1991 сыллаахха “Сир реформатын туһунан” Арассыыйа Үрдүкү Сэбиэтин сокуона тахсыбыта. Ону толороору бүтүн Арассыыйа үрдүнэн совхозтары ууратар үлэ саҕаламмыт.
Манна Саха сирин салайааччылара буруйдара суох эбит. Бүтүн Арассыыйа үрдүкү сокуонун утары барбат буоллахтара. Ол иһин совхозтар эстэннэр сүөһү аҕыйаан, оттонор сир көҕүрээн, ким да сири-уоту оҥорбокко бааһыналар, оҥоһуллубут сирдэр туһаттан тахсыбыттар диэн айдаарбыттара ыраатта. Билигин сүрэхтээх-бэлэстээх дьон быраҕыллыбыт сирдэри оҥостон туһаҕа таһаараллар, хотон тутталлар, сүөһүлэрин элбэтэллэр. Бааһынай хаһаайыстыба буолбуттар бары тыраахтардаахтар, массыыналаахтар, бэртээхэй дьиэлээхтэр, сайылыктаахтар. Бу барыта элбэх үлэттэн-сыраттан, тоҕус көлөһүннэрин тоҕон туран, биир өрөбүлэ суох үлэлээн булбут баайдара өйдөнүллэр.
Тыаҕа үлэ суох диэн элбэхтик муҥатыйаллар да, бааһынай хаһаайыстыба салайааччылара “үлэһиккэ наадыйабыт” диэн “күөх экранынан” этэллэрин сөп-сөп истэбит. “Туймаада” хаһыакка бэс ыйын 25 күнүгэр тахсыбыт “тыа киһитин сатаан өйдүөххэ” диэн Ньурбаттан А.Григорьев суруйбут. Үүтү 100 солк. гыныахха диэбит. Сылын аайы үүт-эт сыанатын үрдэппэттэр диэн ордук Ил Түмэн депутаттарын буруйдууллар да, аһы-үөлү, олохтоох бородууктаны батарыы кыайтарбат быһыылаах.
Быйыл саас муус устарга балтым Лермонтов уулуссатыгар баар 3-с поликлиника таһыгар элбэх этээстээх дьиэ бастакы этээһигэр аһыллыбыт бородуукта маҕаһыыныгар сылдьыбыттаах. Чөчөҥөй (сливки) ылаары гыммыта өрдөөҕүтэ оҥоһуллубут эбиттэр. “Бу атыыга барбатах сливкаҕытын ханна гынаҕытый? Сыалай биир дьааһык кэриҥэ баар эбит дии”, – диэн били нуучча норуота этэллэринии “любопытная Варвара” курдук буолбут. Бэйэтин аата да Балбаара буолар. Ону атыылааччылар: “Таах-сибиэ элбэҕи сакаастаан ылбыппыт, сливкаларбытын Хатаска сибиинньэлэргэ ыытарбытыгар тиийэбит”, – диэн эппиэттээбиттэр.
Онон үүт харчытын киилэтин 100 солк. үрдэттэхтэринэ, маҕаһыыннарга үрүҥ ас баһырхай сыанаҕа атыыланыахтара турдаҕа. Ону кыра хамнастаах үлэһиттэр, элбэх оҕолоох ыаллар, кредиккэ киирбиттэр, хабалаҕа ылларбыттар уонна биһиги кырдьаҕас пенсиялаахтар олохтоох үрүҥ аһы амсайбаппытыгар тиийэбит.
Сааһын тухары партийнай үлэҕэ үлэлээбит, элбэх үрдүкү наҕараадалардаах, биһиги бары ытыктыыр киһибит М.Н.Сибиряков “Туймаада” хаһыакка суруйан турардаах: “Олохтоох саха аһа хаачыстыбалаах, үчүгэй да буоллар сыаната ыарахан. Ол иһин пенсиям харчыта тиийбэт буолан, чэпчэки кэлии бородуукталары маҕаһыынтан атыылаһан аһыы-сии олоробун”, – диэхтээбит. М.Н.Сибиряков эрэ буолуо дуо? Үөһэ суруйбутум курдук кыаммат дьон төһө да олохтоох бэйэ аһын сиэхтэрин баҕарбыттарын иһин, атыылаһар кыахтара суох буоллаҕа.
Үрүҥ илгэни үрүлүтээччилэр, аһы-үөлү оҥорооччу технологтар сыралаах үлэлэрэ сибиинньэ аһыгар кубулуйбакка, Саха сирин олохтоохторугар сөптөөх сыанаҕа атыыланан, бар дьону сибиэһэй аһынан хааччыйалларыгар баҕарыаҕыҥ.
Мэндиэрэ.
Редакцияттан: Автор сыыһа өйдөөбүт буолуон сөп. Үүтү оҥорон таһаарыы себестоимоһа уонна атыыга барар сыаната тус-туһунаннар. 100 солкуобай буолуохтаах диэн, быһата, туттарыллар үүт сыанатын этэллэр. Онон государство өйөөтөҕүнэ үрүҥ ас атыыланар сыаната чэпчиэхтээх.
tuymaada.ru