Сталин улуу революционер, тоҕо диэтэр улуу патриот этэ. Өссө эдэр сылдьан, 28 сааһыгар 1907 с. личность уонна норуот быраабын проблематыгар бэйэтин олоххо көрүүтүн чопчу быһаарбыта. Ол көрүүтэ марксисткай уонна патриотическай этэ. Россия дьылҕатыгар уонна өйүгэр-санаатыгар толору эппиэттиирэ. Анархизм эбэтэр социализм диэн үлэтигэр Анарзихм сүрүн личность, кинини босхолооһун бүтүн массаны, коллективы босхолооһун сүрүн усулуобуйатынан буолар. Онтон Марксизмна – бүтүн массаны босхолооһун личноһы босхолооһун сүрүн усулуобуйата.
Сталин туруорбут боппуруоһа: хайата да ордук оруоллааҕый – биир киһи бырааба дуу, бүтүн үлэһит норуот бырааба дуу? – биһиги кэммитигэр ураты суолталанар. Бастатан туран, Россияҕа былаас режима личноһы коллективтан үөһэ туруорарыттан. Ону рынок сыһыанын анархията ирдиир: «Күүстээх кыайар!». Патриотизмҥа буоллаҕына ирдэбиллээх «Аҕа дойду тутулуга суох буоларыгар, уонна кини көҥүлүн, кини хас биирдии кыыһын уонна уолун көҥүлүн иһин охсуһууга норуот кыайар». Бу биирдии кинһи көҥүлэ суох обществоҕа – киһини киһи экплуатациялыыр обществотыгар суох. Сталин бу марксизм этиититтэн тэйбэтэҕэ.
Социализмы патриотизмтан араарбатаҕа. Личность быраабын кини бэйэтин норуотун көҥүлүн иһин охсуһар эбээһинэһиттэн араарбатаҕа.
Бүгүҥҥү бэйэтин тутулуга суох буолуутун сүтэрэр кутталлаах криминальнай-олигархическай Россияҕа хас биирдии, норуотун дьылҕатын туһунан толкуйдуур киһи, баҕардын да баҕарбатын, Сталин туруорбут икки принцибиттэн – «Барыта биир киһи иһин» эбэтэр «Барыта норуот иһин» – биирин талыахтаах. Ханныгын талара кини ханнык позициялааҕыттан – материальнай дуу, социалистическай дуу – уонна суобаһыттан тутулуктаах.
Сталин бириэмэтигэр – Советскай Союз фашистскай Германияны кытта сэриитэ тирээн турдаҕына – коллектив, общество интэриэһэ муҥутуур үрдүккэ тириэрдиллибитэ. Бу бириэмэҕэ Сталин революционнай быһаарыыны ылыммыта: «Именно в это время Сталин принимает решение, которое не назовешь иначе, как революционным: отказаться от курса на мировую революцию непосредственно, что считалось аксиомой в Коминтерне и большевисткой партии, и взять курс на строительсвто социализма в отдельно взятой стране – СССР. То было не только революционное, но и патриотическое решение, определившее непримиримость борьбы Сталина и партии с Троцким и троцкизмом». Бүгүн бу барыта история буолбутун кэннэ, Троцкай кыайбыта эбитэ буоллар россияны туох күүтүө этэй? – диэн боппуруоска чопчу эппиэттиэххэ сөп. Дойдуну фашизм суох гыныа этэ. Улуу Кыайыы суох буолуо этэ.
Социализм бастаан биир дойдуга кыайыыта В.И.Ленин идеята этэ. Кини Россияҕа социализм уларытыыларын суолларын быһаарбыта: индустриализация, бааһынайдары кооперациялааһын уонна культурнай революция. Ол эрээри аныгы промышленность материально-техническай баҕатын туохтан саҕалаан оҥорор индустриализацияны туох үбүнэн ыытар, бааһынайы хайдах коллективизациялыыр, культурнай революцияны, наука уонна техника сайдыытын түргэтэр, норуот хаһаайстыбата араас салайар специалистар армияларын бэлэмниир гына хайдах ыытар боппуруостарыгар эппиэттиир эппиэт суоҕа. Ол эппиэттэри түргэнник буолуохха наада этэ.
