Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Виктор Николаевич ГУБАРЕВ, Российскай Федерация Коммунистическай партиятын Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта, СР Государственнай Мунньаҕын — Ил Түмэн председателин солбуйааччы.
– Үтүө күнүнэн, Виктор Николаевич! Кэпсэтиибитин саҕалыахха…
– Саҕалыахха. Тута этэн кэбиһиим: мин дьылҕабар махтанабын, олоҕум бүтүннүүтүн кэриэтэ Саха сиригэр анаммытынан.
– Ол хайдах этэй, хайдах саҕаламмытай?
– Биэс уон сылтан тахса сыллааҕыта, 1972 сыллаахха, мин Москваҕа Ил-18 сөмөлүөккэ олорон баран Саха сиригэр Черскэй бөһүөлэгэр кэлэн түспүтүм. 120 пассажиры тиэммит түөрт мотуордаах сөмөлүөт муус устар 12 күнүгэр Черскэйгэ муус аэродромҥа кэлэн түспүтэ.
– Москваттан Саха сирин Черскэйигэр оччолорго быһа рейс баар эбит дуу?
– Өссө төгүл тоһоҕолоон этэбин: 1972 сыл, Москва — Черскэй диэн быһа рейс баара. Өссө Тиксиигэ, Чокуурдаахха эмиэ түһэрэ. Бүгүн Черскэйгэ сөмөлүөттэр чаастатык көппөттөр, республикабыт иһигэр сырыы букатын мөлтөх. Бөртөлүөт ыйга биирдэ-иккитэ эрэ сылдьар. 50-тан сыллааҕыта Москва — Черскэй быһа рейс баарын билигин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук.
Мин 1949 сыл сэтинньи 6 күнүгэр Ростовскай уобалас Волгодонскай куоратыгар төрөөбүтүм. Чуолкайдаатахха, паспорга киирбитинэн Солёновскай диэн станицаҕа төрөөбүтүм, ити Волгодонскай куорат кытыыта. Волгодонскай билигин олус биллэр куорат, атомнай промышленность баар, станцияларга анаан араас тэриллэри оҥороллор. Дон өрүскэ Цимлянскай водохранилище баар. Мин ийэм казачка, Валентина Ивановна Петренко диэн, кэргэн тахсан баран Губарева буолбута. Аҕам Николай Кузьмич Губарев, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, оскуола паартатыттан сэриигэ ыҥырыллыбыта. Эһэм эмиэ сэрии кыттыылааҕа, Москва анныгар өлбүтэ.
Олоххо туох даҕаны төрүөтэ суох буолбат, мин Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин күнүн иннинэ төрөөбүппүн – сэтинньи 6 күнүгэр. Онон туох эрэ бэлиэ син-биир баар, ону үйэм тухары билэн кэллим.
Аҕам тимир суол тутуутун электирификациялыыр техник-инженер, прораб этэ. Онон кини үлэтин чэрчитинэн биһиги хас да сыл вагоҥҥа олорбуппут. Аҕам Башкирияҕа, Пермскэй, Самарскай уобаластарга үлэлээбитэ. Онон мин биир үөрэх сылыгар икки-үс араас оскуолаҕа үөрэнэр этим.
– Ити вагоҥҥа олорбуппут диэтиҥ. Ол хайдах? Били урут манна Дьокуускайга ГРЭС оройуонугар вагон-дьиэлэр бааллара дии, оннукка дуо?
– Ээ, суох. Тимир суолга рельсэҕэ турар дьиҥнээх вагоннарга буоллаҕа. Олору киһи олорор курдук квартира оҥорбуттар, оннукка. Тимир суоллары электрификациялааһын бүтэн истэҕин аайы аҕабын атын сиргэ көһөрөн иһэллэр. Оннук алта сыл олорбуппут.
– Оскуолаҕа хайдах үөрэммиккиний? Саамай тугу өйдөөн хаалбыккыный? Үөрэммит да оскуолаҥ элбэҕэ бэрт эбит дии. Ыарахан буолуо, сырыы аайы атын-атын оскуолаҕа үөрэнэр?
– Оҕо сылдьан мин аһаҕас, кэпсэтинньэҥ этим. Ол иһин улаханнык ыарырҕаппатаҕым. Үөрэхпэр эмиэ үчүгэй этим. Өссө ол оскуоланы уларытар диэн кыра ээ, олорор сириҥ-уотуҥ эмиэ уларыйар буоллаҕа (күлэр). Биир сыл устатыгар 3-4 уобаласка сылдьыы – ону-маны билэргэ-көрөргө кыаҕы биэрэр, сайдар буоллаҕыҥ.
