Мин биэс сааспыттан, ону-маны өйдөөн көрөр, быһаарар оҕо этим.
Биир кыһын биһи таспытыгар олорор Ыстапаан оҕонньордоох дьиэлэригэр саҥата суох маҕаһыын аһыллан үлэлээбитин үчүгэйдик өйдүүбүн. Кумааҕы суулаах саахар-кэмпиэт уонна кирпииччэ чэй, табах. Ону тэҥэ син атын, аһыыр аска сыһыаннаах бородуукталар бааллара. Миигин ийэм аҕабар табах, чэй, саахар уонна бэйэбэр кэмпиэт ыллара ыытара. Оҕонньортон куттана-куттана харчы ууран баран, тугу эппитин ылан кэлэрим. Ыстапаан оҕонньортон тоҕо эрэ оҕо барыта куттанара. Суоһар киһи.
– Хорум эрэ, чуруускалаар, – дии-дии торуоскатын күөрэттэҕинэ биһи, оҕо-аймах, куттанан куотан тилэхпит эрэ харааран хаалара.
Ол маҕаһыын өр үлэлээбэтэҕэ, итэҕэстэнэн сабыллыбыта. Оҕонньордооххо сибиинньэ көрөөччү Савелий диэн нуучча киһитэ олороро, арааһа ол киһи «кып» гыннаран эрдэҕэ дэһэллэрэ.
Аны оҕонньордоохпут дьиэтигэр Кириэстэн кэлэн кэнсиэр көрдөрбүттэрин өйдүүбүн. Киһи бөҕө ыга симиллэн, кыһын да буоллар, ааны сэгэттэрбиттэрэ. Биир улахан аатырбыт хомусчут (Таатта киһитэ дииллэрэ) хомуска оонньоон дьон биһирэбилин ылбыта, хаста да оонньоппуттара.
Арыы толооннор дьэ оннук кулууптанан олорорбут. Кулууп, оскуола, детсад суоҕа. Хата балыыһалаах этибит, бэртээхэй оҥоһуулаах, хас да хостоох этэ. Ол балыыһаҕа төрөөбүттэр билигин кырдьаҕас дьон буоллахтара, баар өттүлэрэ.
Биһи дэриэбинэбититтэн 5 км тэйиччи Мөҥкө диэн быыкаайык дэриэбинэ баара, олохтоохторо биһи Арыы Толооммутугар олорор дьон кыра аҥаардарын эрэ саҕа дьон олорор этэ. Кинилэргэ кулууп уонна дьиҥнээх, ыскылааттаах маҕаһыыннаах этилэр. Туох баар мунньах, быыбар, концерт барыта онно буолара. Биһи дьоммут ол маҕаһыынтан баран араас аһы, табаары атыылаһаахтыыллара. Биһиэхэ 1962 сылтан Ылдьаа оҕонньор быыкаайык дьиэтигэр маҕаһыыны аспыттара.
Кулууп суох буолан, сорох сайын киинэбитин уопсай хотоҥҥо көрөрбүт. 1950 сыллар бүтүүлэригэр Уйбаан оҕонньор балаҕаныгар ыга симсэн киинэ көрөрбүт, сирэй оһоххо. Кыһын маһын бэлэмэ кыаттарбат буолан, 1960 сыл саҥаларыттан ытык кырдьаҕаспыт Дьаакып оҕонньор кыараҕас дьиэтигэр киинэбитин көрдөрөр буолтара. Оҕонньор уолун ааҕар олороро. Киинэ буолар буолла да оҕонньорбут талах олоппоһун туппутунан, торуоскатынан тайанан тиийэн кэлэрэ, биир да киинэни көтүппэт буолара. Кулуубу 1967 сыллаахха туппуттара. Ол туһунан суруйбутум. 7-с «б» кылаастар, бары үөрэнэн бүтээт, кэлэн кулууп даҥын куппуппут, наһыылканан таһан. Ол түгэҥҥэ Сөтөй Баһылай «мэнэрийэр» диэни билбэттэр-дии, дии быара суох барбыттаах, күнү быһа күлбүтэ. Ол туһунан эмиэ суруйан турабын. Дьэ, күлэрдээх киһи этэ.
