(Омуннаах кэпсээн)
Самаан сайын өҥүрүк куйаастара сатыылаан турар кэмнэригэр дойдубар Чурапчыга тиийдим. Ийэлээх аҕам мааны сандалыларыгар итии чэй иһэ олорон сонуммун кэпсиибин. Уонна биир баҕа санаабын этэбин:
– Маама, паапа, мин эһээ төрөөбүт алааһыгар тиийиэхпин баҕарабын. Таарыйа кини олорбут өтөхтөрүн кэрийиэхпин, Мэлдьэхсини көрүөхпүн баҕарабын.
Нөҥүө күн сарсыарда эрдэ тимир көлөбүтүгэр олорон, кыра өйүөлээх Мэлдьэхсилээтибит. Массыынабыт иһэ күн уотун сылааһыттан номнуо оргуйа охсубут. Аҕам кондиционер холбоото, ийэм араадьыйа долгунугар мин сөбүлүүр «Руки вверх» ансаамбыл ырыатын түбэһэ холбоото:»Ну где же ты студент игрушку новую нашел, не думал, не гадал, а девушку мою увел…» – ырыа истэ олорон дьоммун одуулуубун. Күндү дьонум, ийэлээх аҕам, хаһан эрэ кинилэр эмиэ устудьуон этилэрэ… Эдэркээн бэйэлэрэ холбоһон, билигин эбээ, эһээ аатын сүгэн хас да сиэннээхтэр. Онтон мин кэмэ кэллэҕинэ эмиэ сиэннэниэм, эбээ Сардаана диэн ааттаныам. Итинник бу сиргэ олох салҕанан баран истэҕэ буолуо.
Айаннаан иһэн аҕам ырыа ыллаата:
Оһуордаах бичик,
Унаар саас кэлэн
Сиэдэрэй мичик
Сибэкки тыллан,
Сүрэхпэр киирдэ
Сүһүөхпэр түстэ
Мутукчам сыта
Мутукча сыта…
Бу ырыаны аҕам барахсан оҕо сааспыттан, бэйэбин өйдүөхпүттэн ыла ыллыыр. Онон биир саамай таптыыр ырыам буолар. Уопсайынан ырыа диэн наһаа да кэрэ эйгэ!
Сотору кэминэн эһэм өтөҕөр алаастары нөҥүөлээн, тигинэтэн тиийэн кэллибит. Намыһах сыыр быарын кэрийэ ыллык суол омооно тыргыллыбыт. Алаас иһэ толору араас дьэрэкээн сибэккинэн симэммит. Өлгөм от өрө анньан үүммүт. Чаҕылыччы тыкпыт күн уота күөл нэлэмэн иэнигэр ыһыллан, күлүмнүү оонньуур. Мин сөтүөлүөх курдук сананан, ууга хааман киирдим. Ол эрээри туохтан эрэ дьиксинэн, тохтоотум. Арай ойуур быыһыгар туох эрэ барыҥныырын бэлиэтии көрдүм. Уоттаах харахтар миигин батыһа одуулуур курдуктар. Чугаһаан тиийэн тугун, кимин билиэхпин баҕарар баҕам улаатан, ол харахтар диэки хаамтым. Испэр эмиэ да саллабын. «Арай бөрө дуу, тыатааҕы дуу буоллун?” – диэн санаалар эмискэ төбөбөр охсуллан аастылар. Ол да буоллар, туох эрэ дьикти күүс миигин хараҥа ойуур диэки ыҥырардыы, тардар курдук.
Куттаннарбын да, инним диэки хааман истим. Ханна эрэ сылгы иҥэрсийэрэ иһилиннэ. Хойуу лабаалаах баараҕай тиит кэнниттэн маҥан атыыр сылгы тыбыырбытынан утары ойон таҕыста. Туйаҕынан кырыһы дьөлүтэ үктэтэлээн, дыраччы тэбиннэ уонна киһилии саҥаран барда:
– Сардаана! Мин эйигин күүппүтүм иккис сайыным буолла. Хата кэллиҥ дии! Бүгүн эйигин тиэрдиэхтээх сирбэр илдьэрбин көҥүллээ… – диэн баран көтөр кынаттарын тиирэн, салгыҥҥа үктэнэн миигин көхсүгэр ылан олорто. Биирдэ өйдөммүтүм алааһым үрдүнэн, тииттэртэн тэйэн үөһэ халлааҥҥа былыттар быыстарынан көтөн иһэр эбиппин. Атым киһилии саҥарбытыттан соһуйуом икки ардыгар хаһан да харахтаан көрбөтөх, остуоруйаҕа эрэ көстөр олоҥхо дойдутугар баар буола оҕустум.