История ону ирдиирэ: дойдуну капитализм төгүрүйэн олороро, ол соҕотох социализм государствотын суох гынар туһугар сэриинэн куттуура. Ити барыта аан дойдуга экономическай, байыаннай уонна политическай сайдыы туьунан билиини ирдиирэ.
Атыннык эттэххэ, Советскай Союз куттала суох буолуутун хааччыйыыны кытта сибээстээх, кини бэйэтин интириэһин атын дойдуларга тарҕатыытын проблемалара билиини эрэйэрэ. История Сталинтан политик быһыытынан дойдутун геополитическай балаһыанньатын, дойдутун күүстээх уонна мөлтөх өттүлэрин сөпкө көрөрүн ирдиирэ.
Биһиги бүгүн индустриализацияны ыарахан промышленноһы тэрийииттэн саҕалыахха наада этэ диибит. Ол бириэмэҕэ туох ордук наадалааҕый – килиэп дуу, металл дуу – диэн боппуруос быһаарыллар кэмигэр, Сталин бүгүн көстөн турар кырдьыгы дакаастыы сатыыра. Биһиги бүгүн Сталин буолаары турар сэрии «массыына, мотуор сэриитэ» буоларын таба таайбытын сөҕө саныыбыт. Ол бириэмэҕэ массыына, самолёт, трактор тутар промышленность салаалара сайдарыгар кини эр санаата, быһаарыыта наада этэ.
Геополитика элбэх боппуруостарын быһаарыыга Сталин эмиэ революционер-новатор этэ. Геополитическай суоттааһыннара дойду күүстээх уонна мөлтөх өттүн таба таайыы наада, онто суох социалистическай стратегияны сайыннарыы, тэрийии кыаллыбат. Сталин реалист-политик быһыытынан өйдүүрэ: саҥаны киһи уруккуттан туох эрэ үчүгэйи эрэ ылар буоллаҕына ылынар.
Коллективизация трагедиятыгар төһөлөөх спекуляциялаабыттарай: Сталин нуучча дэриэбинэтин суох оҥордо, нуучча норуотун (геноцид) суох оҥордо диэн. Тоҕо оччоҕо ол норуот мөлүйүөнүнэн тракторы, комбайны, массыынаны дэриэбинэҕэ анаан оҥордо? Тоҕо ол техникаҕа мөлүйүөнүнэн кыыһы, уолу үөрэттэрдэ? Тоҕо Аҕа дойду улуу сэриитин бириэмэтигэр дэриэбинэ бөҕөтө урусхалланан турар кэмигэр биһиги армиябыт аһынан хааччыллыыта тохтообокко бара турбутай? Тоҕо партизанскай кыраайдарга алларааттан колхозтар, Советскай былааһы чөлүгэр түһэрбиттэрэй? Бу боппуруостары улуу Сталин эпохатын драматическай страницаларыгар спекуляциялааччылар тумнан ааһаллар.
Геополитика диэн – моральнай критерийдэр күннээҕи олохтооҕор быдан киэҥ уонна ыраас көрүҥнээх буолар сфелара диэн объективнай кырдьыгы тумналларын курдук. Манна сыалай дойду тыыннаах хаалар боппуруоһун быһаарарга сиэртибэтэ суох сатаммаккын. Ити боппуруоһу Советскай Союзка история туруорбута. Ону билигин, «Ост» диэн гитлеровскай былаан биллибитин кэннэ, саарбахтааһын суох.
Геополитика диэн – грсударствоны аан дойду балаһыанньатын учуоттаан салайыы искусствота. Бу искусствоны Сталин төрдүттэн баһылаабыта. Сүрүн геополитическай факторынан хайа баҕарар бириэмэҕэ дойду аптарытыата, кини аан дойдуга сабыдыала буолар.