Оскуолабыт 1969 сыллаахха тутуллан үөрүүбүт үрдээбитэ. Биир күн биригэдьиирбит Андросов Миисэ (эһэ Миисэ) биһиэхэ дьаһал биэрдэ:
– Саҥа тутуллубут оскуолаҕа уборнай тутаҕыт, бүгүн тутан бүтэриэхтээххит. Сарсын Кириэскэ 200 сүөһү кыстыыр хотонугар үлэлии бараҕыт, – диэн эттэ-тыынна. Туох да малы биэрбэтилэр.
Бэрт сотору умуһаҕы хаһан бурҕаҥнаттыбыт. Хортуоппуй ууруллубут хотоно баара, ону көтүрэн аҕалан, тутан дьэндэтэн кэбистибит. Аан дойдуга да суох туалет туттубут диэн үөрсэбит. “Аһа, һаа” бөҕө буоллубут.
Ити да буоллар туалеппытыгар бэрт элбэх оҕо, учуутал сырыттаҕа. Ол уборнайбыт билигин да дьэндэйэн турар. Аһа, һаа. Ону санаатахпына күлээччибин, оннук үтүөкэн оҥоһуулаах туалет. Аа!
Дьиҥнээх детсадпыт 1977 сыллаахха аһыллыбыта. Онтон дьиҥнээх ыскылааттаах маҕаһыын, ону да Афанасий Мекюрдянов Чаккааһын дьиэтигэр салгыы тутаннар, дьэ, дьиҥнээх маҕаһыыннаммыппыт. Ити мин Халымаҕа олордохпуна аһыллыбыта.
Биһи, дьэ, итинник олорор этибит.
Оттон үөгэттэргэ ити кэмнэр быдан иннилэриттэн оскуола, интернат, кулууп, маҕаһыын, оҕо дьиэтэ барыта күүгүнэччи үлэлии турбута. Мин таайдарым Роман, Павел 1837-38 сыллаах төрүөхтэр. Кинилэр 1-4 кылаастарга Үөгэҥҥэ интэринээккэ олорон үөрэммиттэрэ. Ол саҕана Арыы Толооҥҥо оскуола эрэ, сад эрэ – суоҕа, ону билбэт дьон этибит. Эгэ интэринээт кэлиэ дуо. Үөгэттэртэн урут да, билигин да олохтоох дьонунан элбэхпит да буоллар оннук олорбуппут, тоҕо эбитэ буолла…
Аны бэйэм илэ түбэспиппин, көрбүппүн кэпсиим. 1986 сыллаахха этэ.
Биир күн ити кулун тутар бастакы күннэригэр тойонум:
– Өйүүн 200 сүөһү киирэр хотонун маһын кэрдэ бараҕын, – диэн сорудахтаата.
– Соҕотоҕун дуо?
– Үөгэнтэн барыахтара, кинилэр эмиэ хотон тутталлар, онно эн кэрдиһэҕин.
Өйүүнүгэр өйүө-тайаа ылан, сарсыарда водовоз массыына кэлбитигэр Үөгэннээтим. Үөгэнтэн икки киһи – Тобонов Вася, Бурцев Андрей буолан маспытын кэрдэ барабыт.
Онно тиийэн вагончикка тимир оһох туруоран, отуннубут. Остуол, орон оҥоһуннубут. Сарсыныгар айаҥҥа туруннубут. Тырахтарыыс Дьээгилэп Игорь вагончик дьиэбитин холбонон, барарга бэлэм буоллубут. Аны дэриэбинэ дьоно бары муһуннулар, эдэрдиин-кырдьаҕастыын, дьахтардыын-эрдиин. Биһигини атаарар эбиттэр.
Ыкынаачай Буурсап өйүө гыныҥ диэн үс куобаҕы туттарда уонна дьэ уруйдаан, алгыстаан ыыттылар. “Үчүгэйдик үлэлээҥ, кыайан-хотон кэлээриҥ!” – дэһэллэр. Ол быыһыгар субу-субу: “Миисэ, уолаттарбытын көрө-истэ сылдьаар”, – дииллэрин дьиктиргии эрэ истэбин.
Вагончикпытыгар киирэн айаннаатыбыт. Түннүгүнэн көрө олоробут, дэриэбинэ дьоно бары далбаатааһын бөҕө буоллулар. Эбэлэрин күөлүгэр тиийэ батыһан киирдилэр. Дьэ онно сөхпүтүм, бу үөгэттэр түмсүүлээх да дьон эбит диэн. Оттон мин бүтүн дэриэбинэттэн соҕотоҕун, 200 сүөһү киирэр хотонун маһын кэрдэ барабын эрэ кэлэбин эрэ, туох да суох, уу-чуумпу. Син иһиттэхтэрэ эрээри, оннук кыһаллыбат дьон буоллахпыт.
