Былыр 18-19 үйэлэргэ Саха атыыһыттара көмүстээх тайҕаларынан, Охуотскайынан, Сибиир куораттарынан, бэл Кытайга тиийэ эргинэллэрэ. Ол сылдьан атыыһыттар эҥин араас оһоллорго-быһылааннарга түбэһэллэрэ кэмэ суох эбит.
Ырааҕынан тэлэһийэ сылдьар эргинэр саха атыыһыттара бэйэлэрин кытта көмөҕө илдьэ сылдьар эдэр, кыахтаах, талыы уолаттардаах буолаллара. Ол арыаллыыр уолаттара нэһилиэк, улуус талыы оҕолоро эбиттэр. Күүстэринэн-уохтарынан, ону-маны барытын сатыыры таһынан кинилэр кириилээх-тахсыылаах, сытыы буолаллара ирдэнэрэ.
Сыл аайы ыраах баран эргинэр идэлээх баай атыыһыт мэлдьи илдьэ сылдьар көмөлөһөөччү уолунуун күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ, сир саҥа тоҥуута ыҥыыр атынан Бодойболообуттар. Атыыһыт Бодойбоҕо кыһыҥҥы суолунан арыы, түүлээх, эт таһар эбит. Хас күһүн аайы ыҥыырдаах атынан баран төһө табаары туохха атастаһарын дуогбардаһан кэлэр идэлээх эбит. Ол курдук кыһын Бүтэй Бүлүүттэн суол турдаҕына Сунтаарынан быһа сыарҕалаах аттарынан тиэйэр эбиттэр. Күһүн кэпсэтэ барарыгар Дьокуускай диэкинэн эргийэ барар идэлээх эбит. Хочо улууһун улахан үрэхтэрэ тоҥмокко сыталларыгар аттаах киһини туораппаттара буолуо, онтон Дьокуускайынан кураанах суолунан күһүн барар эбит.
Баралларыгар улахан аартыгынан буолбакка, “курдары түһэр” диэн аатырар эргэ суол устун түспүттэр. Билиҥҥи Горнай улууһун сиринэн баран иһэн улаханнык сылайбыттар. Инчэҕэй хаар түһэн дэлби сытыйбыттар, ону тэҥэ бу диэки аҕыйах да нэһилиэнньэлээх буолан кими да көрсүбэккэ, биир да ыал олорор алааһын быһа охсубакка испиттэр
Ити курдук “туох иччитэх дойдутай?” диэн сөҕө-бэккиһии иһэн киэһэлик балачча улахан алааска кэтиллэ түспүттэр. Арҕаа диэки өттүгэр саҥатык соҕус күрүөлээх алаастарга дьон отой сэдэхтик олохсуйан олорор эбит. Хаһаалаах дьон олоҕун көрөн улаханнык үөрбүттэр. Миинэн да иһэр аттара дьон олорор сибикитин билэн төбөлөрө өрө күөрэйбит, айаннара сыыдамсыйбыт
Айынньыттар кэлэн иһэр сибикилэрин билэн, дьиэлээх оҕонньордоох эмээхсин сэргэлэрин таһыгар тахсан үөрэ-көтө көрсүбүтэр. Сылайан, эстэн-быстан кэлбит дьону баардарынан-суохтарынан күндүлээбиттэр. Сөп соҕус аһаан, сынньанан баран ыалдьыттар сойбут аттарын хабыалата таһырдьа тахсаллар.
Аттарын аһата сылдьан кырдьаҕас атыыһыт уолугар туһаайан: “Нохоо, өйдөөн көрдүҥ дуо? Хаһаайыттарбыт сүөһүлэрэ-сылгылара бэрт кэмчи эрээри иһиттэрэ-хомуостара үрүҥ-кыһыл көмүс. Кытай иһиттэрэ, Кытай таас сыаналаах иһиттэрэ, туттар да сэптэрэ, кэтэ сылдьар таҥастара-саптара барыта сыаналаах сиитэс, баай, кыахтаах дьоҥҥо майгынныыр. Сэрэнэ-сэрбэнэ хонуохха, таҥара сэрэҕи сөбүлүүр. Быйыл сайын түүл-бит да мөлтөх этэ. Аттарбыт ыҥыырдарын устубаппыт, солбуһан утуйуохпут. Туох эрэ куһаҕан сибики билиннэр эрэ ыстаҥалаһан туран аттарбыт үрдүгэр түһэн куотуохпут”.
