Саха сиригэр кулун тутар 22-24 күннэригэр килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай кэмпириэнсийэ буолан ааспыт. Араас дойдулартан 500 кэриҥэ чинчийээччилэр, учуонайдар кэлэн кыттыбыттар.
Бу туһунан элбэх хаһыаттар кэпсээтилэр. Ала чуо тоҕо бу кэмпириэнсийэ Саха сиригэр ыытыллыбытын хайдах өйдүүбүтүй? Маны учууталлар үөрэнээччилэргэ хайдах быһааралларый?
“Биһиги дойдубут 65 бырыһыана ирбэт тоҥ үрдүгэр турар” дииллэр. Россияны этэн эрдэхтэрэ. Ордук халыҥ ирбэт сирдээх дойду – Саха сирэ? Тоҕотун хайдах өйдүүбүтүй? Саамай тымныы киинэ – Саха сирэ. Тоҕо? Бу сир саарын хоту өттүгэр диэн кэпсэтэбит.
Россия территориятын Уралтан арҕаа өттө сылаас килиимэттээх, илин өттө тымныы. Тоҕо? Акыйааннар, муоралар сылаас энергия аккумулятордара диэн өйдүөхтээхпит. Атлантическай акыйаан сылааһа Гольфстрим – итии сүүрээнэ Европаны сылытар, өссө салгыы Хотугу Муустаах муораҕа өтөн киирэр. Салгын сылыйар, онон сибээстээн килиимэт хамсыыр. Былыттар, ардахтар, хаардар… Урал хайалара мэһэй буоланнар сылаас салгыны Сибииргэ ааһарын мэһэйдэһэллэр дииллэр. Саха сирэ кыраай илин сытар, сылаас сойон кэлэр, кыайан тиийбэт сиригэр олоробут.
Атын континеннары акыйааннар, муоралар сылаас дьайыыларын мэһэйдиирдэрэ суох. Ол иһин Эмиэрикэ, Африка да континеннарга килиимэттэрэ үчүгэй. Онон аан дойдуга тымныы сир – Саха сирэ.
Хотугу муустаах акыйаан мууһа тоҕо күүскэ ууллар буолла? Килиимэт тоҕо уларыйарый? Ирбэт тоҥ ирэн эрэр диэн долгуйаллар ити. Тоҕо? Итиини биэрэр сүрүн оһохпут Күн буоллаҕа дии. Бу буола турар килиимэт уларыйыыта Күнтэн тутулуктааҕа аксиома. Күн сири кытта сибээһигэр үөрэх этэринэн Күн 11-дии сыл буола-буола (периода) актыыбынаһа күүһүрэн ылар дэнэр. Ол эрээри ити активность кэлиитигэр сылаабай эбии уларыйыылар 90 сыл курдук периодтаах билэллэр дииллэр (БСЭ том 24 стр 147 Солнечное-земные связи).
Бу уларыйыылар тоҕо буоллулар? Салгыы хаһааҥҥа диэри салҕаныай? Бу итийии, ириэрии хаһан тохтуой? Эбэтэр?..
Научнай конференция, манна эппиэттэри биэрбитин бэлиэтээһин суох. Арай бу кэмнэргэ мааманнар үөскээн сылдьыбыт уонна эстибит түгэннэрин “кэпсиир”, бу ириэриинэн сибээстээн көстүүлэрин кэпсэлэ элбэх. Урут айылҕабыт улаханнык уларыйа сылдьыбыт, сир полюһа да хамсаан сылдьыбыта кэпсэнэр дии.
Билигин Гольфстрим сүүрүк хайысхата уларыйан, Гренландия мууһа күүскэ ууллан Европаҕа килиимэтэ уларыйыытын аҕалла дииллэр. Гренландия мууһа күүскэ ууллан Гольфстримы кытта холбоһон муустаах акыйааҥҥа өтөн киирэн мууһу күүскэ уулларар эбит. Россия элбэх ледоколлары оҥорууга киирдэ. Хотугу муустаах акыйааҥҥа сылы төгүрүччү сырыы буолуо дииллэр. Кытайдар сэҥээрдилэр. Хотугу Муустаах акыйааны баһылааһыҥҥа кыттыһыах санаалаахтарын биллэрбиттэр.
Бээ эрэ, бу куолулааччы оҕонньор мин 92-с сааспар үктэнним. Сэбиэскэй кэмҥэ толору кэриэтэ олорон кэллэҕим. Урут Хотугу Муустаах акыйаан туһунан маннык кэпсэл суоҕа. Элбэх сыл аастаҕа. Өссө төгүл өйдүөҕүҥ эрэ: Күн сиргэ дьайыыта II сыл периодтаах диэн кэпсэнэр. Онон бу итийии туспа-оһуобай дьайыы буоларыгар төрүөттээх. Учуонайдарбыт быһаара иликтэр.