– Отой оҕо эрдэххиттэн айаннаабыт, онно-манна сылдьыбыт буолан тахсар эбиккин.
– Оннук. Дьэ ол кэнниттэн 1960 сыллаахха Таганрог куоракка көһөн кэлбиппит. Таганрогка кэлбиппитигэр тута квартира биэрбиттэрэ, онон үс хостоох квартираҕа олорбуппут
– Ити Ростовскай уобаласка дуо?
– Таганрог – Ростовскай уобалас иккис улахан куората, өссө Пётр I олохтообут. Суруйааччы Антон Павлович Чехов төрөөбүт куората. Кини мин тапталлаах суруйааччым буолар. Олоххо туох эмэ ыарахаттары көрүстэхпинэ Чехов ханнык-баҕарар кинигэтин ылан ааҕабын, оччоҕо хайаан да сөптөөх хоруйу булабын.Хаһан да санааны түһэрбэт буоларга үөрэммитим. Таганрог куоракка 8-с кылааһы бүтэрэн баран, ПТУ-га үөрэнэн оробуочай идэтин ылбытым. Орто анал үөрэхтээһини мин сэбиэскэй кэм биир улахан ситиһиитэ дии саныыбын. Оҕо үөрэнэр кэмигэр толору хааччыллар, босхо үөрэҕи ылар.
Ийэм улахан үөрэҕэ суох этэ. Ол эрээри үгүһү-элбэҕи билэрэ. Дьиэбитигэр түөрт оҕо этибит, үс бырааттыылар уонна биир кыыс. Инньэ гынан аҕабыт үлэлиирэ, ийэбит хаһаайыстыбатынан дьарыктанара. Билигин даҕаны ийэбиттэн ордук үчүгэйдик ким да астаабат этэ дии саныыбын. Оҕо эрэ барыта итинник саныыра буолуо, ол эрээри ийэм барахсан чахчы үчүгэйдик астыыра. Мэлдьи тот этибит, хоп курдук таҥна-сапта сылдьарбыт. Аҕабыт наар үлэлээн тахсара.
Улахан убайым Валерий Ригатааҕы авиационнай училищены бүтэрбитэ. 1968 сыллаахха Черскэйгэ, полярнай авиацияҕа үлэлии барбыта. Эппитим курдук мин 8-с кылаас кэнниттэн ПТУ-га үөрэнэ киирбитим, икки сылынан токарь, слесарь идэтин ылан собуокка үлэлээбитим. Онон ПТУ-га оробуочай идэтин ылан, 17 сааспар токарнай станокка турбутум. Үлэлии-үлэлии үөрэнэн, киэһээҥи оскуоланы бүтэрбитим. Таганрог улахан промышленнай куорат этэ, холобур, комбайн собуота баара. Онтон 1968 сыллаахха Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалыы барбытым. Армия кэнниттэн собуокка үлэлии киирбитим.
Кэлин элбэх собуоттар приватизацияламмыттара, акционернай буолбуттара. Таганрогтааҕы “Красный котельщик” собуот оччотооҕуга оҥорбут теплоэлектростанцията билигин Чульмаҥҥа үлэлии турар. Кэлин ити курдук сабыллыбыт эҥин буоллахтарына, билиҥҥи балаһыанньанан хаттаан сөргүтүллэн, оборуона сакаастара киирэн эрэр буолан хаттаан тиллиэх курдуктар.
Онон собуокка үлэлээн, оробуочай идэтин баһылаабытым. Бэйэм майгыбынан ырааҕы көрө, элбэҕи билэ-көрө сатыырым, онно-манна сылдьарбын сөбүлүүрүм. Биир сыл буолан баран убайбар Халымаҕа, Черскэйгэ барбытым. Валерий онно аэропортка сибээс технигинэн үлэлиирэ.
Ол курдук 1972 сыл муус устар 12 күнүгэр, оруобуна Космонавтика күнүгэр, Черскэйгэ көтөн кэллим. Наһаа үчүгэй бөһүөлэк. Бастатан туран, биһиги хотугулуу-илиҥҥи дойдубут саамай улахан транспортнай узела – ситимэ буолар. Саамай улахан Халыма-Индигир авиа-этэрээтэ баар. Онно тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиирэ, сүүсчэ сөмөлүөттээҕэ. Черскэйтэн Чукотка Певек куората чугас, 120 килэмиэтирдээх сиргэ турар.
