Бу соторутааҕыта СГУ-га бииргэ үөрэнэн бүтэрбиппит 45 сылын көрсөр тэрээһиммитигэр табаарыспын Баһылайы көрсөн, отой уол оҕо курдук сылдьарын, тиистэрэ кэчигирээн эчи үчүгэйдэрин, маҕаннарын көрөн хайдах маннык “сохранись” буоллулар, эбэтэр ханна оҥоттордуҥ дуу диэн ыйыталастым.
Онуоха киһим кэпсээнэ маннык буолла.
– Ээ, бэйэм тиистэрим мөлтөх этилэр, онон-манан ордьойон, абына-табына тиистээҕим. Оҥотторуохпун баҕарбытым ыраатта. Маннааҕы стоматологическайдарга сылдьыбытым да сыаналара бэрт этэ уонна аһара өр оҥорор эбиттэр. Онтон бу күһүн бассаапка «Азия-стом» диэн Кытайга, Хэйхэ куоракка тиис оҥотторо илдьэр турфирма рекламатын түбэһэ түһэн аахпытым. Якутскайга Ценнтральнай кинотеатртан чугас ЦУМ дьиэтин 5- с этээһигэр баарын билэммин тиийбитим. Онно эйэҕэс баҕайы Аня диэн саха кыыһа тиистэрбин көрөн, барытын быһааран, хаһан, хайдах барарбын эппитэ.
Аан бастаан манна стоматологияҕа тиистэргин панорамнай снимок оҥоттороҕун, онтон биһиги ол снимогы Хэйхэ куоракка эмтиир, оҥорор специалистарбытыгар ыытан, ханнык тиискин ыллаттарыахтааххын, ханныгы пломбалатыахтааххын, ханнык тииһиҥ нервэтин ыллаттарыахтааххын этиэхтэрэ. Быһатын эттэххэ манна барытын бэлэмнээн барыахтааххын, оччоҕо антах тиийдэххинэ коронкаларгын оҥороллоро түргэн, хаачыстыбалаах буолуо диэн сүбэлээбитэ.
Сарсыныгар панорамнай снимокка түстүм. Онтум снимогын бассаабынан турфирмабар ыыттым. Биир тииһиҥ хамсаабыт, онтугун ыллараҕын, биир ыалдьар тиискин эмиэ ыллараҕын. Ылларбытыҥ кэннэ икки нэдиэлэ кэнниттэн Хэйхэҕэ барсаҥҥын тиискин оҥотторон, коронкалатан кэлиэххин сөп диэтилэр. Хаһыс күннэргэ барыахпын сөбүн эттилэр. Икки нэдиэлэннэн барарга суруйтардым.
Барар күнүм тигинээн кэллэ. “Хайс” суоппара Мичил диэн уол сып-сап хомуйталаан, ахсынньы ый саҥата сарсыарда, барыта аҕыс киһи буолан айан суолун туттубут. Хатас — Павловскай суола аһыллан, уу халытан тоҥоруллубут көнө суол устун Улуу Эбэбитин этэҥҥэ туораан, Благовещенск хайысханан айаннатан сырылата турдубут.
Булчут киһи быһыытынан хаарга араас суоллары одуулаһабын. Онон-манан куобах суола биллибит. Саарба, саһыл суола да баар. Хачыкаат уонна Улуу диэн дэриэбинэлэр икки ардыларыгар биир үөр дьиикэй табалар суолтан сүүсчэкэ хаамыылаах сиргэ талахтар быыстарыгар туралларын көрөн аастыбыт. Барахсаттар биһигини одуулаан баран, оннук туран хаалбыттара.
Баран истэхпит аайы айылҕабыт ото-маһа уларыйарын, айылҕа кыһыҥҥы көстүүтүн сонургуу көрөн, ырыа-тойук аргыстаах, үөһээ ыйаммыт телевизорга элбэх сахалыы киинэлэри көрө-көрө, суолбутун да билбэккэ Благовещенскай куоракка чугаһаан истибит. Дьокуускайтан араҕарбытыгар туманнаах, -47° кыраадыһы көрдөрөрө. Благовещенскай диэки тиийиибитигэр баара-суоҕа -10° кыраадыс буолбута. Массыынабыт сылаас, уолбут бу маршрутунан элбэхтик сылдьыбыт буолан бэрт эрэллээх суоппар эбит.
