Дьалхааннаах 1990-с сыллар ортолоруттан салгыы 2000 сыллар саҕаланыыларыгар мин, эдэрчи киһи, Дьокуускай куоракка араас үлэни үлэлиибин.
Ол сылдьан уруккуттан баҕа санаа оҥостон тута сылдьыбыппын – маһынан чааһынай дьиэ тутуутугар холонон көрүөхпүн баҕардым. Кэлин дьиэ кэргэн тэриннэхпинэ дьиэ туттуом, оҕо оҥоруом, мас олордуом диэн сырдык санааттан. Ол саҕана бэйэм тутууга тугу да сатаабаппын.
Бастаан чааһынай тутуу биригээдэтигэр чэй өрөөччүнэн, ас астааччынан үлэҕэ киирдим. Тутар объекпыт Автодорожнай наркология, Иван Арбита уулуссатыгар куоракка бастакы коттеджтар (Павел Пинигин коттеджа эҥин баар диэн кэпсииллэр) тутуллубут түөлбэлэригэр 2 этээстээх дьиэ тутуута. Өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан мустан саҕалаатылар, мин тиритэ-хорута чэй өрөн, консерванан миин, эбии торуой буһарабын. Юыыспар уолаттар хайдах бурууска дьиэ муннуктарын суруйалларын киирэ-тахса үөрэтэбин. Уолаттар бэс маһыттан буруус маһы устуруустууллар, чэпчэки баҕайытык кыбынан хаамар-сүүрэр икки ыккардынан хамсанан начаас, икки нэдиэлэнэн дьиэ холлоҕоһун бүтэрдилэр. Миэхэ ирээт харчыбын 3 тыһыынча солкуобайы бригадирбыт туттарда. Санаан көрүҥ: икки нэдиэлэ чэй өрөн, ас астаан баран 3 тыһыынча солкуобай аахсыы диэн ытыс соттуу кэриэтэ буоллаҕа…
Мин онтон санаабын түһэрбэккэбин, коммуникабельнай киһи буолан араас дьону кытары араас темаҕа кэпсэтэбин. Элбэх спортсменнары билэр буолан, эбии Чурапчы спортинтернат оскуолатыгар үөрэммитим диэн киэн тутта кэпсээн элбэх буоллаҕа.
Онтон эмискэ миэхэ толкуй киирдэ: онтон тоҕо бэйэм тутуу бригадатын хомуйан баран бригадир буолбаппыный, диэн. Били этэргэ дылы «плох тот солдат, который не мечтает стать генералом» диэн нуучча өһүн хоһоонунан салайтара сылдьар кэмим.
Өр-өтөр буолбата, били Иван Арбита уулуссатыгар үлэлээбит тутааччылар Уус-Алдантан Петя уонна Коля диэн тутууга маастар уолаттар эрийдилэр, объект баар дуо диэн. Мин Универсам утары Ярославскай уулуссаҕа турар реклама-бизнес хаһыат дьиэтигэр тиийээт, «Бригада саха строит дома, бани, гаражи» диэн биллэрии таһаартардым. Ол кэмтэн саҕалаан бэҕэһээ чэй өрөөччүнэн сылдьыбыт киһи номнуо бригадир буоллум, билиҥҥинэн урбаанньыт.
Заказчиктары кытары кэпсэтэрим биэс, элбэх дьиэ туттубут, бригадир киһи буолан чэй өрөөччү буллум. Онтон дьиэ тутааччылар наадалар диэн биллэрии таһаардым. Араас улуустартан куоракка кэлбит, сорохторо бэйэм курдук чэй өрөөччүнэн эрэ сылдьыах уолаттары мас устуруустуурга, сыып оҥорорго, дреллииргэ, дьиэ муннугун суруйарга үөрэтэбит. Дьэ чахчы миигин кытары алтыспыт уолаттар үлэни хайдах курдук тэрийэн, ас-таҥас, туттар сэп-сэбиргэл булан үлэлэтэрбин көрөн үтүө холобур ылан, билигин бэйэлэрэ дьиэлэнэн-уоттанан олороллорун истэн үөрэбин.
Арай биирдэ биир эдэрчи, 25-тээх саҥалаах баҕайы уол үлэҕэ кэллэ. Киһибит сүрэҕэлдьээн табаахтаа да табаахтаа буолар, түүннэри утуйбатаҕа көстөр. Саатар сайын итии баҕайы күн, буруус мастары учаастак биир муннугуттан биир муннугар соһобут. Оттон саҥа кэлбит уол үлэлиэн баҕарбата көстөр. Мин эттим:
– Нокоо, дьиэлээ, сынньанан-утуйан баран кэлээр, – диэтим.