Уола эмиэ мэлдьи тойонун кытта эргинэригэр сылдьыһар, куһаҕан-үчүгэй иһити-таҥаһы араара үөрэммит буолан эмиэ барыта үрүҥ көмүс иһиттээх-омуостаах, сэнэх таҥастаах-саптаах оҕонньордоох эмээхсини уорбалыы көрбүт буолан сөбүлэһэр. Кырдьык, ол саҕана айаннаан иһэр дьону халааһыҥҥа, өлөрүүгэ-өһөрүүгэ идэтийбит саха ыаллара баалларын туһунан сэһэн-номох элбэх буолара.
Дьиэҕэ киирэн бэлэмнээбит оронноругар сыгынньахтаммакка эрэ утуйбуттар. Сарсыарда туох да буолбатаҕын курдук утуйан турбуттарыгар, дьиэлээхтэр куолуларынан бэркэ маанылаан аһыппыттар, ыһык-өйүө бэлэмнээбиттэр. Айанньыттар махтанан, бырастыылаһан баран аттарын миинэ турдахтарына дьиэлээх оҕонньор: “Барбалыы түсппүккүт кэннэ суол арахсыыта кэлиэ. Айаҥҥыт суола көнөтүк бара туруоҕа, иккиһэ соломмут саҥатык кыараҕас соҕус суол айан суолун тумнуо. Онон бараргыт ордук буолуо, онон бараарыҥ”, – диэн хайдах эрэ көрдөһөр быһыыннан эппит. Айанньыттар онно туох да мөккүөрэ суох сөбүлэспиттэр.
Баран истэхтэринэ хаар быластаах саппарах тохтообокко түспүт. Ибили сытыйан, дьагдьайан истэхтэринэ этиллибитин курдук суоллара икки аҥыы арахсыбыт. Эдэр уол инники иһэн, кини кэнниттэн иһэр тойонуттан ыйытар: “Хайатынан барабыт? Айан суолунан дуу, солооһуннаах суолунан дуу?”. Тойоно: “Бачча сир былдьаһыгар сылдьан, халлааммыт да мэһэйдээри гынна, киэһэрдэ даҕаны, улахан айан суолун тутуһуох. Били оҕонньор туох сыаллаах-соруктаах былыргы дьон сылдьар торҕон аартыгыттан туоратан, эргитэн тыаҕа таһаара сатыыр баҕайытай… Эчи, арах”, – диэбит.
Улахан айан суолунан чочумча барбахтаабыттарын кэннэ уҥуора эрэйинэн көстөр уһун синньигэс добун хонуулаах сыһыы кэлэр. Таһыттан көрдөххө сыһыы киэҥэ, дьиэ-уот элбэҕэ, күрүө-хаһаа дэлэйэ бэрт курдук эрээри, айанньыттар сылайбыттара-илийбиттэрэ бэрт буолан дуу, туох эрэ бэрдэ суоҕу сибикилээн дуу, улаханнык үөрбэттэр. Дьиэлэр диэки чугаһаан иһэн тыынар тыыннаах суоҕун бэркэ муодаргыы көрөллөр. Сэлбиллибэтэҕэ-сэргэхситиллибэтэҕэ балай эмэ буолбут күрүө-кыбыы иһигэр былыргы үйэтээҕи сылгы-сүөһү ойоҕосторун уҥуохтара адаарыһан сыталлара, бүтэй баҕанатын үрдүгэр күлбүт курдук тииһэ килэйбитинэн ууруллубут сылгы чөмчөкөтө бу дойдуга хаһан эрэ бэрдэ суох быһыы буолан ааспытын кэрэлэһииргэ дылылар… Айанньыттар былыр үйэҕэ манна туох эрэ сүөһү дьаҥа, улахан сотуун туран аастаҕа диэн судургутук толкуйдууллар. Быһа итинник өтөхтөөх дойдуга тиийэн кэлбит эбиттэр.
