Күндү дьонум-сэргэм, миигин өйдүүр-өйүүр норуотум!
Суут буолан бүттэ. Миигин өр сылга хаайыыга ыытарга уураахтаатылар. Дьэ, сөҕөн да төһөнү сөҕүөҥүй? Орто дойдуга Кырдьык диэн суох буолбут эбит… Мин урут бу дойдуга киһи майгыта үтүө, сымнаҕас буолуохтаах, киһиэхэ киһилии сыһыаннаах буолуохтаах диэн принциптээх этим. Дьонум иитиитэ да оннук, «Доброта спасет мир» диирим. Онтум баара, бу аныгы үйэҕэ киһи киһини сиир кэмэ кэлбит. Саамай адьырҕа, киһини ис-иһиттэн сиир харамай – киһи эбит.
Мин суут чахчы, дьиҥ кырдьыгы көрөн, толкуйдаан, дьүүллээн, буруйа суохпун итэҕэйэн босхолуохтара эбэтэр кырата дьыаланы төннүннэриэхтэрэ диэн эрэнэ санаабытым…
Ханна баарый??? Абааһы системата!!! Аны туран, биир абарарым диэн ити «эмсэҕэлээччи» өттө мин ытыырбын, ааттаһарбын-көрдөһөрбүн көрөөрү, суукка кэлбиттэр. Бу 10-15 мүнүүтэ эрэ буолар суукка. Зоопаркаҕа били кыылы-харамайы хаайбыттарын көрө кэлбит курдук. Дьокуускайтан адвокат, икки төрөппүт, суобас, киһилии сиэр-майгы сыстыбатах дьоно. Миигин добивайдыы, хайдах, туох буоларбын көрө-истэ, астына – аҥардас ол эрэ сыаллаах. Мин буруйум суоҕун бэркэ билэбин, онон олох долгуйбаппын. Дууһам, суобаһым ыраас!!! Туохтан да толлубаппын-куттаммаппын. До победного конца киирсиэм… Тапталлаах дьоммор-сэргэбэр тиийиэм диэн бүк эрэллээхпин!!! Абакката да бэрт!!! Сылтан ордук кэмҥэ төһөлөөх харах уута тоҕунна, ньиэрбэ баранна, сүрэх бааһа буолла?..
Бу албыннаабыт оҕолор, төрөппүттэр хайдах утуйа, үлэлии, үөрэ-көтө, дьон сирэйин утары көрө сылдьаллара буолуой??? Оо, ити дьон хара санаатыттан дууһам-сүрэҕим хаанынан тохтор. Төһөлөөх мин туспар дьонум-сэргэм долгуйалларын истэ сылдьабын. Ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Абата баар, бириигэбэр истэ кэлбит дьоммун суукка киллэрбэтилэр. Куттаналлар буоллаҕа. Аны туран, суут дьиэтин кэннинэн киллэрдилэр. Миигин көрө, өйүү кэлбит дьонум миигин көрбөтүлэр даҕаны. Бу закрытай суут дэнэр, барыта сымыйа, оҥоһуу, хара балыыр. Ол иһин сабыылаах оҥороллор эбит. Барытын кистээн, сымыйа суутунан киһи дьылҕатын быһааран. Судьуйа да бириигэбэр ааҕарыгар сирэйигэр өтө көстөн турар этэ долгуйара, эрэбилэ суоҕа.
Бу барыта “система”!!! Ону алдьатыахха наада!!! Манан буоллаҕына, төһөлөөх киһи буруйа суоҕар хаайылла сытара буолла? Абакката диэн баар, туох да буруйа суохпар 16 сыл хаайыллар буоллум. 16 сыл диэн эттэххэ эрэ дөбөҥ. Иккилии, үстүү киһини өлөрбүт дьону уонча сылга уураахтыыллар. Бу тугуй? Хаһан эрэ, хаһыакка аахпыппынан, бу 132-с ыстатыйанан буруйдуур, хаайар – чэпчэки, босхолонор – ыарахан. Оправдательнай приговор почти суоҕун тэҥэ. Саатар эбиитин наһаа резонанснай дьыала диэн, буруйун билиммэт диэн, атыттарга үөрэх буоллун диэн буолуо, наһаа элбэх, сиэри таһынан болдьох, срок көрдөөтүлэр да, биэрдилэр да…
Кистэл буолбатах, хаайыыга баран эргиллибэппин. УДО да, туох да көрүллүбэт, эрдэ босхолонуу диэн суох. Аны строгай буолан – күнэ күнүгэр. Урут моя милиция меня бережет буоллаҕына, билигин моя полиция меня садит буолан турар… Аныгы үйэҕэ суут-сокуон диэн суох эбит.
Эрэнэбин, аһыныгас санаалаах Сахам сирин, бүтүн Россия норуотугар, дьоммор-сэргэбэр!!! Хайдах бу хара балыыртан босхолонобун?! Онон, күндү дьонум-сэргэм, бу иэдээнтэн, ааҥнаан тиийэн кэлбит алдьархайтан быыһанарга күүс-көмө, сүбэ-ама буолуҥ диэн көрдөһөбүн!!!
Өссө төгүл этэбин, эппитим, этиэҕим даҕаны – мин туох да буруйум суох!!! Тоҕо ити икки оҕо, төрөппүт сымыйа көрдөрүүлэринэн, СК, прокуратура албын дьаһалынан, суут иэдээннээх уурааҕынан мин олоҕум быстыахтааҕый??? Мин бэйэм, дьонум, дьиэ кэргэним, нэһилиэгим үтүө аата алдьаныахтааҕый?! Хайдах буолабыт?!
Эрэли, барыгытыгар
махталы, үтүөнү-сырдыгы
кытта Николай Сивцев.