Айылҕаҕа “волны жизни” диэннэр бааллар. Өҥ дьыллар, онтон кураан дьыллар балаһанан солбуһа кэлэллэр.
1990 сыллар саҥаларыгар тиит сиэмэтэ хаар курдук түһэн, кыра куоһаах сирдэри толорбута. Ол сиэмэлэртэн эһиилгитигэр кыра тииттэр хойуутук тахсыталаабыттара. Уонтан тахса см буолбуттара. Бу саҥа үүнэн эрэр тыа хороччу улаатыытын саҕана 1998 сыллаахха саас кулун тутарга ыҥырыалар аһаҕас бордууһунанан дьиэҕэ киирэн соһуппуттара. Уонна өҥ дьыллар балаһалара саҕаламмыта.
2000 сыллаахха шелкопряд тахсан, үүнэн турар үрдүк мастаах тыалары сиэбитин түмүгэр ирбэт тоҥ мууһун ириэһинэ саҕаламмыта. Уонна ардах элбэхтик түһэр буолбута. 80 сыл устата дьапталлана сыппыт бэриинэ курдук көпсөҥнүүр тыа көтөҕөтө ол ардахха ибили сытыйан, аһыйан-кутуйан эдэр мастары аһаппыта. Мастар сылга 40-50-60-нуу см уһуур буолбуттара. Уонна били иһирик ойуурдар титириктэрэ улаатыылара олус түргэтээбитэ.
Оттон кырдьаҕас мастар буоллаҕына төттөрүтүн тэллэхтэрэ сытыйан эмэх буолан, хантан эрэ кэлбит тыаллаах күннэргэ дэлби сууллубуттара. Саҥа үөскүүр ойуурдарга сири таһаарбыттара. Шелкопряд эрэ буолбакка, бу кэмнэргэ атын лыахтар эмиэ элбээбиттэрэ. Сири кыһайан көрдөххүнэ үүнэн эрэр отторго сүүһүнэн, тыһыынчанан лыах хаатыгар куколка буолан олорор буолара. Олор бары лыах буолан көтөн, сибэккилэри буоһатан от сиэмэтэ дэлэйбитэ. Ол түмүгэр онон аһыыр кутуйахтар, чыычаахтар элбээбиттэрэ. Сибэккилэри буоһатарга лыахтар эрэ буолбакка ыҥырыалар, тигээйилэр эмиэ ылсыбыттара.
Онтон аны ол кутуйаҕы, чыычааҕы сиир адьырҕалар уонна сиэмэх көтөрдөр элбээбиттэрэ. Саһыллар, кырсалар, лааскайдар, кырынаастар, киистэр уонна кырбый, мэкчиргэ, кыырт, хотой бииһин уустара.
От, талах элбэхтик үүммүтүгэр отунан аһааччы кыыллар дэлэйбиттэрэ. Куобахтар, табалар, тайахтар. Дьэ бу кэнниттэн отой улахан адьырҕалар кэмнэрэ кэлэн турар, билигин. Эһэлэр, бөрөлөр. Кинилэри ким да сиэбэт, ол иһин киһи өлөрбөтөҕүнэ сыстыганнаах ыарыылартан өлүөхтээхтэр. Бу кыыллар элбээбит кэмнэрэ олох долгунун муҥутаан үрдээбит кэмэ буолар. Онтон сыыйа ол долгун намтыырга барар. Ол аата сыыйа кураан дьыллар балаһалара кэлэр.
Өҥ дьылларга дьылбыт сылаас бөҕө буола сырытта. Хаарбыт халыҥнык үллүктээн от сиэмэлэрэ, оннооҕор соҕурууҥу сибэккилэр сиэмэлэрэ кытары хаар анныгар үчүгэйдик кыстыыр буола сырыттылар. Аны талахтар ситэри тоҥмокко кыстыы сырыттылар. Күһүн отой хойут, саас отой эрдэ тыллан кэлэн соһуталаабыттара элбэх. Оттор, талахтар, мастар эрэ бу ааспыт сылларга силигилээн үүммүт буолбатахтар. Бу ааспыт сүүрбэ сылга уу үүнээйилэрэ элбээтилэр. Бу көстүү боб астаах үүнээйилэр элбээһиннэрин кытары ыкса сибээстээх. Ол курдук боб астаахтар сиртэн азоту хомуйар кыра хортуоппуй курдуктардаахтар. Олортон киэһэ салгыҥҥа азот көтөн тахсар. Азот көтөр газ. Бу азот тыал хайа диэки үрэр да, ол диэки барар. Аны ууга суураллар. Азот диэн удобрение буолар. Ол курдук аара көрсүбүт күөлүгэр, үрэҕэр, өрүһүгэр барытыгар суураллан, олорго уу отторо үүнэр усулуобуйатын оҥорон уу ото бөҕө үүнэн балык бөҕө үөскээтэ. Бу ааспыт сылларга.
Бу азот итинник сууралла-сууралла сир-сир аайыттан хомуллан элбээн муора, акыйаан уутугар тиийэн суураллан онно салахайдар үүнүүлэрин хойуннаран, планктону элбэтэн муора, акыйаан балыктарын элбэттэ. Өтөрүнэн Охотскай муораҕа элбээбэтэх сельдь балык элбээн, Саха сирин ыччаттара кытта тиийэн тууһастылар. Итинник көстүү – Охотскай муораҕа сельдь элбээһинэ – өҥ дьылларга эрэ буолар эбит.
Муора, акыйаан балыктара халҕаһа курдук элбээтэхтэринэ аны вулканнар эстэллэр, цунамилар элбиир эбиттэр. Дэхси сирдэргэ, тыаларга, хайаларга тыал түһэрэ элбээн ойуур уота турар кэмнэрэ кэлэр. Онон-мантан инньэ былыргы Чоочо баай курдук оту курулуур идэ баар буолара буоллар ордук буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ 30 сыл баһыгар тоҕуста кураан буолбут кэмнэрэ баар эбиттэр.
Бу тымныы кыһын эргиллибитэ от сиэмэтин тоҥорор буолуохтаах. Уонна урукку курдук кыра үрүйэлэр сүүрүгүрэн киирэн өҥ хочолору соччо үөскэппэттэрэ буолуо. От үрэхтэр кууран, нөҥүө-маҥаа массыынанан сүүрдэр буолаллара буолуо. Алаас сир кууран күөл аҕыйыыра буолуо. Ону барытын учуоттаныахха. Ордук соҕуруу балыгы наһаа баспакка, харыстыахха баара.
Чэ, бу суруйуубун тулуйан аахпыт буоллаххытына элбэҕи биллэххит уонна тугу эрэ толкуйдуоххут дии саныыбын.
Раиса ВИНОКУРОВА,
биолог.