Саха түктэри идэтэ – хатыйсыы
Бэл диэтэр П.А.Ойуунускай: «Саамай сидьиҥник, дьиикэйдик миигин саха надзирателлэрэ кыыллыы кэбилээтилэр», – диэбит уонна сааһын үчүгэйин саха сайдарын иһин охсуспут, ыллаабыт-туойбут, уруйдаабыт улуу революционер киһи сахатыттан кэлэйэн, кэлэр көлүөнэҕэ бэйэтин уҥуоҕун да булларбат гына кистэтэргэ кэриэһин эппит.
Оннук бэйэбит чулуу дьоммут туһугар аһара ыарахан майгылаах, махтал-араас диэни сахалар билиммэт буолбут иэдээн дьоммут. Бэл бастакы олимпийскай чемпиоммутун, дьиҥээх саха туһугар патриот киһини анаан-минээн үлэлии кэлбит, идэтигэр түөрүйэҕэ да, практикаҕа да орто дойдуга тэҥнээҕин булбатах спорт улуу академигын Роман Михайлович Дмитриевы сахалар сэттэ сыл «сирэн» үлэтэ суох халтай хаамтарар «улуу» спорду тэрийээччилэрдээхпит.
Үөҕэр, сэниир, сиилиир дьоммут баара-суоҕа аан дойду улахан сайдыылаах судаарыстыбалара таҥараҕа тэҥниир, өллөхтөрүнэ таҥараны кытта бииргэ аһыыр, олорор дьонунан сыаналыыр олимпиецтарбыт буолаллар. Уонна олимпиецтарбытын түһэрэр, туоратар үлэнэн анаан-минээн дьарыктанар, спортка арааһа аһара «улуу» сайдыылаах тойоттордоохпут. Дьэ хайдаҕын да иһин сахалар аан дойду ааттаахтарын да билиммэт аһара улахан «сайдыылаах» спорду салайааччы дьонноохпут…
Итинтэн сэдиптээн абарбычча ааспыты, былыргыны санаан ааһарга сананным.
Билигин саллар, бэрээдэгэ суох, бардам, атаҕастабыллаах күүстээх диир, өлөрдүү куттанар дагестаннаргытын, чеченнэри мин бу орто дойдуга олорбут олохпор олус ытыктыыр, таптыыр, билинэр доҕотторум. Чеченнэр дии-дии түһэрэн, баһан, кинилэртэн өлбүт-быстыбыт буолан кэпсээтэхтэринэ дьиэбэр кимиэхэ да туһата суох буолан сыттарбын да иһим буһар. Кинилэри кытары олоҕум икки аҥаар эдэр кэрэкээн саастарым ааспыта. Дагестанецтар, чеченнэр, ингуштар, грузиннар, азербайджаннар о.д.а. ааттаах атастарым, доҕотторум этилэр. Көрүстэхпинэ билигин да ити омуктары кытта бэрт дөбөҥнүк биир тылы булабын. Өйдөһөн үөрүү-көтүү бөҕө, өрөгөйө буолабыт.
Ааспыт үйэ сэттэ уонус сылларыгар кинилэр сахалары олус күүскэ ытыктыыллара, өрө туталлара. Ханна баҕарар мааны остуолга биһигини олордоллоро, доҕордоһо сатыыллара. Аны доҕордостулар, тылларын биэрдилэр да бүтүүтэ – атаска, доҕорго кинилэр курдук бэриниилээх дьоһун дьону мин олоҕум устата өссө ханна да көрсө иликпин. Саха омугун, саха талаанын, дьоҕурун олус үрдүктүк туталлара, ытыктыыллара. Ол туһунан оччотооҕу хаһыаттарыгар биһиги бөҕөстөрбүтүн хайҕаан, билинэн өссө биһиги уолаттарбытыгар хотторбут бэйэлэрин уолаттарын хайҕаан, ырытан, үрдүктүк тутан аһаҕастык суруйаллара.
Ол олоччута бу кэлин билбитим Д.П.Коркин үлэтин таһымын үрдүгэ эбит. Бэйэлэрин ситиһиилээх бөҕөстөрүн туһунан оҕонньоттор уулуссаҕа олорон эрэ национальнай герой оҥорон домбраҕа оонньуу-оонньуу ыллыыллара. Спортивнай суруналыыстар баһаалыста сэттэ уон сыллар иннинээҕи, кэннилэринээҕи спортивнай хаһыаттары Грознайга, Махалкалаҕа сырыттаххытына библиотекаҕа сылдьан ааҕаарыҥ эрэ. Суруллубут суоруллубат диэн баар. Оччолорго Д.П.Коркин үөрэнээччилэрэ кинилэр тустууга оскуолаларыттан быдан үрдүк таһымҥа турара. Ону кинилэр бэйэлэрин ааҕааччыларыгар билинэн суруйалларыттан билиэххит.
