“Дезертир” диэн дьиҥинэн, хомуурга барарга ыҥырыы тутан баран саспыты, куотан хаалбыты ааттыыллар. Ол иһин суруйуум төбөтүгэр тылы кавычкаҕа ыллым. Дезертирствоҕа майгынныыр диэн өйдөбүлү биэрээри.
Бу ый 12 күнүгэр “Талбан” биэриигэ сэттэ киһи кэпсэтии ыытта. Сэрии проблематыгар “уопсай тылы булуохха” диэн сыаллаах. Сыала олус үчүгэй! Ол гынан баран манна элбэх “ноо” баара көстөн таҕыста.
Кэпсэтиигэ Олег Колесовтан ураты Арассыыйа үтүөлээх суруналыыһа В.Степанов, мэҥэлэр өр сыллаах дьокутааттара, көстөр дьүһүннүүн да чаҕылхай, киэн туттар киһилэрэ Ю.Баишев уонна ханнык эрэ студент, “Эдэр гвардия” холбоһук уолаттара кытыннылар. Уопсайынан, “кэпсээн баран кэлээр” диэн ыыппыт дьонноро.
Кэпсэтиилэрэ дьикти ис хоһоонноохтор, ону өйдөөн иһиттэххэ, “дьон сэриигэ бардын, биһиги манна олорон өйөбүл буолуохпут” диэн. Бэбиэскэ кэллэҕинэ эрэ сэриигэ барарга бэлэмнэр эбит. Студент уол үөрэҕин “бронь” оҥосторун кистээбэтэ. “Эдэр гвардиялар” Краснодон оҕолоруттан атын өйдөбүллээхтэр эбит, быһата Олег Кошевойга, Сергей Тюлениҥҥа атылыы соҕус, кинилэргэ майгынныыр суох курдук. Бары манна олорон саллааттарга ас-таҥас, бронежилет эҥин хомуйан ыыталлар.
Көстөр дьүһүннэрэ туйгун, оту-маһы тардан көрө сылдьар дьон. Арай дьокутаат уонна суруналыыс сааһыран эрэллэрэ биллэр курдук эрээри, кинилэр да тутталлара-хапталлара, тыллара-өстөрө эрчимнээх бөҕө. Бу үлүгэрдээх патриот дьон бэбиэскэ кэлэрин күүтэ сатаабакка, тутуспутунан арҕаа диэки анньынан кээһэллэрэ буоллар сахалар төһө эрэ аатырар этибит?! Тиийэн, кааска кэтэппэккэ да эрэ, дьокутааты инники угуннунар, куттас хохуоллар үрүө-тараа сырсыа этилэр. Ульяна Алексеевна Винокурова доброволецтары туһаныахха диэн суруйарын кытта толору сөбүлэһэр буоламмын итинник диибин. Манна “Ньыгыл” партия уонна кини солбуга “Эдэр гвардия” инникилиэхтээх этилэр да, олоруҥ бронь сырсыытыгар сылдьаллара иһиллэр.
Кэпсэтии быыһыгар Крым, Донбасс уруккута нуучча сирэ буолаллара ахтылынна. Монголлар хаһан эрэ Сибиири, Азиялары уонна Европаны олоччу сэриилээн ылбыттарын история кэрэһэлиир. Н.Лугинов суруйуутугар этэ дуу, Чингисхан ийэтэ Одьулуун саха дэнэрэ, онон барыта биһиги сирбит, ону түөрэ бу биэриигэ нууччаларга биэрэн кэбистилэр.
Бу иннинээҕи “Талбан” биэриигэ “Мы вместе” штаб салайааччыта, бэрт үөскүлэҥ, эдэр, эрчимнээх Айыллаан Винокуров устар ууну сомоҕолуур кэпсээнин истибиппит. Онно-манна көмө да бөҕөнү оҥороллор, аһы-таҥаһы ыыталлар эбит диэн буолбута. Ол олордохпутуна Биробиджантан биир саллаат сарсын арҕаа сэриигэ атааралларын, Саха сириттэн ханнык да көмөнү туппатахтарын иһитиннэрэн соһутта. Айыллаан сымыйалыы олорбокко ити этэр “семеркаҕа” көмө буола холбоһон барара буоллар күүскэ күүс эбиллиэ этэ. Штабын биир эмэ тииһэ — уоһа суох эмээхсиҥҥэ туттардын, онтуҥ ордук кыайа-хото тутуо этэ дии саныыбын. Обществоҕа туох туһалааҕа биллибэт “Обществннай палаата” диэннээхпит. Салайааччыта – Н.Бугаев диэн бэрт төрөл көрүҥнээх эдэр киһи. Бу да киһи бронь ылбакка кинилэргэ холбостор силиктэрэ ситиэ, күүстэрэ эбиллиэ этэ.
