Ийэлэр барахсаттар тоҕус ыйы быһа оҕолорун истэригэр илдьэ сылдьан иитиэхтээн баран, төрөөбүтүн кэннэ бүөбэйдээн, көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн, тапталынан угуттаан киһи-хара оҥороллор.
Ньургуйаана соҕотох кыыс буолан ийэ-аҕа тапталыгар ачаалаан улааппыта. Ол гынан баран ийэтэ Ааныска кыра эрдэҕиттэн дьиэ ис үлэтигэр сыһыаран иистэнэргэ, аһы астыырга үөрэппитэ. Сиидэс таҥастан бэйэтигэр үчүгэйкээн былааччыйа тиктэрэ, сарапаан, куопта уо.д.а.
Бииргэ үөрэнэр оҕолоро ымсыыра көрөллөрө. Наһаа ис-иһиттэн чэнчис, чэбэр буолара. Аҕата Сиидэр отой кыра эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыһыннарбыта, сайын дьонун кытта окко үлэлэһэн буһара-хатара.
Күннэр-дьыллар иннин диэки тоҕо дьулуруйан ааһан иһэллэрэ. Ньургуйаана ситэн-хотон, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн таҥара табатын курдук кыыс буолбута. Дьон сэргээн-кэрэхсээн “Туйаарыма Куо” дииллэрэ. Таптыыр киһитин көрсөн, икки уолу төрөтөн, дьиэлэнэн-уоттанан баай-байылыат олоххо олорбута.
Кэргэнэ үрдүк дуоһунаска үлэлээн, дьоллонон олорбуттара. Бэйэтэ эмиэ улахан тэрилтэ хотуна этэ. Үлэҕэ үлүмнэһэн, соло булбакка оҕолор бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, спордунан дьарыктанан улааппыттара. Араас күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаҕа оскуолаларын чиэһин көмүскүүллэрэ.
Эмискэ этиҥ эппитин курдук аҕалара Валерий Адамович атын дьахтарга харааччы иирэн ойоҕун, оҕолорун быраҕан баран хаалбыта. Оҕолорун сураспат да буолбута. Уолаттар Айаал уонна Арыйаан үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, идэлэринэн үлэлии-хамсыы сылдьыбыттара. Атас-доҕор да элбэҕэ. Кыра уол оҕолоох дьахтары кэргэн ылан, дьиэлэнэн-уоттанан ыал-ыал курдук үлэттэн дьоллонон олорбуттара.
Олох хаһан да биир мээр буолбат. Олох олоруу күөх хонууну туорааһын буолбатах. Көһүппэтэх өттүттэн соһуччу түгэн баар буолааччы. Арыйаан массыына абаарыйатыгар түбэһэн күн сириттэн барбыта. Ийэтэ Ньургуйаана Сидоровна ытаан-соҥоон, айманан төһөлөөх хараҕын уутун тохпута буолуой?
Ити курдук санааҕа-онооҕо баттата сырыттаҕына, аны эриттэн хаалбыт толору хааччыллыылаах кыбартыырата умайан күл-көмөр буолар. Сир-халлаан икки ардыгар туран хаалар. Бииртэн биир охсууну ылан, доруобуйата айгыраан үлэтиттэн уурайар. Күүстээх санаалаах буолан олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан олорор. Өр кэмнэргэ 17-с кыбаарталга хаарбах дьиэҕэ олорон муҥнанар.
Улахан уола Айаал кэргэннэнэн-оҕолонон, дьиэлэнэн-уоттанан ньир-бааччы хас да сыл кэргэниниин өйдөһөн-өйөһөн дьоллоохтук олорбуттара. Бастыҥ инженер-механик аатыран ытыс үрдүгэр сылдьыбыта. Кэлин сыыйа-баайа аһыы утахха ылларан, үлэтиттэн эһиллибитэ. Дьиэ иһигэр айдаан-куйдаан элбээбитэ.
Ньургуйаана Сиидэрэбинэ хаарбах дьиэтэ усунуоскаҕа баран, куорат киинигэр толору хааччыллыылаах кыбартыыра буор-босхо ылан санаата сырдаан, үөрэ-көтө аҕыйах сыл олорбута.
Улахан уола Айаал ойоҕуттан арахсан ийэтигэр көһөн кэлбитэ. Хайыай? Ийэ оҕотун кыһалҕатын өйдөөн, өйөөн илдьэ олорбута. Ийэтэ уолун үлэ булан үлэлиэ диэн эрэх-турах саныыра. Үлэ биржатыгар турбута да, үлэ көстүбэтэҕэ. Күн аайы ийэтиттэн харчы көрдөөн аһыы утаҕынан эмсэхтэнэрэ. Ол сылдьан араас дьону кытта куодарыһан, сороҕор онно хонон, сороҕор дьиэтигэр аҕалан ийэтин аһын бараан кэбиһэрэ. Кэнники бириэмэҕэ кутуруктаах кэлэн дьону хоннороро үксээбитэ.
Ыган-түүрэн ийэтиттэн харчы ылан аһыы утахха атастаһар. Билиҥҥи ыарахан кэмҥэ, сыана-үүнэ тэһиинэ суох үрдүү турдаҕына ийэтин биэнсийэтэ туохха тиийиэй? Бу эдэр оҕо буолбатах. Биэһэнчэлээх уола-хаан. Өйдөммөтө тоҕо сүрэй? Ньургуйаана Сиидэрэбинэ түөрт аҥаар сылы быһа тулуйдум диэхтиир. Тулуйа сатаан баран бэйэлээх бэйэм дьиэбиттэн икки атахпынан куотан кыбартыыра куортамнаһан олоробун диир. Малбын-салбын атыылаан бүтэрбит, биир орон эрэ хаалбыт. “Оҕо сүрэҕэ – тааска” диэн өбүгэлэрбит сөпкө да эппит эбиттэр…
Харыстаана КАРДАШЕВСКАЯ.