1. Пандемия кэмигэр “Энергосбыт” каассаларын сабыталаан кэбиспиттэрэ, Ф.Попов аатынан уулуссаҕа турар каассаларыгар түмпүттэрэ. Нэһилиэнньэни харыстааһыҥҥа “Роспотребнадзор” тоҕо кыһамматтаҕа өйдөммөт, пандемия кэминээҕи ирдэбил суоҕа. Сэрэтии үлэтин утарыы – саботаж!
2. 2007 сылтан соҕотоҕун олоробун, миигин биир эрэ киһи диэн көннөрбөккө, счетчигым көрдөрүүтүнэн аахпакка уопсай саба быраҕан ааҕан сылдьыбыттар. Быйыл үс киһи диэн көннөрөннөр, эбии төлөтө олорор эбиттэр.
3. Ф.Попов уул. баар (урукку “Манчаары” маҕаһыын) каассаларыгар ыам ыйдааҕыбын төлүү тиийбиппэр, кассир: “Газ төлөбүрүн ылбаппын, “газтарга” бэйэлэригэр баран төлөө”, – диэн турбута. Хата, аттынааҕы кассир “ааҕабыт ээ” диэбитигэр, ыарыы-ыарыы ааҕан абыраабыта.
Онтон бэс ыйыгар төлүү тиийбиппэр кассир: “Биир да расчету оҥорбоппут”, – диэн счетчиктарым дааннайдарын төттөрү бырахпыта. Онтон эмиэ быһаарсыбыппар биирдэ ааҕан абыраабыта.
Харахпынан көрөрүм мөлтөөн эрэйи көрсөр буоллум. Тэрилтэлэргэ наадаларбын быһаарса барарбар уулуссалары туорааһыным улахан эрэйдээх буолла. Аны итинник түҥ-таҥ түһэн тиийдэхпинэ өрүү атаҕастабылы-сэнэбили көрсөрүм абалаах!
Итинник бас-баттах барбыт үлэһиттэрдээх баай “Якутскэнерго” салалтатын ким уодьуганныыр?!
Пётр Антонович ШИШИГИН,
пенсионер.
Дьокуускай.