрүүлэбин өҥөс гыммытым – тугуй? Кутуйах милээт түһэн, тимирэн өлөрө буолан төбөтө эрэ хаалан айаҕа аппаҥныыр!
Саҥа таһааран үөхсэн баран дьиэбэр төннөн киирэн иһэн, бэйэтэ даҕаны биэс-алта хардыы арастайаанньаҕа төбөбөр араас санаалар кутулла түһэллэр. Тутатына хайдах эрэ барыанньабын аһынан киирэн бардым. Кутуйах ииктээбит-саахтаабыт бурдугун сиитэлээн астанарбытын, «Кыталык Уйбаан» омуннаах кэпсээнигэр тыыннаах кутуйаҕы кыһалҕаттан сиэбитин, кытайга майгынныыр омук бассаапка хардырҕаччы ыстаан амтаһыйа-амтаһыйа аппатыыттаах баҕайытык туттан сиирин туһунан элбэх-элбэх санаалар элэстэнэн киирдилэр даҕаны… Ааным тутааҕын төннөн киирээри тутан туран төттөрү көстүрүүлэбэр ойон тиийдим.
Улахан луоскабынан кутуйахпын баһан таһааран бөх кутар хордуон дьааһыкка «пөс» гыннара бырахтым, иһиппэр кутаары түгэҕиттэн булкуйан көрбүтүм өссө икки кутуйах көһөҥө барыанньа буоланнар түгэҕэр тимирэн сыталлар!
“Оо, абакка… милээт да буолар эбит, – диэн ботугураабытым быһыылааҕа. – Биирэ-биэһэ биир, ыаллаһан олорор дьукаахтарым этэ”, – дии санаатым даҕаны били икки улахан барыанньа көһөҥөлөрү эмиэ “пөс-пөс” дьааһыкка түһэртээт, иһиппэр барыанньабын толоро охсон тоҥоммун дьиэбин былдьаһабын. Барыанньа сатаммыта ааспыкка хайҕаммыт буолан, ол туһунан хата саҥа-иҥэ суох. Күө-дьаа буолан күннээҕи сонуммутун үллэстэн кэпсэтэ-кэпсэтэ, быыһыгар уолбутун ымманыйан мэҥийэн, таптаан ыла-ыла аһаан киирэн барабыт. Идэбитинэн аһылык бүтэһигэр эбэһээтэлинэй «на десерт» барыанньалаах килиэп сиэччи этибит, онтубут эмиэ хатыланнаҕа дии…
Бастаан кырдьык миэхэ эрэ бэйэбэр ыарахан балаһыанньа этэ, ама да ааспытын иһин, диэххэ. Хас аһаары гыннахпыт, остуолга барыанньалаах иһит турдаҕын аайы били үс тоҥ көһөҥөнү саныы биэрэбин. Тыын былдьаһыгар иик-саах, сыыҥ-сыраан аллыбыттара минньигэс барыанньабар биир кэлим маасса буолан булкуспутун өйбөр оҥорон көрөрүм кырдьык илэ ыарахан суол буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ хаһаайын быһыытынан «кытаанах» санааны ылынан, туоҕу даҕаны сэрэйбэккэ минньигэстик бииргэ аһаспыт дьиэ-кэргэним иннигэр буруйдаах курдук буоларым дуу, хайдаҕа дуу?
Оннооҕор буолуох дьаабыны тэлэбиисэргэ көрдөрөллөрүн курдугу сиэн-аһаан кэллибит ини, кэлбэтибит ини…
Ээдьик.