Кытай норуота аан дойдуга саамай өйдөөх норуотунан биллэр. Кини өйүн кээмэйэ (iQ) бары норуоттары ырааҕынан куоһарар. 5000 сыл устуоруйалааҕыттан 3500 сыл сурукка тиһиллибит.
Сахаларга 120 сыл анараа өттүгэр 100 киһиттэн 1 эрэ ааҕар-суруйар баара. Сурукка тиһиллибит устуоруйата онтон эрэ ордуга буолуо. Ол иһин устуоруйата барыта таайыы, быһа барыллааһын, номохторго сигэнии. Кытай, дьоппуон иероглифтара – олох биир түгэнин көрдөрөр, быһата, хаартыска курдук хартыыналар (символы).
Биһиги оҕолорбут кинигэни арыйдахтарына кырылыыр буукубаҕа анньыллалла. Оттон кытай, дьоппуон оҕолоро иероглифтары көрөөт олох лоскуйугар – сыттыын-сымардыын, бириэмэлиин, дорҕооннуун, дууһа иэйиитиниин – биирдэ киирэн хаалаллар. Этиини өссө күүһүрдээри, чопчулаары өссө бэргэн иероглифтары талаллар. Быһата, биһиэхэ тылы ырытыы (языковой разбор) курдук.
3500 сыл устата уруок ахсын тылы имитэр, өйдөрүн сайыннарар буоланнар кытайдар, дьоппуоннар оҕуруктаах өйдөөхтөр, аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалар ахсааннарыгар киирэллэр. Иероглиф киһи дьайыытыттан, хамсаныытыттан төрүттээх буолан суруллуута сонно уобараһы айан таһаарар. Тылы муҥутуур баһылаабыт, саамай бэргэн иероглибы суруйарга үөрэммит – каллиграф – худуоһунньук, бэйиэт буолар. Кытай, дьоппуон тылын бастыҥ учууталлара – бары бэйиэттэр, иероглибы баһылаабыттара муҥутуур чыпчаалга тиийэллэр.
Сэбиэскэй кэм оскуолата “эргиччи сайдыылаах сэбиэскэй киһини” иитэн таһаарарынан, бары салааҕа – физикаҕа, химияҕа, устуоруйаҕа, географияҕа,саха, нуучча, омук тылларыгар уо.д.а эргиччи тэҥ, чиҥ билиини биэрэргэ охсуһара уонна үөрэнээччилэртэн ону толорору кытаанахтык ирдиирэ. Ол иһин кылааска хаалларыы олус элбэҕэ, тыа сирин ыччата 7-8 кылааһынан муҥурданыыта, тырахтарыыһынан, ыанньыксытынан, сылгыһытынан олоҕун түмүктүүрэ маассабай этэ. Сэбиэскэй үөрэтии сүрүн итэҕэһинэн аһары бэлиитикэҕэ охтуута буолбут диэн түмүккэ кэлэбин. Салаа аайы сэбиэскэй идеологияны өрө тутуу (партийность литературы, партийность истории, партийность науки, партийность общества) үөрэтиини барыта бэлэм эппиэттэри биэриигэ кубулуппута. Үөрэнээччигэ, устудьуоҥҥа толкуйдуур даҕаны наадата суох буолбута.
Уопсастыба олоҕун араас мадьыалларын сиһилии үөрэтии, сайдыы араас суолларын ырытыы, тобула сатааһын диэн суоҕа, барыта буржуазнай олох кириитикэтинэн солбуллара. Үрдүк үөрэх кыһатыгар эмиэ итинник ньыма бүрүүкүүрэ. Нуучча литературатын учууталларын М.Г.Михайлованы, К.О.Варшавскаяны, М.Я.Мишлимовиһы, Г.Т.Андрееваны олус убаастыыбын уонна уһулуччу тутан бэлиэтиибин. Биллэн турар, социалистическай реализм эрэллээх көмүскээччилэрэ, халбаҥнаабат аҕытаатардара этилэр.
Мирра Яковлевна үөрэххэ киирэрбэр улахан оруолламмытын урут суруйбутум. Эдэр саас кынаттаах кыырайар санаата, бэйэтигэр олус эрэлэ (сороҕор олуһа да буолуо) ханна-ханна тириэрдибэтэҕэй. Дьокуускайы отой билбэт, аара хаайтарыы бөҕөнөн кэлбит уол, пуорка хонон тураат, нуучча литературатыгар ханна үөрэтэллэрий диэн ыйыта үөрэх министиэристибэтигэр тиийэн, ыйытар киһи буоллаҕым. Миниистир солбуйааччыта Уйбаан Уйбаанабыс Полосков соһуйан “эдэр киһи, хайдах маннык бэлэмэ суох кэлэҕин, эһиил кэлээр” диэн, өһөс санаабын уон төгүл күүһүрдэн кэбиспитэ. Кырабыттан кинигэ бөҕөнү аахпыт, сулууспаҕа, сылгыһыттыы сылдьан хоһоон бөҕөнү үөрэппит аата хайдах үөрэххэ киириэ суохтаахпыный диэн кыбдьырына турдахпына киһим хата уҕарыйан, нуучча тылыгар (кэтэхтэн үөрэххэ) өйүүн эксээмэннэр саҕаланар буолуохтаахтар, докумуоннары комсомол обкомугар тутан бүппүттэрэ буолуо диэн отой эрэммэттик, күдээринэ этэн кэбистэ.