Олох күөстүү оргуйара. Биһиги норуот хаһаайыстыбатыгар үлэлиирбит: хотугу экспедициялары хааччыйарга, мууһу, геологияны разведкалыырга. Чукотканы тутуу уонна сайыннарыы, Билибинскэй атомнай станцияны хааччыйыы. Үлэнэн хааччыллыыга туох да проблема суоҕа. Авиатор буоларга улахан конкурс этэ. Атын да үлэлэргэ эмиэ тустаах үөрэхтээх, анал идэлээх буоларыҥ эрэйиллэрэ.
– Онно баран үлэлиир олус судургута суох эбит дии.
– Үгүс дьон баҕарбыттарын да иһин ардыгар барар кыахтара суоҕа. Онно, холобур, космонавтар эбэтэр Союз улахан салайааччыларын оҕолоро үлэлиир этилэр. Зеленомысскай муора порда баар. Аллараа Халыма элбэх олохтоох омуктар сирдэрэ этэ. Дойду хотугулуу-илиҥҥи өртүн баһылааһын улахан историята, улуу экспедициялар – ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Онон мин тута олус көхтөөх олоххо төбөбүнэн умса түспүтүм. Манна Союз атын куораттарынаааҕар өссө көхтөөх олохтоох курдуга.
– Ханна, ханнык идэҕэ үөрэммиккиний?
– Этэн аһарбытым курдук, армияттан кэлэн баран биир сыл собуокка үлэлээбитим. Үрдүк үөрэҕим суох этэ. Кэлин Гражданскай авиация академиятын, Хабаровскайга Үрдүкү партийнай оскуоланы бүтэрбитим. Маҥнай Халыма-Индигир авиа-этэрээтин комсомолун секретарынан талыллан үлэлээбитим, онтон авиа-этэрээт парткомунан талыллыбытым. Райкомол бастакы секретарынан талыллан үлэлээбитим.
– Босхоломмут дуоһунастар этэ дуо?
– Оннук. Мин өссө армияҕа сулууспалыы сылдьан компартияҕа кандидат буолбутум. Онтон “Красный котельщик” диэн собуокка рабочайдыы сырыттахпына онно үрдүгэр, сыахха, партийнай мунньахха партия чилиэнинэн ылбыттара. Собуокка 300-тэн тахса коммунист үлэлиирэ. Мин коммунистарга көхтөөх коммунист буолуом, принциптэрбин хаһан да уларытыам суоҕа диэн тылбын биэрбитим. Ону билиҥҥэ диэри дакаастыы сылдьабын – 50-тахса сыл устата эппит тылбын толорон кэллим.
– Виктор Николаевич, дьэ эн аан-бастаан Саха сиригэр – Черскэйгэ көтөн кэллиҥ. Бастакы санааҥ хайдах этэй?
– Мин саас муус устар ыйга көтөн кэлбитим. Сөмөлүөппүт өрүс мууһугар түспүтэ. Муус устарга Черскэйгэ төһө да кыһын буоллар, саас кэлэн эрэр тыына биллэрэ. Полярнай түүннэр бүппүт кэмнэрэ. Халыма өрүһүн мууһа хойут соҕус барара, бэс ыйын 5-10 күннэрин диэки устааччы. Мин бииргэ төрөөбүт убайбар кэлбитим, кини номнуо дьиэ кэргэннээҕэ. Кини өссө 1968 сыллаахха кэлбитэ. Онон мин хайдах эрэ дьиэбэр кэлбит курдук буолбутум, онон биир өртүнэн чэпчэки курдуга. Атын өртүнэн ыллахха, дойду соҕуруу уһугуттан хоту уһугар тиийэн кэллэҕим. Ол эрээри дойдубар даҕаны арааһы көрөн, үлэлээн-хамсаан сырыттаҕым. Манна буоллаҕына дойду бүттүүн өрө көтөҕүллүүлээх тыына биллэрэ. Холобур, авиа-этэрээт лётчиктара хас күн ахсын Владивостокка, Ленинградка, Мурманскайга, Архангельскайга, онтон да атын куораттарга баран кэлэллэрэ. Чинчийэр экспедициялар үлэлииллэрэ – геолого-разведка, ледовай разведка, мууска үлэлиир широтнай экспедициялар. Убайым Валера диспетчеринэн, радио-специалиһынан үлэлиирэ, экспедициялардыын барсан биир-икки ый мууска сылдьыһан сөмөлүөттэри түһэрэргэ үлэлэһэрэ. Онон олох күөстүү оргуйара. Черскэйгэ ый ахсын Союз министрдэриттэн хайалара эмэ хайаан да кэлээччи. Министр эрэ буолбатах, кини солбуйааччылара, Союз улахан таһымнаах салайааччылара кэлэр этилэр. Бу Магаданы, Чукотканы, Билибинскэй атомнай станцияны, Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын хааччыйыы – манна Халыма, Индигир, бүтүн Арктика, хоту сир барыта киирэрэ.
