Ааспыт үйэ 50-с сыллара билиҥҥигэ тэҥнээтэххэ олус да дьадаҥы, ыарахан эбит. Бөһүөлэк аайы электричество суох, таҥас-сап кэмчи.
Бөһүөлэк барыта электричествонан сырдатыныа, киһи барыта солко, шерсть таҥастаныа үһү дииллэрин киһи хайдах да өйүгэр батарбат этэ. Сэрии саҕана, ол да кэннэ Эмиэрикэ көмөҕө куулунан бурдугу, саахары, куруппаны ыытара. Ол кууллар саптарын өһүлэн, салҕаан былаат баанар этибит. Ол кууллар сорохторо шерсть, сорохторо х/б саптаах буолаллара, оннук куул мээнэ көстүбэт.
Мин биир эдьиийим боростуой саптаах биир куулу булан биэрбитин өһүлэн былаат баайбытым, аҥаарыгар эрэ тиийбитэ. Куурайап Маайа (биһиэхэ биллэр, убаастанар дьахталлары эр киһилии фамилиялыыллар) диэн дьахтар икки улахан шерсть саптаах куулунан бэйэтигэр былаат баайтара биэрдэ. Ону өһүлэн, салҕаан биир улахан бытырыыстаах былаат баайан биэрдим. Манньатын биир х/б саптаах куулу биэрдэ. Ону өһүлэн былааппын салгыы баайдым. Былаатым дэлбиһэх буолла. Маҥнай баайбыт өттүм чиҥ, салгыы баайбытыҥ сахсархай, аны өҥнөрө икки аҥы: маҥнайгым хараҥа, иккиһим сырдык. Аны кыра төгүрүк коричневай (оннук сап билигин да баар) сабынан варежки-үтүлүк бааммытым. Ити 9-с кылааска үөрэнэ сылдьан.
Билиҥҥи курдук туох барыта дэлэй буолбатах этэ. Куруһубаны, вышивканы оройуон киинигэр үлэлиир дьахталлар сатыыллар. Сыттык хаата, бырастыына куруһубалаах буолар.
Вышивканы сыттык хаатыгар, тумба сабыытыгар, маҥан таҥаска истиэнэ көбүөрүгэр вышивайдыыллар, өссө дорожка, салфетка арааһын. Өссө ришелье диэнинэн аан сабыытын оҥоруллара. Дьэ ол барыта кэрэ, күндү буолара.
Миэтэрэлээх да, хотуобай да таҥас отой суох. 1948 сыллаахха сайын колхозка от үлэтигэр декаданан (10 хонук) нуорманы толорбут отчукка үстүү миэтэрэ таҥас биэрэр буоллулар.
Охсооччулар күҥҥэ 1 чааһы охсуохтаахтар, мунньааччылар 80 суотайы мунньуохтаахтар. Наммараҕа оттуубут. Охсооччуларбыт: Үчүгээйэп Дьөгүөр (Чой), Акыым Ньукулай (Эрбэҕэ суох), Бычыров Маппый. Мунньааччылар: Үчүгээйэбэ Кэтириис, Бөтүүнэбэ Өкүлүүн, Карсанаева Вера, Татаринова Ылдьаана уонна мин. Бугулдьуттар: Ылдьаа Бөтүүнэп эмээхсининээн, кыыстара Маарыйа ийэтигэр бугул түгэҕэ харбыыр. Дьэ, таҥас ылаары түһүнүү кытаанаҕа. Бары үс декадаҕа нуормабытын толорон тоҕустуу миэтэрэ таҥаһы ылан үөрүү-көтүү бөҕө буолбуппут.
Мин 9-ка үөрэнэ сырыттахпына биир эдьиийим халадаай ырбаахы үөһэ өттүн курдук ойуулаан телогрейка тигэн биэрбитэ. Оо, ол телогрейка курдук кимиэхэ да суоҕа, үөрбүппүөн! Харыстаан 4-5 сыл кэппитим. Үлэһит буолан баран, иккис сылбар уһун истээх сон ылыммытым.
Билигин ким да куруһуба баайбат, вышивкалаабат. Ол оннугар мозаика диэн дьарык үөдүйбүт. Мин бу күһүҥҥүттэн бу дьарыгы булан абыранным. Киэһэ, сарсыарда бу дьарыкпын санаабытынан утуйабын, санаабытынан уһуктабын. Ким баҕарар дьарыктанар дьарыга, олус киһини тардар. Мин уонтан тахса хартыынаны оҥордум.
Мээнэ олоруохтааҕар, сытыахтааҕар кырдьаҕас киһи манан дьарыктанара олус туһалаах. Кырдьаҕас киһиэхэ олус туһалаах дьарык.
А. Николаева,
тыыл, үлэ бэтэрээнэ.
Дьокуускай.
tuymaada.ru