Ыраас халлааммытыттан куттал суоһуоҕа диэн түһээтэхпитинэ түүлбүтүгэр суоҕа. Биһити үрдүбүтүнэн көтөн ааһар ракеталар иккис хамсатааччылара (вторая ступень – двигатель) улууспут сиригэр түһэллэр диэн ааспыт үйэ 90-с сылларыттан кэпсиир буолбуттара.
Ол гынан баран тиэхиникэ дьайыыта төһө буортулааҕын кэпсээбэт этилэр, бэйэбит билбэппититтэн иҥэн-тоҥон ыйыталаспат этибит. Бүлүү улуустарынан көтөр ракеталар – норуот хаһаайыстыбатыгар аналлаахтар (гражданскайдар), кыраһыынынан көтөллөр, онон буортулаах дьайыылара суох диэн кэпсииллэр.
С.П.Королёв туруорсуутунан Байконуртан космонавтары таһаарар ракеталар, норуот хаһаайыстыбатын ракеталара кыраһыын хамсатааччылаахтар, оттон байыаннай, сибээс, телевидение спутниктара олус ыраах орбитаҕа таһаарыллалларынан, ыардарынан (700 т. диэри) “Протон” диэн гептил уматыктаах ракетаны туһаналлар. 342 т. гептил, 342 т. азот тетраоксида – уматык, 6 т. – спутник каркааһа, 1 т. – үлэлиэхтээх аппараат. 1 т. аппарааты таһаараары 684 т. уматыгы тутталлар.
Космоска таһаарарга бастакы космическай түргэни (8,7 км/сек) ракета аҕыйах кэм иһигэр ылан, спутнигы суһаллык космоска таһаарыахтаах. Сыыһа-халты, урут-хойут үлэлээһин син биир баар, ол сүүһүнэн км сыыһаны биэрэр. Иккис хамсатааччы уматыга баранаары гыннаҕына ракета бөтө-бөтө үлэлиэн, туора булгуйуон сөп, ол иһин уматык тобоҕо баарына арааран (отстрел) кэбиһэллэр. “Протон” иккис хамсатааччытыгар 750 киилэ хаалар, арахсыбыт хамсатааччы сиргэ олус түргэнник түһэн иһэн хайа тэбэр. 3-5 көс үрдүккэ салгын суох, гептил бороһуога, умайбакка, тыал ханна салайарынан сиргэ түһэр. Сайын итии буолан салгыҥҥа симэлийэр, кыһын, туох да буолбакка, бэйэтинэн кэлэн түһэр. Гептил хаарга түстэҕинэ кытарар (окислитель – азот тетраоксида), иик сыта кэлэр буоллаҕына ол аата дьаат куттала суох боруогун 300 төгүл куоһарар.
Гептил – олус күүстээх дьаат. 1 грамм гептилинэн 1 мөл. киһини сүһүрдүөххэ сөп. Синильнэй кислотатааҕар 6 төгүл күүстээх дьайыылаах. Ууга олус үчүгэйдик суураллар. Буорга, оннооҕор тимиргэ кытта иҥэр. Букатыннаахтык симэлийиитэ – 20-30 сыл. Туох баар тыынар тыыннааҕы сүһүрдэр. Гептил кыра састаабын билэр кыах суох, ону быһаарар прибордар олус сыаналаахтар уонна аҕыйахтар. Гептил айылҕаҕа суох, биһиги дойдубутугар 40 000 туонна гептил оҥоһуллан, хараллан сытар. Нейротропнай, гепатотропнай, эмбриотропнай, гонадотропнай, тератогеннай дьайыылардаах олус кутталлаах дьаат. Туох баар харамайдары өрүһүллүбэт уларыйыыларга (мутацияларга) тириэрдиэн сөп. Айылҕаҕа, ханна түбэһэринэн, араас көрүҥнээх дьаакка кубулуйар.
Гептил (несимметричный диметилгидразин – НДМГ) азот тетраоксила диэни кытта холбостоҕуна ракеталарга олус эрэбил уматык буолар эбит. Азот тетраокисла (ОКА – 50) – хараҥа-кыһыл өҥнөөх олус көтүмтүө убаҕас. Эмиэ олус күүстээх дьаат, күүскэ сүһүрдэр дьайыылаах (“Справочник по токсикологии и гигиеническим нормативам опасных химических веществ” Институт биофизики. М., 1999 г.).
“Емец диэн Плесецкэй – ракеталар көтөн тахсар космодромнарыттан (Архангельскай уобалас) 40 км ыраах дэриэбинэҕэ 18, 20-30 саастаахтар дабылыанньаҕа эрэйдэнэр буоллулар, куртах бааһырыыта, үөскэ, бүөргэ, хабахха таас үөскээһинэ, онкология, күөмэй, тыҥа ыарыыта маассабайдаата. Сүрэх, тымыр, ньиэрбэ ыарыылара өрө турдулар. Барыта сэкириэт диэннэр ханнык даҕаны химическэй кээмэйдээһини ыыттарбаттар. (Оройуон балыыһатын терапевт – бырааһа М.Лохова суругуттан)”.
