Тыһакыыска Оһоҕос Иев оҕонньор 10 оҕолооҕо: 8 уол, 2 кыыс. Улахан уол Ис Бүөтүр Көмүһүкэй Маарыйа диэн эмээхсиннээх этэ. Аныгылыы аата Яковлева (Омукова) Мария Ивановна. Эдэригэр сүрдээх кыраһыабай, наар кыһыл көмүһүнэн симэнэрэ үһү.
Абаҕабар кэргэн тахсан баран, биир уол оҕоломмут. Ол уол кэргэннэнэн, оҕолонон баран 1928 сыллаахха өлбүт. Биирдээх уоллара эмиэ өлөн хаалбыт. Өлбүт уол кэргэнин Уйбаан диэн киһи кэргэн ылбыта. Көмүһүкэй ити кийиититтэн кырдьаҕас учуутал Егор Иванович Семёнов төрөөбүт. Көмүһүкэй эмээхсин бу сиэнин олус ачаалатан улаатыннарбыт. Көмүһүкэй Маарыйа абаҕабар кэргэн тахсыан иннинэ “Папанин” колхозка олорбут. Сунтаар күөл кытыытыгар олохтоох Соҥуй Янторусов диэн улахан ичээн, көрбүөччү эмчит киһиэхэ кэргэн тахса сылдьыбыт. Соҥуй бу бииргэ оонньоон-көрүлээн улааппыт кыыһын абылаан кэргэн ылбыта дэһэллэрэ. Соҥуй илиитэ тиийбит ыарыһахтара, сылгылара, ынахтара даҕаны олус дьиктитик үтүөрэллэрэ. Оҕонньор моонньугар былчархайдаах киһини оборон ылан силлээн үтүөрдэрэ. Ханнык да бэйэлээх сыстыганнаах ыарыыттан сиргэммэккэ, булгуччу эмтээн тэйэрэ…
Саҥаһым Көмүһүкэйи кытары Бүөр Күөлгэ сайылыыр этибит. Саҥаспыныын чаччыгыныардыырбыт. Киһи илиитэ тиийэр сиригэр сымыыттыыр чаччыгыныардары хобордооххо арыыга ыһаарылаан сиирбит минньигэс да этэ. Саҥаһым эмээхсин олус аньыымсаҕа. Киһи уҥуоҕун илиинэн ыйдахха “көрөр” буолуоҥ диирэ. Улахан этиҥнээх ардахха оҕолору таһырдьа таһаарбата. Болоһо былыттартан ол-бу мал түһэр диэн ааҕара, тэлгэһэтиттэн былыргы кыптыыйы булбутун кэпсиирэ. Биһиги сайылыкпытыттан 4 биэрэстэлээх Өрбөгөргө саҥаспынаан барарбыт. 4-5 саастаах сылдьаммын маннааҕы ыал Ытык дабаталларын көрбүтүм. Дьиэ иһигэр бааллан турар биэ улахан чороонтон кымыһы иһэн кыллырҕаппытын олус сөхпүтүм.
Оҕо сылдьан Күүстээх Күүрүнэп Ньукулаайаптыын 1937 с. маай бырааһынньыгар тустубуттарын көрбүтүм. Ньукулаайап Күүрүнэби бэйэтин албаһынан бырахпыта, онтон кыһыйан Уулаах Атах ыһыаҕар Күүрүнэп Ньукулаайабы өссө тустарга ыҥырбыта. Ону Ньукулаайап тоҕо эрэ аккаастаммыта. Күүрүнэп 1937 с. ыһыахха атах оонньуутугар, уһуну, үрдүгү ыстаныыларга кими да тулуппатаҕа. Ити ыһыах кэмигэр Күүрүнэптээх Бүөр Күөлгэ эдьиийдэригэр – Көмүһүкэйгэ хонон-өрөөн сылдьыбыттара. Уонча саастаах уол көрөрбөр Күүрүнэп биир күдьүс моойдоох, улахан, халыҥ киһи этэ.
Көмүһүкэй эмээхсин үгүс дьон кэпсииринэн хаһан да оҕону мөхпөт, олус аһыныгас сүрэхтээх эбит. Быраата Сайылык Маҥан Ылдьаа кэллэҕинэ, оҕонньоруттан кистээн, арыы кэһиилээн ыытара үһү. Сүөгэй ииртэҕинэ ытыгын хайаан даҕаны оҕолорго салатар эбит. Сайылыгар кэллэҕинэ хайаан даҕаны түптэ буруолатара, чохуонускай арыынан алгыс тылы этэн, түптэтин аһатара. Хотонун түөрт муннугар уулбут арыыны хамыйаҕынан ыһара уонна хотон иһигэр салама ыйыыра. Сайылык оҕолоро мустаммыт чохуонускай арыыга буһарыллыбыт алаадьыны сиэн олус абыранарбыт.