– Хотугу муора суолун хорук тымыра буоллаҕа?
– Оннук. Зеленомысскай муора пордугар навигация кэмигэр отуттан тахса муора суднолара кэлэллэрэ, араас таһаҕаһы аҕалаллара. Тутуу бөҕөтө барара: Билибинскэй атомнай станция, көмүс хостуур тэрилтэлэр, Чукотка – көмүс хостуур промышленность. Черскэйтэн чугас улахан нефтебаза баара, манна Магадан уобалаһыгар, Чукоткаҕа анаан ГСМ аҕалаллара. Биһиги Сахабыт сирин хотугулуу-илиҥҥи оройуоннарын барытын, Халыманы, Индигирканы, Дьааҥыны хааччыйаллара. Усуйаана Депутатскайын хааччыйарбыт. Депутатскайдааҕы хайаны байытар комбинат эмиэ Черскэй нөҥүө тутуллубута.
– Депутатскайга хорҕолдьуну хостуур этилэр дии?
– Хорҕолдьуннаах руданы хостууллара. Руданы төһө кыалларынан байыталлара уонна Красноярскайга илдьэллэрэ. Онно илдьэн баран дьэ хорҕолдьуну уһааран таһаараллара.
Сэбиэскэй кэмҥэ үөрэхтээһиҥҥэ, үөрэхтэрин бүтэрбит ыччаты үлэнэн хааччыйыыга улахан болҕомтону уураллара. Сорохтор үлэлии-үлэлии киэһээҥи оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Черскэйгэ, уопсайынан хоту Арктикаҕа үлэлиир дьоҥҥо улахан чэпчэтиилэри оҥороллоро. Үгүс атын регионнарга оннук суоҕа. Холобур, Черскэй оскуолатыгар экзамен туттаран баран ССРС ханнык баҕарар үрдүк үөрэҕин тэрилтэтигэр киириэххэ сөп этэ. Ол иһин мин 1973 сыллаахха Киевтээҕи государственнай университекка киирэр экзаменнары туттарбытым уонна кэтэхтэн философскай факультет үс курсун бүтэрбитим. Онно үөрэммитим, онтон этэн аһарбытым курдук Хабаровскай үрдүкү партийнай оскуолатыгар эмиэ кэтэхтэн үөрэммитим. Салгыы Гражданскай авиация академиятыгар направлениенан баран, очнайдык икки сыл Ленинградка үөрэммитим. Онно политүөрэхтээһин факультетын бүтэрбитим, онон идэтийбит политүлэһит буолабын.
– Үөрэхтээх, үлэһит эдэр дьону сэбиэскэй былаас дьэ төһө өйүүр этэй?
– Уопсайынан, Уһук Хотугу дойдуга олорор дьону өйүүр сокуон баара. Пенсияҕа биэс сыл эрдэ тахсыахха сөбө. 1,8 оройуоннай коэффициент баара. Ол эбэтэр хамнаскар сүүс бырыһыан эбэллэр, онтон өссө 80 бырыһыан. Оннук үрдүк хамнас. Мин урут оробуочайынан үлэлээбит буоламмын маҥнай хочуолунайга, онтон авиа-этэрээккэ слесарынан үлэлээбитим. Армияҕа сылдьарым курдук манна эмиэ общественность олоҕор актыыбынайдык кыттыбытым. Көхтөөх этим, билэ-көрө сатыырым. Ол иһин миигин биир сылынан комсомольскай партийнай тэрилтэ секретарынан талбыттара, бу этэн аһарбытым курдук босхоломмут дуоһунас этэ. Ол кэнниттэн оройуон комсомолун бастакы секретарынан талбыттара. Онон уустук оскуоланы ааспытым. Биһиги оройуоммут араас омуктар түөлбэлээн олороллорунан уратылааҕа. Хотугу сир норуоттара бааллара: юкагирдар, эбэҥкилэр, эбээннэр, чукчалар. Наһаа күүскэ сайда турар индустриальнай оройуон этэ. Муора порда, бөдөҥ автотранспортнай тэрилтэ, улахан авиа-этэрээт.
