Иллэрээ сыллааҕыта, сайын саҥатыгар саха атынан Москубалыыр уолаттары атаарыыга Нөмүгү нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Н.В.Устиновтыын Үс Хатыҥҥа киирбиппит. Ытык Хаҥалас түс-бас дьоннорун тоҥ суолларын тордоон, ир суолларын ирдээн ыраах айаҥҥа турунар дьону атаарыахха, кыра даҕаны буоллар харчынан көмөлөһүөххэ диэн санаанан салайтарбыппыт.
Атаарыыга Россия таһымнаах «РЕН-ТВ» баар этэ, биһиги НКИХ «Саха» суоҕа. Үөһээттэн дьаһала суох кэлээхтээбэттэрэ биллэр суол буоллаҕа. Ил Түмэн Үрдүкү Мунньах кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Е.Х.Голомарёва, РГ солбуйар тойоно Е.Е.Борисов, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артём Александров, Дугуйдаан уонна Мичил төрөппүттэрэ, Өймөкөөнтөн биир дойдулаахтара уонна сылгы куттаах, сылгыны өрө тутар дьон уолаттары атаарбыппыт. Хайдах эрэ уота-күөһэ суох, сэмэй атаарыы буолла диэн мыына санаабытым баара…
Дьэ диэххэ, уолаттары Өймөкөөнтөн турунуохтарыттан инньэ соҕуруу Саха сириттэн тахсыахтарыгар диэри сылдьыбыт нэһилиэктэрин хас биирдии баһылыктара, тус бэйэлэрэ сахалыы айах тутан, нэһилиэк олохтоохторо илиилэрин үрдүгэр илдьэ сылдьан күндүлээбиттэрэ, маанылаабыттара, ат хонугун көрбүттэрэ, дьаһайбыттара. «Саха атынан айаҥҥа» диэн 200-тэн тахсар ахсааннаах киһилээх ватсаап группа тэринэн 1,5 сыл холобурдаах кэмҥэ уолаттарбытын көрө-билэ, кыах тиийэринэн көмөлөһө олордубут. Бу айан муҥутуур кыра үбүлэниилээх, быстар кыра ороскуоттаах айан быһыытынан историяҕа киирэрэ дуу. Хор, лицевой счета суох сырыттылар ээ, уолаттар. Буряттар барахсаттар көмөлөһөөрү счёт көрдөөннөр сөҕүү бөҕөтүн сөхпүт этилэр.
Киһи бэрдэ, элик үтүөтэ В.Ю. Фёдоров урбаанньыт айанньыт уолаттарга сөҕүмэр улахан көмөнү оҥорон, айан иккис тыынын ылбыта диэн этэрим тоҕоостоох буолуохтаах.
Бастакы тыын ылыыта Бурятияҕа буолбута. Ааттарын-суолларын соччо-бачча биллэрэ сатаабат саха дьоно, бырааттыы өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатыгар тиийэ туруорсаннар Дугуйданнаах бэркэ табыллан айаннаабыттара. Иркутскай уобалас сиринэн айаны В.Ю.Фёдоров бэйэтэ көрбүтэ-истибитэ. «Саха атынан айаҥҥа» диэн биһиги группабыт бас-көс киһитэ В.Е.Никифоров Улан-Удэҕэ тиийэн, уолаттар айаннарыгар бэрт көмөлөөх кэпсэтиилэри ыыппытын биһиги үчүгэйдик билэбит. Бу мин тус санааларбын бэйэм кыра намыһах булгунньахпыттан көрбүппүн, истибиппин суруйабын. Тойон-хотун тоҕута түһэн, көмө оҥорбуттарын билбэппин, биһиги группа дьоно үс төгүл харчы хомуйсан ыытан турардаахпыт. Тыа сиригэр олорор-үлэлиир дьон туох үптээх-астаах буолуохпутуй диэн буолар эрээри, оттон син булан ыыттахпыт дии! «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ», тыһыынча киһи хараҕа – таҥара хараҕа диэн бэргэн этиини өрө тутар буоллахпыт, хара үлэһит дьон.