Гептилинэн сапараапкаламмыт ракеталар бойобуой дьуһуурустубаҕа туох да буолбакка уонунан да сыл туруохтарын сөп. Сүүһүнэн кыраадыс тымныыга гептил эрэ ракетаны хамсатар, ол иһин бары туһаналлар. “Протон” иккис хамсатааччыта Илин Сибиир муоратыгар түһүөхтээх, сыыһалартан, абаарыйалартан сылтаан 80% муораҕа, 20% Верхоянскай, Муома, Орто Халыма сиригэр түһэр. Барыта 2000 кэриҥэ көтүү оҥоһуллубут буоллаҕына гептил уматыктаах көтүү 500-тэн аҕыйах буолуон сатаммат. Онон биһиги улууспутугар сүһүрдэр дьайыыта саарбахтаммат.
1993 с. тохсунньу 12, олунньу 9, муус устар 1 күннэригэр Плесецкэйтэн таһаарыллыбыт “Космос-3М” ракеталартан биир сүһүөх – иккис хамсатааччы Орто Халыма Аллараа Хайыырдааҕар түспүтэ биллэр (“Халыма Долгуннара”, А.Н.Винокуров. “Опасность химического заражения очень большая!” 02.06.2006 г.). Алаһыай үрэх тыһыынчанан күөл таһымныыр уутун хомуйан муустаах акыйааҥҥа илдьэр. Гептил Алаһыай уутугар буккуллубут буоллаҕына нитрозодиметил буолан балыктары, кыыллары, сылгыны-ынаҕы сүһүрдүөн сөбө.
Хомойуох иһин, гептил дьайыытын быһаарар ханнык эмит үөрэтии барбытын билбэппит, арай соторутааҕыта Алаһыай таһыма тоҕо үрдүүрүн быһаарар бөлөх кэлэн барда диэбиттэрэ. Ол сылларга биир сайын Алаһыай үрдүгэр олорор, Аллараа Хайыырдаахтан ырааҕа суох Сыбаатай бөһүөлэгэр муҥурдаах ыарыыта өрө турбуттааҕа. Нэдиэлэ ахсын суһал көтүүнэн ыарыһахтары таспыттара, барыта 30-ча киһи ыалдьыбыта.
Сыбаатайтан аллараа баар Арҕахтаах, Өндөрүүскэ бөһүөлэктэртэн хас да киһи ол кэмҥэ муҥурдааҕын быстарбыта. Муҥурдаах – олус наадалаах уорган, кини киһи этэ-хаана сүһүрдэҕинэ (отравление организма) ыалдьан, аһарар, оттон сүһүрүү улахан буоллаҕына бэйэтэ эмсэҕэлээн, быһылларга тиийэр. Чинчийии түмүгүнэн, сылгы хаһылыгыттан үрэххэ киирбит микробтартан сүһүрүү барбыт диэбиттэрэ. Төһөтө кырдьыгын ким билиэй. Сылгылар ханна да барбатахтара, хаһылыктар уларыйбатахтара, муҥурдааҕынан ыарыы элбээбитэ иһиллибэт.
Гептил баарын сонно быһаарыллыахтаах, бириэмэ ааста даҕаны симэлийэр, чинчийэр кыаллыбат. Айылҕаҕа эрдэ быһаарыллыбат дьайыы (схоластический процесс) диэн баар. Холобур, халаан уута киһи үөйбэтэх сиринэн харан, алдьархайы таһаарар. Эрдэ кыайан борогунуостаммат, туох эрэ сылтаҕынан үөһээттэн уу ыган, кыра үрүйэ суостаах күрүлгэҥҥэ кубулуйан, өрүс уутун ыган харыыны үөскэтэр. Ааспыт сайын Халыма эбэ урут хаһан даҕаны харбат сиринэн, куораппытыттан 80 км үөһээ харыыны үөскэтэн муора курдук нэлэһийбитэ. Харыы төлөрүйэригэр хата аллараа, Лобуйа аннынан харыыбыт төлөрүйэн, куорат улахан аҥаара ууга барыахтааҕа быыһаммыта. Дьэ ол баар, дьиҥнээх схоластика дьайыыта.