Арай саха бөлөһүөгэ – Михаил Петрович Кондратьев (1929 с.т.) Чурапчы Хадаар нэһилиэгэр төрөөбүт, улахан үөрэҕэ суох эрээри кырдьаҕастар сэһэннэриттэн, бэйэтэ кэтээн көрүүтүнэн, күнү-дьылы билгэлээһинигэр олоҕуран “Дьыл билгэтэ” брошюра кинигэтэ 2007 сыллаахха 5000 экзэмпилээринэн тахсыбыта баар. Бу кинигэни нууччалыы саҥардан учуонайдар билиилэригэр көрдөрүөх баара. Кыра үөрэхтээх киһи диэтэххэ суруйуута научнай хабааннаах, барыта олоххо айылҕа дьайыыларыгар дакаастанан суруллубут. Киһи саараҥныыра суох, олус ылынннарыылаах. Чинчийиитин 1925 сылтан саҕалаан 2042 сылларга диэри аҕалбыт уонна төттөрү айаны ол кэлбит суолунан, кэлбит кэмин уһунунан теориялаабыт. Сир күн диэки чугаһаан баран төттөрү урукку барбыт сиригэр төннүүтэ – 1924-2124 сс. оҥорбут. Биир цикл 200 сылга тэҥнэспит. Кини кэтээн көрүүтүгэр олоҕуран Күҥҥэ саамай чугаһаан сир 2005-2042 сс. сылдьар кэммитин “Былытынан көмүскэнэр уу сута дьыл” диэн ааттаабыт. Тоҕо? Сир Күҥҥэ олус чугаһаан күн сиргэ дьайыыта саамай күүһүрбүт кэмэ, онон ууттан элбэх паар көтөр-былыттар элбииллэр. Олор сири күлүктээн былытынан көмүскэнии буолар диэбит. Хаар-самыыр элбиир эбит – уу сута.
Кини бу этиигэ билигин олохпутугар баар. Истэбит дии – бу кэмнэргэ олус элбэх хаардар-самыырдар, ууга барыы элбээтэ. Акыйааннар таһымнара үрдүүр, ледниктэр ууллуулара күүһүрэн үгүс судаарыстыбалар иһэр, ньүөлсүтүнэр уубут суох буолуо диэн куттал бөҕөтө. Сайынын күн уотуттан күнүс дьаарханыҥ дииллэр. Ол Күн ортото олус күүстээх. Син тоҥмут киһи кутаа уотка чугаһаан ордук сылааһынан туһанарын кэриэтэ.
Михаил Петрович оҥорбут схематыгар мин сөп түбэсиһэн “айаннаан” исиһэбин 1932-2023 сс. манна Михаил Петрович схематыгар баар: “Улахан тоҥоруулаах кураан дьыл (1924-1961 сс); Оһорунар, Уйгулаах угут дьыллар (1965-2001 сс); уонна “Былытынан көмүскэнэр уу сута дьыл (2005-2042)”. Кини бу быһаарыылара олорсон кэллэҕим. Кини бу быһаарыылара толорулар.
Саха сиригэр аҕа дойду сэриитэ саҕаланыан инниттэн туох да үүммэт сут дьыллара сатыылаабыттарын устуоруйабыт кэпсиир. Бу ордук чурапчылар “трагедияларыгар” ордук кэпсэммитэ. Оттон улахан тоҥоруулааҕын сэрии оҕолоро оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар билбиппит. Немецтэр армиялара Москва анныгар кыргыһыыга үлүйүүлэрэ да алдьархайын амсайан тураллар.
1965-2001 сылларга Аан дойдуга экономикаҕа туох да мэһэй суоҕа, сэрии кэннинээҕи сайдыы, нус-хас олох Сэбиэскэй Союзка бэлиитиктэр сыыһа дьаһаныылара айылҕаттан сибээһэ суоҕа. Оттон бу 2005-2042 сс. аҥаардарын кэриҥин олорон кэллибит. Михаил Петрович Кондратьев билгэлээһинэ оруобуна толору.
Ити туһунан санаатахха, сахаларга маннык билгэ баар, маны хайдах сэҥээриэххэ сөбөй диэн бу ааспыт Аан дойду дьоно кыттыылаах айылҕа уларыйыытын научнай конференциятыгар санаа атастаһыыта суох бадахтаах. Михаил Петрович Кондратьев мээнэ кырдьаҕас буолбатах, төрүт удьуор толкуй хаата дьонтон быһыылаах.
Бииргэ төрөөбүт быраата Петр Петрович Кондратьев педагогическай наука кандидата, Саха Республикатын үөрхтээһиҥҥэ үтүөлээх үлэһитэ, бэркэ билэр баһылык, салайааччы оҥостубут киһим.
Бу 2022-2023 сс. кыһыны – уу сута дьылы туораан эрэбит. Былырыын сайын олус ардаан сүгүн оттоппотоҕо. Бэл аҕыйаабыт сүөһүлэрбитин бэрт эрэйинэн дьыл туората сатааһын. Бу тиэхникэ күүскэ сайдыбыт кэмигэр кыстык оту кыайан оттообоппут. Сир сымныа, техниканан оттооһун күчүмэҕэй буолуо дииллэр. Эрдэттэн толкуйданан окко киирии наада буолбут. Атыттар баҕар сэҥээрбэтиннэр, ол кинилэр дьыалалара. Биһиги сахалар бэйэбит бөлөһүөкпүт бу оҥорбут “Дьыл билгэтэ” схематын чинчийэн көрүҥ, үөрэтиҥ, олоххо туһаныахха.
Бэйэм санаабар арааһа библиотекалар аайы, атыыга да баара буолуо. Булан ааҕыҥ, билсиҥ, биһирээҥ, олоххутугар туһаныҥ.
Никифор ТЕРЕХОВ-Эмээки.