«Инновация, саҥа технология, идея, сайдыы үйэтэ», – диибит. «Арассыыйаҕа 85 тыһыынчаттан тахса завод ити ирдэбиллэргэ сөптөөх үлэни кыайан ыыппакка, сатаан үлэлээбэккэ банкроттаан эһиннэ, – диэн суруйаллар. – Оттон киин Арассыыйаҕа сүүһүнэн тыһыынча тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дэриэбинэлэр биир да ыала суох буола эһиннилэр».
Бу аата киэҥ-нэлэмэн модун Арассыыйаҕа бу маннык хартыынаны көрөн туран, отут сыл устата сайдыы буолла диибит дуо? Саха сиригэр сопхуостарга 500 тыһыынча кэриҥэ ынах сүөһү баара. Онон СР саамай үгэннээн ССРС кэмигэр аһылык бородууксуйатынан 51% хааччына сылдьыбыттаах. Билигин балачча саарбах ааҕыытын түмүгэр 170-180 тыһыынча ынах сүөһү хаалла дииллэр.
Ырыынакка киирбиппит отучча сылын тухары төһөлөөх элбэх оҕону республика сайдар кэскилин түстүүр инниттэн киин куораттарга, кыраныысса таһыгар СР бүтсүөтүн үбүнэн үөрэттэрдэ? Бу ыччаттар үөрэхтэрин бүтэрэн ханна бардылар? Тоҕо төрөөбүт түөлбэлэригэр аналларынан иитиллибит иэстэрин төлөөн, аан дойдуга аатырбыт саҥа үрдүк технологияны, инновацияны, сайдыыны соһон аҕалан үлэлээбэттэр? Эбэтэр кэлэн үлэ-хамнас, собуот, баабырыка бөҕөтүн тутан, сүөһү-ас иитэн үлэ, уордьан мэтээл бөҕө буола сылдьалларын мин билбэккэ, тыый, аны салалтаны холуннардым дуу?
ССРС саҕана, төһө да мөлтөөтө-улугурда диэтэллэр, киин Арассыыйа куораттарыгар үөрэммит дьон тыа хаһаайыстыбатын кэлэн салайан аат-суол, уордьан, мэтээл бөҕө буолаллара. Бэчээт иһитиннэрэр-биллэрэр өҥөлөр кинилэр ситиһиилэрин кэпсээн өрө ньиргийэн олороллоро. Ханнаный ол үлэ-хамнас, күөстүү оргуйар үлэ үрдүк ситиһиилэриттэн үөрүү-көтүү, өрөгөй күүрээннээх кэмнэрэ? Үрдүккэ-кэрэҕэ угуйар үлэ маяктара? Соҕотох ил дархан кураанаҕынан бэчээккэ, били аакка киирбит минньигэс мичээринэн пиар бөҕөтө. «Кини кураанах иимпэртинэй мичээрэ СМИ хас балаһатын аайы тахсар», – диэн дьон салҕан, кэлэйэн кэпсэтэр буолла. Арай киниэхэ куоластаабыт кэрэ куоларбыт хас сырыы аайы көрөн, харахтарын сымнатан манньыйан абыранан эрдэхтэрэ.
Оттон били эрэннэрбит үлэни, олоҕу сайыннарыахтаах дьыалата, үлэтэ-хамнаһа, инновация, сайдыылаах үтүөкэн идеялаах технологията, айар-тутар дьоно ханна баалларый? Олохтоох аһылыгынан 61% СР-тын хааччыйыам диэн ил дархаммыт үлэтигэр киирээт күлүүгэ-элэккэ барбытын чуолкай билэбит. Онно күүстээх саҕалааһын, муҥ саатар туох эмэ хамсааһына ханна баарый? Үрдүнэн кураанахха арбаныы, сымыйа эрэннэрии. Программаларын көрдөххө т/х сайыннарыыга бу икки сыл бүтсүөтү инфляциянан эбэрин оннугар икки аҥаар млрд-нан сарбыйан абыраата. Кубус-кураанахха өссө кыра харчы уган тыа хаһаайыстыбатын үлэтин салгыы ыһар, аччатар эрэ өттүгэр баран саха дьонун, аймахтарын дьиҥ чахчы эһэр баҕалаах эрэ үлэлиир.
