Ходуһам сирин өртүүбүн диэн дьыалаҕа түбэһэ сыстым. Оттуур сирдээхпин, сааскы халаан уута ылар сиригэр. Онон өртүүргэ туох да куттал суох, арай кусчуттар “сири хараардаҕын, куһу тэйитэҕин, кус аастаҕына бэйэбит өртүөхпүт” дииллэр.
Ол эрээри былырыын өртөөбөтөх этилэр. Уонна халаан оту-маһы мунньан, сыһыым курааннаан дуоннаах оту ылбатаҕым, дьонтон от атыылаһан дьылы туоруур буоллум. Ол иһин быйыл оту-маһы хомуйан өртөөтүм. Салгыҥҥа-чэбдиккэ тахсыбычча кулуһун оттон чэй өрүннүм. Өртөөбүт сирбин көрө-көрө чэй иһэ олордум. Ол олордохпуна “Уазик” тирилээн кэлэн аттыбар тохтоото, икки эдэр киһи бөтөҥкөлөһөн тахсан: “Тоҕо уоту ыытаҕын, аах суруйуохпут, көҥүлэ суох сокуону кэһэн”, – дииллэр.
Бэйэлээх бэйэм ходуһабар оттуур сирбин бэйэм бас билбэт үһүбүн. “Уот да барбат тула күөл, сиикээннэр, 1-2 гааны ыраастыа уонна умуллуо”, – диибин. Ол оннук быһаарса турдахпытына “дьэ мин да тохтуом, сир сииктээх” диэбиттии уотум умуллан киирэн барда. Ону көрөн син тохтоотулар, аны атын сиргэ өртөөмө диэтилэр.
Урут советскай былаас эрдэҕинэ саас-күһүн бириэмэтин көрөн совхозтар өртөөһүнү тэрийэллэрэ. Сайынын от бөҕөтүн оттоон куоталаһыы, күрэхтэһии, техника сылдьыбат сиригэр көлө-илии звенолара, моой отчуттар ходуһаҕа салаа да оту хаалларбакка хотуулаахтык үлэлииллэрэ.
Оттон билигин тугуй? Техника дэлэйэн кырдал эрэ сирдэри оттоон ылаллар, бокобуой кыраабыл буору-сыыһы өрүкүтэн кыараҕас эргиирдэргэ охсуллубут оту хаалларан, пресс-подборщик оту сахсыйан рулоннаан, рулону баайарыгар от сыатын илдьи сынньан сиргэ тоҕоллор. Ол курдук биир рулону түһэрэр сирдэриттэн биир куул от сыатын күрдьэҕинэн баһан ылбытым. Дьэ онон суоттаан көрүҥ, төһө эбитий? Бу от сыата сүөһүгэ эбии аһылыкка, көөнньөрбө оҥорорго төһөлөөх иҥэмтиэлээх ас буоларын. Сыл аайы саас-күһүн өртөөһүнү тэрээһиннээхтик ыытыахха эрэ наада.
Аны дьоллоох Дьокуускай куораппыт иһин-таһын көрүөҕүҥ! Пааркабыт, сквердэрбит, уулуссабыт кытыыта кур лаҥханан көрөн тураллар. Маны билигин хаар бара илигинэ тэрээһиннээх субботниктары тэрийэн өртөөһүнү ыытыаҕыҥ, аар айылҕабыт ону кэтэһэн, хаарын уулларбакка сытыарар, усулуобуйа оҥорор. Оннооҕор улуу Ленин эһэбит төрөөбүт күнүгэр туох да тэрээһин ыытыллыбата. Быыбар кэнниттэн мээрийэ үлэһиттэрэ уһуктаах тимир күрдьэхтээх тахсан хаары ыраастаабыта буоллулар, ону айылҕа бэйэтэ көрөн хаарынан бүрүйдэ.
Ыарыынан сибээстээн бобуу-хаайыы бөҕө, дьон санаатын алдьаталлар. Уон биэстэн ордук мунньустумаҥ дэһэллэр, ирэ-хоро көрсөн кэпсэтээри гыннахха үрүө-тараа үүрэллэр. Онон хантан кэлэн сомоҕолоһуу буолуой, уопсай дьыаланы бары бииргэ ылсыһан үлэлээтэхпитинэ эрэ туругуруохпут.
Эһигини барыгытын Кыайыы бырааһынньыгынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Доруобай, чөл олохтоох, олоххо тардыһыылаах, дьоллоох олохтонуҥ диэн алҕыыбын.
Буттуруй,
тыа оҕонньоро.