Башаринецтар, кинилэри өйөөччүлэр Партия 1928, 1952, 1986 сс. таһаарбыт уураахтарын аҥаардастыы саха омугун эһэр сыаллаах этилэр диэн эппиттэрэ-тыыммыттара элбэх. Онно чопчу ким буруйдааҕын, туох биричиинэ баарын, туохтан сылтаан тахсыбытын уо.д.а. ыйытыыларга эппиэт суох. Наар кэлтэгэйдии куолулааһын баар.
Тус бэйэм оччотооҕу докумуоннары сиһилии үөрэппэтэх буолан сыана быһартан туттунабын. Ол да буоллар сорох түгэннэргэ эппиэт биэрэн көрүүм. 1928 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр Партия КК “О положении Якутской организации” уурааҕа тахсыбыта. 1920-с сыллартан саҕалаан үгүс советскай-партийнай үлэһиттэр М.К.Аммосовтаах ыытар политикаларын сөбүлээбэт, ылыммат буолан барбыттар. Урукку баайдары-тойоттору өрө тутаҕыт, былааһы утары бардахтарына наар амнистия биэрэн босхолоон иһэҕит диэн. Ол туһунан партия пленумнарыгар, конференцияларыгар кэпсэтиилэр эмиэ буолбуттар. Тыаҕа туох да үлэ-хамнас барбатын туһунан эмиэ критикалыыр эбиттэр: “Баайдар син биир уруккуларынан олорон хаалыллар, – диэн.
Аны Ойуунускай ыстатыйатыгар “кэлии специалистар бары гастролёрдар” диэн суруйан айдаан бөҕөтүн таһаарбыт. Биллэн турар, оччолорго да араас киһи ханна барыай? Ол гынан баран барыларын ити курдук саба быраҕан суруйара соччото суох быһыы буолар. Ыстатыйаны партия конференцияларыгар эмиэ кэпсэппиттэр. Мантан сылтаан сорох специалистар ортолоругар “сахалар кэлии дьону сөбүлээбэт эбиттэр” диэн өйдөбүл үөскээбит. Ол кэлин тугунан эргийэн тахсыбытын эмиэ билэбит.
Эмиэ Ойуунускай “Саха омук” обществоны буруйдаан, ыстатыйа суруйан айдаан күөдьүйэр. Ыстатыйа туһунан партия обкомугар тиийэ кэпсэтии буолбут. Онно саха үөрэхтээхтэрэ Ойуунускай суруйуутун ыллымматтарын туһунан эппиттэр. В.Н.Леонтьев “Ойуунускай үрдүкү салалтаҕа сылдьар, онон партия маннык политиканы тутуһар эбит” диэн өйдөбүлгэ аҕаларын туһунан эппит. Ону обком секретара Е.Пестун: “Биһиги Ойуунускайы кикпэтэхпит, бэйэтин санаатын этэр», – диэбит.
Уопсайынан П.А.Ойуунускайга “левацкие перегибы” (“хаҥас халыйыы”) наһаа баар. Ол иһин кинини Губревком, ЯЦИК председателин дуоһунаһыгар аныылларыгар партийнай үлэһиттэр ортолоругар утарсыы наһаа күүстээх эбит. Ити туһунан бэл доҕоро М.Аммосов суруйан турар.
Е.Е.Алексеев губбюро секретара Г.И.Лебедев П.А.Ойуунускайы национализмҥа буруйдаабыта диэн куолулаабыта баар. Дьиҥинэн губбюро мунньаҕар Г.И.Лебедев: “Ойуунускайга национализм көстүүтэ баар, ол иһин Ойуунускайы суукка биэриэххэ наада. Эбэтэр Ойуунускайга национализм баарын туһунан дьыаланы көбүтэр букатын наадата суох”, – диэн эппит. Ити барыта Ойуунускай “Саха омук” общество туһунан этиитэ сүрүн төрүөт буолбут. Г.Лебедев кэлии нуучча, сахалыы билбэт. Онон киниэхэ ким эмит эппит буолуон сөп. Оттон М.К.Аммосов: “Ойуунускайга национализм дьаллыга баар, ол кини үлэтин-хамнаһын мэһэйдээбэт”, – диэбит.
