Былыр судаарыстыба төһө элбэх көмүстээҕинэн ол баай дойдунан ааҕыллар этэ. Билигин аан дойду үрдүнэн сыл аайы 2600-2800 туонна көмүс хостонор.
Ол онтон 50 бырыһыана ювелирнай оҥоһуктарга, киэргэлгэ, 18 бырыһыана судаарыстыба бааныгар, уоннааҕыта промышленноска туттуллар эбит. Сорох судаарыстыбалар олус элбэх көмүстэрин ууруна сыталлар, ол курдук Америка 8133 тн, Германия 2401 тн, Италия 2451 тн, Россия 824 тн.
Билигин Саха сиригэр үөрэтиллибит уонна саппааһа биллибит 71 сиргэ 1398,8 тн көмүс баара, ол иһигэр 700 сиргэ ыһылла сытар 301,2 тн биллэр. Ордук элбэх көмүс саппааһа уонна үөрэтиллэ сылдьар Үөһээ Индигиир, Адыаччы, Кулаар, Ааллаах Үүн, Алдан сирдэригэр.
Билиҥҥи туругунан ордук элбэх кыһыл көмүс үөскээн сытар сирдэринэн буолаллар Нежданскай – 600 тн, Кураанах – 200 тн, Күчүс 160 тн. Дьааҥы сиригэр ордук элбэх көмүс Күчүс, Прогноз, Сентачан, Бадараан, Суордаах бастарыгар бааллара биллэр. Урут кырдьаҕас геологтар кырата 400 тн көмүс баар диэччилэр.
Билигин Россияҕа 250-300 тн көмүс хостонор, аан дойдуга 2-3 миэстэ буолар эбиппит. Ол онтон буоллаҕына 40 тн Саха сиригэр хостонор буолбут.
Көмүс кэнники бириэмэҕэ ордук сытайан хостонор буолла. Ол курдук 2011 сыллаахха 19,4 тн хостоммут буоллаҕына, 2020 сылга 39,8 тн хостоммут – 24 бырыһыанынан улааппыт.
Дьааҥы улууһугар урут Сэбиэт былааһын саҕана 4-5 тн тиийэ көмүс хостонор этэ. Онтон 1992 сыллартан көмүс хостооһуна тохтоон, кэлин 2 эрэ артыал хаалбыта.
Дьэ онтон көмүс хостооһуна хаттаан тиллэн, 2011 сылтан Дьааҥы үрэхтэрин баһын тухары 30-тан тахса артыал сайын кэлэн үлэлиир буоллулар. Аны урукку курдук үлэлиир сирдэригэр благоустроеннай бөһүөлэктэри туппаттар, үлэлэрин улууска отчуоттаабаттар, нолуоктарын төлөөбөттөр. Бу күлүк курдук дьон сир тоҥуута бары баран хаалаллар, аҕыйах харабыл хаалар.
Урут Дьааҥы сүнньүнэн көмүс, хорҕолдьун хостуур дьон олорор уонунан ааҕыллар благоустроеннай бөһүөлэктэрэ бааллара. Ол иһигэр биһиэхэ Лазо, Сентачан, Стрелка, Улахан Эгэлэх эстибиттэрэ. Соҕотох промышленность үөскээһинин аҕата, Эһэ-Хайа бөһүөлэк нэһиилэ сыккыраан олорор.
Биһиги бастакы призидеммит М.Е.Николаев туруорсуутунан “АЛРОСА” компания иһинэн 8 алмаастаах улуустарга акция 2 бырыһыанын биэрбиттэрэ, алмазнай провинция үөскээбитэ. Сыл аайы 6-10 млрд. солк. суумалаах үп бу улуустарга киирэн үлэлии олорор. Араас саҥа улахан тутуулары туталлар, онтон хотулар биһиги ымсыырар эрэ буоллахпыт. Билигин көмүс хостооһуна дьэ 2 төгүл үрдээтэ, элбэх үп Россияҕа барар, сылга ортотунан 250 млрд. солк. Аны бу үптэн саатар 5 бырыһыанын ылан, олохтоох улуустар сирдэрин-уоттарын барытын тоҕо күртэрэн сирбит алдьаммытын, уубут киртийэн киһи сатаан кыайан испэт буолбутун, ону барытын чөлүгэр түһэрэргэ, олохтоох киһи олорор, үөрэнэр социальнай тутууларын тутууга көмөлөһөргө, көмүс харчытыттан эбии үп киллэрэр сыалтан ити алмаас улуустарын курдук 6-8 көмүс хостонор улуустарыгар акцияҕа кыттыһан бастайааннай үлэлии олорор фонда (үп) тэрийиэххэ баара. Дьэ бу хоту олорор көмүстээх улуустарга сайдалларыгар улахан күүс-көмө буолуо этэ.
Онтон билигин хайдаҕый? Сатабыллаах, туруорсуулаах улуустар баһылыктара быһа кэпсэтэн бэрт кыра үбү көмүсчүттэртэн ыһыгыннараллар, аны ол үп ханна-кимиэхэ барара үчүгэйдик учуоттаммат. Бу боппуруоһу көмүстээх улуустар салайааччылара түмсэн, үөрэтэн дойдубут салалтатыгар күүскэ туруорсар кэмнэрэ кэллэ. Билиҥҥи кэмҥэ хотуларга кыра да үп эбии киирэрэ улахан суолталаах буолла. Маны үөһээ салалта туох диирэ буолла?
И.И. Колесов
— Сылгыһыт уола, өр сылларга Верхоянскай
оройуонун салайсыбыт бэтэрээн.