Мин онно сүүрдүм. Эдэркээн оҕолор докумуоммун ыллылар, туттара баран эрэбит, хата баттастыҥ диэннэр миигин кытта тэҥҥэ үөрдүлэр. Өйтөн суруйууга көҥүл тиэмэҕэ хоһоон бөҕөнү ырытан, 6 чаас турбакка суруйан үчүгэй сыананы ылбытым. Сирэй тургутууга Мирра Яковлевнаҕа билиэтинэн бэлэмнэммэтэхпин эппитим, Пушкин, Лермонтов, Блок, Есенин көмүс устуруокаларын уһаты-туора сыыйан, эбиитин Л.Попов хоһоонноругар тэҥнэбиллэри этэн, сонуннук көһүннүм быһыылааҕа. Хотуттан сылдьар сылгыһыт уолтан элбэҕи көһүппэтэҕэ чахчы буоллаҕа. “Күнүскү үөрэххэ көс, хойут биһиги хаапыдырабытыгар үлэлии кэлээр” диэн алҕааһыннаах буолла. Уопуттаах учуутал үрдүк сыаната бэйэбэр эрэбилбин күүһүрпүтэ, утаппыт сылгылыы өрүсүһэн, чахчы турукка киирэн үөрэнэрбин хааччыйбыта. Үөрэниэм быатыгар Уйбаан Уйбаанабыска анньыллыбыппын, Мирра Яковлевнаҕа көстүбүппүн диэммин кинилэргэ махталым муҥура суох. Били, “Приходите завтра” диэн киинэ дьоруойун курдук, дьонтон атыммын, туспа көрүүлээхпин, бэйэм даҕаны өйдөөбөккө биллэрэммин кэрэхсэппиппин, диэн билигин саныыбын. Оттон үлэни быраҕан паартаҕа 5 сыл олорон үөрэнэр санаа кыыма да суоҕа, 23 саастаах, сотору ыал буолаары сылдьан оҕолору кытта оҕо буолар хайдах даҕаны төбөбөр баппат дьыала этэ.
Устуоруйа учууталларын үгүстэрэ ыарахан лиэксийэлээх буолаллара. Бары кэпсээбиттэрин, кинигэттэн аахпыппытын туох даҕаны уларытыыта, ырытыыта суох кэпсиирбитин ирдииллэрэ. Туох эрэ энчи иһилиннэҕинэ Е.Е.Алексеев бабыгырыы-бабыгырыы хаапыдыраны эттиирэ. Олус ыар, киһи өйдөөбөт лиэксийэлээҕинэн бөлөһүөпүйэ устуоруйатын учууталын Д.С.Макаровы билинэбин. Политэкономияны үөрэтэр И.Е.Томскай эмиэ киһи эрэ өйдөөбөт гына кэпсиирэ, экономиканы холобурдууругар тиийэ өйөнөн турар трибунатын кыһыл таҥаһын, маһын, тоһоҕотун, килиэйин ороскуотун этэн тахсара. Ханнык даҕаны ырытыылар, мөккүөрдэр (диспуттар) ыытыллыбаттара, устудьуоннар бэлэм түмүктэри илдьиритэн, билии оҥостон үлэлии тарҕаһаллара.
Ол түмүгэр биһиги көлүөнэ ааспыт 30 сылга төрөөбүт дойдубутугар, уопсастыбаҕа буолар хамсааһыннары, дьайыылары ырытар, түмүк оҥорор билиитэ, ньымата суох буоламмыт, дойдубутугар улахан хамсааһыннаах дьайыылары кыайан оҥорботубут. Экономикаҕа билиибит тутах буолан үөһээҥи салалтаҕа сиэрдээх ырытыынан, үрдүк көдьүүстээх сүбэлэринэн көмө буолбатыбыт.
Ханнык балаһыанньаҕа олоробут? Кытай социализм-капитализм икки ардынан (корпоративный социализм) үүтү-хайаҕаһы булан, аан дойдуну баһылыыр былаанын эрэллээхтик олоххо киллэрэр. Биһиги социализмҥа олоруохпутун баҕарабыт. Ханнык социализмҥа? Ону эмиэ ким даҕаны быһаарбат. Билигин сэбиэскэй мадьыал хайдах даҕаны барсыбат. Бары биир тэҥник үлэлээн, тэҥҥэ үллэстэн олорбуппут, ону ким даҕаны хатылыан баҕарыа суоҕа (путь в рабство). Арассыыйа бары норуоттара, биһиги да биһиги, туспа суоллаах дьоммут, көҥүлбүтүн туруорсабыт диэн түөстэрин эттэнэн туран кэллэхтэринэ дойду ыһыллыыта кэбирэхтик барыаҕа.
Саха хаһыс көлүөнэтэ дьиҥнээх өйдөөхтүк дьаһанан, норуотугар нус-нас, байылыат олоҕу аҕалыаҕай?
Иннокентий ОКОНЕШНИКОВ.
Орто Халыма.