Дьэ, доҕоттоор, суруйан уурайда диэбит кырдьаҕаһым Тимофей Адаров хаһыат биир балаһатын тухары “Диктатура олохтонор куттала” диэн киэҥ далааһыннаах, дириҥ ис хоһоонноох ыстатыйаны суруйан соһутта ээ. Тимофей (аҕатын аатын билбэппин), бырастыы гын, сыыспыт эбиппин. 89 сааһыгар сылдьар, миигиттэн балтараа сыл аҕа кырдьаҕас өйө-санаата чуолкайын, чөлүн сөхтүм. Мин аны балтараа сыл тыыннаах сылдьарым буоллар, таҥараҕа махтаныам этэ. Кини курдук политиканы ырытар кыах төрүт суох.
Арай Н.Хрущёв кэмигэр олус бөдөҥсүйбүт оччотооҕу Горнай оройуонун саҥа сүөһүлээх Мэҥэ-Хаҥалас Горькай аатынан колхозка председатели солбуйбут, Брежнев, Андропов, Черненко уонна Горбачёв кэмнэригэр райком бастакы секретарынан үлэлээбит киһи буоларбынан оччотооҕу саха политическай элитатын талыы дьонун туһунан суруйар кыахтааҕым дуу?
Бүгүн эбэҥки уолун, уһулуччу талааннаах государственнай деятель Атласов Николай Владимирович туһунан ахтыы суруйар санаа көтөн түстэ. Атласов туһунан биир эмэ өйдүүр киһи баара дуу? Итинник ыйытыыны Уус-Маайа олохтоохторугар аныыбын.
…Балтараа ый айаннаан, дьэ олохтоох дойдубун Аллараа Халыма Андрюшкинотын буллум ээ. Ый аҥаара кэтэһэн-манаһан көтөн, Нижние Кресты (билигин Черскэй) бөһүөлэги буллум. Аны Андрюшкиноҕа ууга түһэр гидросамолёт көтөр эбит. Ол самолёт баар эрэ саас биирдэ, күһүн биирдэ көтөр эбит.
Дьэ, доҕор, ол самолёту биир ый күүттүм ээ. Аны хармааммар биир да солкуобайым суох. Хата дьолбор муора борохуоттара тахсан, сыл устата аһыыр астарын, туттар табаардарын аҕалар эбиттэр. Оччолорго туох да механизация суох. Икки-үс этээстээх дьиэ үрдүгүн саҕа дириҥнээх трюмнартан ол таһаҕаһы эт санныгынан сүгэн биэрэккэ таһаараҕын. Онно куруусчугунан киирдим.
Халыма Гулагыттан амнистиянан босхолонон баран, дойдуларыгар кыайан барбакка сылдьар быһахтаах уголовник хоп-хончоҥнос хойуу. Кинилэр ортолоругар киирэн кууллаах бурдугу сүксүбүтүнэн бардым. Хата айылҕам барахсан быыкаайык да буоллар сэниэ бэрсэн, трюм түгэҕиттэн кууллаах бурдугу сүгэн тахсыыга барыларын баһыйан, ол быһахтаах бэһиэччиктэрим “молодец, якут!” дии-дии санныбын таптайа сылдьар дьон буолбуттара. Нуучча барахсан баһыйтардар эрэ сымнаан хаалар эбит этэ.
Үөлээннээҕим Т.Адаров нууччалары шовинистар диир эбит да, мин 1954 сылтан, ол аата алта уон алта сыл Дьокуускайга тиһигин быспакка сылдьан, наар сахалыы саҥарарбын боппут биир да нууччаны бу уһун кэм устата көрсө иликпин ээ. Тугу-тугу кэпсииллэрэ буолла. Улуу Өксөкүлээхтии эттэххэ, нуучча курдук үтүө омугу кытта эҥэрдэһэн, этэҥҥэ аһаан-сиэн олордохпут. Онно махтанабын эрэ диибин.
Дьэ, итинник биир ый устата эт санныбынан таһаҕас таһан, онон аһаан, Андрюшкинобын буллум. Оройуон кииниттэн бөһүөлэкпит алта уон көс тэйиччи. Аспытын Логашкино диэн муора кытыытыгар баар отут алта көс ыраах сытар сиртэн кыһын биирдэ табаларынан тиэйэн аҕалаллар. Онтон почтабытын эмиэ биирдэ оройуон кииниттэн ытынан тиэйэн аҕалаллар. Хаайыыттан тахсан баран дойдуларыгар барбатах нууччалар олохтоох кыргыттары ойох ылан олохсуйан хаалар эбиттэр.
Бөһүөлэкпит үс сүүсчэкэ киһилээх буолуо. 80 % эбээн, юкагир омуга, аҕыйах чукча баар. Сахата сордоон-муҥнаан 20 бырыһыанын ылара буолуо. Нэһилиэнньэ мунньаҕа наар нууччалыы барар. Биир да кирпииччэ оһох суох, оскуолалыын-кулууптуун тимир оһоҕунан сылытынабыт.
Мотоцикл, массыына, трактор төрүт үктэммэтэх дойдута. Оннооҕор өрүспүтүгэр Алаһыайга биир да мотуорка сүүрэ илик өрүһэ. Барыта былыргылыы чөл олох. Цивилизация сыта да суох.