Арай уолум охсуһаары ыстаҥалаан турда, эбиитин «саҥа хаайыыттан босхоломмутум» диэн киэн тутта кэпсээтэ. Хаайыылаахтары, братвалары аҕалан миигин «муоспун баайтарыах» буолан саанар, саатар кыракый уҥуохтаах бытаан баҕайы уол. Биһиги 90-с дьалхааннаах сылларын ааспыт, эбиитин спортсменнар, эбиитин МВД-га үлэлээбит киһи буолан саҥабынан дипломатия холбоон уоскуттум. Уолум өйдөөтө уонна дьиэтигэр барда. «Братвалар» кэлбэтилэр, кинилэр ол саҕаттан спортсменнартан, милиционердартан куттанар этилэр. Ол саҕана күн аайы көрүдьүөстэр элбэх этилэр…
Дьэ, үлэ күөстүү оргуйда. Икки-үс сыл сайын аайы хойут күһүҥҥэ диэри араас дьиэлэри тутабыт. Уус-Майа Элдьиканыгар тиийэ дьиэ туппуппут, өрөмүөннээбиппит. Чэй өрөөччүттэн саҕалаабыт киһи икки-үс сылынан бэйэм дьиэ муннуктарын суруйар буоллум. Бүтэһик дьиэбитин Вилюйскай тракт хаҥас өттүгэр, Кэбээйиттэн төрүттээх саха ыалыгар туппуппут. Онтон биир кыһын массыынабынан Дьокуускай — Нерюнгри, онтон поеһынан Нерюнгри — Москва айаннаан 7 хонугунан ахсынньы 31 күнүгэр Кыһыл болуоссакка тиийбитим.
Бүгүн Ороһооспо күн суруйабын. Мин олохпор таҥара көмөлөспүтэ диэхпин сөп. Ол курдук тутуу бригадатыгар бригадир, салайааччы, эбиитин маастар, “норуокка убаастабылга сылдьаҕын” дьиэ акылаатын түһэрэртэн саҕалаан түннүк, өһүө баайыытыгар тиийэ, онтон сарай атахтара туруохтарыгар диэри дьэ дьиэ туттарар хаһаайыттар үчүгэйдик аһаталлар. Эбии арыгынан хото күндүлүүллэр: коньяк, водка, шампанскай, вино, виски, ромугар тиийэ. Арай ол сылдьан эдэрчи киһи толкуйдуубун: бу тутууга сырыттахпына дьаарай арыгыһыт буолсубун, диэн…
2004 сыллаахха дьолбун көрсөн дьиэ кэргэн тэринним. Киров уулуссатыгар турар Танара дьиэтигэр Николай Чудотворец иконатыгар чүмэчи туруордум. “Сыыһа олоробун, идэбин уларытыам, аны арыгы иһиэм суоҕа, көмөлөс”, – диэтим. Таҥарам көмөтүнэн тылбар туран, идэбин уларыттым. Икки көрүҥ такси сулууспатын астым, грузчиктары үлэлэтэбин, “на все случаи жизни” үс араас массыыналаахпын: легковой такси Ниссан Ад-нан, кыра көһүү УАЗ-санитарка, онтон дьиэ туттарбыт нуучча киһитэ “Авиа” диэн Чехословакия 3 тн грузовой дизель “баш на баш” кэпсэтэн бэйэбэр ыллым. Грузовой такси буолан 6 метрэлээх буруустары, хаптаһыннары таһабын, ыаллар көһүүлэригэр көмөлөһөбүн, үлэ күөстүү оргуйар. Күүскэ үлэлээн, эбии кэргэним дьоно көмөлөһөн Мархаҕа сир учаастага ылан дьиэ, гараж туттан базаланан олордоҕум. Суоппар киһи арыгылаабат буоллаҕа…
Дьэ ити курдук үлэ үөһүгэр сылдьан, юрист үөрэҕэр докумуоннары туттардым. Ыанньыксыт, милиционер, охранник, телехранитель, повар, тутааччы бригадир-мастер, урбаанньыт, суоппар, водитель-экспедитор, таксист, грузчик, рабочай таҥастарын уларыппытым. Онтон дьэ Санкт-Петербург куоракка тиийэн үөрэнэн дипломнай үлэбин көмүскээн, үрдүк үөрэхтээх юрист идэтин ылбытым.
Билиигэ-үөрэххэ, сырдыкка тардыһарым күүстээх буолан «от күөх змейтэн» төлө көтөн, билигин кыһалҕалаах дьоҥҥо сокуон хараҕынан адвокаттаан көмөлөһө сылдьабын.
Эдэр ыччакка сүбэлиэм этэ: өрүү чөл олохтоох доҕордонуҥ, спордунан дьарыктанан чэгиэн доруобуйаланыҥ. Эдэр сааскытыгар үөрэнэн, үлэлээн айыҥ-тутуҥ, дьиэ кэргэннэ тэриниҥ.
Төрүттэрим, төрөппүттэрим кыайыыга дьулуурдаах-тулуурдаах, күүстээх санаалаах, үлэһит, сыаллаах-соруктаах, билиигэ тардыһыылаах, чөл, сиэрдээх, чиэһинэй олохтоох, муударай салайааччы этилэр. Аҕам оҕо сылдьыахпытыттан биэс уолаттарыгар, оһуоба ыал улахан уолугар миэхэ өрүү этэр этиитэ: дьон буолуҥ, киһи буолуҥ диэн этэ. Кини такайыытынан киһи буолан сахам дьонугар-сэргэтигэр көмөлөһө, сүбэлии, кэрэ айылҕабытын харыстыы, өрүстэрбитин көмүскүү, төрөөбүт дойдубутугар патриот буолан айа-тута олох үөһүгэр сырыттаҕым.
Суруйда адвокат Любомир МИХАЙЛОВ-Уххаан.
Дьокуускай куорат. Тохсунньу 7 күнэ, 2024 с.