– Эн манна хаал, мин төттөрү көттүм. Эйигин манна күүтэллэр. Тоторо аһаттахтарына, манньа-энньэ биэрдэхтэринэ, үс киис тириититтэн бэргэһэ кэттэххинэ, күн хомус тыаһын дьүрүһүтэ ыллаттаххына биирдэ дьиэҕэр төннүөҥ!” – диэн баран атым былыттар диэки көтөн, киһи хараҕар көстүбэт буолан сүтэн хаалла. “Ким миигин сайын ортото киис тириитэ бэргэһэлээн, манньалаан ыытыа буоллаҕай?” – диэн санаа элэҥнээн ааста. Хайыамый, билбэт алааһым ортотугар туран хааллым.
Ол турдахпына арҕаа диэкиттэн үөр сылгы туйаҕын тыаһа сири-халлааны дьигиһитэн, ньиргийэн иһилиннэ. Тыас улааттар улаатан, хаһыылаах-ыһыылаах буолла. Кутталбыттан төҥүргэс булан, ол кэннигэр саһан олордум. Арай ахсаана биллибэт элбэх аттаах, былыргы таҥастаах эр дьон алаас иһин толору ылан кэбистилэр. Мин киинэ устааччылар, артыыстар мустубуттар быһыылаах дуу дии олордохпуна:
– Хоһууттар! Олохпутун булуохха, сиспитин көннөрүөххэ! Эт дьон элэйдибит, сыа дьон сылайдыбыт. Сарсын күн тахсыыта айаммытын салгыахпыт! – биир бас-көс, инники күөҥҥэ сылдьар киппэ көрүҥнээх эр киһилэрэ дьонугар хаһыытаата. Итиэннэ ыҥыырдаах атыттан сулбу ыстанан түстэ. Күннээх куйаҕын устан тииккэ ыйаата, хахха сири булан олорунан кэбистэ. Бары аттарыттан түһэн уот оттунан бардылар. Киэһээҥи күөстэрин буһаран, тугу эрэ аһаатылар. Мин аччыктаан куртаҕым курулаан, тыаһаан киирэн барда. Хайыыр да кыаҕа суох буолан, төҥүргэспин кууспутунан кинилэри ыраахтан көрө-истэ сатыы олордум. Хата миигин ким да өйдөөн көрбөтө. Бары ох сааларын, үҥүүлэрин, таҥастарын-саптарын бэрийэллэр.
Алаас саҕатыгар турар балаҕаннарга дьон олорор эбит. Эмискэ аттыбынан оҕолоох дьахтар ааһан эрэллэрин көрөн, хаптайа биэрдим.
– Ийээ, ити хантан кэлбит дьонуй? Маннык элбэх дьону харахтаан көрө илигим!
– Саҥарба! Чуумпур! Аны кулут оҥостон илдьэ барыахтара!
– Ийээ, итиннэ ким эрэ баар!
–Ханна?
– Ол төҥүргэс кэннигэр уһун суһуохтаах кыыс олорор! Баран көр!
– Бай! Ама дуо? Хайалара бачча түҥ ойуур сиргэ кэллэҕэй? Көрүөх, – дьахтардаах уол оҕо миигин булан ыллылар.
Эмиэ да үөрдүм ээ, төһө өр итинник олоруохпунуй дии санаан. Хата миигин уруккуттан билэр киһилэринии сиэтэн, балаҕаннарыгар илдьэ бардылар. Киирбитим көмүлүөк оһох тула араас сирэй-харах бөҕө олорор эбит. Кыһыл оҕоттон саҕалаан аарыма кырдьаҕаска тиийэ. Миигин көрөн тылларыттан матан ах бардылар, харахтарын араарбакка соһуйбуттуу одуулаатылар. Биир сытыы соҕустара:
– Үгүрү-сүгүрү! Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах кыыс оҕо кэрэмэһэ буолаҕын?
– Дорооболоруҥ! Мин аатым Сардаана, мааҕын сарсыарда ийэлээх аҕабын кытта массыынанан эһэм алааһыгар кэлбитим. Онтон үрүҥ акка мэҥэстэн эһиги алааскытыгар кэлэн хааллым. Ити таһырдьа туох ааттаах элбэх аттаах киһитэ муһунна?
– Бэйэбит да куттанан, сүрэхпит айахпытынан тахсаары олоробут. Тыыппаталлар ханнык диэн Үрдүк Аар Тойонтон, Үрдүкү Айыылартан көрдөһө, үҥэ-сүктэ олоробут.
– Ээ сөп-сөп. Онтон Мэлдьэхси мантан чугас дуу?
– Ол тугуй?
– Эһээм улааппыт, олорбут дэриэбинэтэ.
– Дэриэбинэ… дьирибинэ… Дьирибинэ диэ?