Аллараа Халыма комсомолун 1 секретарынан үлэлээн баран, 1979 сылтан Саха сирин Профсоюзтарын уобаластааҕы сэбиэтин Аллараа Халыматааҕы уполномоченнайынан үлэлээбитим. Ол кэнниттэн Колымо-Индигирскэй авиа-этэрээт парткомун секретарынан, ССКП Аллараа Халыматааҕы райкомун инструкторынан үлэлээбитим.
Бары билэргит курдук, 1985 сылтан саҕалаан уларыйыылар буолбуттара: маҥнай перестройка, онтон ССРС суох буолуута. Ельцин компартияны тохтотор ыйааҕа тахсыбыта. Ол түмүгэр партийнай тэрилтэлэр сабыллыбыттара, мин үлэтэ суох хаалбытым. Республика авиацияҕа управлениета миигин үчүгэйдик билэрэ, тоҕо диэтэххэ авиа-этэрээккэ үлэлии сылдьан араас тэрээһиннэри көхтөөхтүк ыытарым. Ол иһин 1990 сыллаахха Дьокуускайга көһөн кэлбиппитигэр миигин “Северная трасса” диэн Гражданскай авиация управлениетын хаһыатыгар корреспонденынан ылбыттара.
1995 сыллаахха компартия Саха сиринээҕи рескомун тэрийэр отделын секретара буолбутум. Онтон 1996 сылтан партия рескомун секретара, салгыы иккис секретара буолбутум. Кэлин бастакы секретарь буолан, билигин 17-с сылын үлэлии сылдьабын.
– Эн хоту дойдуну кытары быстыспат сибээстээххин. Онно наар бара сылдьааччыгын. Эн көрдөххүнэ билигин онно балаһыанньа хайдаҕый?
– Урут Аллараа Халымаҕа 15 тыһыынча киһи олороро, билигин 5 аҥаар тыһыынча киһи баар. Урут бөдөҥ авиа-этэрээккэ 1200 киһи үлэлиир буоллаҕына, билигин аэропортка 32 эрэ киһи үлэлиир. Авиа-этэрээт суох буолбута. Зеленомысскай улахан автотранспортнай базаҕа аҥаардас “Урал” массыыната 150 этэ, 330-ча киһи үлэлиирэ. Ол тэрилтэ билигин төрдүттэн суох. Зеленомысскайдааҕы муора порда 2 мөлүйүөн кэриҥэ тонна таһаҕаһы куруустуура. Аллараа Халымаҕа улахан тыа хаһаайыстыбата баара, аҥаардас табата 37 тыһыынча этэ.
– Билигин төһө буолуой?
– 7 тыһыынча кэриҥэ баар. Урут өссө улахан звероферма баара. Ону сэргэ кырсаны күүскэ бултууллара. Балыктааһыны ылан көрүөххэ – сүрдээх улахан производство. Саха сирэ барыта 15 тыһыынча тонна балыгы бултууруттан 5 тыһыынчата Аллараа Халыма балыга этэ. Аҥаардас күндүөбэйи 600 тоннаны бултууллара. Аллараа Халыма совхоһа Саха сиригэр биир саамай улахан этэ.
Бүгүн барыта уларыйан турар. Дьон аныгы дьиэлэргэ олорор. Андрюшкино бөһүөлэгэр 12-лии квартиралаах дьиэлэргэ олороллор, Колымское диэн Чукотка сэлиэнньэтигэр эмиэ оннук. Нуучча старожиллара олорор Походск, Аллайыаха Русское Устье сэлиэнньэлэрэ бааллар.
– Эн хоту үлэлиир кэмҥэр дьэ араас омук барыта баара буолуо?
– Биллэн турар, Сэбиэскэй Союз араас муннуктарыттан кэлбит омуктар үлэлииллэрэ. Санаан көр, Саха сиригэр 75 тыһыынча украинец баара: шахтёрдар, балыксыттар, суоппардар, авиатордар… Арктика үгүс экспедицияларыгар эмиэ үлэлииллэрэ. Быһата, 40-ча араас омук бары иллээхтик-эйэлээхтик үлэлииллэрэ, сахалар эмиэ, ол иһигэр олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар.
Хоту дойду олус үчүгэйдик хааччыллар этэ. Холобур Черскэйгэ фрукта – дьаабылыка, мандарин, виноград маҕаһыыҥҥа төгүрүк сылы быһа баар буолара. Аллараа Халыма оройуонугар 600 тонна хортуоппуйу тиэйэн аҕаларбыт. Билигин буоллаҕына бары 13 хотугу улуустарга итиччэ хортуоппуйу тиэйэллэр. Уонтан тахса төгүл аҕыйах, араастаһыыта сирдээх халлаан курдук. Сайдыы барар диибит да, хотугу сирбитин сайыннарыы бытаан. Дьиҥэр дойдуга стратегическай суолталаах буоллаҕа.
