Конституцияҕа дириҥ политическай уларыйыылары киллэрииттэн Путин бөлөҕө аккаастанна. Оттон Конституцияҕа киллэриллибит уларытыылар сөптөөхтөрүн быыбар быһаарыа. Мин сөбүлэһэн куоластаатым. Онтон политическай уларыйыылар тустарынан төһө кыалларынан чуолкайдык санаабын этэбин.
- Биһиги дойдубут икки партиялаах политическай системаҕа киириэн наада. Билигин үлэлии олорор түөрт кыра партиялар баҕа өттүнэн ыһыллан, икки сүрүн партияҕа холбоһуохтарын наада. Эрдэтээҕи суруйууларбар этэн турабын, бу партиялар дойду олоҕор улахан туох да суолталара суох, көннөрүтүн харчыны ороскуоттууллар.
- Россия политическай системата биир партиянан салаллан авторитарнай балаһыанньаҕа олорор. Ол туоһутунан Россия агрессор ааттанна, кыра омуктар сирдэрин, айылҕаларын, баайдарын талбытынан дьаһайар. Маннык салаллан олоруу хайаан да тохтуох тустаах. Ону тохтотор инниттэн ити ахтыллыбыт икки партиялаах системаҕа киирэрбит олох ирдэбилэ. Аан дойдуга утарыта турсууну олохтообут политическай система биһиэхэ Россияҕа баар. Ону туоратыы норуот олоҕор ханнык үчүгэй балаһыанньалары олохтуо этэй?
1. Демократическай төрүттэргэ олоҕурбут икки партиялаах системаны киллэрии, кистээбэккэ сирэйинэн этэр буоллахха, бу Америка политическай системата. Америка уонна Россия биир майгыннаһар политическай системаҕа киирдэхтэринэ утарыта турсуу, конфронтация суох буолуо этэ. Ол түмүгэр хардарыта өйдөһүү, эйэлээх политика, сыһыан, эргиэн олохтонуо. Ити түмүгэр Россия норуотун олоҕун таһыма өр кэмҥэ эрэллээхтик үрдүө этэ. Бу биһиги саамай сүрүн кыайыыбыт.
2. Икки система чугасыһан, эйэлээхтик олоруута сөбүлэниини аччатан сыыйа суох да оҥоруо.
3. Дойдубут иһигэр ыытыллар быыбардар чиэһинэйдик, ыраастык барыахтара. Коррупцияны соруйан оҥоруу биллэрдик аччыаҕа. Национальнай баайбыт-дуолбут кыраныысса таһыгар устуута тохтуо.
4. Норуот салалта ыытар политикатыгар быһаччы санаатын этэр кыаҕа үөскүө. Ол түмүгэр салалта Конституцияны билиниэ уонна Конституция ыстатыйалларыттан туорааһыны, кэһиилэри таһаарбат буолуо. Барыны барытын норуот эрэ быһаарар кыаҕа үөскүө, кэмэ кэлиэ.
Пётр ГУЛЯЕВ.
Нам улууһа,
Түбэ нэһилиэгэ.
tuymaada.ru