Ол түмүгэр кэлии дьон күлүмүрдэс суулаах дьааттаах аһа маҕаһыын аайы дэлэйдэ. «Оҕо, ыччат доруобуйатыгар охсуулаах», – диэн исписэлиис да, аҕа саастаах да киһи быһыытынан этэн-сүбэлээн, болҕомтоҕун манна уур диэбиппин оппозиция, өлөр өстөөх оҥостубутуҥ. Иһиттиҥ ини, оруобуна ити мин эйиэхэ анаан эппит этиибин РФ генеральнай прокурора Краснов бүгүн эйиэхэ анал бэрэбиэркэ түмүгүнэн күҥҥэ үстүү төгүл, икки күнү быһа хатылаата. Аны бу РФ генеральнай прокурорун эмиэ миигин курдук «оппозиция, кураанах куолуһут буолла» диир инигин? Ыл, Краснову суукка биэр. Үөһээ Бүлүү, Ньурба нэһилиэгин баһылыктарынан, Намтан өйөбүл дьонун Кэбээкэбэҥ, Ньукулаайабыҥ чугастар, олорунан дэлби үлтү үөхтэр. Онтон Путин да ити прокурору кыайдыгыт да отой чугас. Кытаат, Путин өссө Конституциялаах-баҕастаах. Кэһэтэлээ аҥаар кырыы, эн элбэх баһылыктардааххын, илэмэ-салама түһэр, Намҥа тиийэ дьоннооххун дии. Ситиһиилэри баҕарабын!
Түүл-бит эн туһаҕар ол эрээри тоҕо эрэ отой мөлтөх. Кэмэ суох элбэх хараҥа дьыалаларыҥ түмсэн иэдэтэрэ буолбут. Аҕаҥ курдук саастаах киһи быһыытынан эйигин харыстаан, сэрэтэ таарыччы эйиэхэ тус бэйэҥ истиигэр этэбин.
«Баһылыкпыт сылга аҥаардас Москва куоракка СР бүтсүөтүттэн 846 мөл. солкуобайы ороскуоттаан туристаата», – диэн интернет ситимнэрэ кэпсииллэр. Тоҕо баҕас сүрэй? Ити үп ыытыллыбыт оптимизация ороскуотун тааҕы-таах сабар харчы диэн эйиэхэ чахчы абарбыт дьон, билэбит диэччилэр суоттууллар. Онон тыа сиригэр оптимизацияттан үлэтэ суох хаалбыттар бэйэҕит нолуок төлөөн, саамай сөпкө тойоҥҥутун туристаппыккыт. Былаһын тухары тыа сирин интеллигенцията ЕРПП кыайарын туһугар куоластаабыккыт содула аан бастаан бэйэҕитин оҕуста. Онон ЕРПП өрө тутан, истэн санааҕыт хоту өссө күүскэ охсуллаары күннээн эрэҕит. Аны эһигини кэлэр кэнчээри ыччаккытыгар тиийэ кулут-чаҕар оҥорор сокуоҥҥа, Конституцияҕа үөрэ-көтө, эккирии-эккирии куоластааҥ.
Саха сиригэр коронавирус туран, арай баһылыкпыт киһи билэринэн ыарыы туругун иһитиннэрии биэрэн диктордаан абыраата. Баһылык Айсен Сергеевич, норуотуҥ эйиэхэ нолуок төлөөн мөлүйүөн аҥаарыттан ордук хамнастаан, бары кыһалҕаҕын олоччу уйунан, маанылаан, ийэ тыл бастыҥын анаан олоҕун оҥостунаары, кэскилин тэринээри иэс баайан үлэлииргин тэрийэн баһылык оҥорбуттара.
