Кулун тутар кубулҕата
Тахсан буфет Аанаттан
Килиэп ылан ууруннум,
Наһаа билэр буоламмын
“Дорообо!” – диэн доргуттум.
Арай дьиэбэр барыыбар
Сааскы сонноох кыыс барда,
Арай биирдэ көрүүбэр
Сырдык иэдэс мытыйда.
Чыпчылыйбат көрүүгэ
Халтаһабын арыйдым,
Бииллээх кэтит самыыга
Харах уотун сылыттым.
Иҥнэс гынан ылыыта
Иэмэх курдук эриллэр,
Туора дайбыыр илиитэ
Кууһуох курдук имиллэр.
Дьиэбин ааһа барбыппын
Кыыһым дьиэтэ бу кэлбит,
Эргийбитин көрбүтүм
Буфет Аанам соһуйбут.
Тиэрэ кэлэн түспүппүн
Оо дьэ кыбыстыы бөҕө,
Дьиэбэр сэмэ иһиттим:
“Ханна баран кэлэҕин?!”
Былыргылар барахсаттар
Сыыһыахтара баара дуо,
Кубулҕаттаах кулун тутар
Эмиэ мух-мах ыытыа дуо.
Буолар да эбит!
Доруобуйа лыҥкынас
Тоҕус уоммут бэрт чугас,
Эр киһи “күнэ” буолла ээ
Ааста “лөкө” биир дьахтар.
Маайам “чуумпур” итиппэт
Саатар испин сылыппат,
Баҕар “кэбиит” мэлитиэ –
Саатар ытыс сылытыах.
Сонос саҥа көп сонноох –
Көрөөт сааспын садьыйдым,
Өйүм көттө, бу сордоох
Биилин кууһан мадьыйдым.
Арай биилэ синньигэс
Ытыһым кииммэр тирэннэ,
Ол да буоллар минньигэс
Көөртүм – Маайам мөҕүннэ.
Сон ылыам диэн эппэтэх
Сиилээн ойоҕумсах диэтэҕэ,
Ырайга олох бүппэтэх
Сирдээҕи бүтэн эрдэҕэ.
Киэһээни быһа күллүбүт
Киниэнин миэнин аахтыбыт,
Дьолу барытын аастыбыт
Кэмсиммэппит дэстибит.
Күндү дьонум – күннэриэм
(Эҕэрдэҕэ махталым)
Ыллык тыгар санаабын
Көрдөөн булан ыллыгыт,
Уһун дьураа олохпун
Сиэтэн кэлэн эттигит.
Тоҕус уоннаах сайыным
Сай-суй ааһан хаалбатах,
Тарбах сиппэт талааным
Бүгүн да нуктуу сыппатах.
Сиргэ көрсөр “күннэрим” –
Бары көстө түстүгүт,
Салгыы хаамар ыллыгым
Сырдыыр суолун ыйдыгыт.
Сайдар чулуу олохпут
Чээлэй күөххэ сууланнын,
Саҥа хаамар “туотайбыт”
Хос сиэн буолан минньиттин.
Ураа!!!
Иван БУБЯКИН-Чөҥөчөк
Нам улууһа.