1939-1940 сс. Тойбохойго төрдүскэ үөрэнэ сылдьаммын, хас өрөбүл аайы саҥаспар сүүрүүнэн кэлэрим. Саҥаһым аах Тыһакыыс эбэ соҕуруу өттүгэр олорбуттара. Муостата суох саха балаҕаныгар ыт оҕотун кытары оонньоон-көрүлээн, тото-хана аһаан, күлэн-үөрэн баран Тойбохойго төннөрбүтүгэр олус бытааннык хаамарбыт, саҥаспытыттан барыахпытын наһаа ыарырҕатарбыт. Саҥаспыт кэлэ-бара сылдьар оҕолорго халыҥ арыылаах лэппиэскэни, алаадьыны, сүөгэйи сиэтэрин ытык иэһинэн ааҕара. Барарбытыгар хайаан да эт буһаран, окко суулаан кыра ыаҕайаҕа уган кэһиилиирэ. Арыт сиидэс таҥаһы эмиэ туттаран ыытара. Саҥаспыт барахсан оччотооҕу сахалыы сиэри-туому аһара билэр быһыылааҕа. Ампаардарыгар “оҕо уйата” диэни оҥорон туруоралларын элбэхтик көрөрүм. Хотоҥҥо уонна сүөһү уулуур куоҕайыгар туоһунан кыра томторуктары торҕо сыыһынан саламалаан ыйыыра. Сахалыы эмтээһини эмиэ билэр быһыылааҕа. Мин ыалдьыбыппар: “Оҕобор суор үөһүн булан сиэппит киһи баар ини”, – диирэ. Самыыр кэнниттэн үүммүт сибиэһэй тэллэйдэри хомуйан тууһуура, оҕолорго бэрсэрэ. Оҕону барытын: “Көмүстэрим, көмүһүкэйдэрим”, – диэн тапталлаахтык ааттыыра. Ол иһин киниэхэ Көмүһүкэй диэн өлбөт-сүппэт аат иҥпитэ.
Көмүһүкэй улахан алтан сылабаарга чэй оргутан баран, күнү супту иһэ олорор идэлээҕэ. Кыбыс-кытаанах кирпиис чэйи суурайан, киирбит-тахсыбыт ыалдьыттарга чэйинэн утах тутара, сорохтору табаҕынан күндүлүүрэ. Биирдэ бурдук куоластыы сылдьан, кутуйах хасааһын булан, олус элбэх куолаһы булбуппут. Эмээхсин табахтыан баҕарбыта, арай хамсата түһэн хаалбыт. Бирээмэ, кэбиһиилээх оттон иннэни көрдүүр курдук, сылайыахпытыгар диэри көрдөөтүбүт. Онтон: “Чэ, Бүөтүөр, тоҕойуом, ылар ылла быһыылаах, көрдөөмө”, – диэн, кириэстэнэн баран күн диэки көрбүтэ.
Мин төрөөбүт ийэм үс саастаахпар өлбүт буолан, саҥастарбын ийэ гынан улааппыт киһибин. Тулаайах оҕоҕо ийэни солбуйбут саҥаспын Көмүһүкэйи күндүтүк саныыбын. Билигин 10 оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн, 50 сыл ыал буолан этэҥҥэ олоробун. Онон саҥаспар махталбын кини аймахтара булан аахтахтарына, мин иэспин төлөөбүт курдук сананыам.
Саҥаһым 90 сааһын ааһан баран өлбүтэ. Биир сиэн балтылааҕа Игнатьева Татьяна Алексеевна Уһун Күөлгэ олорор, иккис сиэн балта Назарова Мария Васильевна Сунтаарга ыал буолан олорор.
Дьэ итинник киһи этэ сырдык сыдьаайдаах Көмүһүкэй эмээхсин, мин саҥаһым.
Пётр ЯКОВЛЕВ.
Уһун Күөл,
Сунтаар.
Хаартыскаҕа: хаҥас диэки олорор ааптар П.С.Яковлев, учуутал.