Өссө үс олимпиецтарбытын, дагестанецтартан оһуобай үрдүк таһымҥа туралларынан П.П.Пинигини, Р.М.Дмитриевы, А.Н.Ивановы манна өссө ахта да барымыах. Өйдөнөр ини? Холобур, сахалар олимпийскай кыһыл көмүһү дагестаннартан икки чаас урут ылбыппыт. Роман Дмитриев кэнниттэн икки чаас буолан баран Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа дагестанец Загалав Абдулбеков ССРС гимнин оонньоппута. Кинилэр итини улаханнык бэлиэтээн билинэр, ытыктыыр этилэр. Онтон саха уола Николай Захаров очччолорго ССРС-ка бастакы нүөмэр, Загалав Абдулбеков бэһис нүөмэр этилэр.
Сахаачча-Николай, Иван Захаровтар, Владимир Андросов, Николай Неустроев, Вячеслав Карпов, Юрий Цыкунов, Пётр Платонов, Илларион Федосеев, Пётр Шестаков, Прокопий Шестаков, Афанасий Матвеев, Афанасий Седалищев, Дмитрий Пахомов, Алексей Пахомов, Дмитрий Үчүгээйэп, о.д.а. бөҕөстөрү олус ытыктыыллара. Мин итиннэ үөрүүнэн, киэн тутта туоһу буолабын. Сахаҕа ураты ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Арааһа, хата ол иһин мин бадаҕа кинилэр сүдү күлүктэригэр биир сэнэбил тылы истибэккэ, туоратыллыбакка олус үчүгэйдик өрө тутуллан сылдьыбыппын хата бу кэлин сааһыран иһэн арааран өйдөөтүм. Урут кинилэр бэйэлэрин ис култуураларынан, буолуохтаах буолуоҕун курдук ылынарым.
Бэйэлэрин үчүгэйдик тустар уолаттарын нэһилиэнньэҕэ олус ытыктыыллара. Туора киһи хараҕар бэл ол олус чуолкайдык биллэрэ. Көҥүл тустуу күн бүгүнүгэр диэри кинилэргэ бастакы нүөмэрдээх спорт.
Дьэ, итинник. Ол эрээри дагестанецтарга саха бөҕөстөрүттэн намыһах таһымҥа сылдьыбыт дьонунан мин тренерим Али Алиев сүүрбэччэ олимпийскай мэтээли аҕалбыта. Онтон сахалар, ону даҕаны атын киин куораттарга барбыт уолаттарбыт, түөрт олимпийскай мэтээли аҕалбыттара. Махачкалаҕа дагестанецтар биир улахан киин уулуссаларын аатын уларытан ССРС, РСФСР, Дагестанскай АССР үтүөлээх тренерэ, медицинскэй наука доктора, профессор Али Алиев аатын сүгэр. Онтон биһиэхэ тустууга отой ханан да сыһыана суох СР култуураҕа диэйэтэлэ Г.Г.Местников Нам Поярков уулуссаны Монреаллааҕы олимпийскай оонньууларга үс саха уола кыайбытын 55 сыллаах юбилейын көрсө Олимпиецтар проспекторынан уларытан ааттатаары төрдүс сылын сүүрэр-көтөр. Докумуон бөҕөтүн үлэ-хамнас оҥостон анаан-минээн хомуйда. Хата быйыл тустуу спордун ветераннара Гаврил Гаврильевич идеятын иилэ хабан ылан, туруорсууларын СР спордун министрэ Иннокентий Григорьев илиитигэр ылсан салгыы балачча күүскэ хамсатан эрэр. Дьокуускай куорат мээригэр уулуссалар ааттарын уларытары туруорсан сурук киллэрбитэ. Боппуруос 2020 сыл бастакы кварталыгар көрүллэргэ былааҥҥа киирэн, СР спордун министерствотын үлэһиттэрэ уонна спорт ветераннара улаханнык сэргэхсийэн олороллор.
Бэл Ленинград курдук бөдөҥ куораты аатын хаста эмэ төттөрү-таары уларыталлар. Баҕар сахалар маны салгыы иилэ хабан ылан, туруорсан Поярков уонна Ойуунускай аатынан уулуссалары билигин СР спордун министерствота туруорсарын курдук кэлэр кэнэҕэски ыччаппытыгар саха киһитэ сир үрдүгэр баар буолан орто дойдуга саамай үрдүк ситиһиитин чиэһигэр Олимпиецтар проспекторынан ааттатаайаллар. Спорт ветераннара П.А.Ойуунускайы П.Алексеев уулусса аатын уларытан иҥэриэхтэрин баҕараллар. Бу олус сөптөөх уонна кэлэр көлүөнэҕэ иитэр-үөрэтэр суолтатынан улахан кэскиллээх туруорсуу.
