Бу орто дойдуга олох олороору киһи араас дьикти сонуннары истэр-билэр, көрөр. Сахаларга араас сайдыылаах дьон элбэх. Учуонайдарбытын ылан көрдөххө, бырыһыаныгар таһаардахха арааһа ханнык баҕарар сайдыылаах омугу кытта күрэстэһиэхпитин сөп.
Ол быыһыгар аҕыйах да буоллар тастарыгар арбыыр, истэригэр кырыыр эмиэ да дьикти идэлээх дьонноохпут. Көннөрү да сылдьан дьонтон да иһиттэххэ, дьон ЯРКО-ну пайщиктара үллэстэр, доляларын ылар, укпут харчыларын төнүннэрэр эрэ туһунан киһи дьиибэргиэх кэпсэтэллэр.
Маннык үлэлээн, итини оҥорон тэрилтэни сайыннарар, бөҕөргөтөр, барыыс ылар туһунан уонна үлэһиттэр хамнастарын үрдэтии, үлэһит дьон социальнай олоҕун тупсарыы, үлэһиттэр оҕолоро уонна бэйэлэрэ үөрэнэр, эмтэнэр, сынньанар усулуобуйаларын тэрийии, тупсарыы туһунан, тэрилтэни байытан, күүһүрдэн баран ханнык эмэ %-ын паай үллэстэр туһунан кэпсэтиини М.М.Мярикянов тылыттан, былааныттан ураты биир да киһиттэн бачча тухары истэ иликпин. Бары төһөнү уган абыраабыттарын уонна харчы үллэстэллэрин, тэрилтэлэрин хайдах урусхаллыылларын эрэ айдаана.
Михаил Михайловиһы араастаан массыанньык, түөкүн, албын диэн түһэрэр, хараардар эрэ сыаллаах кэпсэтэллэр. Биир да үлэ-хамнас туһунан итини-маны оҥорор идеялаах дьону биирдиилээн көрсөн, баччаҕа диэри кэпсэтэ иликпин. Атын 1809 пайщиктар эмиэ уу-чуумпулар, тугу саныыллара, туохха баҕараллара төрүт биллибэт.
Бара сатаан бу кэлин хаста да төхтүрүйэн ити темаҕа билсэ таарыйа Михаил Михайловичтыын кэпсэттим. Кини быйыл тутуунан дьарыктаммыта сүүрбэ сылын туолар уопуттаах тутааччы эппиэтэ өрүү бэлэм, практическай саҕалааһыннара олоччу баар. Кини тус бэйэтин туһунан олус үчүгэй этиилэрдээх дьону кытта ол быыһыгар кэпсэттим. Олортон биирдэрэ «Г» миэхэ манныгы кэпсиир:
– Мярикяновтар сүрдээх үчүгэй дьаһаллаах, кэскиллээх тэрээһиннээх дьон. Оҕолорун иитиигэ элбэх болҕомтолорун уураллар. Улахан сайдыылаах дьон иитиллэн тахсан иһэллэрэ тута биллэр. Биһиги ону билэбит. Кэргэнэ Ирина Валерьевна английскай тыл учуутала. Улахан өйдөөх, ханнык да ыарахан балаһыанньаҕа кэргэнин түһэн биэрбэтэ. Маны биһиги дьахталлар эмиэ бэлиэтии арааран көрөбүт. Отой чахчы кыһыл көмүскэ тэҥнээх дьиҥнээх кэргэн, дьиҥнээх саха далбар хотуна. Билигин саарбах балаһыанньалаах дьахталлар дэлэйбит кэмнэригэр чахчы киһи киэн тутта холобур оҥостор киһитэ. Дьиҥэр биһиги дьахталлар диэн арыт иэдээн дьон буоллахпыт (күлэр). Араастаан илгистэн туруохпутун сөп. Михаил Михайлович үлэһиттэригэр сүрдээх сиэдэрэй киһи. Дьокуускай тутааччыларыттан саамай үрдүк хамнаһы үлэһиттэригэр төлүүр. Бырааһынньыктарга бириэмийэ, бэлэх бөҕө буолар. Атын тутааччылар дьиэ туттахтарына хас биирдии дьиэттэн бэйэлэригэр хайаан да сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн квартира ылаллар. Ону ким да сүөргүлээбэт даҕаны. Онтон биһиги Мээрикээнэппит 29 улахан Дьокуускай куорат киэргэлэ буолбут күлүмүрдээбит үрдүк таас дьиэни тутта да, бэйэтигэр баччааҥҥа диэри квартирата суох. Ити олорор квартирата ийэтин киэнэ. Ийэтэ бэйэтин квартиратын атыылаан баран ипотеканан эбинэн уола туппут дьиэтиттэн ылбыта. Михаил Михайлович Америка институтугар бизнес ымпыгын-чымпыгын туйгуннук үөрэппит улахан сайдыылаах киһи. Собуотун эмиэ АХШ-ран 2015 сыллаахха киллэрбитэ. Ити бэйэлээх улахан оборудованиены киллэрии эмиэ бэйэтэ элбэх саталы, үгүс үбү эрэйэр. Бу бэйэтэ туһунан хорсун быһыы буоларын өйдүүбүт. Бу тутуу материалын оҥорор собуот кыаҕынан бүтүн Дальнай Востогу олоччу хааччыйар кыахтаах. Аныгы аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалара туһанар үрдүк хаачыстыбалаах, чэпчэки сыаналаах тутуу материалын оҥорор. Бу собуот оҥорбут материалларынан сиэдэрэй оҥоһуулаах, чэпчэки сыаналаах эргиччи хааччыллыылаах олорор дьиэлэри, квартиралары олус түргэнник туталлар. Мархаҕа Кирзаводка 15 гектар сиргэ турар. Онон Дьокуускай куорат сайдарыгар улахан туһалаах оборудование кэлэн үлэлээн иһэн, аҕыйах киһи иҥсэтин кыаммакка үҥсүүнэн үлүһүйүүлэрин түмүгэр сабыллан үлэлээбэккэ тохтоон бу бэһис сылын турар, – диэн «Г» бэйэтин кэпсээнин түмүктүүр.