Онтон эн норуоккар эрэннэрбитиҥ курдук сиэрдээх кириитикэни истэн, боппуруостарга эппиэттэһэн, сүүрэн-көтөн кыһаллан М.М.Мярикянов курдук бастыҥ идеялаах, саҥа үрдүк сайдыылаах технологияны олоххо киллэрэр дьону дэлэччи түмэн, өйөөн дьонуҥ-норуотун иннигэр сулууспалыыр сибэтиэй эбээһинэһиҥ. Ол быһыытынан атын туох эмэ хаһаайыстыбаннай үлэни ыыппытыҥ, үлэлээбитиҥ бу икки сылын устата норуоккар иһиллэ-биллэ илик. Биһиги билбэппит. Онно федеральнай программалартан ураты дьоҥҥун-норуоккун сайыннарар тус бэйэҥ идеяҕынан, саҥа бастыҥ технологияны киллэрэн ханнык эмэ инновационнай хамсааһыны арыйбыт киһи кэрэхсиир дьыалатын тугу эмэ иһитиннэрэр, кэпсиир кыахтааххын дуо? Анаан-минээн этиллибитин курдук онно сөптөөх дьаһаллар, тэрээһин үлэ эн дьарыктанаргар анаан ылыллан турар.
Арай Амма баһыгар ойууру атыылаан аҕыс айдааны тартыҥ. Сунтаар Бүлүүчээнигэр үлэҕэ киирбитэ ыйын да туола илик муостаҥ сууллубут диэн интернет ситимэ туолбут. Онтон сэдиптээн арай өрүһү туоруур муостата эмиэ итинник буолуо. Эбэтэр отой да үбэ-харчыта куорат уон сэттис кварталын курдук кытайдар үлэлээри аҕалбыт үптэрин сүтэрэн, Кытайга тиийэн тутууну салайыахтаах дьон харчы сиэбит аатыран ытыллан, тутуу кыайан барбатах сураҕын эрэ истэн хаалабыт дуу? Ол төһөтө кырдьыгый? Эйигин тоҕо эрэ күн-түүн саарбахтааччы элбээтэ.
Мархаҕа АХШ-тан аҕалан Аан дойдуга билигин туттулла сылдьар саамай бастыҥ технология тутуу материалын оҥорор «Спанкрит» собуот урукку кирпииччэ собуотун миэстэтигэр, 13 гектардаах сиргэ тутуллан бар дьонун дьолун-соргутун түстээһиҥҥэ саҥардыы үлэлээн иһэн биэс сыллааҕыта Арассыыйа күнүн ылаары, биир күн собуот үлэһиттэрин сынньатаары өрөөн олордоҕуна, мээр Айсен Сергеевич сорудаҕынан боротокуол оҥорон устунан собуоту сокуоннайа суох арестаабыттара быйыл биэс сыл буолбут. Ол туһунан дьоҥҥо-сэргэҕэ иһитиннэрэн суруйан суруйдубут.
Мээр барахсан итинник истибит эрэ сөҕүөх, көрбүт эрэ сүөлүргүөх эһэр-халыыр дьыалаҕа саталыҥ, кыаҕыҥ дьэ олуһун табыллан киирэр эбит. Олус да саталлаах киһи эбиккин. Эбиитин мээр буолуоҥ иннинэ биир ороҕунан сүүрэн, биир дьыаланы арыйан бииргэ үлэлээбит доҕоргор – бу собуот хаһаайыныгар олоҕо суох холуобунай дьыала тартарбыккын уонна барыстаахтык үлэлии турбут собуот үбүн-харчытын ыһан, сиэн мээр илэ бэйэтэ урусхаллатан баран, М.М.Мярикянов харчыны уоран, массыанньыктаан эстибитин туһунан сымыйа сураҕы тарҕатан киэҥ айдааны тардан, бу собуот хаһаайынын М.М.Мярикянов масыанньыгын, сымыйаччытын, үбү сиэбитин туһунан Михаил Михайлович суон сураҕын суулларар, киһи быһыытынан хараардар үлэни анаан-минээн ыытан сири-сибиири бу маладьыастарыҥ толороллор.