Сүүрбэччэ олимпийскай мэтээллээх дагестанецтартан биһиги уолаттарбыт тустар таһымнара быдан үрдүк этэ уонна тоҕо итиччэ үлүгэр улаханнык атан хаалан хааллыбыт? Биричиинэтэ эмиэ биллэр. Бэрт былдьаһыы. Д.П.Коркинтан ордук буола сатааһын ыарыыта ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркины ордугурҕааһын. Онтон сылтаан биллибэтинэн-көстүбэтинэн мэһэй-таһай буолуу. Ол инниттэн Д.П.Коркин оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕолорун кытта былааннаах үлэни анал программа оҥорон оччотооҕу спорду тэрийээччилэр өттүттэн үлэлэһии суох буолуута сиэбитэ. Кэлин санаатахха Д.П.Коркин оскуолатын бүтэрбит оҕолору кытта анаан-минээн оччолорго анал программа оҥорон иитэр-үөрэтэр, эрчийэр үлэ ыытыллыбыта буоллар, дагестанецтар курдук Олимпиадаҕа өссө эбии балачча, сүүрбэччэ-отучча уол чарапчыланыан сөп элбэх бөҕөстөрбүт сир халлаан икки ардыгар таах-мээнэ, анал көрүүтэ-харайыыта суох быраҕыллан, бу өйдөөтөххө таах былаҕайга былдьаммыттар.
Ылан көрүөх оччолорго ССРС чемпионнара Пётр Платонов, Владимир Андросов, Сахаачча-Николай Захаров, Юрий Цыкунов, Афанасий Седалищев, Дмитрий Үчүгээйэп, о.д.а солуута суох быстах былаҕайга былдьаммыттара. Сөптөөх көрүү-истии, иитэр-үөрэтэр үлэ суоҕунан аан дойду бастакы чемпиона Илларион Федосеев, ССРС чемпионнара Афанасий Матвеев, Семён Макаров, Семён Морфунов, Вячеслав Карпов, Николай Коркин онтон да атын уонунан, сүүрбэнэн чахчы үрдүк таһымнаах улуу бөҕөстөрбүт билигин кэлэн санаатахха анал үлэ-хамнас ыытыллыбакка, оччолорго оскуоланы саҥа бүтэрбит, олоххо ханнык да уоппута суох оҕолор таах уулуссаҕа быраҕыллан, спортан устунан хаалан хаалбыттар. Оскуолаҕа үлэлиии сылдьар Д.П.Коркин бэйэтэ үлэлиир оскуолатыттан ордон хас буолуой? Кинини итиннэ баалыырга, үтүө аатыгар күлүк түһэрии төрүт наадата суох. Ити оччоттон-баччаҕа диэри сүүһүнэн ахсааннаах САССР спорду тэрийээччилэрин үлэлиир өлүүлэрэ. Ол күн бүгүнүгэр диэри үгэскэ кубулуйан, ити үгэс соһулла сылдьар.
Бу кэлин бэрт уһуннук спортка министринэн үлэлээбит М.Д.Гуляевы уонна кини тэриммит эргимтэтин да ылан көрүөх. Төһө эмэ Д.П.Коркин биир дойдулааҕа. Кинилэр сүрүн сыаллара тойон буолбуттарынан туһанан Олимпийскай хартияны куруубайдык кэһэн, олимпиецтары кытары бэрт былдьаһыы, олимпиецтары туоратыы, Олимпиецтары былааннаахтык хоруотааһыны, холуннарыыны дьон ортотугар тэрийии эбит. Ону хата бу кэлин балачча спортсменнары кытта чугастык алтыһан, элбэх киһини кытта кэпсэтэн чуолкайын биллим. Аны ону нэһилиэнньэбит “быдло” өттө ылынар, итэҕэйэр. Кими үөхтэрэллэр да, халба курдук хатылааччы буолаллар.
Михаил Дмитриевич, эн тус бэйэҥ спортка тугу да ситиспэтэххэр олимпиецтар, улуу ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин туох буруйдаахтарый? Ол эн спортка тугу да ситиспэтэҕиҥ тус бэйэҥ мөлтөҕүҥ. Ити куһаҕан дьаллыккын булгуччу тохтот уонна дьиҥнээх спорт патриотабын диир буоллаххына аҥаардас Д.П.Коркин үлэтин маннык угунньа курдук үлтү тэпсибит аньыыгар да спортивнай үлэттэн булгуччу тохтоотоххуна сатаныыһы. Хаарыаннаах саха киһитэ саамай сүгүрүйэр, таптыыр, тустуу спордун тэрийэр үгэстэрин, талааннаах тренердэри Д.П.Коркин оскуолатын оҥостон туран өтөрүнэн тиллибэт гына үлтүрүттүҥ. Бу үлүгэрдээх аньыыҥ-хараҥ иннигэр эппиэтинэһи ылыннаххына сатанар. Эн олимпиецтары утарар, тэрийэр үгэстэрин ылыммат буоллаххына Олимпийскай хартияны утараҕын, Олимпиаданы билиммэккин. Оччотугар ханнык да спортивнай үлэһит курдук санамматыҥ да ордук буолар. Күн бүгүнүгэр диэри маннык сахалар бастыҥ дьоммутун, бэл таҥараҕа тэҥнээх олимпиецтарбытын бастарын быһан, онон ас аһыы олоробут. Эн тус сыалыҥ соругуҥ орто дойду чулууларынан ааттаммыт олимпиецтар ситиһиилэрин ыйар, этэр, этиилэрин үҥэр таҥара оҥостон үлэлээбитиҥ буоллар спортивнай-тэрийэр үлэҕэр балачча бөдөҥ ситиһиилээх буолуоҥ хааллаҕа.