– Суох, дэ-риэ-би-нэ! Мин паапам паапата онно улааппыта, олорон ааспыта. Билигин дьонум аах Чурапчыга олороллор.
– Чурапчы диэн алаас баар эбит дуу, саҥа истэбит.
– Алаас буолбатах, оройуон киинэ, саамай центрбыт, тоҕус томтордоох, дьон иккис Москуба диэн ааттыыллар!
– Куба даа? – түгэх олорор кырдьаҕас эмээхсин сыҥааҕа өһүллэн, кэпсэтиигэ дьэ кыттыста. Дьүлэй соҕус быһыылаах, барахсан.
– Эдьиий, мин эйигин “эдьиий” диирбин көҥүллүүгүн? – били төҥүргэс кэннигэр саһан олорорбун булан ылбыт оҕом чоҕулуччу көрбүт хараҕынан мин диэки көрдөспүттүү көрдө уонна тыастаахтык муннунан сыҥсырыйаат, ырбаахытын кирдээх сиэҕинэн туора сотунна. Быыһаабыт оҕобор хайдах утарыамый:
– Эдьиий да диэ ээ, мин оруобуна эн курдук племянниктаахпын, Мичил диэн ааттаах. Теннистиирин сөбүлүүр, боксаны да сэҥээрэр. Наһаа шладкай оҕо.
– Тугу-тугу туойан барда? – оҕонньор сөбүлээбэтэх саҥата иһилиннэ.
– Эдьиэй! Эн кулгааххар бу туох баарый? Уһун, үрүҥ иҥиир саптаах эҥин.
– Наушник дии, билбэккин дуо? Сотовайым заряда олорон хаалан, сатаан музыка истибэппин. Хата розеткаҕыт ханан баарый, ииттэриэм этэ, – диэтим.
Дьонум чуумпуран хааллылар.
Таһырдьаттан хаһыы иһилиннэ: “Ый эргэтигэр көстүбэт обургу кэлиэхтээх. Төһөнү-хаччаны сиэн көҕүрэтэрэ биллибэт. Олохтоохтор аскытын бэлэмнии олоруҥ! Аһы аһыыр, киһилии кэпсэтэр Айыы аймаҕа кэлэрэ баҕалаах!”. Итини истээт, чахчы киинэ уста сылдьаллар эбит диэн испэр күлэ санаатым. Уонна артыыстары чугастан көрөөрү бейсболкабын анньынаат, баттахпын санныбар ыһан таһырдьа таҕыстым. Хараҥа балаҕантан тахсыбыт киһиэхэ күн уотун сырдыга сүрдээх эбит. Хараҕым саатан, хара таастаах ачыкыбын кэттим. Кроссовкам сөллүбүт быатыттан иҥнэн, буору бурҕатан бүдүрүйэн ыллым.
Били хаһыытыы турбут эр бэрдигэр хааман тиийэн:
– Отличный грим! Кто режиссер? – диэн сытыы соҕустук туттан кэпсэтэ сатаатым.
Киһим кэннинэн чинэрис гынна, ыһыы-хаһыы бөҕө түһэрдэ!
– Буор балаҕан иччитэ, көстүбэт көлдьүн илэ бэйэтинэн энньэ-сулуу эрэйэн, тахсан кэллэ буолбаат! Тугун сүрүкэтэй, аатын да ааттаппатаҕа! Тоҥ буору тобугун хараҕар диэри тобулута үктээн, ириэнэх буору иэччэҕин иҥииригэр диэри ибилитэ тэпсэн, өлөрсөр-кыдыйсар саҥнаах эбит ээ! Тохтоо, болҕой, сэттэ кытыт биэни манньа ыл, өһүргэнимэ, сыа кулуну сэмсэ гынан илдьэ бар! – диэт, ааттаһардыы сиргэ умса түһэн сытта.
Онуоха мин хаадьылаһар дуу диэммин хардарааччы буоллум:
– Бачча бэйэлээх киһи сиргэ тэлгэнэ сыттаххын! Тур! Аһаабатаҕым аҕыс хонно, топпотоҕум тоҕус хонно, туох эмэ толунньаҥы туора быраҕан биэрэр инигин? – аччык куртаҕым тыаһаан, курулаата.