Пайщиктары уонна тутууну ыыттарар дьону утары туруоран, банкротстваҕа ыытар дьаһал ыланнар этэҥҥэ барыыстаахтык үлэлии турар туттар үптээх тэрилтэни былдьаан ылан конкурснай управляющай С.С.Маршинцева дьаһалыгар биэрэн баран, хас эмэ сүүһүнэн мөлүйүөн үбүн бэйэлэрэ дьэ чахчы сүтэрбиттэр, ыспыттар, мэлиппиттэр. Собуокка туттуллар техникаларын, тутулла турар дьиэлэрин босхо кэриэтэ атыылаабыттар, үллэстибиттэр. Быһаччыта күрүөтэ суох кыбыыга киирбит сүөһүлүү күн ый ыһыаҕа оҥорбуттар.
Киһи этиэн, кэпсиэн да саатар, кыбыстар иэнэ суох иэдээни М.М.Мярикянов сууттаһа сылдьар дьыалаларыгар кичэллээхтик хараллан сытар бэчээттээх, сургуустаах докумуоннара кэпсииллэр. Бу билигин муҥур үрдүк дуоһунастаммыт губернаторбыт, аҕа баһылыкпыт саха дьонун сайыннарар инновацияны, саҥа технологияны, бастыҥы эһэргэ анаммыт ити «муударай» дьаһала, үлэтэ-хамнаһа. Эппиэтигэр күрүө намыһахтыы бу саха сирин норуоттарын сайыннарыахтаах олоҕун тупсарыахтаах собуоту Эмиэрикэттэн уһун сылларга эриһэн, анал үөрэҕи хас эмэ сыл баран сүүрэн-көтөн киллэрбит Михаил Михайлович аны масыанньык дьаралыктаммыт. СР биэс бастыҥ тутааччы ахсааныгар сылдьыбыт чулуу тутааччы М.М.Мярикянов аны хобдох аата-суола доҕоро Айсен Сергеевич үтүөтүнэн иһиллэр.
Онтон бу «Спанкрит» собуот оҥорбут Аан дойдуга аатырбыт саамай бастыҥ технология материалынан Германияҕа тутуунан дьарыктанар фирма 100 кв миэтэрэлээх олорор, эргиччи толору хааччыллыылаах дьиэни икки чаас тутарын туһунан видеоролик батсаапка күүлэйдиир. Маннык уһулуччу сайдыылаах технологияны бар дьонун дьолун түстээри, соргулаах олоҕун тэрийсээри АХШ-тан киллэрбит буруйугар М.М.Мярикяновы олоҕо суох холуобунай дьыалаҕа тардан баран хаайан сытыарар кэмнэригэр кэргэнэ, английскай тыл учуутала И.В.Мярикянова уон биэс күн материалын оҥорор, бэлэмниир үлэни ыытан баран үс үлэһит көмөтүнэн гаражтаах, эргиччи хааччыллыылаах дьиэни үс чаас устата Саха сирин ирбэт тоҥор тутан, дьиэ күлүүһүн тылын хаһаайыҥҥа туттарбытын көрбүт хараҕым бастаан утаа отой да итэҕэйбэтэҕэ, кырдьыктамматаҕа. Ол эрээри килэйбит-халайбыт гаражтаах дачнай дьиэ чахчы турара, баара. Турар ээ. Ону дьоҥҥо кэпсээтэххэ дьөрү ким даҕаны итэҕэйбэт.
«Спанкрит» собуот биһиги ССРС саҕанааҕы ДСК оҥорор тутуутун материалыттан эргиччи өттүнэн үрдүк хаачыстыбалаах: итиитинэн, ыйааһына чэпчэкитинэн, бөҕөтүнэн, экология өртүнэн ырааһынан, сыаната чэпчэкитинэн о.д.а. хаачыстыбаларынан эргиччи, хас эмэ уонунан бүк ордуга Аан дойду тутуутун ырыынагар итинник дакаастанан турар. Хайдаҕын да иһин олус дьикти салалталаах дойдуга олоробут.
Арай өрдөөҕүтэ отут сыллааҕыта Намҥа ырыынакка бастакынан киирэммин маҕаһыын арынан, сүөһү-ас ииттэн, кыттыгас да буоллар чааһынай бааннанан дьону-сэргэни үргүппүттээхпин. Япония араас собуоттарыттан уонча японскай массыынаны дойдубар Намҥа киллэрдим. Дьонум аах оччолорго дэлэйэ илик техникалары көрөн соһуйуу-өмүрүү, үөрүү-көтүү, сөҕүү-махтайыы, алгыстааһын бөҕө буоллулар.