Онно түмсүүлээх, сомоҕо дьон эбит диэбит санаам өссө бигэргэммитэ. Ол 1990 сыллаах күһүнүгэр буолбута. Арендаҕа диэн 50 ньирэйи ылан төгүрүк сыл көрөн, улаатыннаран баран иккис сайыныгар Мөҥкөҕө мэччитэ ыыталаабытым. Сүөһүлэрим күһүөрү Улукуччу уҥуор өтөхтөрүнэн мэччийэр буолбуттара.
Балаҕан ыйын бүтүүтэ сүөһүлэрбин барыларын хомуйталаан, дойдуларыгар аҕалтаатым да, биир кыраны үрдүнэн тыһы итэҕэс буолла. Ол оннугар биир быыкаайык тыһаҕасчаан диэххэ сөп, миэннэрин кытта саастыы эрээри, борооннорум атыҥыраан, кэйээри дугдуруйдахтарына атын тыһаҕастарым өрөҕөлөрүн аннынан сылыпыс гынан куотан хаалар. Оннук кырачаан.
Хайаан да үөгэттэрим сүөһүлэрин көрөн кэлэргэ сананан, нөҥүө күнүгэр Үөгэннээтим. Кимнээх бостууктуулларын билэбин, бырааттыы Матаркиннарга тиийдим. Ону-маны кэпсэтэ түһэн баран, кэлбит сорукпун эттим. Биир кыра тыһы тыһаҕаһым итээн, ыйыталаһа кэллим диэн кэпсээтим. Уолаттарым биһиэхэ оруобуна, 150 төбөлөөхпүт барыта баар дииллэр.
Ол икки ардыгар эр дьон бөҕө муста түстүлэр, төһө да булт кэмэ буоллар 15-хас киһи муһунна быһыылаах. Ордук Андрей Бурцев дьорҕойор, “биһи уолаттарбыт бэйэлэрин эрэ 150 бороонноро бааллар” диэтэлиир. “Ордук тыһаҕас суох, бу киһи уолаттары балыйаары, кырдьаҕаскынан өттөйөн (эдэр этим эрээри, тоҕо эрэ инньэ диир) балыйан, уолаттар сүөһүлэрин ылан бараары гынныҥ, тохтууруҥ буолуо” диэн айдаан бөҕөтүн тоҕо тарта.
Дьоно бары киһилэрин өйөөтүлэр. Ону мин “көннөрү көрө эрэ кэллим, суох буоллаҕына хайыамый” диибин.
– Дэриэбинэттэн чугас, баран көрүөҕүҥ.
Бары тоҕо солоон, көрө бардыбыт. Ыраахтан тыһаҕаспын көрө оҕустум, 149 куоска ортотугар ыт сытарын курдук лөглөйөн көстөр.Ону “оол, сырдык дьүһүннээх мин тыһаҕаһым сытар” диибин. Андрейым айдаан бөҕөтүн тоҕо тардан кэбистэ.
– Уолаттар баар-суох биир улахан тыһаҕастарын балыйан ылар буолла, – диир, ыксаабыт көрүҥнээх.
Мин мэккиһэ барбатым, “ол сытар тыһаҕас нүөмэрэ бачча, ону баран көрүҥ”.
Дьонум баран көрдүлэр, саҥата суох бардылар.
– Оччоҕо биһиэнэ ханнаный?
– Мин тугу билиэмий, – диибин, дьээбэрэн.
– Дьэ, сор да эбит, көрдүүр буоллахпыт, – дэһэллэр.
– Миэхэ биир тыһаҕас баар, күүс өттүнэн барбыта, – диэтим.
– Оо, бэрт эбит, баран аҕалар буоллахпыт.
– Сарсын баран аҕалаарыҥ, – диэн уолаттарыгар эттилэр.
– Ээ, суох, барымаҥ, мин да өлөрөн үөгэттэр ааттарыттан туттарыам, – диэтим. Уолаттар үөрдүлэр “хата оннук буоллун” дэһистилэр.
Дьэ, үөгэттэриҥ түмсүүлээхтэрин туоһута итинник, бэйэ-бэйэлэрин өйөһө сылдьаллар.
Охчут ТАЛЫМАН.