Итини истэн баран туруохтара дуо? Миигин балаҕан мааны сандалы остуолугар олортулар. Байтаһын биэ этин буһара охсон, ойуулаах-мандардаах мас иһиккэ толору хотордулар, ахса биллибэт кытыйаларга ас арааһын тартылар. Мааныламмыт киһи быһыытынан кырбас эт эмиһиттэн талан кыайарбынан ыстаан ыллаҥнаттым, кыынньыбыт кымыһы иһэн тоттум. “Нээй, биикээйик аһылыктаах эбит ээ. Ордорбута элбэҕин!” – диэн энньэйбит сыҥаахтаах оҕонньор силин быһа ыйыста олордо. Ону көрөн эмис эттэн барыларыгар үллэрэн түҥэттим. Чорбох эккэ тиксибиттэр үөрэн үлүмнэстилэр. Ытык кырдьаҕас бу дойду хара тыатын маанылаах кыылын тириититтэн тигиллибит бэргэһэни кэтэттэ. Эбиитин хол-буут эти, энньэни куду анньан биэрдэ.
– Дьэ, тукааларыам, бур-бур буруо таһаарыҥ, ыанар ынаҕы күрүөлээҥ, сэттэ оҕону төрөтүҥ, дьоллоох ыал буолуҥ! – диэн тыллаах буолла оҕонньор уонна тоҕо эрэ мин диэки көрөн турар. Соһуйан ыйыттым:
– Кимнээх ыал буоллулар?
– Баар-суох маанылаан ииппит мурун бүөтэ чороҥ соҕотох уолум Сүргэн Хоһуун, ыл бэттэх хайыс, дьылҕаҥ бэлэҕэ – кэрэ кыыс Сардаана, кэлиҥ эрэ манна. Оҕолорум барахсаттар, үс күннээх-түүннээх урууну ыстахпыт буоллун! Сыһыы аайы сыспай сиэллээҕим, хотон аайы хороҕор муостааҕым – бу барыта эһиэхэ ананар! Хамначчыт чаҕар-кулут дьону батыһыннаран биэрэбин! Тускуо! Тускуо! – диэн баран оҕонньор хараҕын симэн, тойуктаан киирэн барда.
Сүргэн Хоһуун диэн оҕонньор соҕотох мааны уола аттыбар кэлэн чиккэллэн, турунан кэбистэ. Хараҕынан оонньоһор курдук имнэнэн, ытыспын харбаан ылла. Онуоха мин дьэ өйдөөтүм – түүл буолбатах, дьиҥнээхтии бу билигин миигин ойох биэрэн эрэллэрин. Отой атын үйэ кирбиитигэр үрүҥ ат аҕалан түһэрбитин дьэ өйдөөтүм, «мээнэҕэ киһилии саҥарыа дуо, ол иһин, ат барахсан» дии санаатым.
– Доҕоттоор! Тохтооҥ эрэ! Мин кэргэннээх, оҕолордоох ыал ийэтэбин ээ! Өйүүн дьоммор Дьокуускайдыахпын наада, таксибын уже заказтаабытым! Мин манна хайдах да хаалбаппын! Уруу эҥин тэрийимэҥ! Аньыы даҕаны! – диэтим.
Дьонум ходьох гына түстүлэр, саҥаларыттан маттылар. Мин кинилэри уоскутаары уонна баччалаах кэһиини ылбыт киһи быһыытынан хайдах диэн махтаныахпын билбэккэ, джинсым сиэбигэр укта сылдьыбыт хомуспун таһааран, күөрэгэй ырыатын үтүгүннэрэн дьүрүһүтэн киирэн бардым. Уонна: “Ыраах сиртэн, туспа дойдуттан кэлэн турабын. Атын кэм кэрдииһин арыйа баттаан, ыалдьыт буолан мааныланным. Былыргы кэм улаҕаларын өҥөйөн биллэҕим, күн улууһун дьоно эбиккит! Сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн туран дойдулуурбун көҥүллээҥ!” – диирбин кытары маҥан атым сири хоруйбутунан субу баар буола түстэ. Аппын миинэн дойдубар көтүтэ турдум.
Төгүрүк алааһым барахсан ыраахтан күөҕүнэн чэлгийэн көстүбүтэ үчүгэйин! Сиргэ түһээт, атым киһилии саҥалаах буолла: “Үрдүк халлаан үллэр бүөрүгэр төрөөбүтүм, үрдүк арҕаһыгар үөскээбитим. Үтүө санааҕын хайҕаатым. Аҕыс ахтар айар айымньыгар аартыктарын аһаҕас буоллуннар!”. Инньэ диэн баран маҥан атым көмүс куорсун бөрүө оноҕоһу туттарда. Итиэннэ кынаттарын тиирэн, киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа үөһэ көтөн бара турда.
Дьонум миигин кэтэһэн чэйдээбэккэ олорор эбиттэр. “Хайа, Сардаана, хантан көмүс бөрүө оноҕостоннуҥ?” – диэн ыйыта тоһуйдулар.
Оттон миигин биир санаа үүйэ тутта – эһэм төрөөбүт алааһа тоҕо «Сэрии хоммут» диэн ааттаммыта буолла?..
САРДААНА.