Мин билигин сааһыран олорон, бу билиҥҥи олоҕу бэйэм санаабынан ырытан көрөн кэккэ дьоммор билиһиннэриэхпин баҕардым.
Үөрэх-билии сайдан дуу, 90-с сыллар кэннэ олохпут сүнньэ уларыйан ким да кими да билиммэт, бэйэ эрэ иннин көрүнүү буолла. Сорох байар, сорох дьадайар – хайдах эрэ икки араҥа баар курдук көрөбүн. Баҕар сыыһа саныырым дуу?
Урут Союз, партия баарын саҕана дьон биир өйдөөх-санаалаах, олох биир тэҥник сайдарын туһугар үлэлиир-хамсыыр этибит. Пионер, комсомол, партия биир тыыҥҥа иитиллэн, үлэ – дьол диэбиттии көхтөөхтүк куоталаһан, киһи барыта үлэлээх, сыаллаах-соруктаах буоларбыт. Партия баайан, бобон олорбута дии санаабаппын. Ким тугу кыайарынан, сатыырынан үлэлиирэ, билиҥҥи курдук үлэ суох диэн хаама сылдьар киһи суоҕа.
Ити билигин “саха сүөһү кутуругун эрэ билэр этэ” диэн күлэр курдук этэллэр да, дьиҥэр саха билбэтэҕэ-көрбөтөҕө, сатаабатаҕа суох курдук. Оннук да буолан биһиги өбүгэлэрбит бу тыйыс айылҕалаах, ыар, хараҥа олоххо алаастарынан бытанан, сүөһү-ас ииттэн олордохторо. Бэйэлэрэ тутан кэлбит дьарыктарын, сиэрдэрин-туомнарын ыһыктыбакка, булдунан аһаан, түүлээҕинэн таҥнан, үрүҥ аһынан аһаан, чөл олоҕу тутуһан, эмп-том суоҕар тыыннаах сылдьыбыттара. Айылҕабыт тоҕо-хайа кэһиллибэккэ, уубут-хаарбыт киртийбэккэ, бөхпүт-сыыспыт ыһыллыбакка, ыраас салгынынан тыынан тиийэн кэллэхтэрэ.
Билигин айылҕабыт алдьанан, киһи үөйбэтэх-өйдөөбөтөх ыарыыта дэлэйдэ. Өлүү-сүтүү да үксээбит курдук. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ хайа эрэ дойдуга, улууска биир киһини охсооччу охсубут, салгыҥҥа таарыйтарбыт дииллэрэ. Онтубут билигин бэл эдэр дьоммутун хаарыйар буолла. Хата эмп-том күүһүрэн тиллиэх курдугу тилиннэрэр, уһуох курдугу уһатар буоллулар. Олох сайдар, таҥнары барар диир табыллыбат. Уруккунан оҕустахха атын хартыына.
Арай бу биһиги аҕыйах ахсааннаах норуот сүөһү ииттэн, бэйэбит сибиэһэй аспыт аҕыйаан иһэрэ биһигини дьиксиннэрэр. Урут колхоз, совхоз сүөһү бөҕөнү иитэн, үрүҥ ас дэлэй буолара. Чааһынайдар да хото иитэр этилэр. Олохпут тутула уларыйан, тыһыынчанан сүөһүбүтүн барытын туттан, эмискэ дьон үлэтэ суох буола түспүтэ. Ол иһин ыччат сүөһүттэн тэйэн, куоракка үлэ көстүө диэх курдук санаа үөскээбитэ. Куоракка да тута үлэ көстүбэккэ ускул-тэскил сылдьан, ким арыгыны батыһан, ким бомж буолан дьону сүгүн хаамтарбат, умнаһыт буолуута элбээтэ.
Бу үрдүкү салалтабыт сатаҕай дьайыытыттан маннык дьаллыкка халыйыы баар суол. Ким чэпчэки олоҕу батыһан, көрү-нары сырсан, көр-күлүү курдук этэллэринии, халлаантан быалаах халаачык түһүө диэбит курдук быһыы буолар.
Анал үөрэҕэ, үлэтэ суох элбэх оҕолоох эдэр ыаллар тиийиммэт буолан, төрөппүттэрин пенсиятын бэриһиннэрэн олороллоро үгүс. Төрөппүт сүрэҕэ оҕотугар буоллаҕа, хайыахтарай, бэйэлэрэ да кыра пенсиялаах кырдьаҕастар салгыы олордохторо. Бу манныкка тиийиигэ олохпут ыарахана, нолуок үрдүгэ, сыана ыарахана, үлэ суоҕа, харчы кырата тэптэҕэ.
Билигин пенсияҕа 250-300 солкуобай үөһэттэн ыйаах кэлэн эппитэ буолаллар, оччонон сыана, бырайыас үрдээн иһэр. Онон пенсия үрдээн да диэн туһата суох. Аны оскуоланы, балыыһаны, культураны, кыра тэрилтэлэри үлэһиттэрин сарбыйа, саба сатааһын буолуо диэн куттууллар. Оччоҕо үлэтэ суох өссө элбиэ турдаҕа. Онон олохпут тупсуохтааҕар таҥнары түһэр кутталлаах.
Атын дойдулары иһиттэххэ олохторун таһыма биһигиттэн быдан үрдүк курдук. Сирбит баайа элбэх диэн атын омуктары ымсыырдар курдукпут да, ол баайбыт ханна барара биллибэт. Баайдаахпыт диэн килэйбиппит-халайбыппыт эмиэ көстүбэт. Аҕыс ый тоһуттар тымныылаах сиргэ олоробут да, ититинэр гааспытыгар, уоппутугар льгота суоҕа хобдох. Аан дойдуга ыһа-тоҕо олорор быһыылаахтар. Бэл ойуурбут маһын Кытайга 40 сыл туһаналларыгар дуогабар оҥостубуттара, дьэ, төһө сөптөөҕүн билбэтим гынан баран, бу наһаа уһун болдьох дии саныыбын. Айылҕабытын үлтү тэптэрэн, кэстэрэрбит буолуо. Итиччэ үлүгэр халыҥ элбэх норуот үтэн-үтүрүйэн бардахтарына аҕыйах саха сүтэн, симэлийэн барыа турдаҕа.
Тылбытын-өспүтүн харыстыаҕыҥ диэн киэҥ билиилээх, бастаах дьоммут этэллэрин төһө киһи ылынара буолла. Киэҥ сиргэ куоракка олорор дьон, бэл кырдьаҕастар эмиэ, нууччалыы эрэ кэпсэтэ сылдьааччылар. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин тылларын кытта дьүөрэлээн иитэллэрэ-үөрэтэллэрэ буоллар дии саныыбын. Биһиги сахабыт диэн бэйэлэрин омуктарын билинэр, сиэри-туому тутуһар гына иитиллэллэрэ буоллар. Оччоҕо кэлии омуктарга силистээх-мутуктаах дьон дэтиэх этибит.
Дьэ, билигин кэлэн сүөһүтэ иитиҥ диэн этэллэр да, үөһэттэн демократия диэн дьон өйүн-санаатын уларытан булкуйбуттара, билигин ким да ииккэ-саахха буккуллуон баҕарбат. Сүөһүтэ иитиҥ диэтэххэ ол хаалбыт олох тутула дииллэр. Дьэ оччоҕо тугунан дьарыктанан, аһаан-таҥнан олорорбут буолла? Ол-бу омук аһын аһаан төһө уһун үйэлэнэбит?
Дмитрий КРИВОШАПКИН.
Нам.