Саха олус талааннаах омук буолара дакаастаммыта. Ону сатаан таба туһамматыҥ. Муҥ саатар сүүрбэччэ сыллааҕыта эппит улуу Пехлеван – Александр Иванов күн бүгүгэр диэри этэр этиилэрин болҕойон истибитиҥ буоллар, билигин отой атын, эн ат арҕаһыгар олорор буолуоҥ этэ. Өссө киһи уһуктааҕа Михаил Ильич Эверстов баар буолан, кини сүүрэн-көтөн, кыһаллан күтүөтүн Виктор Лебедеви аан дойду эйгэтигэр таһааран, арай ол күлүгэр сылдьан баран соҕотохто тыына тахсыбыт хабахтыы «хоос» гынан хапсыйан бөххө быраҕыллан хааллыҥ. Билигин эйигин аһыммыт иннигэр хайыаҥый? Оҥорбут аньыыҥ-хараҥ алдьархай иэдээнэ ону-маны ырытар, борутар киһи көрүүтүгэр аһара бөдөҥө бэрт. Эбэтэр: «Чурапчы чулуута Д.П.Коркин тустууну орто аан ийэ дойду чулууларыгар таһаарбыта, ону иккис Чурапчы «чулуута» кэлэн оҥостон туран ыста, үлтү сыста», – диэн сипсиһэр дьоҥҥо, киһи эйигин аһыннар да, сөбүлэһэргэ эрэ тиийэр.
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП.
“Туймаада” хаһыат 496-с №-рэ, 13.02.2020 с.
Улаҕалаах хатыйсыы
ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин бириэмийэтин лауреата Егор Пудов уонна билэр-билбэт бүрүө бэлиэтииринэн ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин бириэмийэтин лауреата А.Е.Алексеев суруктарыгар харда.
ССРС кэмигэр тойоҥҥо бэрт буолуу, кини эргимтэтигэр хайҕал, уордьан мэтээл, дуоһунас туһуттан илин-кэлин түһүү, дьонтон ордо сатаан тойоҥҥо эккэлээһин олус да күүскэ сайдыбыт. Ол да иһин эбэлэрбит, эһэлэрбит кыа хаанынан суунан туппут тутулларын ССРС дьаһалын сытытан, ыһан көҥүл ырыынакка киирэн судаарыстыбабытын отой да төрдүттэн ыһан, адьас атын олигархическай ырыынагы тэрийэн баран чааһынай бас билиилэригэр Арассыыйаны приватизациялаан үллэстэн, атыылаан начаас бу отучча сыл иһигэр олоччу урусхаллаан кэбистилэр. Ол туһунан араас бэчээттэргэ, социальнай ситимнэргэ, интернеккэ иһитиннэриилэр хойуутук тахсаллар.
Син биир оннук кинилэр эрэ аҕай, кинилэртэн ордук бу орто дойдуга киһи суоҕун курдук туттан-хаптан куомуннаспыт оччотооҕу ардай аһыылаахтар тууга киирбит ылбайдыы түмсэн мин ыстатыйабыттан өһүргэммитэ буолан, барыны бары быһаарар тойон киһилэрин М.Д.Гуляевы көмүскээн олус да күүскэ чахчы киһи эрэ аһыныах ытаабыттар-соҥообуттар. Бирээмэ: «Тыый бу туох алдьархайа буолла!” – диэх курдук.
Биһиэхэ Саха да сиригэр оннук араас ньыманан оһуобай «улуулар», «чулуулар» диэн аатырбыт дьон дьэ бааллар ахан. Син биир Арассыыйаҕа олордохпут дии.
Саха сирин спордугар ССРС, РСФСР, САССР үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркины үрдүк категориялаах хамнаһын, аатын-суолун сарбыйарга куомуннаспыт хамаанда дьонун илии баттааһыннара бу ыстатыйа бүтүүтүгэр эппитим курдук тууга киирбит ылбайдыы дьэргэспиттэр дуу диэхпин баҕарталаан киирэн бардым.
Афанасий Егорович Алексеев, иһит эрэ, өйдүүр инигин били эн үлэлиир кэмҥэр итинник улуу тренер Д.П.Коркин орто дойдуттан бараары уһугулаан сыттаҕына Улуу Москуба куоракка үрдүк көтүгүөрүйэлээх тренер аатын сотторор, хамнаһын сарбыйар туһунан сурук суруллан тииийбитин? Хата өйүн өйдөөх Москубалар ону сүөлүргээн, сөҕөн төттөрү быраҕан ыыппыттарын бу суруктан сэдиптээн хата өйдөөн кэллим.
Бүгүн балачча хатыйсыылаах, улаҕалаах суругу эмиэ ким тэрийдэ, бэчээккэ бэлэмнээн суруйтарда? Арааһа бука бу хампаанньаҕа илии баттаабыт дьонтон саамай мындырдара, муннугар сыттаахтара эн, Афанасий Егороович, чуолкай билэн эрдэҕиҥ. Маны ордук кимнээх сүүрэн-көтөн, кыһаллан-мүһэллэн, тиритэн-хорутан туох айылаах кэскиллээх сыаллаах- соруктаах суруйбуттара буолла? Өссө төгүл дьиктиргээн сымнаҕас, мааны дьыбаан киэргэлэ буолбут иллэҥ оҕонньор бэйэм бэйэбиттэн ыйыттым.
