Мин оҕо сылдьан эргэ хаартыскалар быыстарыгар ийэм – Анна Васильевна Хоноёхова саха биир чулуу уолун Платон Алексеевич Ойуунускайы кытта бииргэ түспүт хас да хаартыската баарын үчүгэйдик өйдүүбүн. Арай хас хаартыска аайы хас да киһи сирэйэ хара чэрэниилэнэн туора сотуллубутун дьиктиргии көрөрүм. Кэнники билбитим ити “норуот өстөөхтөрө” аатырбыт дьону, оччотооҕу кытаанах ирдэбил быһыытынан хайаан да кириэстии сотуохтааххын эбэтэр хаартысканы суох оҥоруохтааххын. Иккиттэн биирэ – сокуон тыйыс, бириэмэтэ оннук.
Ол эрээри ийэм хаһан да “норуот өстөөхтөрө” диэн тылы туттубат этэ. Хата кини били туора сотуллубут дьону хас биирдиилэрин намчы тарбаҕынан ыйа-ыйа кимнээхтэрин, толору ааттарын-суолларын, ханнык дуоһунаска үлэлээбиттэрин, хаһан-ханна хаартыскаҕа түспүттэрин уйадыйан куолаһа титирэстии-титирэстии кэпсиирэ, сотору-сотору дириҥник өрө тыынара. Сороҕор өр баҕайы саҥата суох иһийэн одуулаһара, чуумпуран ылара. Бука сэрэйдэххэ, арааһа ийэм хараҕар, эдэр эрчимнээх кэмигэр, күөгэйэр күнүгэр саха кэрэмэс дьонун кытта алтыһан ааспыт дьоллоох кэмэ көстөн кэлэрэ буолуо. Ол кэмнэр аастахтара, былыт саптаҕа.
Хомойуох иһин, бу кэпсиир сэдэх хаартыскаларым сүппүттэр, билиҥҥитэ көстө иликтэр. Мин санаабар кэлин быһыы-майгы уларыйбытын кэннэ, ийэбиттэн ким эрэ сырдатаары, кини туһунан суруйаары уларсан баран (оччотооҕуга куоппуйалыыр тэрил суох кэмигэр), устунан умнуллан төннүбэтэх буолуон сөп. Баҕар бу ыстатыйаны ааҕан баран, онтон сылтаан уларсыбыт хаартыскалартан саатар биир эмит көстөөрөй, эрэл кыыма сүтэ илик. Хайдах даҕаны бу сүдү киһини – П.А.Ойуунускайы кытта араас мунньахтарга көрсүһэн, алтыһан ааспыт оччотооҕу активистар туоһулара сэдэх хаартыскалар тыаһа-ууһа суох сүтэн-өһөн хаалаллара сатала суох. Арай бу 1936 сыллааҕы биир хаартыска урут бэчээккэ тахсан дьолго ордон хаалбыт. Бүтэйдии таайдахха, Платон Алексеевич үтүө сабыдыалынан, ол кэмҥэ республика үрдүкү салайааччылара кини этиитин быһа гыммакка өйөөн, Таатта делегациятын кытта бииргэ түспүттэрэ баар. Ол өйдөбүл буолан хаалбыт.
1936 cыллаахха Саха сирин 9-с суһал ыҥырыылаах сийиэһэ Саха АССР бастакы Төрүт сокуонун (Конституциятын) уопсай барылын оҥорууга 30 киһилээх эрэдээксийэ кэмииссийэтэ тэриллибитэ Онно Анна Васильевна Хоноёхова чилиэнинэн талыллыбыта. Бу сийиэскэ Төрүт сокуон барылын норуот дьүүлүгэр таһаарбыта, ол 1937 сыллаахха бигэргэтиллибитэ.
Бэйэтин кэмигэр бу сүрдээх эппиэтинэстээх, икки сыл устата мөккүөргэ көрүллүбүт, кэккэ утарсыылаах үлэҕэ сирэй кыттыбыт тыыннаах туоһу буоларын сөпкө өйдөөн, ийэм балачча сааһыран баран икки тэттик ахтыыны суруйан хаалларбыт эбит. Хомойуох иһин, онно тоҕо эрэ П.А.Ойуунускайтан ураты сийиэскэ кимнээх кыттыбыттарын тоһоҕолоон ахтыбатах. Ону баалыыр сатаммат. Онон ити сийиэскэ ытык Тааттаттан 9 киһи кыттыбытыттан 3 киһи ааттара биллэр: П.А.Ойуунускай, А.В.Хоноёхова, Ф.И.Лопатина. Олортон хаалбыт алта киһи толору ааттарын-суолларын, хантан силистээхтэрин, кэлин хайдах дьылҕаламмыттарын суруйар кыаҕым суох. Били инники ахтыбыт үс киһибиттэн, хомойуох иһин, иккитэ – Ойуунускай уонна Лопатина хааннаах эрэпэриэссийэҕэ түбэһэн кылгас үйэлэммиттэрэ… Иэдээн дии!
Өскөтө Платон Алексеевич сымыйанан буруйданан сор суолламмыта норуокка биллэр буоллаҕына, Фёкла Ивановна Лопатина барахсан дьыалата баччааҥҥа диэри толору сырдатылла илик. Арай аҕыйах сыллааҕыта “Репрессия сиэртибэлэрэ” (“Туймаада”, 26.07.2012) кини туһунан сырдаппытым да, ол итэҕэс этэ.
Бу 86 сыллааҕыта Саха сирин 9-c суһал ыҥырыылаах сийиэскэ талба Тааттаттан кимнээх кыттыбыттарын илэ туоһулуур дьоһун суолталаах хаартыска. Биһиги сахалар баар-суох сүрүн сокуоммутун торумнаабыт, инники сайдарбытыгар олук охсубут ытык дьоммут кэчигирэһэн олороллор. Кинилэр ортолоругар эдэркээн ийэм – Анна Васильевна Хоноёхова кыттыспытыттан төрөппүт уола киэн туттабын.
Үтүө дьыала умнуллубат, хаһан да өспөт!
Иван НЕЛУНОВ.
Хаартыскаҕа: бастакы эрээккэ хаҥас П.А.Ойуунускай, бүтэһик уҥа Ф.И.Лопатина. Иккис эрээккэ уҥаттан бастакы А.В.Хоноёхова.