TUYMAADA.RU. Бу бэнидиэнньиккэ, балаҕан ыйын 28 күнүгэр Дьокуускайга Ю.А. Гагарин аатынан Культура уонна искусство киинигэр «Сэттээх сир. Ыйаах» саҥа киинэ киэҥ эйгэҕэ тахсыан иннинэ суруналыыстарга, киинэ эйгэтин үлэһиттэригэр анаан сабыылаах көрдөрүү буолла. Биһиги хаһыат үлэһиттэрэ анал ыҥырыы тутаммыт саҥа киинэ көрөөрү үөрэ-көтө тиийдибит. Ю.А. Гагарин аатынан саҥа Культура киинин дьиэтигэр саҥа сырыттым уонна олус сөбүлээтим. Эчи кыраһыабайа, киэҥэ-куоҥа, тутуута, оҥоһуута наһаа үчүгэй. Киинэ көрөр саалабыт эмиэ наһаа үчүгэй. Ол гынан баран билигин пандемия кэмэ буолан үлэһиттэр ирдэбиллэринэн дистанцияны бары тутуһан, көрөөччүлэр бары бэйэ-бэйэбититтэн тэйиччи олордубут. Киинэбитин эппит кэмнэригэр тута саҕалаатылар.
Бэйэм кутталлаах киинэлэри, ужастары интэриэһиргиир буоламмын тута тыыммакка олорон көрдүм. Омуктар киинэлэрин курдук буолбатах, бэйэбит киэммит тута сиэргэ-туомҥа, айылҕабытыгар сыһыаннаах. Музыкатын таҥыытын таһыма үрдүк, устуута олус үчүгэй. Ону таһынан сөбүлүүр артыыстарбын көрөн тута сэргэхсийдим. Ис хоһоонун барытын кэпсиир кыаҕым суох. Хас биирдии киһи көрдөҕүнэ бэйэтигэр түмүк оҥостуо диэн эрэнэбит. Дьокуускай куорат бары кинотеатрдарыгар алтынньы 1 күнүттэн тахсыаҕа, итиэннэ улуустарга эмиэ айанныаҕа. Сүрүн оруолларга Виолетта Христофорова, Афанасий Карамзин, Надежда Ушницкая оонньууллар. Режиссерунан талааннаах режиссер Степан Бурнашев үлэлээтэ. Кини бу тохсус киинэтэ буолар. «Кута», «Күрүөйэх» о.д.а. биллэр киинэлэри устубута. Онтон сценарий ааптара Алексей Амбросьев, композитор, звукорежиссер Сергей Ярмонов, туруорааччы-оператор Петр Иванов, туруорааччы-худуоһунньук Прасковья Павлова, продюсер Степан Бурнашев үлэлээтилэр. Киинэҕэ элбэх биллэр артыыстар, сценаристар, режиссердар, суруналыыстар, телевидение, хаһыат үлэһиттэрэ о.д.а. сырыттылар. Киинэ кэнниттэн режиссер Степан Бурнашеву уонна кини айар састаабын кытта кылгас кэпсэтии буолла. Элбэх дьон санаатын эттэ уонна инники үлэлэригэр ситиһиилэри баҕардылар.
Бу киинэҕэ биллэр блогер, биһиги хаһыаппыт чугас доҕоро уонна партнера Алеся Сосинаны кытта кэпсэттим.
Алеся Сосина, блогер:
– Аҕыйах хонуктааҕыта доҕорум Владислав Федоров «Сэттээх сир. Ыйаах» киинэ сабыылаах көрдөрүүтүгэр ыҥырбытыгар олус үөрбүтүм. Хайдах эрэ кутталлаах оҕо сааһым киинэтэ харахпар көстөн ылбыта.
Кутталлаах киинэлэртэн урут «Сэттээх сир» диэни көрбүтүм. Ол онтон ыла ужастары көрбөтөҕүм. Бу саҥа киинэҕэ бастаан барабын дуу, барбаппын дуу диэн толкуйдаан бараммын табаарыспар эрэннэрбит буоламмын тиийдим. Аһара долгуйан автобуһунан айаннаан тиийэн хойутаан киирдим. Киинэни биир тыынынан көрдүм. Элбэх араас санааҕа ылларар киинэ. Бэйэм киинэ иһигэр кытта сылдьар курдук сананным. Бу ыйга өбүгэлэрим уҥуохтарын кэрийэн булар испэр күүстээх үлэ бара турар. Ол иһин хайдах эрэ элбэҕи толкуйдатар киинэ. Ытаан да ыллым, куттанан да ыллым, үөрэн да ыллым. Маннык ис хоһоонноох, итэҕэли толору тутуһан уһуллубут киинэни көрө иликпин. Ис хоһоонун толору арыйбаппын. Тоҕо диэтэххэ, алтынньы 1 күнүгэр бэйэҕит тиийэн көрөөрүҥ. Мин өссө иккистээн көрө тиийиэм. Кылгас оонньуу оонньоппуттарыгар икки плакат сүүйдүм. Онон, күндү сахам дьонун саҥа киинэни кэлэн дуоһуйа көрөргүтүгэр ыҥырабын.
Натали.
Хаартыскаларга: Алеся Сосина режиссер Степан Бурнашевтуун уонна доҕорунаан Владислав Федоровтыын.