Кэлбит дьон ханна барыахтарай? Бу халлаан улахан сэпэрээктии турдаҕына. Биир улахан дьиэҕэ тохтообуттар. Икки атахтаах дугуйдамматаҕа ырааппыт, дьиэ таһа бүтүннүү сыыс от үүммүт даллаах дьиэҕэ тохтуулларыгар тиийэллэр. Маннык үлүгэрдик илийэн баран кинилэр да кыратык сынньанан, куурдунан бардахтарына, аттарыгар да күөх оту хаптардахтарына сатанар. “Хаһан эрэ бэрт сэниэ ыал олоро сылдьыбыт быһыылаахтар, кыбыылара-хаһаалара улахан, дьиэлэрэ-уоттара киэҥ, уурбут-туппут курдук… Үлэһиттэр олорбут балаҕаннара эчи киэҥин, элбэх үлэһиттээх быһыылаахтар, ампаардара улаханын көр! Муҥнаахтар туох буолаахтаабыттара буолла, улахан дьаҥ кэлэн сүөһүлүүн-астыын ньимси сотон аастаҕа. Киһи эрэйдээх олордоҕуна олорор, былыр биһиги диэки Мэгэдьэк улуу баайа 800 сүөһүлээх Дайыла Күөгүлэптээҕи уоспа ыарыыта кэлэн отой эһэттээн барбыт сурахтааҕа. Ол курдук бу диэки оннук быһыылаах. Ол гынан баран оннук кэлэн ааспытын бу улууска истиллибэтэҕэ, муҥнаахтар туохха-туохха түбэһээхтээбиттэрэ буолла, ойуун кырыыһыгар түбэһээхтээбиттэрэ дуу”, – диэн көхсүн иһигэр киҥинэйэ-киҥинэйэ атыыһыт атыттан түспүт. “Чэ, хайдах гыныллыай, хонноххо-сынньаннахха сатанар, бэйэбит да сылайдыбыт, сытыйдыбыт, аттарбыт да котокулар буорайаары гыннылар. Дьиэ аата дьиэ, аһаҕас халлаан буоллаҕай. Бу хаһан тохтуур, иһэ ууллан бүтэр халлаан эбитэ буолла. Хата мин дьиэҕэ киирэн оһоҕу оттор кэммэр эн, эдэр киһи, аттаргын сыбыдахтаан сэргэлэргэ баайан баран, бэрэмэдэйбититтэн хонук аспытын киллэр. Сарсын суолга сиир ыһыкпытын эмиэ чугаһатан кэбиһиэх баара”, – диэн соруйбут
Уол тойонун сорудаҕын аа-дьуо сылдьан толорон баран, хаһаахтаах аһын кыбыммытынан дьиэҕэ киирбит.
Оҕонньоро көмүлүөк оһох иннигэр хамсатын туора уоппутунан, бэрт табыгаһа суохтук ходьоччу туттан баран олорор эбит. Аргыһын сирэйин көрөн баран, уол иэнэ кэдэҥнээбит. Оҕонньоро уота-күөһэ умуллубут, хараҕын уота өспүт, сирэйэ көҕөрө өлбүт, мэктиэтигэр ыбылы тутуллубут курдук кыччаан, сирэйэ мыччыстан хаалбыт, субу охтоору куоҕаҥныы олорор.