Арай Д.П.Коркин үлэтэ-хамнаһа тахсарыгар көмүс көлөһүнүн чахчы тохпут, билигин эмиэ кырдьан кыайан квартиратыттан да тахсыбат буолбут С.И.Алексеев манна кэлэн тоҕо кыттыспытын, өссө бу сурукка илии баттаспытын мин отой сатаан өйдөөбөтүм. Ити аата чахчы анаан-минээн сүүрэр-көтөр, улаханнык кыһаллар туох эрэ бэрт дьикти интэриэстээх киһи баара бу сурукка көстөр.
Өссө оччолорго көҥүл тустууга эрэ буолбакка, спорт атын да көрүҥнэригэр дорҕоонноох үрдүк ситиһиилэр бааллара. Ол улахан ситиһиилэрдээх үтүөкэн кэмҥэ үлэлээбит Аркадий Михайлович Алексеев манна кэлэн: «Мин үлэм ситиһиилэрэ Михаил Дмитриевич үлэтин ситиһиилэригэр тиийбэт», – диэн, бэйэтин түһэринэ-түһэринэ тоҕо эмиэ бу сурукка илии баттаста? Бу эмиэ туох эрэ аһара дьикти, дьээбэ сыаллаах-соруктаах түгэн.
Арааһа, ити аата баара буоллар бу өрүөллэр Д.П.Коркиҥҥа бэйэтигэр: «М.Д.Гуляев тустуу сайдарыгар миигиттэн быдан ордук муҥутуур үрдүк ситиһиилэри ситистэ, олус үчүгэйдик үлэлээтэ», – диэн арааһа бу ытык киһибитигэр сурук суруйан бэлэмнээн илии баттатыа эбиттэрэ дуу? Бэл диэтэр анал сурук суруйан Д.П.Коркин илэ бэйэтин үөрэнээччитэ Егор Пудов кытта М.Д.Гуляевы көмүскээн эҥин араас үлэлээбит үлэлэрин, наҕараадаларын эридьиэстээн мэҥэ халлаанынан бу барахсан арбаан муҥнаммыт. Хата ону Д.П.Коркин суох буолан, бадаҕа бу солуута суох сүпсүлгэнтэн быыһаннаҕа. Ытык киһини Семён Ивановиһы илии баттатан, үрдүк үтүө аатын пугало оҥостон кырдьан түҥ-таҥ баран эрэр киһини да аһымматахтар. “Дьэ чахчы үчүгэйдик тус бэйэтин үлэлээбит үлэтин утары илии баттатан, ыраастык үктэппиттэр”, – диэн бакаа ол-бу чуолкай сурах-садьык хантан эмэ иһиллиэр, биллиэр диэри бэлиэтээн эриэххэ.
Көҥүл тустууга Саха сирин бастакы чемпиона С.И.Алексеев республикабыт спордун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр көҥүл тустуу олус күүскэ сайдыбыта. Ону оччотооҕу көлүөнэ дьон билигин да олус бэркэ өйдүүр. Спортка адьас ханнык да үөнэ-көйүүрэ суох дьиҥнээх патриот дьон ис-истэриттэн харахтара уоттанан, өрө көтөҕүллэн туран оччолорго бэриниилээхтик үлэлииллэрэ. Аҥаардас кинилэри кытары кэпсэтэр, сэлэһэр да өрө күүрүүлээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, дууһаҕар бэйэтэ улахан бырааһынньык курдук буолара. Ол да иһин оччотооҕу саха эдэр ыччата көҥүл тустууга олус күүскэ, киэн тутта тардыһара. Быһаччыта тустан көрбөтөх уол оҕо, эдэр дьон суоҕа.
ССРС сборнай хамаандатын үс гыммыт биирин Монреаллааҕы Олимпиадаҕа мэтээлинэн хааччыйар Д.П.Коркин ииппит уолаттарыгар тиийэ оччотооҕу чахчы энтизуаст спортивнай үлэһиттэр үлэлэрэ-хамнастара дьэ чахчы табыллан туран тахсан тахсыбыта. Онно республикаҕа салайааччы, тэрийээччи быһыытынан С.И.Алексеев көлөһүнэ эмиэ баар. ССРС диэн оччолорго уон биэс союзнай республика уонна Москва, Ленинград, РСФСР – барыта уон аҕыс олус күүстээх хамаанда кыттара. Бэл диэтэр ол модун ССРС билигин суох, сураҕа кураанах кумааҕыга эрэ хаалбыт дииллэр.