Арай хата Намҥа салалтам уруйдуулларын-айхаллыылларын оннугар эмиэ оруобуна үүт-маас бу мээр Айсен Сергеевич М.М.Мярикяновы хаайтарбытын курдук, Саҥа дьылга тутан ылан масыанньыккын диэн баран хаайан «чып» гыннаран кэбистилэр. Расчётнай счёппун сабан, маҕаһыыммын хатаан, сирбин-уоппун былдьаан атын киһиэхэ биэрэн, үүт-үкчү бу Мярикяновы хайаабыттарын курдук тэрилтэбин ыһан-тоҕон, халыырын халаан киһи аатыттан аһардаллар. Эмиэ оруобуна бу бүгүн Михаил Михайловиһы үрдүк дуоһунастаммыт, урут бииргэ тэрилтэ тэрийэн үлэлээбит доҕоро Айсен Сергеевич иҥсэтигэр кэбилэммитин курдук холуннаран, араастаан үөҕэн барбатылар дуо? Бизнестээн бүттэхпит ол.
Арай мин буруйа суоҕум дакаастанан 50 мөлүйүөн моральнай уурдаран ылан баран, аны сүтэрбит барыыспын түөрт аҥаар миллиарды миигин ый-күн ыһыаҕа оҥорбут баһылыкпыттан Д.Ф.Алексеевтан ирдэһэн турдум. Сууттаһыылар кэмнэригэр истибитим киһим иҥсуллаан хаалбыт, сотору өлбүт сураҕа иһилиннэ. Мин бадаҕа аны баһылык иннигэр-кэннигэр түспүт ньылаҥсаларын аһынным. Сууттаһарбын тохтотон кэбистим. Арааһа, мин бу атаҕастаммыт дьыалабын тиһэҕэр тиийэ түмүктээбэтэх, иэспин ситэри ирдэспэтэх сэтим-сэлээним таайдаҕа – аны бэйэм хос-хос инсуллаан, инфарктаан отой да инбэлиит буолан хааллым.
Хата бу үүт-маас планетаҕа бастыҥынан аатырбыт бастакы «Спанкрит» собуот Саха сиригэр киирбит остуоруйата оруобуна мин ол айдааннаах кэммин санатта. Оччоттон-баччаҕа диэри бука бары көрөргүт курдук массыына бөҕөтүн дьон таһаллар, киллэрэллэр, атыылыыллар. Хас муннук аайы чааһынай маҕаһыын үлэлиир, омук сириттэн тиийэ баан бөҕө арыллар эрээри, кими да миигин курдук хаайан баран сылы-сылынан «ити-бу ыстатыйаҕа илии баттаа» дии-дии холуобунай дьыала силиэстийэтин ыыта сылдьаллара тоҕо эрэ иһиллибэт.
Бу оруобуна уон биэс сыл СР-гар үлэлиир тутуу тэрилтэлэригэр үлэһиттэригэр саамай үрдүк хамнаһы биэрэ олорбут М.М.Мярикянов иҥсэ-обот быһа сиэбит дьонун иҥсэлэрин көбүтэн, соһутан, буруйдаах аатыран холуннарыллан, киртитиллэн киһи аатыттан эмиэ аһарбыттар. Көрөргүт курдук бу мээрбит Айсен Сергеевич төттөрү өттүгэр дьэ саталын, кыаҕын көрүҥ. Дьэ, маннык киһиэхэ саха норуота бэйэтин инники кэскилин дьылҕатын эрэнэ олорор. Күн бүгүн да Айсен Сергеевич бииргэ үлэлээбит дьоннорун, ордук тутуунан дьарыктаммыт саха дьоннорун, илин эҥэр баһылыктарын аҥаар кырыы улуустаһыыны күөртээн үрдүк солотунан туһанан хаайталыы олорор. Хайа, доо! «Дьиҥнээх сахалар» буоллахпыт дии.
