Аныгы олохпут көрдөрөр-иһитиннэрэр ханаалларыттан саамай былааһы ылар реклама буолла. Ол курдук ханна туох буоларын, ханнык атыы-тутуу баарын о.д.а. наар рекламаттан билэбит.
Билиҥҥи кэмҥэ наадалаах эрээри, били үтүө мөкүлээх дэнэригэр дылы буолла. Тэлэбиисэргэ араас идэлээх дьон кэлэн анал биэриини ыытааччылары кытта аһаҕас эфиринэн кэпсэтиилэри кыттааччылар. Аны сахалыы киинэлэри, кэнсиэрдэри уубутугар-хаарбытыгар киирэн көрө-истэ ахан олордохпутуна этитиэх да, саҥардыах да бокуой биэрбэккэ субу-субу реклама көрдөрөллөр. Ол миигин эрэ буолуо дуо, үгүс киһини хал оҥордулар.
Биллэн турар, билиҥҥи кэмҥэ наадалаах, ол да буоллар анал биэриилэри мэһэйдээбэт гына, тэлэбиисэр программатыгар анал бириэмэ биэрэн, рекламаҕа анаан чаас аныахха наада. Холобур эбиэккэ диэри чаас аҥаара, киэһэ эмиэ. Ол да арааһа сөп буолуо этэ.
Бу туһунан телевидение үлэһиттэрэ ити реклама биэрэн көрдөттөрөр дьону кытта сүбэлэһэн, биир санааҕа киириэхтэрэ дуо? Ону үгүс киһи күүтэр.
Зинаида ЕГОРОВА.