Аан дойдуга соҕотох социалистическай государство ол аптарытыата бастатан туран бэйэтин социальнай политикатынан ылыахтааҕа. Ол политика түмүктэрэ киһини сөхтөрөллөр: үлэтэ суох буолууну, дьадайыыны, культурнай хаалыыны суох оҥоруу, чума, халера, туберкулез ыарыыларын кыайыы.
Киһи историятиыгар аан бастаан 1936 сыллаахха Советскай Союз конституцията хас биирдии гражданиныгар социальнай бырааптары мэктиэлээбитэ: үлэҕэ уонна сынньалаҥҥа, босхо үөрэххэ уонна медицинскай өҥөлөргө, олорор дьиэҕэ, кырыйдахха уонна үлэлиир кыаҕы сүтэрдэххэ социальнай өҥөлөргө быраабы. Бу барыта аан дойду бары үлэлээн иитиллээччилэрин өйдөрүгэр-санааларыгар улахан индустриализацияны күүскэ ыытарыгар күһэйбиттэрэ улахан наука дьоно, государственнай өйдөөх-санаалаах дьон Сталин мобилизационнай экономикатын стратегиятын өйдөөбүттэрэ, сөпкө сыаналаабыттара. Маннык экономиканы тэрийии ол бириэмэҕэ революционнай, дойдуну быыһыыр этэ. Биллиилээх государственнай уонна общественнай деятель, учуонай-физик, Англия суруйааччыта Ч.Сноу: «Сталин уратыта кини тугу оҥороругар буолбакка, хайдах оҥороругар». «Социализм биир туспа ылыллыбыт дойдута» формулата атын формулалардааҕар кытаанах этэ. Индустриализациялааһын темпэтин концепцията эмиэ. Күүс өттүнэн түргэнник дойдуну индустриальнай дойду оҥоруу наада этэ, ол табыллыбатаҕына дойду эстэр кыахтааҕа. Сталин маны барытын уонна да атыны оҥорон сөпкө гыммыта», – диэн суруйбута. Киниэхэ эбэн эттэххэ, күүһүнэн барытын оҥорботоҕо. Бастатан туран кини норуот өйүгэр-санаатыгар, айымньытыгар, энтузиазмыгар эрэнэрэ, ол эрэлэ кинини албыннаабатаҕа.
Советскай Союз геополитическай усулуобуйата – өстөөх эргийиитэ, индустриализация коллектививзацияны түргэтэри ирдииллэрэ. Бааһынай онно бэлэмэ суоҕа. Сталин партияны ылыннарбыта: коллективизацияны үөһэттэн ыытыахха наада диэн. Ити эмиэ социалистическай Аҕа дойдуну быыһыыр туһугар революционнай быһаарыы этэ.
Коллективизация «сыыһаларын» туһунан Шолохов 1954 сыллаахха этэн турар: «Сыыһа диэн кырдьыктанан туорааһын, оттон ким билэр этэй, ханна кырдьык баарын, хайдах сөптөөх буолуохтааҕын? Биир эрэ өйдөнөрө: дэриэбинэ дойду киэҥ территориятыгар уруккулуу кыайан олорбото. Дьыала кини кулааҕы төрөтө олороругар эрэ буолбатах, кини күүстээх, улахан хаһаайстыба кыайар буолуо суохтааҕар. Нэһилиэнньэ дэриэбинэттэн тэйиитэ өссө коллективизация инниттэн саҕаламмыта. Индустриализация сүрдээх элбэх үлэһит илиигэ наадыйара… Онон коллективизацията, индустриализацията, улахан промышленноһа суох ааспыт уоттаах сэриигэ биһиги тыыннаах хаалыа суох этибит. Биһиги ону биир да мүнүүтэ умнуо суохтаахпыт».