27 сыл анараа өттүгэр Аллараа Хайыырдаахха тохтубут гептил араас көрүҥнэнэн (мутация), салаа-салаа арахсан (производные) туох кутталы үөскэтэ, схоластиканы төрүттүү сытарын билэр кыахпыт суох. Ол саҕана балыксыт Михаил Александрович Винокуров Аллараа Хайыырдаахха хаар үрдэ кытарбытын, тула иик сыта буолбутун бөһүөлэккэ кэлэн тыллаабыта даҕаны барыта уу-чуумпутук ааспыта. Бу боппуруоһунан ГНИИИ – С.-Петербургдааҕы байыаннай чинчийэр институт, ЦСП – Москуба доруобуйаҕа биологическай куттал суоһуурун ырытар института, Москуба Сеченов аатынан доруобуйа харыстабылын бастакы университета, Барнаул уу уонна сир боппуруостарын быһаарар института, Ярославль Россия ууларын биологиятын үөрэтэр института, С.-Петербург токсикологияҕа института, Новосибирскай биохимияҕа института, уо.д.а. дьарыктаналлар.
“Кыым» хаһыат 47 нүөмэригэр (05.12.2019 с.) “Хампаанньалар тардыналлар» диэн экология миниистирэ С.М.Афанасьев кэпсээнин ааҕан баран улаханнык хомойдум, биһиги кыһалҕабытынан ким даҕаны дьарыктанар баҕата, былаана суох эбит диэн санааҕа бигэтик ыллардым. Кини этэр: “Дьон-сэргэ билигин сир баайын хостооччулартан бэйэлэриттэн ыйыта үөрэниэхтээх. Билиҥҥитэ биһиги дьоммут куттаналлар, куһаҕан дьайыыны оҥорбут тэрилтэттэн ыйытар оннугар экологтартан эрэ ирдии-ыйыта олороллор. Биһиги тустаах үлэбитин оҥоро олоробут… Уопсастыбаннас куһаҕан дьайыыны оҥорбут тэрилтэттэн ирдииргэ, кинини кытта кэпсэтэргэ бэлэм буолуохтаах, онно үөрэниэхтээх».
Дьэ, бу тугуй? Сир баайын түөрэ хаһааччылар, ракеталар уматыктарын үрдүбүтүгэр саккыратааччылар – бары айылҕабытын буортулууллар, кыылы-сүөһүнү, олохтоохтору сүһүрдэллэр. Барытын сэкириэккэ туталлар, хайдах көмүскэнэргэ үөрэппэттэр, эгэ боростуой дьону чугаһатыахтара дуо. Былаас араҥаччылыырга анаабыт муҥур тойоно боппуруоһу бэйэбитигэр быһаартарар былааннаах: бэйэҕит кэпсэтиҥ, туруорсуҥ, биһиэхэ чугаһаамаҥ, үлэлиирбитин мэһэйдээмэҥ диэн. Үлэлиэн баҕарбат, дьон туһугар ис сүрэҕиттэн киирсибэт министиэристибэ туохха нааданый? Бэйэтин министиэристибэтигэр анал бэлэмнээх, ити боппуруоһунан дьарыктанар эбээһинэстээх дьон баалларын үрдүнэн.
Сэбиэскэй да саҕана, үлэлиэхтэрин баҕарбат дьон, “мин эбээһинэһим буолбатах» дииллэрэ элбэх буолара. Оннук дьону В.И.Ленин “Кто не хочет работать – тот ищет причину”, диэн үүт-харахха эппитэ. Уопсастыбаннас диэн – уордайбыт дьон бөлөхтөрө, уустук боппуруостары быһаарар бэлэмэ, кыаҕа, боломуочуйата суох, омуннанан-төлөннүрэн баран уостар хамсааһын. Оннук дьону үөһээ суруллубут институттар чугаһатыахтара да суоҕа. 17 сыл анараа өттүгэр гептил – дьаат улууспутугар тохтубутун А.Н.Винокуров силиэстийэлээн билбитэ. Суостаах тэрилтэҕэ үлэлиир күлбэт харахтаах богуоннаах дьон Анатолий Николаевичка төлөпүөннээн, кытаанахтык сэрэппиттэриттэн ыла кини ити боппуруостан тэйдэ.
Билигин ракеталар тобохторо хайдах дьайалларынан улууска ким даҕаны дьарыктаммат. Сирбит киэҥ, гептил хаста, ханна түспүтүн ким билиэ баарай. Улууска онкологиянан ыалдьар дьон ахса эбиллэн иһэр. Сиэн Күөлүн нэһилиэгэр уонунан киһи ыалдьар, сыл ахсын олохтон бараахтыыллар. Эмчиттэр, салалта буолуохтааҕын курдук тутталлар, ким даҕаны быһаара, сүбэлии сатаабат. Урут ракеталар көтүүлэрин суруйар этилэр, билигин суруйбаттар, кэпсээбэттэр, барыта сэкириэт, барыта үчүгэй, диэн буолар.
Балаһыанньабытын кимиэхэ үҥсэн, илистибит дууһабытын сынньатабыт?
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.