– Эн эдэр сааһыҥ Саха сирин хоту сиригэр ааспыт. Оччотооҕу сэбиэскэй киһи быһыытынан ол кэми хайдах билигин ахтыаҥ-саныаҥ этэй?
– Оччотооҕу атмосфера ураты этэ. Киһи сарсыарда уһуктаат да үлэлиэн эрэ баҕарар, оннук үчүгэй настырыанньалаах буолаҕын. Бүгүҥҥү күн эмиэ олус интэриэһинэй буоларыгар эрэллээххин. Ханнык баҕарар дуоһунаска үлэлиир кэммэр мин итинник санаалаах буоларым. Олох бары хайысханан тохтообокко оргуйара.
Былырыын Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтээтибит, онон уруккуну уонна билиҥҥини тэҥнии тутан көрөр кыахтаахпыт. 1913 сылы Сэбиэскэй былаас сылларын кытары тэҥнээн көрдөххө, Хоту сир экономическай кыаҕа республикаҕа 430 төгүл улааппыта! Ити төһө эмэ ыарахаттар баалларын үрдүнэн. Холобур, сэбиэскэй кэм 70 сыл устата салҕаммыта, онно Гражданскай сэрии – 1917-23 сылларга буолбута. Быйыл Гражданскай сэрии бүппүтэ 100 сылын бэлиэтиэхпит. Ити Россияҕа буолбут сэрии биһиэхэ, Саха сиригэр, түмүктэммитэ ээ. Саһыл Сыһыыга Пепеляев баандатын Строд этэрээтэ урусхаллааһынын 100 сылын бэлиэтиэхпит. Ол кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрии сыллара 1925-35 сылларга барбыта. Онтон эмиэ 15 сылынан Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэрии буолар. Аҥаардас киһи сиэртибэтэ 27 мөлүйүөн буолбута. Сүүһүнэн тыһыынча собуоттар уонна фабрикалар алдьаммыттара-кээһэммиттэрэ. Сэрии кэнниттэн эмиэ урусхалламмыты чөлүгэр түһэрии саҕаланар. 15 сылынан киһи космоска көтөр. Дойду чөлүгэр түһэриллибитэ. Бу сэбиэскэй кэм улахан ситиһиитэ этэ.
Оттон билиҥҥи балаһыанньа хайдаҕын дьон этинэн-хаанынан билэр. Холобур, 2021 сыллаахха буолбут Госдума быыбарын ылан көрүөҕүҥ. 190 тыһыынча Саха сирин олохтооҕо КПРФ программатын, компартия иһин куоластаабыта. “Единэй Россия” иккис миэстэ буолбута. Ол аата дьон бу кэлиҥҥи 30 сыл устата ыытыллан кэлбит социальнай-экономическай политиканы утаран куоластаабыттара. Туох да саҥаны айыы-тутуу суоҕа. Ол эбэтэр Сэбиэскэй Сойууһу сөргүтүөххэ диэн куоластаабыттара. Сэбиэскэй кэмҥэ биһиги республикабыт үс уордьанынан наҕараадаламмыта: Октябрьскай революция, Норуоттар доҕордоһууларын уонна Ленин уордьанынан. Бу сөҕүмэр ситиһии этэ!
Онон биһиги судаарыстыбабыт урукку кыаҕын сөргүтэр, төнүннэрэр кэм кэллэ. Ол төннүөхтээҕэ билигин биллэн эрэр. Үөрэхтээһиҥҥэ Болонскай систематтан – магистратура, балаквариат эҥин диэннэртэн арахсан, урукку сэбиэскэй үөрэхтээһиҥҥэ төннүөхтээхпит. Билигин патриотизм туһунан үгүстүк этэр-тыынар буоллулар. Оттон мин Аҕа дойду сэриитигэр учуутал кыайбыта диибин, тоҕо диэтэххэ сэбиэскэй учуутал ыччаты патриотическай тыыҥҥа ииппитэ. Сэбиэскэй Союз индустриализацияны олоххо киллэрбитэ, хас пятилетка ахсын саҥаттан саҥа куораттар тутуллаллара, экономика сайдан испитэ, сыана билиҥҥи курдук үрдээбэккэ төттөрүтүн түһэр этэ.
