Бу дьыл от ыйын 19 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куораттан Сунтаардыыр такси сакаастаатым. Бэйэм төрдүм Сунтаар, дойдубар барбатаҕым син добуочча буолла. Онон, дойдубун көрөөрү «кынаппын куурда» сылдьабын.
Биир эдэр уол заказпын ылла уонна сарсын от ыйын 20 күнүгэр сарсыарда эрдэ 7 чаастан хомуйан айанныыбын диэтэ. Хата мин испэр үөрэ санаатым, ол аата киэһэлик хойут да буоллар Сунтаарга тиийэр эбиппин диэн. Ол киэһэ суолбар бэлэмнэнним, кэргэним алаадьы сырылатта, тиийэн сиргин-уоккун аһатаар диэтэ. Ол курдук ох курдук оҥостон баран, эрдэ айанныыр буолан киэһэ эрдэ хаптайыы буолла.
Сарсыарда 5 чааһы ааһыыта турдум. Суунан-тараанан баран, лоп курдук 7 чааска таксист уолбар субуоннаатым. Киһим “кэтэс, сотору эрийиэм” диэтэ.
8 чаас буолла, суоппарым эрийбэт. Мин бастаан ыраах дьонун хомуйа сылдьара буолуо диэн аахайбатым. Тоҕо диэтэргит куорат центрыгар олоробун. Онтон, кэтэһэн көрөн баран эрийдим. Эмиэ кэтэс диэтэ. 9 чаас буолла, эмиэ субуоннаатым. Таксист уолум холку, буолуохтааҕын курдук “туоллум, онон эйигин ылбат буоллум, бардым” диэн саайда. Хайдах-хайдаҕый, онтон мин сакаастааммын, киниэхэ эрэнэммин атын таксистарга аккааспын биэрэн олоробун эбээт.
Хайыахпыный, Сунтаар диспетчеригэр эрийдим. Кырдьык-хордьук диспетчердээх эҥин эбиттэр. Телефону кыыс ылла. Мин буолбут балаһыанньаны быһааран биэрдим уонна “атын такси баар дуо?” диэн ыйыттым. Кыыһым: “Таксилар бары туоллулар, онон бүгүн-сарсын миэстэ суох, – диэтэ. – Эйигин ылбакка барбыт таксист Архипов Саша диэн уол”.
“Хайдах итинник эппиэтинэһэ суохтарый?” – диэн ыйыппыппар кыыһым: “Ыраах олороруҥ буолуо, ыраахтары ылбакка эрэ чугастан толорунан баран барааччылар”, – диэн бэрт холкутук, буолуохтааҕын курдук быһааран соһутта. Мин, эппитим курдук, куорат центрыгар олоробун эбээт, ыраах буолбатах.
Ол аата тугуй? Ыраах олорор буоллуҥ даҕаны сакааһыҥ саарбахтардаах буолан тахсар эбит буолбаат. Хайдах итини өйдүөххэ сөбө буолла? Тоҕо сунтаардар биир да киһи айдаарбатый? Итинник буоллаҕына, мин эрэ буолбакка син элбэх киһи отуойкаҕа олорбут буолуохтаах. Дьонтон ыйыталаспыппар “ээ, наар итинник гынааччылар” диэн соһуттулар. Оннукка үөрэнэн хаалаахтаабыт эбиттэр.
Оччотугар мин этиилээхпин: такси сакаастааччылар биир эрэ таксины буолбакка, 3-4 таксины сакаастааҥ уонна ханнык такси бастакы кэлбитигэр олорсон барыҥ. Атыттарын аккаастаан кэбиһиҥ, биллиннэр аккаастатар диэн хайдаҕын. Арай мин сыбаайбаҕа дуу, эбэтэр бохоруонаҕа (тьфу-тьфу-тьфу) дуу баран испит буолуум. Итинник эппиэтинэһэ суох таксистан сылтаан хойутуур эбиппин буолбаат. Хата кини «дьолугар» көннөрү сынньана баран испит буолан итинник быһыыланыыта таах хаалла. Онон көннөрү хаһыакка эрэ суруйарга сананным.