П.В.Ксенофонтов баһылыктаах конфедералистар советскай былааһы утары өрө туруулара уокка арыыны кутан биэрбитэ. Дьэ онно урукку-хойукку түгэннэр маҥкы маһын курдук күөрэс гыммыттара. Я.В.Полуян комиссията Якутскайга кэлбитигэр М.К.Аммосовтаах: “Биһигини Москваҕа ыытыҥ», – диэн заявление бөҕөтүн суруйбуттар. Ону А.Г.Габышевтаах: “Бастаан үлэҕитин-хамнаскытын отчуоттааҥ», – диэн тохтоппуттар. Манна даҕатан эттэххэ, ким да М.К.Аммосовтааҕы Саха сириттэн үүрбэтэҕэ. Бэйэлэрэ баҕа өттүнэн тылланан Москваҕа барбыттара.
Мин санаабар Ян Полуян комиссията М.Аммосовы, И.Бараховы “теория өттүнэн билиилэрэ намыһах, үөрэхтэрэ кыра, салайар үлэҕэ уопуттара суох” диэбит буолуохтарын сөп. Аммосов, Барахов Москваҕа тиийэн баран үөрэххэ киирбиттэрэ дии. Кинилэр, С.Васильевтан ураты, учуутал семинариятын бүтэрбит дьон буоллахтара. Манна өссө биири көтүтэн кэбиспиппин. К.О.Гаврилов саха үөрэхтээхтэригэр туспа платформа баар буолуохтааҕын туһунан анал “тезис” оҥорбут. Ону М.Аммосов, П.Ойуунускай, Е.Ярославскай: “Интеллигенция партияны салайаары гынна”, – диэн утаран тыл эппиттэр.
Иккис өттүттэн ылан көрдөххө, А.Г.Габышевтаах былааска кэлбиттэрин кэннэ киэҥ далааһыннаах үлэлэр ыытыллыбыттара. Ол курдук колхозтары тэрийии, сири түҥэтии, дьону маассабайдык үөрэхтээһин уо.д.а. Саха сиринээҕи партия обкомун, Я.В.Полуян комиссиятын докумуоннарын, Москваҕа Партия КК буолбут кэпсэтиини барытын сиһилии үөрэппит киһи туох эрэ түмүк оҥоруон сөп.
2) 1952 с олунньу 6 күнүгэр Партия Саха сиринээҕи уобаластааҕы комитетын “О буржуазно-националистических извращениях в освещении истории якутской литературы” уурааҕын туһунан. 1920-с сыллар бүтүүлэриттэн саҕалаан А.Е.Кулаковскайдааҕы тула мөккүөр олус киэҥник тэнийбитэ. 1943, 1944 сылларга утарыта турсар партия уураахтарын ылына сылдьыбыттара. Онтон сылтаан улахан мунньахтар, дьүүллэһиилэр Якутскайга, Москваҕа буолбуттара. Олор протоколларын үөрэтиэхэ наада. Өссө М.А.Суслов архивыттан киһи элбэҕи булуо этэ да, ону биһиэхэ көрдөрбөттөрө буолуо.
Манна Г.П.Башарин дьоҥҥо үҥсүү суруйан бэйэтигэр утары туруорбута улахан оруолу ылбыта биллэр.
3) 1986 с. ыам ыйын 5 к. ССКП КК “О некоторых негативных проявлениях среди молодёжи г.Якутска” уурааҕын туһунан. Көстөрүн курдук уураахха “Якутскай куорат ыччаттара” диэбиттэр. Аҥаардас сахалар диэн буолбатах. Москваттан кэлбит комиссия: “Уруккуттан маннык иирсээн баар эбит. Ону эһиги көрө-көрө көрбөтөҕө буолан олорбуккут. Туох да миэрэни ылбатаххыт. Үчүгэйдик иитэр-үөрэтэр үлэни ыыппатаххыт. Ол түмүгэр маннык айдаан тахсыбыт”, – диэбиттэр. Сөпкө эппиттэр дии саныыбын.
