Ааспыт уонна билиҥҥи олохпут көстүүлэрэ
Киһи барыта гений буолбат, гений барыта тиран буолбат. “Революцию делают гении, их поддерживают одержимые, а плодами пользуются подонки” диэн баар, ол олохтон көстүбүт фактарга олоҕурдаҕа. Ленин күн ахсын 600, Сталин 500 страницаны ааҕар үһүлэр. 1513 с. Н.Макиавелли “Государь” диэн кинигэтигэр былыргыттан Италияны Медичи диэн тираннар династияларын холобуругар ырытан суруйбут.
Россияны 300 сыл Романовтар династиялара баһылаабыт. Олортон Александр II Освободитель, Николай II Кровавай, аҕата Александр III “мин союзниктарым армия уонна флот” диэбит. Николай II армиятын элитатын I Аан дойду сэриитигэр кыргыттарбыта, норуотун эстиигэ, хоргуйууга тириэрдибитэ туоҕунан түмүктэммитин историяттан билэбит.
Японияҕа флота урусхалламмыта, армията хотторбута, 1905 с. февральскай революцияҕа, 1914 с. I Аҕа дойдутун сэриититтэн сылтаан 1917 с. февральскай, онтон улуу социалистическай Өктөөп революциятыгар аҕалан, бэйэтэ, дьиэ кэргэнэ кыргыллан имниин эстибитэ. Советтар государстволара үөскээбитэ, идеологиялара баайдары самнаран, күүс өттүнэн баайдарын (экспроприация) былдьаан норуокка биэриэхпит диэни хайа баай сөбүлүөй. ССРС аһыыр, айбардыыр, баттыыр, атаҕастыыр баайдар күөмэйдэригэр “туора турбут уҥуох” буолбута.
“Рим, Токио, Берлин” диэн коалицияны үөскэппиттэрэ. АХШ, Англия, Европа сытыйа байбыт капиталистара (аныгылыы олигархтар) еврей омуктар, Морганнар, Рокфеллердар о.д.а. сиэмэх Гитлери бырыһыана суох кредитинэн, байыаннай, материальнай саҥалыы технологиянан, искусственнай гөрүүчэйинэн, модун тааҥкабай дивизияларынан сэбилээн 1933 с. былааска таһаарбыттара уонна илиҥҥи модуннук сайдан эрэр нуучча норуотун сэриилииргэ суолу аһан киксэрэн биэрбиттэрэ.
Чахчыта да, планета норуоттара “русский феномен” диэн ааттаабыт, кыра кэм иһигэр сайдыылаах, модун армиялаах государство күөрэс гына түспүтэ. Норуоттар сомоҕолоһууларын, патриотизмнарын, планета прогрессивнай күүстэрин, АХШ, Англия союзниктарын материальнай өйөбүллэринэн гений Сталин ньиэмэс армията Москваҕа анньан кэлбитин өстөөҕү 200 км Москваттан киэр бырахпыта. Сэрии 1945 с. 9 маайга кыайыынан түмүктэммитэ.
Аны да ордон хаалбыт Россия уустук ис-тас балаһыанньалаах. Санкцияларга, изоляцияҕа олорор. Иирбэ-таарба, киһи иилэн ылбат элбэх коммерческай бааннар, ростовщическай, компрадорскай капитал, нолуоктан босхоломмут, кирдээх, халабырдаах харчы офшордарга өрүс уутунуу суккуллар. Миигинньик “тупой, быдло” киһи ону өйдөөбөппүн. Субсидия, субвенция, ссуда эҥин диэннэринэн “тотон” олоробут.
Италия аатырар мафияларын бэйэбит мафиябыт, АХШ олигархтарын бэйэбит киэннэрэ аһара түстүлэр. Ол аайы бэйэбит норуоппут дьадайда, “русский крест” диэн сааттаах быһыы үөскээтэ. Өлүү төрүүрү баһыйда.
Конституция төһө тутуһулларый?
Оччотооҕу легитимнай народнай депутаттарын суһал ыҥырыылаах IX съезтэрэ президент Ельцинниин былаас былдьаспыттара. Үһүс боппуруоска референдум оҥороннор 12 мөл. быыбардааччынан баһыйан Ельцин кыайбыта.