1955 сыл кыһыныгар революцияҕа тэҥнээх событие буолла. Үс киһини ылар кыракый самолёт күөлбүт мууһугар түстэ ээ. Дьэ, дьиҥнээх революция. Кыһыны быһа хаайтаран олорор бөһүөлэккэ аны нэдиэлэ аайы хайаан да самолёт түһэр буолла. Ону тэҥэ боломуочунай бөҕө кэлэр. Дьэ, биһиги олус да сэргэхсийдибит этэ.
Арай биирдэ самолёт түстэ. Онно сүүрдүбүт. Самолёттан кыра уҥуохтаах, лэс курдук уурбут-туппут көрүҥнээх, килэпэчийбит ачыкылаах, бэрт мааны киһи үөрбүтүнэн түстэ. Түһээт “Атласовпын” дии-дии илиитин биэрэн дорооболоспутунан барда. Ити комсомоллар тойонноро буоллаҕа диэн сэрэйэ турдум.
Киэһэтигэр кулууппут дуомугар дьон лыык курдук симилиннэ. Николай Владимирович аан дойду балаһыанньатыгар лекция аахта. Киһибит биир да кумааҕыта суох нууччалыы лаһыгыратан барда эбээт. Бу үөрэн-көтөн сэгэлдьийэн, таба оҕотун курдук көрөн турара кэрэтин, истээччилэрин умсугутара билигин даҕаны харахпар көстөргө дылы. Олус алыптаах дьикти араатар эбит. Учуутал туома буолан, нууччалыы төһө таба саҥарарын бэрэбиэркэлээбитэ буоллум. Адьас болҕойон иһиттим да, биир да сыыһаны саараама булбатым. Миигин нуучча тылыгар уһулуччулаах учуутал Андрей Николаевич Анисимов педучилищеҕа түөрт сыл мускуйбута ээ. Ол таах хаалбатаҕа, кулгааҕым биир да сыыһаны мүччү тутуо суоҕа. Үтүө нууччалыытын олус да сөхтүм этэ.
Аны лекция кэнниттэн киһибит үҥкүүгэ үөрэтэбин диэн турда. Вальс, фокстрот, краковьяк, онтон атын үҥкүүлэри үөрэтэн барбат дуо. Лэс курдук да буоллар бу хамсанара үчүгэйин, имигэһин. Аны киһибит пляскалаан лаһыгыратта ээ. Атаҕа адьас эп-элэҥнэс, ааныттан көтөн эрэр курдук. Дьон бары туран, үтүктэн үҥкүүлээн ойон бардылар. Мин түҥкэтэх муҥутаан үҥкүүнү үөрэппэккэ, дьон кэннигэр саһан олорор киһийдэх буоллаҕым. Билигин кэмсиммитим иһин, аны ол киэһэ төннүбэт буоллаҕа дии.
Оччолорго кини республика комсомолун бастакы секретара этэ. Дьэ, ыччат лиидэрэ итинник буолар эбит диэн өй-санаа ол киэһэттэн иҥэн хаалбыта. Билигин ыччакка Атласов курдук лиидэр баара дуу, суоҕа дуу? Билбэппин. Ол эрээри кини билигин да холобурга сылдьар үтүө салайааччы диэн бигэ өйдөбүллээхпин. Оннук килбиэннээх, ураты талааннаах киһи быһыытынан сыаналыыбын. Итинник эбэҥки омук улуу уолун Николай Владимирович Атласовы көрөр дьол миэхэ биирдэ эрэ тосхойон турар. Ол кэнниттэн кинини ханна да көрбөтөҕүм.
Кэлин сураһан билбиппинэн, 1956-59 сылларга үс сыл Уус-Алдан райкомун бастакы секретарынан үлэлээбит. Мин истибиппинэн, оччотооҕу Бороҕон кырдьаҕастара дэлби үҥсэн-харсан, кириитикэлээн, С.З.Борисов Мииринэй куоракка горисполком председателинэн, ол аата мээринэн ыытар. Ону Бороҕон оҕонньотторо салгыы партия Киин кэмитиэтигэр тиийэ үҥсэн, үлэтиттэн тохтотоннор “ВилюйГЭСстройга” кадр отделын начальнигынан пенсияҕа тахсыар диэри үлэлиир.
Мин Уус-Алдаҥҥа үлэлии олорон, оччолорго Аржаков Степан Степанович аатыран үлэлиир кэмигэр, орто оскуола директорыттан Аржаков бииргэ үөскээбит доҕоруттан ыйытар этим: “Иван Степанович, эн үлэлиир кэмҥэр саамай үчүгэйдик үлэлээбит райком секретара ким этэй?” – диэн.
Ыйытыыбар төрүт толкуйдуу барбакка эрэ: “Атласов”, – диэн эппиэттээбитэ. Онон сылыктаатахха, Ленин уордьаннаах Данилов Пётр Николаевичтааҕар, үтүөкэннээх пиэрибэйдэр Шепелев Дм.Сем. уонна Аржаков Ст.Ст. ордук пиэрибэй секретарь эбит диибин. Дьиҥэ, Семён Захарович Борисовы солбуйуох киһи эрдэ туоратыллыбыт бадахтаах. Оннук кыах Атласовка толору баара диэн хас да киһиттэн истэн турабын.
Өссө төгүл ыйытыыбын хатылыыбын: Атласовы кытта алтыспыт ким баарый?
Максим СИБИРЯКОВ.
Тулагы.
tuymaada.ru