М.М.Мярикянов Эмиэрикэҕэ тахсан үөрэнэн баран 15 сыл тутуунан дьарыктанан Дьокуускай куоракка 29 күлүмүрдээбит уонтан тахсалыы этээстээх олорор дьиэлэри тутан, 7500 тахса ыалы эргиччи хааччыллыылаах килэйбит-халайбыт таас квартираҕа киллэрбит. Биирдии ыал ортотунан биэс чилиэннээх буоллун, оччоҕо 32-35 тыһыынча киһини таас квартиралаабыт. Быһаччыта Саха сирин биир улахан улууһун толору хааччыллыылаах дьиэнэн хааччыйбыт чулуу тутааччыбытын, дьоҥҥо дьолу ыһан үлэлээбитин манньатын махтанарбыт оннугар аһара «үтүөкэн», саталлаах салалталаах буолан сааппакка иҥсэ кэбистэрэн хаайа оонньуу, дьонугар-сэргэтигэр аныгы үйэ ситиһиитинэн дьолу-соргуну ыһаары соруммут үтүөтүн бэйэбит салалтабыт итинник дьаабылыы сырыттахпыт.
Бу үлэлэппэтэх биэс сылларын устата Дьокуускайга дьиэ сыаната балтараа бүк үрдээтэ. Бу кэм устата Михаил Михайлович өссө 11700 киһини ДСК материалынан дьиэлиирэ хаалбыт. Арай бу Дальнай Восток уонна Сибиир бары регионун Аан дойдуга аатырбыт саамай бастыҥ тутуу материалынан хааччыйар кыамталаах “Спанкрит” собуот материалынан үлэлээбит буоллун. Өссө тугу-тугу, төһөнү-хаччаны айан таһаарыа эбитэ буолла? Дьэ, хайдаҕын да иһин сахалар барахсаттар иэдээн дьоммут. Ээ, оттон «сайдыылаах сахалар» буоллахпыт…
Билигин улуустарга дьиэ-уот туттарга барсар деловой мас хайа да улууска бүтэн турар. Амуртан, Иркутскайтан кэлэр мас сыаната ыараханынан аатырда. Дьэ маннык түгэҥҥэ бу “Спанкрит” собуот оҥорбут тутуутун чэпчэки сыаналаах материала олус күндү материал буолла. Бу собуот материалынан кыра, биир-икки этээстээх дьиэлэри, үрдүк күндээриспит таас дьиэлэри, хотоннору, гаражтары, спортзаллары о.д.а. тутуохха, оннооҕор массыына суолларын бэрт түргэн тэтиминэн оҥоруохха сөп. Суола-ииһэ мөлтөх дьон итини өйдөөн истиҥ эрэ. Эһиэхэ куһаҕан суоллаах тыа сирин дьонугар чахчы кэлиигитин-барыыгытын тупсарыыга ханнык да асфальтовай собуота суох М.М.Мярикянов быһаарар кыахтаах.
Бу собуот оҥорбут материалынан толору хааччыллыылаах олбуордаах дьиэ биир кв. миэтэрэтэ хара истиэнэнэн 15000 солкуобай. Үрүҥ истиэнэнэн 20000 солкуобай. Ол аата 100 кв. м иэннээх толору хааччыллыылаах дьиэ балтараа мөлүйүөнтэн икки мөлүйүөҥҥэ тиийэр сыаналаах. Маны собуот үлэлээтэҕинэ Саха сирин ханнык баҕарар улууһуттан куоракка киирэн сакаастаатаҕына, ханнык баҕарар эдэр ыал Аан дойдуга бастыҥ технологиянан оҥоһуллубут толору хааччыллыылаах дьиэтин сылы-сылынан күүппэккэ, түргэнник оҥотторон ылыан сөп. Билигин чэпчэки сыаналаах ипотека дэлэччи сайдыбыт кэмигэр эдэр ыаллар күннүүһүлэр. РФ «Хаарбах дьиэлэр» программа, тыа сиригэр үлэлиир агро-программалар дьиэлэрэ, хотонноро о.д.а. үйэлээх тупсаҕай тутуу материалланан күннүөхтэрин сөп.