Бу ыстатыйаҕа илии баттаабыт, үйэлэрин тухары мэтээл, уордьан, дуоһунас туһугар суудайбыт өрүөллэр курдук бөтөстөр ити үөһэ эппитим курдук Арассыыйаны дуоллар туһуттан үллэстэн, түҥэтэн, ыһан-тоҕон атыылаан кэбистилэр. Билигин олигархическай ырыынагы тэрийэн баран айыыларын-хараларын саптынаары, суукка-сокуоҥҥа хабыллымаары бүтэһик мөхсүүлэринэн ити олигархтар өрө мөхсөллөр.
Мин бу суругу ааҕаары олорон бу авторскай бөлөх М.Д.Гуляев спорт араас көрүҥнэригэр төһө эрэ улахан ситиһиилэрин – Европаҕа, Аан дойдуга, Олимпиадаҕа кыайыыларын эридьиэстээн түөстэрин тоҥсуналлар дии санаабытым. Ааҕыҥ «Сиэрэ суох холуннарыы» диэн 501-с нүөмэрдээх кулун тутар 19 күнүнээҕи «Туймаада» хаһыаты. Мин “көҥүл тустууну олус ситиһиилээхтик ыста, Д.П.Коркин оскуолатын иитэр-үөрэтэр методикатын сиргэ-буорга тэпсэн көҥүл тустууга урукку курдук планета бастыҥа аатырар дорҕооннох улахан ситиһиилэр суох буоллулар” диэн кириитикэлээбит М.Д.Гуляевпын көмүскээн муҥнаммыттар.
Дьэ төһө эрэ күүркэтэн өрө туталлар, М.Д.Гуляев үлэлиир кэмигэр Европаны, Аан дойдуну, Олимпиадалары кыайыыларын уруйдууллар дии санаабытым. Пахай, баара-суоҕа оҥоойук түгэҕэр отоннообут курдук абына-табына, баара-суоҕа Арассыыйаҕа ситиһиилэрин эрэ ахтыбыттар. Арааһа уонна дуобатчыттар Аан дойдуга, Европаҕа ситиһиилэринэн үрдүнэн саба быраҕан «улуу киһилэрин М.Д.Гуляевтарын» кураанах кыһыл тылларынан бу барахсаттар уруйдаабыттар-айхаллаабыттар. Мас тардыһыытын, хапсаҕайы кытта ахтыбыттар. Ол эрээри бу көрүҥнэр: дуобат, хапсаҕай уонна мас тардыһыы Аан дойду спордугар олимпийскай оонньуу программатыгар киирэ иликтэр. Оо, бу өйдөөн көрдөххө кырдьык да спорт көрдөрүүлэрэ, республикабыт ситиһиилэрэ биһиэхэ, уруккуга тэҥнээтэххэ, М.Д.Гуляев үлэлиир кэмигэр намтаабыт, түспүт да эбит!
ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин үлэлиир кэмигэр, кини үлэлиир оскуолатыгар биир кылааска биэс-алта ССРС чемпионнара, Аан дойду чемпиона, призёра үөрэнэллэрэ. Оччолорго кинилэргэ РСФСР, билиҥҥинэн Арассыыйа чемпионатын кыайыы диэн билиҥҥи курдук уруйдаммат, оннук улахан ситиһии курдук оһуобай ахсааҥҥа киирбэт да этэ. Хайдах эрэ балык суоҕар баҕа да балык диэбит курдук РСФСР хамаандата ССРС-ка арыт уон ахсыс хамаанданан сылдьара.
Өссө дьиктитэ Д.П.Коркин уолаттара ССРС чемпиона буолан кэлэн баран, быыкаайык Чурапчы интернат-оскуолатыгар бэһис миэстэ буоллахтарына үөрэн үөһээ тыыналлара. Көрүҥ, көҥүл тустуу Саха сиригэр оннук күүскэ, олус үрдүк таһымҥа тиийэ сайдыбыта. Соҕотох биир кыра интернат-оскуола чемпионата оччотооҕу модун күүстээх араас улахан омуктар бөҕөстөрүн түмэр ССРС чемпионатынааҕар хас эмэ бүк күүстээх бөҕөстөрү түмэрэ.
Ону ол кэмҥэ Чурапчыга Д.П.Коркиҥҥа үөрэммит улахан тустуук Егор Пудов эмиэ итинник түгэннэри бэрт үчүгэйдик өйдүүр, билэр буолуохтаах. Эбэтэр биһиги киһибит цирка хахайын курдук нүөмэрин толороот, сэмсэ сакалаатын ирдиирин курдук уочараттаах мэтээл иилинэр баҕатыгар учууталын, тренерин ити үлүгэрдээх үрдүк ситиһиитин түһэрэн, онон ас аһыы сылдьар киһи баҕар кырдьык умнубута эбитэ дуу? Билигин оннук үрдүк таһымнаах, бүтүн планета бастыҥа буолар ситиһиилэр бу онно-манна үрдүк дуоһунастарга үлэлээбит дуоһунастарын эридьиэстээн үҥэр-сүктэр, таҥара оҥостон арбыыр М.Д.Гуляевкыт ситиһиилэригэр бааллар дуо? М.Д.Гуляев үлэлиир кэмигэр Олимпиада, Аан дойду, Европа чемпионнара, призердара бааллара дуо? Дьон норуот билигин ону интэриэһиргиир. М.Д.Гуляев ханна үлэлээбитэ, кини наҕараадата кими да интэриэһиргэппэт. Олимпийскай спортка киирбэт дуобат дуу, мас тардыһыытын дуу, хапсаҕай дуу туһунан кэпсэтии манна эмиэ барбат.