Онон Советтар былаастарын президентскэй былаас салайар буолта. 12.12.1993 с. РФ Конституцията ылыллыбыта. Онно биллиилээх учуонайдар, общественнэй-политическай деятеллэр, о.и. М.Е.Николаев, сүрүн редактордар Афанасьев, Собчак, Шахрай үлэлэринэн бу докумуонунан дойду аны президентскэй салалтаҕа киирбитэ, 1978 с. Конституция күүһүн сүтэрбитэ. Дойду федеративнай тутуллаах, президени сэргэ дойдуну икки палааталаах бэрэстэбиитэллэр сокуону оҥорор Федеративнай Мунньахтара: алын палаата Дума, үрдүкү палаата Федерация Совета салайар буолбуттара. Государство федеративнай тутулугар 21 республика, 6 кыраай, 2 киин куорат, 1 автономнай уобалас, 10 автономнай уокурук киирбиттэрэ.
Президент бу Конституция сөптөөхтүк олоххо киириитин, тутуһуллуутун мэктиэлиир гарант буоларын былааска киирэригэр андаҕар биэрэр буолбута. Сокуон киһи көҥүлүн, быраабын туохтааҕар да үрдүктүк тутуллуохтааҕын, социальнай хайысхалааҕын, киһи уонна киһи эрэ туохтааҕар да үрдүктүк тутуллуохтааҕын, хайа да сыаннастан бастакы оруолланыахтааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Норуоттар тэҥ бырааптаах, доҕордуу сыһыаннаһыылара, сирдэригэр, сирдэрин баайыгар, айылҕаларыгар хаһаайын буолар бырааптара “как источник” жизни, сахалыыта олохторугар төрөөбүт дойдулара, айылҕалара тыын суолталааҕа бигэргэммитэ.
РФ Конституцията норуокка көҥүл сайдыыны, туруктаах комфортнай, дьоллоох байылыат олоҕу, нациятыттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох бары сокуон иннигэр тэҥ бырааптаныыны мэктиэлээбитэ. Цензураны боппута, хаһаайыннааһын бары көрүҥнэрин тэҥҥэ тутан, государственнай өйөбүлү эрэннэрбитэ.
Ол эрээри икки киһи – В.В.Путин, Д.А.Медведев былааһы илиилэригэр ылаат 2000 с. саҕалаан ол эрэннэриилэрэ тылга эрэ баарын, дьыалатыгар атынын көрдөрбүттэрэ. Кинилэр популярнайа суох реформалара норуот туһатыгар буолбакка олигархтар туһаларыгар, кинилэр норуот көлөһүнүттэн, сиртэн хостонор баайтан үлүгэрдээх дохуоттара граница таһыгар хорҕотулларын, баайдартан прогрессивнэй нолуок тутуллубатын бары билэн-көрөн кэллибит.
Норуот бачча баай дойдуга дьадайыыга умса анньыллыбытын, үлэ көстүбэккэ араас куһаҕан дьаллыкка, наркоманияҕа, алкоголизмҥа, проституцияҕа ылларбытын, сиэрэ-майгыта олус алдьаммытын эмиэ билэ-көрө сылдьабыт. Федеративнай тутул билиниллибэт, суверенитеппыт сотуллар. Сирбит баайыгар икки күлүүс принцибэ уурайан, урут ССРС саҕана сырьевой придаток буоллахпытына аны колонияҕа майгынныыр тутулга тиийэн кэллибит.
Улахан авторитетынан туһанар Жириновскай аны “кыра омуктар нуучча омугун көлөһүннээн эстилэр, онон федеративнай национальнай тутултан олору РФ территорияларыгар, уобаластарыгар сыһыартыахха, конституция киирии тылын “элбэх нациялааҕын” ууратар, президент диэн тылы ууратан Верховнай Правитель диир ордук табыгастаах” диир. Бу норуоттары өстөһүннэрэр провокатордары уголовнай эппиэккэ тардар сөп.
Семён ИВАНОВ.
Ньурба.