Профессор Н.Н.Тобуруокап история, литература боппуруостарыгар туспа көрүүлэрдээх учуонай быһыытынан биллэрэ. Ол туһунан бэйэтэ да суруйар, этэр буолара. Биллэн турар, ону сөбүлээбэт дьон бааллара. Кэлин кинини араас тэрээһиннэргэ ыҥыра сатаабат буолбуттара…
Кини 1970-с сылларга партия обкомугар үлэлиии сылдьан, араас мөккүөрдээх түгэннэри быһаарарга кыттыбыта биллэр. Ол иһин эбитэ дуу, кэлин да араас комиссияларга чилиэнинэн киллэрэр эбиттэр. 1988 с. сэтинньи 9 күнүгэр Саха сирин Суруйааччыларын союһун правлениетын председателэ Софрон Данилов уонна Тыл, литература уонна история институн директора Василий Иванов партия обкомун 1952 с. олунньу 6 күнүгэр тахсыбыт “О буржуазно-националистических извращениях в освещении истории якутской литературы” уурааҕын көтүрэр туһунан Партия Саха уобаластааҕы комитетыгар бырачыас сурук түһэрбиттэр.
Ити сыл сэтинньи ыйын 25 күнүгэр обком секретара Ю.Н.Прокопьев комиссия чилиэннэригэр А.А.Томтосов, А.А.Попов, О.Д.Якимов, С.И.Тарасов, Н.Н.Тобуруокап ааттарыгар бу сурукка бэйэлэрин санааларын этэллэригэр сорудах биэрбит.
1989 с. тохсунньу 27 күнүгэр Н.Н.Тобуруокап маннык ис хоһоонноох быһаарыы биэрбит: “В Комиссии ОК КПСС по заявлению тт. Софр. Данилова и В.Н.Иванова. Я весьма жалею, что лишен возможности выступить перед членами комиссии и изложить свои доводы более подробно. Но тем не менее считаю необходимым, как член комиссии, поставить в известность вас о своем мнении по поднятому и т. С.П.Даниловым и В.Н.Ивановым, вопросу: 1. Согласиться с предложением товарищей об отмене постановления бюро ОК КПСС (ВКП б) от 6 февраля 1952 г. “О буржуазно-националистических извращениях в освещении истории якутской литературы” как ошибочного, принятого в условиях периода культа личности и послужившего основанием для необоснованных репрессий людей. 2. Как член СП СССР и участник недавно проведенного съезда писателей Якутии не согласен с доводом авторов о том, что постановление 1952 г. послужило причиной раскола писательской организации на две группы. Раскол произошел и остался среди писателей из-за разногласия в оценке стиля руководства Правления Союза писателей и писательской организацией со стороны Софр. Данилова. Это могут подтвердить и другие участники съезда. Если память не изменяет, вышеупомянутое постановление вообще не называлось ни в одном выступлении и докладах…
Ити курдук бэйэтин санаатын эппит. 1952 с. олунньу 6 күнүгэр тахсыбыт партия обкомун уурааҕа үөһээ ахтыллыбыт комиссия чилиэннэрин туруорсууларынан көтүрүллүбүтэ. Ол туһунан бэчээккэ киэҥник сырдатыллыбыта. Арай комиссия чилиэннэрин аата ханна да ахтыллыбатаҕа…
Лазарь РОЖИН.