Саха дьоно улуустарга бука бары билэбит. Тыаҕа билигин ханнык да улууска тутуу материала буолар деловой мас бүтэн турар. Онон тыа сиригэр чэпчэки сыаналаах дьиэлэри тутууга бу собуот оҥорор материаллара ойуччу миэстэни ылаары турар. Бу собуот оҥорбут материалынан биир квадратнай миэтэрэтэ 12000-15000 солкуобай буолар. Ити хара истиэнэнэн. Онтон ис оппуохата, кырааската оҥоһуллар буоллаҕына биир кв. миэтэрэҕэ 5000 солкуобай эбиллэр эбит. Суоттаан көрүөх. 100 кв. миэтэрэлээх дьиэҕэ ол аата балтараа мөлүйүөн солкуобай, истиэнэтэ ис ремоннаах буоллаҕына икки мөлүйүөн наада буолар. Итинник биирдии, иккилии этээстээх сиэдэрэй оҥоһуулаах дьиэлэр схемалара Михаил Михайловичка дэлэй. Онтон куоракка улуус кииннэригэр тутуллар квартираларга квадратнай миэтэрэтэ 45000 солкуобай буолар. Онон эргэ ДСК материалынан тутуллубут таас тутуу квадратнай миэтэрэтэ билигин 85000-100000 солкуобай буолла.
Көрөргүт курдук аныгы сайдыылаах үйэ технологията таас тутуу материалын оҥорууга урукку ССРС саҕанааҕы технологияны аҥаардас материалын сыаната чэпчэкитинэн икки бүк баһыйда. Дьэ, күндү саха сирин олохтоохторо, Дальнай Восток икки бырыһыаннаах ипотекатын туһанан эргиччи хаччыллыылаах дьиэлэри, квартиралары туттарарга ыксааҥ. Биһиги Дьокуускай куорат олохтоохторо УоТ «Сомоҕо күүс» тэрилтэ маннык орто дойду саамай бастыҥ сайдыылаах технологиятын туһанан оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр эргиччи хааччыллыылаах таас тутууну ыытар кыахтанан эрэрбит ураты үөрүүлээх.
УоТ «Сомоҕо күүс» диэн тэрилтэҕэ маннык улахан сайдыыны аҕалар идеялаах, бастыҥ технологияны олоххо киллэрэр саха бастыҥ ыччаттара үлэ араас салаатыгар элбии, кэлэ тураллар. Маннык улахан сайдыылаах ыччаттар сахаларга өссө төгүл элбии, эбиллэ, сайда турдуннар.
УоТ «Сомоҕо күүс» эһигини кытары бииргэ үлэлииргэ өрүү бэлэм. Билигин бары билэбит Арассыыйаҕа араас сүүһүнэн собуоттар, баабырыкалар бонкуруоттаан эстэн бүтэн тураллар. Онтон саҥа сайдыылаах судаарыстыбалар туһанар аныгы технологияларынан үлэлиир собуот, баабырыка оҥоһуллубута тоҕо эрэ иһиллибэт. Онон саха уола Михаил Михайлович Мээрикээнэп бу идеята, буолан баран төрөөбүт түөлбэтигэр Дьокуускайга олоххо киирэригэр саха норуота олоччу интэриэстээх.
УоТ «Сомоҕо күүс» пресс-киинэ.
Дьокуускай.
«Туймаада» хаһыат 504-с №-рэ, 09.04.2020 с.