Мин көҥүл тустуу урукку дорҕоонноох ситиһиилэрин суохтаан, ахтан улуу Д.П.Коркины уонна кини иитиллээччилэрин уруйдаан, кини оскуолатын бүтүн планетаҕа бастыҥ иитэр-үөрэтэр методикатын сөргүтэри туруорсан суруйбутум. Ханна баарый? Егор Пудов, эт эрэ: көҥүл тустууга ол эһиги саҕанааҕы кэмҥит дорҕоонноох, албан ааттаах ситиһиилэрэ билигин ханна баалларый? Бүгүҥҥү иитиллибит, үлэлээбит оскуолаҥ билиҥҥи үрдүк ситиһиилэрэ ханныктарый? Арай Егор Пудов уонна бу урукку спортивнай салайааччылар үөрдэрэ суруйбуккут курдук, спорт ситиһиилэрин, чуолаан көҥүл тустууну үлтү тэпсибит «Чурапчы чулуута» Михаил Дмитриевич Гуляевы үлэлээбит дуоһунастарын хайдах ылбыта эмиэ биллэр, наҕараадаларын эридьиэстээн онон муҥнаммыккыт. Аны бу суруккутугар илии баттаабыт дьон: «Бука бары Михаил Дмитриевич үлэлээбит таһымыттан быдан аллараа кэрдиискэ турабыт», – диэн илэ бэйэҕитинэн спорт мөлтөөһүнүгэр дьиҥ чахчы кыттыспыккытын адьас дьиҥнээхтик баарынан билиммиккит.
Ол эрээри улуу Д.П.Коркин үлэлиир кэмигэр Европаҕа, Аан дойдуга, өссө Мюнхеннааҕы, Монреаллааҕы олимпиадалар улууканнаах кыайыытын уһансыбыт С.И.Алексеевы кытары суруккутугар бастакынан кыбытан киллэрбиккитин, өссө эбиитин ити ситиһиилэри М.Д.Гуляев үлэлээбит ситиһиилэригэр ырааҕынан тиийбэт диэн кэрэһэлээбиккитин хата мин сөҕөн сөхтүм да, соһуйдум да. Ама Семён Ивановичтан, Аркадий Алексеевтан, билигин төһө да тойон диэн Михаил Дмитриевиһы уордьан, мэтээл, дуоһунас түҥэтэр кыахтаах диэн сырай-харах салаатаргыт, ньылаҥнаатаргыт ама бу дьонтон М.Д.Гуляев баҕас спортка үлэтин ситиһиилэринэн орпото ини?
Оччолорго, өссө төгүл санатабын, спортка саха киһитэ санаан да көрбөтөх дорҕоонноох үрдүк ситиһиилэрэ бааллара. Бу манна арааһа кэмигэр балачча үлэлээбит ытык дьону С.И.Алексеевы, А.М.Алексеевы “пахай да, баара-суоҕа М.Д.Гуляевтан намыһах таһымнаах дьон диэҥҥит, миигин кытта тэҥҥэ холбуу аһара түһэрбиккит, холуннарбыккыт аата сүрүн. Дьон-норуот республикаҕа спортивнай үлэ сайдыытын историятын, кырдьыгынан эттэххэ эһиги норуоту төһө да быыдала диэтэргит, сэнээтэргит билэр эбээт. Эбэтэр ити үс олимпиецпыт ситиһиилэрин кытта дьүөрэлии тэҥҥэ турар эбэтэр ордук ситиһиилээх бөлөҕүнэн олимпийскай оонньуулары кыайар спортсменнары М.Д.Гуляев ииппитин арааһа баҕар мин отой билбэтим эбитэ дуу? Тоҕо эрэ бука бары күргүөмүнэн үлэҕит ситиһиилэрин Михаил Дмитриевич үлэлээбит кэмин ситиһиилэригэр тиийбэт диэбиккит.
М.Д.Гуляев арааһа чахчы туох эрэ ситиһиилээҕин баҕар билбэккэ сылдьарым дуу? Ама да уордьан-мэтээл, ол-бу знак-той, дуоһунас умсугутуулааҕын иннигэр киһигитин аһара дарбаппыккыт. Оо, дьэ буолар да эбит – дуоһунаска, мэтээлгэ сүгүрүйүү диэн бу кытааанаҕын! Бу ССРС саҕанааҕы бэйэ-бэйэни уруйдаһыы-айхаллаһыы хроническай ыарыытын тобоҕо.