Зея өрүс кытылынан сырылатан иһэбит. Көтөр-сүүрэр элбээн барда. Фазаннар диэн көтөрдөр бааһыналарга куурусса үөрүн курдук хаамса сылдьаллара сотору-сотору көстөр. Сүүһүнэн. Сорока бөҕөтө, манна кыстыыр эбиттэр. Тыҥырахтаах көтөр да элбэх. Хаста да туртастары, саһыллары, еноттары көрдүбүт. Манна хаар чарааһын сөхтүбүт. Ходуһаларга сүүһүнэн рулоннаммыт оттор соннук сыталлар.
Благовещенскайга сарсыарда 8 чааска тиийдибит. Визабыт эрдэ оҥоһуллан, таможняны туох да иҥнигэһэ суох аастыбыт, загранпаспорт эрэ ирдэнэр эбит. Подушкаҕа олорон чараас мууһунан тоҥмут Амур өрүһү аҕыйах мүнүүтэнэн туораан килэйбит-халайбыт, киэркэйбит-дьэндэйбит Хэйхэ куоракка биирдэ баар буола түстүбүт. Куорат ырааһа, сылааһа сөхтөрдө.
Дима диэн кытай уола гидпит көрсөн барыбытын гостиницабытыгар илдьэн олохтоото. Хосторго иккилии буолан түстүбүт. Мин саха булчут, тутааччы саас ортолоох саха уолун кытта түбэһэн, кэпсээн-ипсээн буоламмыт бириэмэни да билбэккэ хаалабыт. Хосторбут сылаастара, сырдыктара сүр. Үөһээ этээстэн куорат аҥара көстөр.
Сарсыардааҥы аһылыкпытын хойутаан кэлбит буолан «У Лены» диэн нууччалыы ааттаах кафеҕа 300 солк. курдукка тото-хана аһаатыбыт. Манна бары маҕаһыыннар, рестораннар, кафелар нууччалыы ааттаахтар, үлэһиттэрэ, бэрэдэбиэстэрэ бары да нууччалыы бэркэ саҥараллар, онон тыл өттүгэр туох да харгыс суох дойдута эбит. Өйдөөбөтөхпүтүн гидпытыттан ыйытабыт. Димабыт эдэрчи, көрсүө-сэмэй, эйэҕэс баҕайы уол, наар мичээрдии сылдьар. Кимҥэ туох наадатын сонно быһааран иһэр.
Дьэ, кафебытыгар аһаабыппыт кэннэ Димабыт «Первая государственная стоматологическая поликлиника» диэн үрдүк, элбэх этээстээх дьиэҕэ аҕалтаата. Киирээппитин кытта бэрт эйэҕэс Лена диэн кытай кыыһа – турфирмабыт бэрэстэбиитэлэ кабинеттарынан тарҕаталаата. Тиис оҥорор кабинеттара да элбэхтэр эбит, арааһа уонтан тахса баар. Хас кабинет аайы эдэрчи, эйэҕэс врачтар үлэлииллэр.
Мин эр киһи врачка түбэстим. Сонно тиистэрбин аалан, коронка олордорго бэлэмнээн барда. Икки чаас курдук кыһаллан-мүһэллэн тиистэрбин бэлэмнээтэ. Отой ыарытыннарбакка үлэлиирин сөхтүм. Аллараа инники тиистэрбин оҥороругар обезболивающайы туттубута. Онтон күөх туой курдугунан тиистэрбэр хам баттаан слепок ылла. Бүгүн онон бүттүбүт.
Сарсын өрүүгүт, куораты көрүөххүт, экскурсияҕа сылдьыаххыт, атыыгытын-кутуугутун быһаарсыаххыт диэн буолла. Ленабыт хас биирдиибитигэр сүбэ-ама биэрэр, ханнык матырыйаалы таларбытын, хайдах өҥнөөх тииһи оҥотторорбутун сүбэлиир. Врачка кытайдыы быһааран биэрэр. Сүрдээх кыһаллымтыа, серьезнай киһи эбит. Дьэ ити курдук бастакы күммүт бэркэ ааста. Киэһэ эмиэ кафебытыгар тииһэ суох айахпытынан сымнаҕас астары сакаастаан бэркэ аһаатыбыт. Бэркэ утуйан, сынньанан турдубут.
Сарсыарда босхо остолобуойбутугар шведскай остуол диэҥҥэ араас талбыт аһылыкпытын ылан аһаатыбыт. Астара да олус минньигэс. Дьэ онтон Димабыт куораты көрдөрө, маҕаһыыннарга сырытыннарда. Манна таҥастара-саптара хаачыстыбалаах, сыаната быдан чэпчэки эбит. Димабыт баан үлэһитин ыҥыран солкуобайбытын юаҥҥа уларыттарда. Биир юань курса 12 солк. тахса буолан турара, ону интернеттэн да билэрбит.
