Биир ый анараа өртүгэр миэхэ биир ыарыһаҕым «аймах уолум таастыы сүттэ» диэн кэпсээбитэ. Мин бу куораппытыгар ити хаартыскаҕа көстөр нүөмэргэ эрийбитим.
«Биһиги билэбит – эһиги ускул-тэскил, үлэтэ суох, арыгылыы сылдьар дьону хомуйан атын куораттарга илдьэ баран кулут оҥороҕут! Холобур 33 саастаах,180 см үрдүк уҥуохтаах эдэр уолу «уорбуккут». Полицияҕа биллэрдибит, эһигини сотору тутуохтара» диэн төлөпүөннээн, айдаан бөҕө тарпытым.
Аҕыйах сыллааҕыта эмиэ итинниккэ маарынныыр төлөпүөҥҥэ «Выбери жизнь» диэн ааттаах общ. тэрилтэҕэ биир кыһыл оҕолоох соҕотох дьахтар арыгылаан иэдэйбитин, балыыһалар ылбаттарын туһунан кэпсээбитим. Онно «биһиги оннуктарга көмөлөһөбүт, эмтэтэбит, үлэ булан биэрэбит» диэн олус үчүгэйдик эппиэттээбиттэрэ. Ол кыыһым күн бүгүнүгэр диэри төлөпүөнэ эппиэттээбэт, оннук сүппүтэ. Кыбартыыратыгар эр дьон олороллор…
Онон сүрэх баастаах киһи ол сүппүт уол оттуу сылдьар дьээдьэтигэр эмиэ сибээстэһэн, дэлби куттаан биэрбитим.
Аҕыйах хонугунан миэхэ ити «тэрилтэттэн» биһиги туспутунан куһаҕаннык суруйбуккун, айдааны тарпыккын, ол уолгут тыыннаах, сотору Благовещенскайтан төлөпүөннүөхтэрэ диэтилэр.
Кырдьык, онтон биир атын киһи: «Биһиги уолгутун эмтэтэ Хабаровскайга илдьэ баран иһэбит, бу аттыбар баар, кэпсэт нууччалыы» диэтэ. Уол нэһиилэ саҥарар, «иккиэбит, иккиспин манна хааллараллар, миигин оптуобуһунан өссө ыраатыннараллар быһыылаах» эрэ диэхтээтэ…
Мин «куота сатаа», кинилэр эйигин өлөрүөхтэрин да сөп, эрэ диэн хааллым. Төлөпүөн оннук арахсыбыта… Сахалыы истэллэрин сөхпүтүм.
Уолбутун Хабаровскайга тоҕус киһини кытта хаайа сылдьан, араас үлэлэргэ үлэлэппиттэр. Киэһэ-сарсыарда мэлииппэ ааҕаллар – ол эмтээһиннэрэ үһү. Кэпсэтэр буоллахтарына хаайыылаахтар тылларынан саҥарар үһүлэр. Онон, хата, уолбут өйдөөн куоппут. Үтүө дьону булан, оттуу сылдьар дьээдьэтигэр төлөпүөннээн тыыннааҕын биллэрбит.
Ити саарбах «тэрилтэлэр» хас куорат аайы бааллар. Үлэһит илии бэйэбитигэр да тиийбэт, тоҕо атын куораттарынан эдэр ыччаттарбытын билиэҥҥэ ыытыахтаахпытый? Мэлииппэлэри, алгыстары манна да ааҕыахха сөп этэ.
Онон, бар дьонум, бүдүрүйбүт дьоҥҥо бэйэҕит көмөлөһө сатааҥ. Эдэрдэр көнө суолга үктэнэн арыгыларын быраҕыахтарын, дьиэ-уруу тэриниэхтэрин сөп буоллаҕа. Мин быраас быһыытынан онно эрэнэбин. Уол көстөн, эмтэнэн эрэриттэн үөрэммин суруйдум.
Быраас КИҺИ.
tuymaada.ru