Аны ханнык да комиссия кэлээт, тута уураах таһаарбат. Элбэх кэпсэтии, үөрэтии, дьүүллэһии кэнниттэн уураах ылыналлар. Туох барыта кыраттан саҕаланар диэн мээнэҕэ эппэттэр. 1985 с. СГУ студеннара речник уолаттары кытта дуолан охсуһуу буолбут. Ол да кэнниттэн кыралаан дайбаһыылар син биир тахса турбуттар (холобур пааркаҕа эҥин).
1986 с. кулун тутар 28, 29 уонна 31 күннэригэр катокка нуучча-саха диэн охсуһуу буолбут. Маны ким саҕалаабытай? Ким буруйдааҕый? Чуолкай эппиэт суох. Бу туһунан ким да, тугу да саҥарбат. Хаһыллыбыт пластинка курдук наар барыта муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыта диэн буолар. 1986 с. улахан айдааны таһаарбыттарын иһин үс нуучча, биир татаар уонна икки саха уолугар уголовнай дьыаланы тэрийбиттэр. Дьиҥинэн ити айдаан силиһэ-мутуга ыраахтан саҕаламмыт, историята бэрт уһун эбит.
Иккиһинэн, аны кэлэн кистэл буолбатах, урут үөрэҕэр ситиспэт, бэрээдэгэ мөлтөх оҕону 8 кылаас кэнниттэн тута училищеҕа ыытан иһэллэрэ. Ол түмүгэр СПТУ-га ханна да баппатах ыччаттар мусталлара. 1986 с. буолбут түгэннэр сүрүн төрүөтүнэн “иитии-үөрэтии лаппа мөлтөөһүнэ, “перестройка” буолан бас-баттах барыы содула” диэн өйдөбүллээхпин.
Аны санаатахха, обком секретара Ю.Н.Прокопьев икки уот икки ардыгар сылдьыбыт эбит. Биир өттүттэн кырдьаҕас коммунистар А.В.Паулиннаах ыгаллар. Иккис өттүттэн башаринецтар саба түһэллэр. 1986 с. кэнниттэн В.Г.Павлов уонна башаринецтар бэчээтинэн Ю.Н.Прокопьевка саба түһүүлэрэ саҕаланар. Партия КК Юрий Прокопьев туһунан араас ис хоһоонноох үҥсүү бөҕөтө барбыт. Чэ, бу туспа улахан кэпсэтии…
1952, 1986 сыллары саха интеллигенцията икки бөлөххө арахсан, араас үҥсүүнү-харсыыны күөттээбиттэрэ диэтэхпинэ наһаа сымыйа буолбата буолуо. Аны биһигини сэргэ Казахстаҥҥа, Прибалтикаҕа буолбут долгуйуулары тэҥнии туталлар. Казахстаҥҥа Д.А.Кунаевы кытта былаас былдьаһан, казахтар бэйэлэрэ саҕалаабыттар (сорохтор Н.Назарбаевтаах дииллэр). Орто Азия, Кавказ республикаларыгар “кланнар” киирсиилэрэ куруук баара. Ол иhин Д.Кунаев Москваҕа тиийэн: “Мин оннубар секретарынан нуучча киһитин анааҥ” диэбит. Ону көрдөөн-көрдөөн В.Колбины булан анаабыттар. Сүрүн биричиинэ ити эбит…
Оттон Прибалтика республикалара Союһу уруккуттан абааһы көрөллөрө. Ону быһаарар наадата суох.
1979 с. айдаанын аһардан кэбиспиппин. Оччолорго студгородок иһигэр рабочайдар уопсай дьиэлэрэ баар эбит. Ол дьиэ таһыгар саха уолаттара Зарубин диэн нуучча рабочайын кырбаабыттар. Ол кэнниттэн Зарубин обрез саалаах тахсан, мээчик оонньуу сылдьар оҕолору ытыалаабыт. Кырбаабыт уолаттар онно бааллара дуу? Онтон сылтаан аймалҕан буолар…
Лазарь РОЖИН.