“Тукаам, кытаатан куота оҕус, миэхэ кыһаллыма, тыыҥҥын былдьас”, – диэн кини бэрт эрэйинэн ыган таһаарбыт. Уол иһиттим-истибэтим диэбиттии тутан турар хааһаҕын киэр илгээт, таһырдьаны былдьаһар. Бэйэтигэр кыанар уол аҕыйахта үктэнэн тиийэн атын тэһиинин сэргэттэн субуйа тардан ылаат, кэлбит сирин диэки атын быһа кымньыылаан кэбисппит. Иккис атын тэһиинин эмиэ атын үрдүгэр бырахпыта, кини атын кэнниттэн уоптаран испит. Туох эрэ куһаҕан буолан эрэрин сибикилээн турар Дьөһөгөй оҕолоро туох да сорутуута суох туос бөтөрөҥүнэн түспүттэр. Ыҥыырдара, таһаҕастара хаалбыттар.
Аҕыйахта үктэннэрэн сыһыыны туораан эрдэхтэринэ киһи чабырҕайыгар охсуолуур дьулаан хатан хаһыы аргыстаах туох эрэ харамай кэннилэриттэн сырсан кэлэн иһэр сибикитэ биллибит. Уол эргиллэн көрбүтэ түөртээх дуу, биэстээх дуу оҕо улаханнаах, умайар уот кыһыл баттахтаах киһиэхэ да абааһыга да холооно суох харамай сырсан иһэр эбит. Тыа саҕатыгар турар салама-тайма ыйаммыт баай хатыҥ таһыгар кэлэн абааһы: “Абаккам, иккигитин билбэккэ куотардаҕым кыһыытыан!” – диэн хаһыытыы-хаһыытыы хаалан хаалбыт. Ааттаах аттардаах буолан абааһыттан куоттаҕа ол. Былыргы атыыһыттар биллэн турар аттан атын, чулууттан чулуу, ааттаах аттарынан баралларыгар-кэлэллэригэр сылдьаллара буолуо.
Били уһун күнү быһа дэлби сылайан, тоҥон айаннаан аҥырытан ааспыт суолларын ахсым сыбыдах ат үктүүр сиригэр үктэннэрбэккэ, тирэнэр сиригэр тирэннэрбэккэ, уу-хаар диэн тумнубакка, били баарыан сарсыарда хонон ааспыт ыалын тиэргэнин айаҕар кэлэн биирдэ хорус гыммыт.
Ыт үрбүтүгэр дьиэлээх хаһаайын утары тахсыбыт. “Бу тоҕо төннөн кэллигит?” – диэн соһуйбут сибикитин биллэрбэтэх, боруоста кэлэйбит киһи курдук көрүтэлээбит. Уол атыттан түспэккэ олорон, тыын ылан эҕирийэ-эҕирийэ туох буолбутун сиһилии кэпсээн биэрбит. Оҕонньор умса туттан туран уол кэпсээнин барытын сиһилии истибит. Дьиэҕэ ыҥыран киллэрэн итии чэйи кутан биэрэн уоскуппут уонна: “Киһи туох баарынан маанылаан көрсүбүтүгэр, ыйбытыгар-кэрдибитигэр наадыйбат, тугу да хоҥоруугутугар хоннорбот дьон буолан манныкка түбэстэххит. Саатар кыдьаҕас киһи эппитин истибэт дьон буоллаххыт, хаһан баҕарар эдэр киһи кыдьаҕас дьон сүбэтин убаастыыр буолаар”, – диэбит
Оҕонньор уолу уоскутан чэйдэтэн, көмүлүөк оһоххо мас быраҕан баран аа-дьуо кэпсээнин саҕалаабыт. Эмээхсинэ чэй кута-кута, былаатын төбөтүнэн хараҕар уу тахсарын сотто-сотто оҕонньорун кэпсээнин саҥата суох истибит. Ону истэ олорон уол туох эрэ бүтэтэ суох, хаһан эрэ туох эрэ буолбутун сэрэйэ саныы-саныы истибит. Оҕонньор көмүлүөк оһоххо мас быраҕа-быраҕа аа-дьуо кэпсээнин саҕалаабыт.