Авиация саамай үчүгэй этэ, олунньу 9 күнүгэр гражданскай авиация 100 сылын бэлиэтээтибит. Билигин үксүн “Боинг” сөмөлүөттэринэн көтөбүт. Онон Сэбиэскэй Союз саҕана инникини көрөр этибит. Урут ханна эрэ барар буоллаххына билиэти эрэ эрдэттэн атыылаһыаххын наада. Сынньана барарга босхо путёвка, босхо пионер-лааҕырдар, босхо олорор дьиэ, босхо медицина, онтон да атын. Билигин сүрүн соругунан буолар – дьадайыыны утары охсуһуу. Итинтэн ордук өссө тугу тэҥниэххэ сөбүй? Бу XXI үйэҕэ!
Ааспыт сылга бурдугу үүннэриигэ рекордаах үүнүүнү ыллыбыт – 190 мөлүйүөн тоннаны. Саха сирэ сирин баайынан аан дойдуга биллэр, 45 тонна көмүһү, уонунан мөлүйүөн тонна таас чоҕу, ньиэби уонна гааһы хостуубут. Дьэ ол кэнниттэн 160 тыһыынча киһи прожиточнай минимумтан кыра харчыга олорор, быһатын эттэххэ дьадаҥылар. Ситиһиилэр оннуларыгар дьадайыыны кытары охсуһуу инники күөҥҥэ таҕыста. Маннык балаһыанньа кыбыстыылаах эрэ буолбатах, бу сиэр-майгы сатарыйыыта.
– Оттон норуот ону өйдүүр дуо?
– Норуот ону өйдүүр. Билигин биһиги отой атын дойдуга олоробут. Анал байыаннай операция буола турар, куомуннаспыт арҕааҥы дойдулары кытары киирсэ сылдьабыт. Кинилэр хаһан даҕаны тохтооботохторо, Сэбиэскэй Союзка хаһан даҕаны дьолу баҕарбатахтара. Оччолорго инникини көрөр этибит, оҕолор доруобай улааталлара… Урут билиҥҥи курдук “сомоҕоһуоҕуҥ!” диэбэт этибит, көннөрү бука бары бэйэбит туспутугар, дьоммут-сэргэбит, дойдубут туһугар үлэлиирбит-хамсыырбыт. Билигин ким эрэ дьадаҥы, ким эрэ эмис-тот – дьэ уонна хантан сомоҕолоһуоххунуй? Арай отучча сыл эрэ ааспытын кэнниттэн өйдөөн эрэбит.
– Эн Саха сирин коммунистарын лидерин быһыытынан үлэҥ хайдаҕый? Туох ситиһиилэр уонна ыарахаттар баалларый?
– Бу күннэргэ Компартия хаттаан тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиибит. Бу сылларга түһүүлэр да, тахсыылар да бааллара. Биири бэлиэтиир наадалаах: “Единэй Россия” партия олохтообут либеральнай-рыночнай экономиката, “норуодунай капитализма” бэйэтин дьиҥ сирэйин көрдөрдө. Ол биллэр этэ, ону биһиги марксизм диалектикатыттан да билэбит. Биһиги суолбут капитализм буолбатах, биһиги суолбут – социализм, норуот былааһа, дьиҥнээх демократия. Бүгүн ол туһунан Россия президенэ да, атын да политиктар этэр буоллулар: ССРС эстиитэ – улахан катастрофа этэ.
Тоҕо билигин итинник өй-санаа уларыйыыта буолла? Тоҕо диэтэххэ Горбачёв уларыта тутуута, онтон Ельцин таҥнарыыта – бу сэбиэскэй экономиканы сатарытыы этэ. Ону норуот өйдөөтө. Саха сирин коммунистара дойдубут тыыннаах хаалларар туһугар эмиэ кыһаллабыт. Сталин этэн турар: төһөнөн социализм кыайар да, капитализм утарсыыта өссө күүстээх буолуо. Онон ыарахаттар мэлдьи бааллар.
1990-с, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар коммунистары сөбүлээбэт, коммунизмы таҥнарбыт дьон бааллара, биһигини кэннибиттэн силлииллэрэ. Билигин олох уларыйан, ыараан үгүстэр өйдөннүлэр. Биһигини өйөөччүлэр күн-түүн элбии тураллар. Республикаҕа “кыһыл ген” мэлдьи баар, ханна да барбатаҕа.
