Кутталлаах коронавирус алтыс ыйын киэҥ Арассыыйаны аймаата. Бопсо-хаайса сатаан баран, араас миэрэлэри эҥин туттуох курдуктар этэ. Аҥаардас «карантин» тылбытыгар буккуллан хааллыбыт, ким карантин диир, ким да биһиэхэ карантины биллэрэ илик дииллэр.
Коронавирус бастаан туруутугар аналиһы биэрбит кэннэ 3-4 күнүнэн дьиҥнээҕэ биллэр диэбиттэрэ, онтон сотору аналиһы миэстэтигэр оҥорон тута быһаарабыт дииллэр. Онтон кэнники уоскуйуу дуу, аны анализ 1-2-тэ ылбат буолбуттар дииллэр. Оччоҕо хантан чуолкайын быһаараллар? Обсерваториялары сабыталаан, 1-2-ни эрэ хаалларар былааннаахтар. Итини барытын хаһыат бэчээттиир, ватсап куоһулуур.
Гриппол курдук утары вакцинаны айа иликтэр быһыылаах. Ити үлүгэр Сир шарын бары дьонугар суоһар кутталлаах ыарыы сымыйа буолбатаҕа буолуо. Устунан үлэлээбэккэ олорон судаарыстыба да моонньо синньиир ини. Нэһилиэнньэ ханнык араҥата ордук ыалдьара буолуой? Кырдьаҕас, организма ордук мөлтөх дьоҥҥо ордук кутталлааҕын этэллэр.
Онтон дьону-сэргэни кытта күннэтэ үлэлиир продавецтар, хааччыйар кэлэр-барар үлэһиттэр ыалдьыбаттар дииллэр. Таксистар сыстан ыалдьыбыт сурахтара иһиллибэт.
Аны билигин дьиэнэн сыстыһан ыалдьаллар дииллэр, дьиэлээхтэр дьиэлэригэр кэлбэккэ аара ханна хоноллор?
Чэ, уопсайынан «карантин» диэн тылтан кырдьаҕастар биһиги эрэ куттанабыт. Эдэрдэр онно эрэ наадыйбаттар, миэхэ эппэтэхтэрэ дииллэр.
Поликлиникаҕа киирэр ааҥҥа сүүскэр бэстилиэт курдугу тиирээн, этиҥ температуратын кэмниир быһыылаах, хата мин ытаары гына-гына куттаммытым. Билэр да билбэт да дьоҥҥуттан ыйытахха карантин дии түһэллэр. Карантиҥҥа харчы төлөнөр буоллаҕа дуу диэммин токкоолоһо барбаппын. Арыт син толкуйдаан ылабын ээ, карантин кэнниттэн уоппускаҕа бардахпына ким үлэлиир?! Аны үлэлиир буоллахтарына тэрилтэлэригэр суохтар «удалёнка» диэн тыл үөскээбит, дьиэтигэр олорон үлэлиир үһү. Ээ, били оҕолор курдук…
Быһаас дьиэлэригэр үөрэнэн, сиэммин оскуолаҕа таспакка сынньанан турабын. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэллэрэ ордук, учууталларын 5 ыйтан ордук көрбөккө сылдьаллар. Оҕолор бэйэ-бэйэлэриттэн тэйсэн хаалыахтарын сөп.
Оччотугар карантин билигин кимиэхэ дьайарый? Сүөһүлэрин, сылгыларын көрөллөр, оҕуруотчуттар бааһынаҕа, отчуттар ходуһаҕа, маҕаһыыннар үлэлии тураллар. Дэриэбинэҕэ тутуу бөҕө барар, этээстээх дьиэлэрэ бүтэн эрэллэр, РЭС уот остоолботун бөҕөнү туруоран провод тардаллар. Үлэ күөстүү оргуйа турар.
Оччоҕо «карантин» диэн тыл куттааһын дуу, сэрэтии дуу? Арай почтальон уолбут ватсапка: «Ким карантиҥҥа ыалдьан олорор ыал кимнээҕин этиҥ!» – диэбитэ таах хаалла. Почта, сурук, бандероль таһар почтальон сэрэнэрэ сөп, ону баара барыта «чып» кистэлэҥ эбит. Дьэ, итигирдик олус кутталлаах, кистэлэҥ ыарыы диэн баар курдук.
Билигин телевизортан саҕалаан Саха сирин хаһыаттара бары «коронавируһу» суруйаллар. Онтон ватсап ситимэ да хаалсыбат. Вирус сайыҥҥы куйааска бэриммэтэ, арай -50 кыраадыс тымныыбыт вируһу өлөрүөн сөп. Ыарыыга хаптарымаҥ, бары этэҥҥэ буолуоҕун!
К.И.Еремеев-Тилин.
Кыһыл-Сыыр с.
tuymaada.ru