“Хаһан эрэ биһиги балай эмэ сылгылаах-сүөһүлээх, син аҕыйах үлэһиттэрдээх, түөрт чыычаах курдук кыргыттардаах, бу эргин түбэҕэ син кыанар дьон ахсааныгар киирэр ыал этибит. Оҕолорбут бары кыргыттар буолан, уол оҕоҕо баҕарарбыт сүр буолара. Дойдум, улууһум дьонун көрдөһүүлэрин быһа гыммакка, улаханнык баҕарбатарбын да хаста да нэһилиэк кинээһинэн, улуус кулубатынан талылла сылдьыбытым. Кулубалыыр кэммэр биһиги дойдуга олус сиэмэх, хара саҥнаах кыһыл ойуун диэн улуу кырдьаҕас баара. Араас абынан-хобунан дьон бөҕөнү куттуура, хараҕы баайан араас бырыкааһы барытын оҥороро. Аартыгынан ааһан иһэр дьон бөҕөнү аһаҕастык халыыра, муннарара. Кырдьаҕаска тус бэйэтигэр киирэ сылдьан хаста да кэпсэтэн, көрдөһөн көрбүтүм. Кырдьаҕас ону истибэт этэ, “Көр да маны, эн миэхэ, улуу ойууҥҥа, дьорҕойоору гынаҕын дуо?!” – диэн суоһурҕанара.
Ол курдук Кырдьаҕаска тус бэйэтигэр киирэ сылдьан хаста да кэпсэтэн, көрдөһөн көрбүтүм да кыаллыбатаҕа. Иирсээн дириҥээн, Дьокуускайтан нуучча хаһаахтарын ыҥыртаран хаайтара сылдьыбытым, таһыйтарбытым. Кырдьык, ол кини халбыатын-алдьаппытын нэһилиэк, улуус тардыытыттан-түһээниттэн төлүү олорор табыгаһа суох этэ. Таһыллан баран, киһи эрэ буоллар, кини да орон-тэллэх киһитэ буола ыарытыйбыт этэ. Ойуун сотору көхсүнэн ыалдьан өлбүтэ. Өлөөрү сытан илдьиттээбит этэ: “Кулуба бу сырыыга кыайда. Өллөрбүн сотору иккиһин төрөөн мунньуллубут иэһин муунталаһыам!” – диэн. Мин өлбүт ойуун илдьитин улахаҥҥа уурбатаҕым, сотору умнубутум. “Ол өлөн баран хайдах гыныай? Таҥара мин өттүбэр”, – дии саныырым уонна мин таҥара дьиэтигэр сүрэхтэммит, таҥара дьиэтигэр сылдьар киһи ол дьон ону-маны сэрэтэн кэпсэтэллэрин улахаҥҥа уурбатым.
Ити курдук күн-дьыл ааһан испитэ. Кырдьаҕас суох буолта үһүс сылыгар биһиэхэ күүтүүлээх уол оҕо төрөөбүтэ. Ол оҕо төрөөбүтүнэн барыны-бары чинчилиирин, ичээмсийэрин дьон бэркэ омнуолаабыттара. “Мүһэлгэлэрин ааһан баран бэрт дьикти оҕолоннулар, түүл-бит бэрдэ суох”, – диэн хаста да илдьиттии сылдьыбыттара. Уолбут бастаан оҕо-оҕо курдуга. Сотору баардаах баарын биллэрэн барбыта, кыра оҕо диэтэххэ тыла-өһө иччилээҕэ, силистээҕэ-мутуктааҕа, атын сиртэн айдарыылааҕын илэ-бодо кэпсии сылдьара. Дьон-сэргэ оҕобутуттан тоҕо эрэ саллара-толлоро, биһиги дьиэбитин-ыырбытын тумна сатыыр буолан барбыттара. Үлэһиттэрбит-хамначчыттарбыт да куттаналлара, биһигиттэн быыс буллулар эрэ куотан, тарҕаһан бартара. Уолбут улаатан истэҕин аайы тас дьүһүнэ кытта Кыһыл ойууҥҥа майгынныыр буолан испитэ.