Бииргэ сылдьар дьонум атыы бөҕө атыыластылар, ким телефон, ким сон, бачыыҥка, ичигэс истээх таҥас, кроссовка арааһа, пуховик диэн, оҕолоругар, сиэннэригэр араас кэһии, таҥас-сап. Барыта олус чэпчэки сыаналаахтар.
Үһүс күммүтүгэр поликлиникабытыгар номнуо оҥоһуллубут коронка тиистэрбитин кэтэрдэн, кэмнээн көрдүлэр. Тэҥнээн ааллылар-хайаатылар. Мин цирконийтан оҥоһуллубут хаачыстыбалаах, сыаналаах тииһи сакаастаабытым.
Төрдүс күммүтүгэр тиистэрбитин килиэйдээн баран олордуталаан кэбистилэр. Ханан эмит аалар, эбэтэр туох эмит “неудобство” баар буоллаҕына сарсын кэлэн этэҕит, көннөрөн биэриэхпит диэтилэр. Отой киһи сымыйанан эппитин курдук тиистэрбит бэйэбит киэнин курдук үчүгэй баҕайытык олорон хааллылар. Үс чаас ааспытын кэннэ «У Лены» тиийэммит ас арааһын сакаастаан, саҥа тииспитинэн дьэ астына аһаан, үөрүү-көтүү буолла. Тиистээх диэн үчүгэй да эбитин биллибит.
Сарсыарда дьоммуттан ыйыппытым ким да үҥсэргээбэт, тиистэрэ барыларыгар сатаммыт, онон үөрүүбүт өссө үрдээтэ. Дьонум мап-маҥан кэчигирэспит тиистэринэн күлэн үөрүү-көтүү бөҕөтө.
Бэһис, алтыс күммүтүгэр куорат кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр, хайа үрдүгэр баар дацаҥҥа, набережнайга, сылдьыбатах маҕаһыыннарбытыгар, чайнай церемонияҕа, атын да достопримечательностарга сылдьан хаартыскаҕа түһэн, видеоҕа устан астына сынньанныбыт. Киэһэ гостиницабыт иһигэр баар саунаҕа астына сууннубут.
Кэлэр күммүт иннигэр поликлиникабыт рестораҥҥа банкет тэрийдэ. Гидтэрбит кэлэн иилээн-саҕалаан, ас арааһын амсайан, үөрэн-көтөн тарҕастыбыт. Дьиктиргээбитим диэн остуолларын ортотугар электроплиткалар бааллар, аскын сонно буһаран сиигин, эт балык эҥин аһылык элбэх. Морепродукта арааһа: креветкэтиттэн, рагыттан саҕалаан крабтарыгар тиийэ. Оннооҕор щелкопряд личинкатын буһаран сиэн боруобалаатым, минньигэһэ сүр эбит.
Сэттис күммүтүгэр сүгэһэр, суумка бөҕө буолан, өрүспүтүн подушканан туораан, кэтэһэн турар Мичилбит микроавтобуһугар олорон ырыа-тойук аргыстаах, чэгиэн-бөҕө кэчигирэспит үп-үрүҥ тиистэрбитинэн мичээрдээн, төрөөбүт-үөскээбит, хойуу туманнаах, чыгдаан кыһыннаах тапталлаах Сахабыт сирин диэки туһаайыынан айаннаан сикситэ турдубут!
Дьэ итинник кэпсээннээх буолла, аллар атаһым. Уонна өссө биири эппитэ: ити рекламаларыгар суруйалларын курдук кырдьык проеһа босхо, гостиница босхо, визаҕа эмиэ төлөөбөт эбиппит диэбитэ. Тииспитигэр эрэ төлөөтүбүт, сыаната ким хайдах матырыйаалы таларыттан, хас тииһи, коронканы оҥоттороруттан, имплантант туруортарарыттан дуу, съёмнай протез кэтэриттэн дуу тутулуктаах диэбитэ. Сыаналара бу Дьокуускай киэнинээҕэр быдан чэпчэки эбит.
Ити сылдьар кэмнэригэр араас дойдулартан, куораттартан тиис оҥотторо кэлээччи хара баһаан эбит. Холобур Белоруссияттан, Бурятияттан, Норильскайтан, Сахалинтан, Красноярскайтан, Новосибирскайтан группалар кэлэн оҥотторо сылдьар эбиттэр. Ити курдук сири-дойдуну, кытай омук хайдах туттан-хаптан олорорун көрөн, астынан кэлбит.
Абаҕан.
Ким интэриэһиргээбит Курашов уул. 4, ТЦ ЦУМ 5-с этээс, 8-914-272-06-43 (Анна) нүөмэргэ эрийэн билсиэххитин сөп.