Онно сөптөөх арааһынай кээмэйдээх, этээстээх, элбэх квартиралаах дьиэлэр, хотоннор, теплицалар, ыскылааттар бырайыактара өрүү үрдүккэ, кэрэҕэ тардыстыылаах М.М.Мярикяновка дэлэй. Онтон килийиэн бэйэтэ сөбүлүүрүн сакаастыыр, ону собуокка материалын бэлэмнээн баран сакаасчыт төлөбүрүн оҥордо да СР ханнык баҕарар улууһугар ити үөһэ этиллибитин курдук таһааран түргэнник тутан биэрэллэр.
ДСК материалынан тутуллар таас дьиэ биир кв миэтэрэтэ 105 000 солкуобай. Онтон «Спанкрит» материалынан оҥоһуллубут толору хааччыллыылаах квартира биир кв миэтэрэтэ 45 000 солкуобай. Ол аата ДСК материалынан тутуллубут квартираттан икки бүктэн ордук чэпчэки сыаналаах.
“Саха сирин салалтата, баһылык Айсен Сергеевич Николаев маннык үтүөкэн Аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалара туһанар тутуу материалын оҥорон таас тутууну ыытары тус бэйэтин чааһынай интэриэһиттэн сылтаан, дуоһунаһынан туһанан хаһаайынын хаайан, тэрилтэтин халаан анаан-минээн дьон туһаныа, диэн көҥөнөн бопсо олороллор”, – диэн баар кырдьыгы сырайдарыгар эттэхпинэ, “Михаил Михайлович эһиги дьолгутун-соргугутун түстээри киллэрбит собуотун үлэлэппэккэ турар” диэн бар дьоммор баарынан эттэххэ дьэ туох диигит?
Айсен Сергеевич, дуоһунаскар ананаргар “норуотум эрэллээх араҥаччыта буолуом” диэн андаҕайбытыҥ. Аҕаҥ курдук аҕам саастаах киһи быһыытынан сүбэлиибин: мин түүлбэр төрүт сыыстарааччым суох. Бу буруйгун, аньыыгын-хараҕын бар дьонуҥ иннигэр билинэн, М.М.Мярикяновтан бырастыы гыннаран алдьаппыккын, ыспыккын оһорон, төлөөн бу орто Аан дойдуга киһи аймах ортотугар аатырбыт технологияны хаһаайына үлэлэтэрин тэрийэн бар дьоҥҥо туһалааһын – эн бар дьоҥҥор андаҕар эппитиҥ курдук сибэтиэй эбээһинэһиҥ.
Бу кылгас кэмҥэ үлэлээри дьоҥҥор-сэргэҕэр аһара элбэх аньыыны-хараны, буруйу оҥордуҥ. Кулгаахтаах буолан истэбит, харахтаах буолан көрөбүт. Онтугар сылгын толорбокко үөһээҥилэриҥ миэрэ ылыыһылар. Ити эйигин үчүгэйгэ тиэрдиэ суоҕа. Онон аньыыгыттан-хараҕыттан да көҕүрэтэ таарыйа дьыаланы оннугар түһэрэр миэрэлэри ити мин сүбэлээбитим курдук бэрт түргэнник ыллаххына сатаныыһы, диэн бар дьонуҥ истиитигэр тус бэйэҕэр анаан тиэрдэбин. Эппиэтинэһин бэйэҥ да билэр инигин?
Билигин РФ СК Бастрыкин уурааҕынан экспертнэй хамыыһыйа манна СР-гар үлэлиэхтээх. Бу дьыалаҕын онно ууран биэрэн дакаастыырга олус да бэрт материал эбит. Юрист үөрэҕэ суох киһи бэл мин итини олус чуолкайдык өйдөөтүм. Кытаат, Айсен Сергеевич, саастаах киһи быһыытынан өссө төгүл сүбэлиибин. Оннук-маннык миэрэ ылыллыан иннинэ ыксаа, тиэтэй, суолгун-иискин оһорунан куот. Итинник дьыалаларга эппиэттэн эн ким да буол – куоппаккын. Ону билэр инигин?
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП,
УоТ «Сомоҕо күүс»
Ытык сүбэтин чилиэнэ.
«Туймаада» 515-с №-рэ,
25.06.2020 с.