Кини борбуйун уйуммутун кэннэ сылын аайы кыргыттарбыт муҥнаахтарбытын көмүтэлээн барбыппыт, сүөһүбүт-сылгыбыт эмиэ көнньүнэн хонууга охтон, сыһыыга сытан барбыттара. Мин хаста да эмээхсиммин кытта аһаҕастык ол туһунан кэпсэтэ сылдьан баран, тохтообутум. Бэйэлээх бэйэҥ төрөппүт уолгун, Айыы оҕотун, кырдьыга-сымыйата биллибэт уорбалааһынтан суох оҥорбот буоллаҕыҥ. Кэлин бүтэһик кыыспытын кистээбиппит, уолбут ол түүнү быһа хотоҥҥо кутуран-мэнэрийэн тахсыбытын кэннэ, саарбахтыырга туох да төрүөт хаалбатаҕа. Ол күн үлэһиттэрбит тугу да эппэккэ бары көһөн баран хаалбыттара.
Улахан аһыыга ылларан олохпут-дьаһахпыт барыта айгыраабыта. Сүөһүлэрбит-сылгыларбыт көрүллүбэккэ көтөҕүллэн киирэн бартара. Биир сарсыарда эмээхсиммин кытта сөбүлэһэн баран, уолбутун өмүтүннэрэн тутан ыллыбыт.. Атыыр сылгы сиэлиттэн хатыллыбыт кыл-өтүү быанан ыбылы кэргийэн баран, бэйэ бодотун ылынан суордуу хаһыыра, бөрөлүү улуйа, кутуран куһууйута сытар илэ абааһыны тыынаахтыы уокка анньан кэбиспиппит.
Ол кэннэ ордон хаалбыт сүөһүлэрбитин үүрэн, малбытын-салбытын тиэнэн бу алааска көһөн кэлбиппит. Дьиэ-уот туттан, бу иккиэйэҕин тулаайахсыйан, хайа астах хаан тахсыбат, сиирэ астахха симэһин сүүрбэт хаппыт муҕураан тиит буолан өлөрбүтүн күүтэн олороохтуубут”, – диэн оҕонньор ынырык кэпсээнин түмүктээтэ.
Арыый уоскуйан баран ыалдьыт уолга туһаайан: “Ити сылдьыбыт улахан дьиэҕит урукку биһиги кыстык мааны дьиэбит этэ. Хаһан эрэ ити дьиэ көмүлүөк оһоҕор абааһы уолун уматан өлөрбүппүт. Ол туһунан истибэтэх-билбэтэх дьон алҕаска оһоҕу отуннахтарына, уоту кытта илэ абааһы тиллэн кэлэр үгэстээх дииллэр. Биһиги ону көрбөтөхпүт. Хаһан баҕарар сиэмэх сиэмэҕэ өтө турар. Дьиҥинэн, эһигини сэрэппит курдук санаабытым даҕаны… Эдэр киһи кырдьаҕас дьон тылларын ытыктыыр буол. Хайыахпытый, сарсын эрдэ баран тойоҥҥун аҕалыахпыт. Ол аньыы-дьай иҥмит дьиэтин уоттуохпут. Дьиҥинэн уотун-оһоҕун оттубатахха дьиэ дьиэттэн туох да уратыта суох этэ даҕаны… Эн сынньан, уоскуйан хонон баран дойдулаар, халлаан тымныы, тойонуҥ туох да буолбакка тиийиэ”, – диэн туох да быһаарыылаахтык, мас-таас курдук быһааран кэбистэ. Уонна улаҕа диэки кинини истэ-истэ былаатын төбөтүнэн хараҕыттан тахсыбыт уутун сотто олорор эмээхсинигэр тиийэн, төбөтүттэн имэрийэ-имэрийэ сүүһүттэн сыллаата…
Соччо КУТУКААЙ.