Виктор Лебедевы бу бөлөх дьон баһаалыста бэйэҕитигэр сурунумаҥ. Киртитимэҥ. “В.Лебедев итинник үрдэлгэ тахсарыгар аҕа кылына Михаил Ильич Эверстов дьэ чахчы быһаччы үтүөлээх”, – диэн өһүргэнэн өттүккүтүн үлтү түһээри олорор убайдарбын ситэри өссө кыынньыырым дуу? Хата итиччэ албыннаһан, арбаан баран Михаил Дмитриевич баар дьиҥнээх «үтүөлэрин» – уонунан миллиард солкуобай дьиҥнээх норуот харчытынан тутуллубут спортивнай дыбарыастары, стадионнары туппутун хата бу тоҕо умуннугут, эридьиэстээбэтигит? Көтүттүгүт?
Хата мантан сэдиптээн киһи өйүгэр бэрт үчүгэйдик хатанар бэрт дьикти, саарбах боппуруостара күөрэйэн үөскүүллэр. Онтон куттанан сэрэннигит дуу?
Түмүккэ саха спордун ситиһиилэрин таһымын чахчы намтаппыкытын, төһө да миигин «улуу убайдарым» холуннарааччынан ааттаатаргыт, “биһиги спортивнай үлэбит ситиһиилэрэ М.Д.Гуляевка ырааҕынан тиийбэт” диэн илэ бэйэҕитинэн билиммиккит иһин, бэчээтинэн дьиҥнээх кырдьыгы чахчы эр киһилии билинэн эппиккит иһин мин ааҕааччы быһыытынан махталбын биллэрэбин. Төһөтүн да иһин үйэҕит тухары ыччаты спортивнай этикаҕа, чиэһинэй, ыраас суобастаах буолууга эдэр көлүөнэ ыччаты иитэн үлэлээбит үлэҕит этикатын итиннэ син кыратык да буоллар тутуспут эрээригит…
Чэ, салгыы ааҕааччы бэйэҥ сыта-тура сыымайдаан-сыаналаан көр. Бу бөлөх дьон Д.П.Коркин үлэтин көҥүл тустууга салгыы сайыннарбыттар дуу, самнарбыттар дуу? Д.П.Коркин курдук олимпиецтары иитэр төһө тренери, олимпиеһы таһаарбыттарый? Кэпсэтии соҕотох онно туһуланар.
Ол эрээри “С.И.Алексеев курдук Д.П.Коркиҥҥа тэҥнээх биир эмэ орто аан ийэ дойдуга биллэр улуу тренери олус улахан саталлаах тэрээһиҥҥитинэн иитэн таһаардыгыт дуо” диэн боппуруоһу өссө биирдэ бокулуон ууран баран биэриэххэ сөп ини? Мин суругум дьиҥнээх сыала-соруга онно туһаайыллар. Михаил Дмитриевич төһө үрдүк үлэлэргэ үлэлээбитигэр, төһө элбэх наҕарааданы, араас суол значогу ылбытыгар дуу, ити ыыппыт спортивнай тутууларын иһинэн-таһынан сүүрдүбүт-көтүппүт үбүгэр дуу бүгүҥҥү кэпсэтии өссө туһуламмат. Ол отой атын кэпсэтии, отой туһунан тема. Сороҕо анал олус кутталлаах уорганнарынан үөрэтиллэр, чинчиллэр боппуруостар.
Күндү убайдарым, эһиги миэхэ төһө да торҕотообут бөрөлүү саба түстэргит, кырдьыга да сөптөөх кэпсэтиини таһааран эрэҕит. Бэйэҕитин арбана таарыйа өссө тема ылан суруйуҥ эрэ. Мин онно быһаарыы биэриэм. Эбиитин сыыһаҕытын, алҕаскытын ороон кэлэр көлүөнэ сыыспатын, хатылаабатын курдук сиэрдээх харда оҥорорго кыһаллыам. Холобур, биһиги республикабыт киинигэр үпкэ-аска бүтсүөппүт төһө да куруук кыбыллан олордор, тыаҕа үүппүт харчытыгар үп-харчы суох диэн буоллар даҕаны, сорохтор халыҥ харчы ордук ханна хамсаабытын билиэ этилэр.
Доруобай, чэгиэн-чэбдик ыччанар иһин эҥинэ бэйэлээх үчүгэй, көрбүт эрэ кэрэхсиир спортивнай тутуу бөҕө тутулунна. Бу да тутуулары ырыппыт киһи куруук кырыымчык бүтсүөттээх дьон үбү-харчыны туһаныыга, дьону-сэргэни эрэ буолуо дуо, быраабы харыстыыр уоргаттары да балачча соһутар, болҕомтолорун тардар тема М.Д.Гуляев үлэтигэр тахсан кэлиэн сөп. Дьэ эрэ, кытаатыҥ, убайдаар, хата аһыллыбычча ирэ-хоро кэпсэтиэҕиҥ. Ытыктабыллаах Афанасий Егорович элбэҕи билэр-көрөр, улахан мындыр, этэр курдук уордьаҥҥа, мэтээлгэ эрэ буолуо дуо – дуоһунаска, үпкэ-харчыга эйигин чахчы муннугар улахан сыттаах киһи дииллэр. Дьэ ,баһаалыста, аһыннарар сыаллаах харах уулаах монолуоктаргын салҕаа эрэ.
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП.
Дьокуускай.
«Туймаада» хаһыат 507-с №-рэ, 23.04.2020 с.