Дугуйданнаах уһун-киэҥ, сындалҕаннаах, араллааннаах айаннарыгар сылгы куттаах саха үгүс дьоно “ыарыйдылар”. Сылгыны өрө туппут урааҥхай сахалар киэһэ утуйалларыгар, сарсыарда туралларыгар Дугуйдааннааҕы харыстабыллаахтык санаабыт буоланнар Улуу Айан табылынна, ситиһиилээхтик түмүктэннэ диибин. Аны туран Дугуйдаан айанын биир кэрчигин улуу Эбэ уҥа кытылыгар III-с Мэлдьэхси сиригэр түмүктээн, айанын иккис кэрчигин Үс Хатыҥтан саҕалаабыта уонна Улуу Айанын Мэлдьэхси ытык сиригэр түмүктээн биир санаалаахтарын, эрэллээх өйөөччүлэрин кытта истиҥ-иһирэх быһыыга-майгыга көрүстэ, ирэ-хоро кэпсэттэ. «Дьөһөгөй оҕото» б/х салайааччытыгар В.Е.Никифоровка уонна сылгы куттаах саха дьонугар өйөбүллэрин иһин махтанна. Бу үтүөкэннээх дойдуну аны быһа ааспатым буолуо диэн эрэннэрдэ.
Олохтоох дьаһалта баһылыга Владимир Свинобоев Дугуйдааҥҥа эҕэрдэ тылы этэн туран сэмэй бэлэҕин туттарда, кэлэр кэмнэргэ бииргэ үлэлииргэ бэлэмин биллэрдэ. Саха биир дьоһун, дуоспуруннаах алгысчыта П.М.Тихонов-Тэрчи аал уоту аһатан туран алгыс түһэрдэ. Бу истиҥ көрсүһүүгэ Дугуйдаан ийэлээх аҕата – Өрүүнэ уонна Сэмэн Мөлөкүүрэптэр кэлэн ыалдьыттаан, үөрэн-көтөн бардылар.
Бобуу-хаайыы, хабахха тыыннарыы таҥнары сатыылаабатаҕа эбитэ буоллар, сылгы куттаах сахалар «күөнэхпит күөрэйэрэ» хааллаҕа… Саха сылгытын, саха ата үтүөтүн, туһатын туһунан чараас кинигэ сыыһа суруллан тахсара сайдыылаах сахаларга букатын кыайтарбат буолар эбит диэн этэрим өһүргэһэ төһө-хачча буолуой?
Российское географическое общество – РГО Саха сиринээҕи салаата аҕыйах сүүс ахсааннаах түөскэ кэтиллэр значогу – бэлиэни сатаан, кыайан таһааттарбат, дьэ быстыан быстыбыт тэрилтэ эбит ээ. Ис дьиҥин ыллахха бу улуу үтүөлээх, дириҥ историялаах тэрилтэнэн биллибит, Россияны Россия дэппит улуу учуонайдар, биллиилээх айанньыттар түү-ньээкэ оҥостубут уйалара этэ эбээт. Саха атын билиһиннэрэ-көрдөрө диэн тэриллибит айаҥҥа кубус-кураанах барыы диэн сааттаах быһыы диибин.
Кыах, көҥүл биэрэллэрэ буоллар мин бу айаҥҥа ыраас хааннаах боруода аттары сэтиилэнэн барыам этэ. Дьэ, саха аттарын кытта олук уурсан төһө өр айанныылларын илэ-бааччы көрүө этибит буоллаҕа. Саха ата барахсан тулуурунан-дьулуурунан, күүһүнэн-күдэҕинэн, иҥииринэн-ситиитинэн, быһыытынан-майгытынан, сиһинэн-арҕаһынан дьэ дьиҥ-чахчы таҥара бэлэҕэ буоллаҕа эбээт. Биһиги сахалар ынахтаах, аттаах буоламмыт үрүҥ харахпытын өрө көрөн күн баччатыгар кэллэхпит уонна олус сайдан, төрөөбүт түөлбэттэн тэйэн-тэлэһийэн, муор-туор олоҕу батыһан, батан эрдэхпит…
Истиҥ-иһирэх көрсүһүү түмүктэнэригэр Д.С.Винокуров Дугуйдаан “саха атынан Магадан диэки тиийэ сылдьыахпын баҕарабын, суол-иис, ат аһылыга мөлтөх даҕаны буоллар ылыммыт ымыы санаабын толорорго кыһаллыам” диэн эттэ. Толору куҥнаах, аллаах майгылаах, хаамыылаах бэйэлээх саха атыгар тэҥнэһэр миинэр миҥэ бу орто туруу дойдуга баара буолуо дуо?
Ермолай СКРЯБИН,
Берлиҥҥэ тиийбит
гвардия-кавалерист уола.