
Сахабыт сирин тыата 255 мөл. га, ол эбэтэр Саха сирэ 80% барыта түҥ тыа. Россия айылҕатын биэс гыммыт биирэ Саха сиригэр баар. Ол иһин мээнэҕэ эппэттэр – Саха сирин айылҕата «лёгкие мира» диэн.
Бу кэнники сылларга Сахабыт сирин айылҕата олус күүскэ умайар буолла. Быйыл сайын саҕаланыаҕыттан айылҕа баһаара оһуоба сүрдэннэ. Баһаар үксэ “верховой”. Ол иһин түргэнник тарҕанар. Верховой баһаары ат сүүрэн иһэрин курдук түргэнник барар диэн тэҥнииллэр. Ити баһаардар хаста да нэһилиэнньэҕэ чугаһаан дьону куттаатылар, ЧС биллэрэн дьону эвакуациялыы сылдьыбыттара.
Тоҕо бу кэнники сылларга баһаар наһаа элбээтэ? Куйаар ситимигэр араас этиилэр, санаалар тарҕаналлар. Сорохтор “соруйан уоттууллар” дииллэр. Онтуларын бигэргэтэн күөл нөҥүө тыаны уоттуу сылдьар дьону видеоҕа устубуттарын ыыппыттара баара. Ону сымыйа, уоттаабатахтара, утары уот ыыта сылдьыбыттара диэн былаастар быһаарыылара эмиэ баара. Дьиҥнээҕэ хайдах эбитэ буолла. «Тыала суохха мас хамсаабат» дииллэрэ, биһиги өбүгэлэрбит.
Бу соторутааҕыта тыа быыһыгар улахан массыына шината умайа сытарын устан ыыппыттара эмиэ тарҕанна. Массыына шината бэйэтэ сытан эрэ умайбат, чаҕылҕан түстэҕинэ даҕаны. Сорох дьон сиртэн хостонор баайбытын хостоору соруйан уматыахтарын эмиэ сөп дииллэр. Олоччу умайбыт тыаны солуур быдан түргэн буоллаҕа, ол сыалай тыаны кэрдэн солуурдааҕар. Онтон былаас ойуур баһаарын биричиинэтинэн “сухой грозаны” уонна нэһилиэнньэ сэрэҕэ суоҕуттан баһаар барар диэн быһаарар.
Мин санаабар сүрүн биричиинэ айылҕа харыстабылын үлэһиттэрин ахсаанын аҕыйаппыттара буолар. Урут сэбиэскэй саҕана итинник масштабтаах улахан баһаардар буолбат этилэр. Тоҕо диэтэргит сэбиэскэй кэмнэ лесхозтарга 2-2,5 тыһыынча киһи үлэлиирэ, авибазаҕа 1,5 тыһыынча киһи, онтон парашютистар 1,2 тыһыынча кэриҥэ.
Оттон билигин тугуй? Лесхозтарга баара-суоҕа 500 киһи, авиабазаҕа 200 эрэ киһи үлэлииллэр. Ити 200 авиабаза үлэһитэ Саха сирин баһаардарын баҕарбыттарын да иһин кыайбат буоллахтара. Хата атын регионнар авиабаза үлэһиттэрин көмөҕө ыытан билиҥҥи туругунан 710 буоллулар. Холобур, урут 134 мөл. га тыа харыстанар зонаҕа киирэрэ. Харыстанар зона диэн ол аата ити 134 мөл. галаах сиргэ сайыҥҥы кэмҥэ күн аайы автопатруль көтөр, парашютистары илдьэ. Олус итии кэмнэргэ күҥҥэ үстэ да көтөллөрө. Ол көтө сылдьан ханна баһаар умайан эрэрин көрдүлэр да паршютистарын онно быраҕан тутатына умуруораллар, тарҕана илигинэ.
Оттон билигин харчы суох аатыран оннук авиапатруллар суохтар, баһаар нэһилиэнньэҕэ эрэ чугаһаатаҕына һуу-һаа буолбута буолаллар. Эбиитин биһиги тойотторбут ойуур баһаарын Москваҕа сымыйанан кыччатан отчуоттуу олорбуттарын Россия экологиятын уонна айылҕатын миниистирэ Козлов космос нөҥүө көрөн сымыйаларын арыйан турар. Баҕар эрдэттэн итинник албыннаабакка айдаан тардыбыттара буоллар, федераллартан кэмигэр син көмө оҥоһуллуо этэ эрэ диирбитигэр тиийэбит.
Ол курдук билигин Бе-200 «Альтаир» диэн сөмөлүөт-амфибия Саха сиригэр буолбакка Турция ойуурун баһаарын умуллара сылдьар. Маннык сөмөлүөт Россияҕа 6 эрэ баар. Олортон түөрдэ МЧС-тарга бэриллибит. Иккитэ заводка бэйэтигэр хаалбыттар. Бу сөмөлүөт биир баһыытыгар 12 тонна ууну 15 сөкүүндэ иһигэр баһар эбит. Дьэ көрдүгүт, маннык кыахтаах сөмөлүөт Саха сиригэр көмөҕө кэлэрэ буоллар аҕыйахта баһан баһаары умулларыа этэ.
Онтон билигин онуоха-маныаха диэри олохтоох нэһилиэнньэ дьоно былыргылыы күрдьэҕинэн верховой баһаары умуллара эрэ сатыыр буоллахпыт. Верховой баһаары күрдьэҕинэн умулларар кыаллыбатын бары билэҕит, манныкка үөһэттэн уу саба кутан эрэ кыайыахха сөп. Онон эрэнэ-күүтэ Бе-200 сөмөлүөппүтүн кэтэһэр эрэ буоллахпыт.
Хата сибэтиэй Бөтүрүөп куйааһын ардаҕа түһэн Саха сирин олохтоохторун буруоттан, баһаартан өрүһүйдэ.
Одун.