Санаам чэрчитинэн син элбэх суруйуубун дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарбытым. Сахабын дэнэр буоллахпытына, хайдах буолабыт? Инникибитин ким ыйан биэрэр?
Бастатан этэбин, инникини ыйар киһи диэн суох. Биир да киһи. Инникитин норуот бэйэтэ сүбэнэн талыахтаах. Иккиһинэн, ким да, кими да батыһыа суохтаах. Бар дьон бэйэтэ биир санаа булуохтаах. Ол курдук эмиэ бастакыга эргиллэн кэлэбит.
Мин биир бэйэм санаабын эрэ этэр кыахтаахпын, оннук да бырааптаахпын. Отой быһалыы этэр буоллахха, бу эдэр бардам, биһигини баһылаан олорор омугу барыга үтүктэ батыһымыахха диибин. Онто да суох олохпутун күн бүгүҥҥэ диэри кинилэр оҥорон кэллилэр.
Биһиги бу тыйыс сирбитигэр бэйэбит бас билэр олохтоохпут дуо? Суох. Сайдыыга тэҥҥэ хаамтардылар диэн онно махтанабыт, онон эрэ олоробут. Ол сайдыы кэм хардыыта эбээт! Ол туһунан отой умнабыт. Хайдах сайынныбыт да ол эрэ баар буолуон курдук саныыбыт.
Дьиҥэр олоҕу хаамтарбыт сайдыыга ол баһылыыр нууччабыт киэнэ туох баарый? Туох да суох эбээт… Барыта курдары атын омук сайдыытынан эрэ туһанан олоробут. Биир бэйэм тиис оҥорор тэрилбэр нуучча сыта да суох. 100% омук киэнэ.
Уонна? Ол аата тугуй? Дьон-норуот, чэ, саатар диэххэ, киһилии сананан олорорун ким аҕалла? Саатар саахтыыр сиргин өҥөйөн көр. Миэхэ холобур Германия туалета турар… Ол курдук олох эйгэтигэр барытыгар.
Биир бэйэм бүгүн ити нууччалар биир да баартыйаларын билиммэппин. Хайата да хайдыһыыны эрэ таһаарар туох да туһата суох хамсааһыннар диэн тойоннуубун. Хайдах да иэҕиллэн сотору кэминэн бу былаас син биир уларыйар. Биһиги сахалар ол эрэ туһун толкуйдуур аналлаахпыт.
Саҥа кэлэр былааска тута сүбүрүнүтүөппүтүн туруорсуох тустаахпыт. Быыһанар суолбут ол эрэ баар. Оттон бу былааһы ааспыт кэм курдук санаан отой өйүө суохтаахпыт…
Киһини өрө тутар, көҥүл сайдыы диэки хайыһар олоххо син биир кэлиэхпит. Онон ааспыты алыс ахтыбакка, хайа да бүгүн баар былааска бэриммэт көҥүл санааланыахха диибин.
Уонна сахам дьоно хайа да сымыйа баартыйаҕа хайдыспакка, дойдубут эрэ көҥүлүн туһун саныахха. Оттон хайдыһа олорорбут тухары ол көҥүлү көрбөппүт, мүлчү турабыт. Ол мин бигэ санаам.
Этэҥҥэ буолуҥ.
Омук УОЛА.