Ол да буолллар үөһэттэн революция алларааттан тирэхтэммитэ: общественник-бааһынай. Собственник бааһынайы кыайбыта. Бааһынайдар колхозка киирбиттэрэ, тоҕо диэтэр ол уруккаттан биллэр дьайыыны оҥорбута уонна капиталическай государстволары иккис аан дойду сэриитэ бүппүтүн кэннэ социальнай хайысхалаах экономическай политиканы ыытарга көһүйбүтэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, сүүрбэһис үйэ уһулуччулаах политига Рузвельт, АХШ президенэ буолаат, бэйэтин саҥа курсун балаһыанньатыгар ССРС социальнай политикатын уонна экономическай сайдыытын былааннааһынын опытын үөрэтиигэ олоҕурбута.
ССРС национальнай политикатын түмүктэрэ эмиэ сөхтөрөллөр: национальнай окраиналар социальнай, экономическай уонна культурнай хаалыылары суох оҥоруу.
Ол эрээри, Советскай Союз аан дойдуга авторитета үрдүүрүгэр сүрүн биричиинэнэн экономическай сайдыыта уонна байыаннай кыаҕа буолбута. Арҕаа дойдуларга хаалыылаах крестьянскай Россия сайдыытын «О русское чудо» диэн ааттаабыттара. Онтон бу дьикти төрүөтүнэн көҥүл үлэ буолбута. Сталин биримиэтигэр үлэ албан аат, чиэс, хорсун быһыы дьыалатыгар кубулуйбута. Киһи аймах историятыгар суох өйдөбүл үөскээбитэ: үлэ геройа диэн.
Капиталическай конкуренцияны социалистическай күрэхтэһии солбуйбута. Боростуой пабочайдар, колхозтар айымньылаах үлэлэрэ айымньылаах уонна айымньыта суох идэлэр икки ардыларыгар баар истиэнэни суулларбыта. Көҥүл үлэ киһитэ, шахтера, таҥас өрөр станокка, колхуос хонуутугар айар. Айар уонна билиигэ-көрүүгэ, культураҕа тардыстар. Аҥардас бастакы пятилеткаҕа 1500 промышленность улахан предприятиелара 100 куорат тутуллар.
Үлэһит маасса айымньылаах үлэтигэр тирэнэн стахановскай хамсааһыны өйдүөххэйиҥ – Россияны аграрнай дойдуттан күүстээх индустриальнай держава оҥоруу аан дойду хараҕар оҥоһуллубута. СССР аан дойду политикатын субъега буолбута, ону Арҕаа иккис аан дойду сэриитин иннинэ өйдөөбүттэрэ. Манна Сталин баһыйар оруолллаҕа өйдөнөрө. У.Черчилль маннык оценканы биэрэн турар: Киин Россияны сухалаах ылбыта уонна атомнай сэрии сэбэ сэбилэниилээх хаалларбыта. Бу 1954с. Сталин 80с этиллибитэ. Онтон 1939с. «Лайф» диэн американскай журнал Сталины «Сыл киһитинэн» ааттаабытын аҕыйах киһи билэр. Журнал: «История таптаамыан сөп, ол эрээри история кинини умнубат» диэн бэлиэтээбитэ. Сталин классовай өстөөхтөрө даҕаны кини аан дойду политикатыгар сөҕүмэр оруоллааҕын мэлдьэспэттэр.
Улуу Кыайыы кэнниттэн 1945 с. У.Черчилль биһиги дойдубут улуу буоларыгар Сталин оруолун туһунан маннык бэлиэтээн турар: «Россия дьолугар маннык ыар кэмҥэ кинини Сталин курдук гений, улуу киһи салайбыта. Кини улуу личность этэ, бэйэтин кытаанах бириэмэтигэр эппиэттиирэ. Туох да диэтэллэр. Сталин курдуктары норуот да, история да умнубат!».
М.Ф.Кугданов.
Нам, Бөтүҥ.