Биир ыараханынан сымыйаны утары киирсии буолар. Билигин туох-баар иһитиннэрэр-биллэрэр тэриллэри баһылаан олороллор, ону утары охсуһар ыарахан. Арай биһиги республикабытыгар Сэбиэскэй Союһу холуннара, сымыйа сыаннастары киллэрэ сатыыллара сатаммата. Холобур, сорох регионнарга курдук национальнай боппуруос биһиэхэ турбат. Маныаха биһиги нэһилиэнньэбит оруола улахан. Улуу Өктөөп революциятын сүүс сылын ыларбытыгар 200 тыһыынча киһи араас мунньахтарга кыттыбыта. Партия атаҕар бигэтик турда. Билигин бэйэбит иһитиннэрэр-биллэрэр тэриллээхпит: хаһыат, радио, интернет-сайт уонна да атын.
“Единэй Россия” албынныыр ресурсатын бүтэрдэ. Административнай ресурса эмиэ үлэлээбэт. Урут тыа сирэ салалта этэринэн куоластыыр буоллаҕына, билигин коммунистар иһин куоластыыр буоллулар.
– Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ.
– Кэргэним Людмила Васильевна диэн, кинилиин 47 сыл бииргэ олоробут. Халымаҕа холбоһон ыал буолбуппут, уолбут Кирилл уонна кыыспыт Ксения Черскэйгэ төрөөбүттэрэ. Оҕолорбут үрдүк үөрэхтээхтэр, оҕолордоохтор, инньэ гынан үс сиэн тапталлаах эһээтэ буолабын (күлэр).
– Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный?
– Бастатан туран, чөл олоҕу тутуһабын. Биллэн турар, эдэрбиттэн үөрэхтэнэн үлэһит буолар, дьон тэҥинэн олорор баҕа санаалааҕым. Ол эрээри Өктөөп революциятын күнүн иннинэ аҕай – сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт буолан эбитэ дуу, дьоммор-сэргэбэр, дойдубар туһаны аҕалыахпын баҕарарым. Мин дьону кытары үлэлиир буоллаҕым, ол иһин комсомолга, партияҕа үлэлиир кэммэр бэйэбэр быраабыла олохтообутум: хас күн ахсын икки-үс киһиэхэ хайаан да көмөлөһүөхтээхпин диэн. Оттон дьоҥҥо төһөнөн көмөлөһөҕүн да, соччонон ол үтүөтэ бэйэҕэр эргиллэн кэлэр.
Киһиэхэ саамай күндүтэ – доруобуйата. Мин 44 сааспар инфарктаабытым, онтон ыла табахтыырбын бырахпытым. Уопсайынан киһи куһаҕан дьаллыктартан босхолонуохтаах диибин. Онон интэриэһим киэҥ: балыктыырбын сөбүлүүбүн, спиннинмын суумкабар укта сылдьааччыбын. Хоту олорон үчүгэйдик бултуур этим, билигин сэдэхсийдэ. Онно даҕаны өлөрөөрү бултааһын диэн буолбатах, көннөрү салгынынан тыынаары, айылҕаҕа сылдьан аралдьыйаары бултуубун.
– Сахалыы сиэри-туому тутуһан бултуур инигин?
– Тутуһан бөҕө буоллаҕа (күлэр). Бултуурум таһынан спордунан сөбүлээн дьарыктанабын. Черскэйгэ спортка улахан болҕомтону уурарбыт. Волейболга, баскетболга, футболга үчүгэй хамаандалар баар этилэр, спорт маастардарын таһымыгар тиийэ. Билигин мин бассейҥҥа сылдьан харбыыбын…
– Оннук, эйигин “Чолбон” бассейҥҥа көрөөччүбүн.
– Соторутааҥҥа диэри Саха Республикатын Харбааһыҥҥа федерациятын президенэ этим, билигин бочуоттаах президенэбин.
– Виктор Николаевич, түмүккэ Саха сирин олохтоохторугар – биир дойдулаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
– Сахабыт сиригэр, бэйэм республикабар биэс уонтан тахса сылтан ордук олорорбунан олус дьоллоохпун. Саха сирэ Россия биэс гыммыт биирин ылар, баайа-дуола элбэх. Хас биирдии киһи үлэлээн, бэйэтин дьоһуннаахтык хааччынар усулуобуйата баар буолуохтаах. Судаарыстыбаны салайыыга быһаччы, быыбардар нөҥүө кыттыахтаах. Бэйэм ол туһугар олохпун анаан кэллим уонна дьоҥҥо туһалыы сылдьарбыттан үөрэбин эрэ.
Кэпсэттэ Александр ЯКОВЛЕВ-Айсан,
журналист.
Хаартыскаҕа: 1. В.Н.Губарев Халымаҕа, 2018 с. 2. Черскэйгэ үлэлии сылдьан, авиатордары кытары. Виктор Николаевич уҥаттан иккис турар. 3. Кэргэнинээн Людмила Васильевналыын.