“Пугало” киинэбитин аан дойдуга таһааран “Ника” бириэмийэҕэ дураһыйбыттара хата табыллыбата.
Өрдөөҕүтэ “Сахаада” хаһыакка Оһуохай Уйбаан “Ааһар былыт албына” диэн көрүдьүөс соҕус ис хоһоонноох ыстатыйата тахсыбыта. Уйбааҥҥа сорох билэр дьоно: “Былааһы кытта охсуһаҕын, аны ойууттары кытта киирсэҥҥин өлөр суолгун буллуҥ”, – диэбиттэр. Уйбаан билигин 90-чалаах олорор.
Ити Бурятияттан ойуун дьахтар кэлэн “эмтэтэлээн” барбытын кытта сибээстээх. Биһиги сонумсах муҥнаахтар сырсыакалаһыы бөҕөтө буоллаҕа: дьахтар биир улахан саалаҕа дьону мунньа охсон “эмтэтэлээн” барбыт. Улахан холуочук дьахтар, Уйбаан суруйарынан, мустубут дьону водканы омурдан ыла-ыла ибиирбит, түҥ-таҥ тылласпыт. Уйбаан ону барытын камераҕа устан ылбыт, ол архивыгар ууруллан сыттаҕа.
“Пугало” киинэни көрдүбүт, сиргэннибит. Ол иһин ити Оһуохай Уйбаан суруйуутун санаан кэллим.
Биһиги эмчиттэрбит Ньыыкан, Чирков, Чааскын, Бадыл, Эдьиий Биэрэ, Кондаков, Турантаев үөһээттэн айыллан дьону быыһыы түһэриллибиттэрэ дииллэрин итэҕэйэбин. Сорохторун муҥнаан-сордоон, хаайан-хайаан бохсо сатаабыттарын үрдүнэн дьон кинилэргэ итэҕэлин уураппатах, кинилэртэн аккаастамматах. Туһаммыта элбэҕэ бэрт буоллаҕа. Ханнык да хомуйуус идеологията самнарар кыаҕа суох эбит. Эмп-том суох кэмигэр дьону кинилэртэн ордук ким быыһыа эбитэй. Сөҕөҕүн эрэ.
Истэрим былаһын тухары ити ахтыбыт дьонум киһи киэнэ килбиэннээхтэрэ, сиэрдээхтэрэ, ис-иһиттэр култууралаахтара эбит. Ньыыкан Мииринэйгэ кэлэ сылдьыбытыгар сахалыын-нууччалыын эмтэнэ, диагноһы туруортара сатаабыттара. Бу медицина үгэннээн сайда, авторитета үрдүү турбут кэмигэр. Ньыыкан үп-үрүҥ ыраас халааттаах, илиитин сотору-сотору суунар эбит. Оннуктар этэ норуот дьиҥнээх эмчиттэрэ.
“Пугало” киинэҕэ ол суох. Уйбаан Оһуохай хаһан эрэ бурят дьахтарын устубут сюжета сылдьар курдук. Арай Аммаҕа оннук “эмчит” ордо сылдьара дуу.
Ксения Собчак наһаа сөҕөн-махтайан кэлэ сырытта, республика аҕа баһылыга истиҥ мичээринэн көрүстэ. Хотун тугу туойуо биллибэт. Аҕата А.Собчак Читаҕа төрөөн улааппыт киһи, Ксения онно да төрөөбүт буолуон сөп. Сибиир дойдута буоллаҕа, онон билэрэ, интэриэһэ да үгүс буолуо. Аны-аныаха диэри сахаларга маннык хаалыы, ньүдьү-балай быһыы ааһа илик эбит диэн түмүк оҥорор дуу. Биллибэт.
Оттон “Пугало” медиктэрбитин (официальнай медицина) уонна норуот эмчиттэрин аан дойду үрдүнэн түһэн биэрдэ, баһааҕырта. Саамай дьиктитэ – киинэни айбыт Д.Давыдов омук массыынатынан манньаламмыта буолар.
Иван БУРЦЕВ.