Арассыыйа үтүөлээх суруналыыһа В.Степанов хайдахтаах ыстатыйалары суруйталыырын ааҕабыт. Ордук улахан дьокутааттар, тойоттор тустарынан, “астаах, барыстаах” өттүн кыайа тутуһар диэххэ. Кини, туох да омуна суох, чиҥ бэлэмнээх сахаттан бастакы байыаннай суруналыыс буолуо этэ. Фроҥҥа тиийэн хохуоллар умаппыт, сойбута ырааппыт тааҥка күлүгэр сытан төһөлөөх репортааһы суруйуох этэй! Генерал Конашенковтан туох да итэҕэһэ суох суруйарыгар бүк эрэнэбин. Манна, эбии даҕатан эттэхпинэ, ДНР урукку оборонаҕа миниистирэ, ФСБ астаапкаҕа олорор полковнига Игорь Стрелков биир идэлээҕэ Конашенков кэпсээнин Мюнхгаузен остуоруйатыгар холуурун ааҕа-ааҕабын омуннуур быһыылаах дии саныыбын. Ол остуоруйаҕа Барон буусканан ытыллар дьаадыраҕа олорон барар этэ, оттон Конашенков боеголовкаҕа олордум диэн эппитин ааҕа да, истэ да иликпин.
Биһиги көлүөнэ аармыйаҕа үс сыл сулууспалыырбытыгар (ити кэмтэн оруобуна 60 сыл ааста) хаһаармаҕа эбии малы туттарбаттара, старшина ону тулуйбат этэ. Тоҕо диэтэххэ барыта баара, атын мал мэһэй эрэ буолара. Бэчээт сороҕор бронежилет суоҕун эҥин туһунан быктартыыр да, киин хаһыаттар, киин телевизор ханааллара аармыйабыт хааччыллыыта үчүгэйин, ас-таҥас онно дэлэйин суруйаллар, көрдөрөллөр. Оччотугар тоҕо түбүккэ түһэн ити көмө оҥоһуллара өйдөммөт. Шойгу тоҕо итини боппот? Аармыйаҕа күлүк түһэримэҥ, өстөөхтөрбүт Арассыыйа аармыйата дьадаҥытын, мөлтөҕүн билиэ суохтаахтар диэбэт бэйэтэ дуу? Ааспыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр холуур сүөргү буолуо, оччотооҕу кэм атын, маҥнай утаа биэс киһиэхэ биир бинтиэпкэ тиксэрин суруйаллара сымыйа буолбатах. Унньуктаах уһун сэриигэ итии таҥас тигэн ыыталлара дэлэлээх көмө буолуо дуо? Оттон билигин?..
Крым муостатын үлтү тэптэриини Украина байыаннай разведкатын баһылыга Буданов салайбытын киин ханаал иһитиннэрдэ. Оттон Чечняҕа сэриилэһэ сылдьан чечен кыыһын күүһүлээн баран өлөрбүт, сууттаммыт, кэлин уһугар чеченнэр өлөрбүт Будановтара баара. Ол Буданов Чечня Арассыыйаттан арахсарын сөбүлээбэккэ сэриилэстэҕэ, оттон бу Буданов Донбасс Украинаттан арахса сатыырын утарара көстөр. Аймахтыылар буолуо.
Аны “Дружба” нефтепровод быыһылаан биир айдаан күөрэйдэ. Хата премьербыт Г.Новак “манна террор суох, техническай саахал” диэн кэмигэр уоскутан абыраата. Украинаны буруйдуур тыллар этиллэн испиттэрэ, биһиги да патриоттарбыт “Талбаҥҥа” тахсан итиннэ холбоһоллоро хааллаҕа.
ХНТ генеральнай ассамблеятыгар Украина регионнарыгар ыытыллыбыт референдумнары сокуоннайа суоҕунан аахтылар, отучча судаарыстыба билиммэтэ, итини киин ханаалбыт иһитиннэрдэ. Албын Батсаап, Интернет буолбатах. Туох буруйбутугар аан дойду үрдүнэн абааһы көрүллэр, көйгө судаарыстыба буоллубут?
Иван БУРЦЕВ.