Таксистарыҥ да билэн эрдэхтэрэ, кинилэр өҥөлөрүнэн көннөрү боростуой дьон эрэ туһаналларын: студеннар уонна оҕо-дьахтар аймах. Олоруҥ аахсыбаттар, ол иһин итинник наһаалаан эрдэхтэрэ. Кыахтаах өттө бэйэлэрин массыыналарынан сылдьар буоллахтара. Бырайыас сыаната 5 тыһыынча, син ботуччу сыана. Босхо барарым эбитэ буоллар өссө хааллардыннар даҕаны, туох да диэм суоҕа этэ. Итинник сууманы ылар эрээри, хас биирдии пассажирга болҕомтолоохтук сыһыаннаһыллыахтаах буоллаҕа.
Бу иннинэ биир ийэ бассаапка айманан суруйбутун ааҕан аһарбыппын санаан кэллим. Онно ол ийэ суруйбут этэ: оҕото Сунтаардаан иһэр такситын ГАИ-лар тохтотон, лицензията суоххун диэн суоппары ыстарааптаабыттар. ГАИ инспектора кыыстан ыйыппытыгар, оҕо эрэйдээх кырдьыгын эттэҕэ дии: такси сакаастаан баран иһэбин диэн. Ону Алик диэн таксист миигин үҥсэн биэрдиҥ диэн кыыһы массыынатыттан үүрэн түһэрбит уонна суол ортотугар хаалларан баран бара турбут. Дьэ, Сунтаар таксистара сүрдээх да дьон эбиттэр.
Таксист буоллуҥ, ол аата эн дьон иннигэр улахан эппиэтинэһи сүгүөхтээххин. Эн килиэбиҥ буоллаҕа дии, үлэҥ. Үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыллыахтаах. Холобур, мин ити Архиповтарын итиэннэ сакаастаабаппын, атыттар да сакаастыыртан туттунуо этигит, саарбах, эрэлэ суох таксист. Дьонтон туоһуласпыппын «ээ, Аватар (Архипов Саша тапталлаах хос аата, дьон ити аатынан билинэр эбиттэр) наар итинник гынааччы, “крутой” таксист буоллаҕа» диэн соһуттулар. Итинник кидайдыырын билэ-билэ, дьон сакаастыы туралларын сөҕөбүн. Лицензиялааҕа да биллибэт. Мэлдьи бу бүгүҥҥү курдук дьон толору буолбата биллэр, ама да харчы хараҕар кыбыллыбытын иһин.
Таксилыыр «Хайс» автобустара 10 киһини ылар уонна массыына сууллуох курдук элбэх малы-салы тиэммит буолаллар. Массыына үөһээ массыынаны кытары тиэйбит буолааччылар. Ол аата бу таксист кэлэ-бара уу харчынан 100 тыһыынчаны хармааныгар уктар, таһаҕаһын сыанатын аахпакка эрэ. Аны бары гааһынан сылдьаллар, онон бензин ыараатын да хайаатын – онно кыһаллыбаттар. Гаас сыаната бензиннээҕэр икки төгүл чэпчэки.
Бүлүү трассатыгар таксистар элбэхтэ суол саахалыгар түбэһэллэрин бары билэҕит. Бу барыта харчы туһуттан, элбэх харчыны өлөрө сатаан муҥ кыраайынан көтүтэллэр, тиийэ охсон, төттөрү төннө охсор сыалтан эрэ, аанньа сынньаммаккалар. Дьиҥэр мин бэйэм массыыналаах буоллаҕым, ону дьон сүбэтин истээччи буоламмын: таксинан бар ээ, эрэллээх буоллаҕа, бэйэҥ ыытан иһэрин баарай, сынньалаҥнык тиийиэҥ диэн буолта. Онтум ханна баар, төттөрү буолан таҕыста.
Һунтаар таксистара дьэ hаллыы дьон эбиккит. Атын улуустарга таксигыт сулууспата хайдаҕый? Итинник түбэлтэлэр буолааччылар дуо?
Һөхпүт, кэлэйбит
пассажир.